Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕо сүрэҕэ (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕо сүрэҕэ (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.05.2017 21:54
Дьулуур ийэтиниин утуйа сытта. Түүн уһуктан кэлбитэ ийэтин этэ тыбыс-тымныы. Уол «ийэм тоҥмут эбит» диэн суорҕанын таһынан, сонунан эбии сабан биэрдэ. Уол бэйэтэ эмиэ ийэтин кууспутунан утуйан хаалла. Сарсыарданан аҕалара хантан эрэ арыгылаан кэллэ. Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, edersaas.ru — Хайа бу дьахтар оһоҕун да оттубатах – дьоно сытар оронноругар алтахтаан кэллэ: «Хотуой, тур эрэ! Чаас ырааппыт», – суорҕаннарын хастыы тарта. Ийэлэрэ хамсаабат. Эргилиннэри тардыбыта, номнуо өлбүт эбит. Дьулуур уолчаан ону дьэ саҥа билэн, аҕатын кытта тэҥҥэ айманна. Ийэлэрэ ыарахан ыарыыны тулуйа сылдьаахтаабыт эбит. Уол аҕата күн ахсын арыгылаан ойоҕун үчүгэҋдик эмтэппэтэҕин кэмсиннэ. Ойоҕор умса түһэн ытаан санна дьигиҥнии сытта. Уол кэрээниттэн тахсан хаһыытыы-хаһыытыы аҕатын баттаҕын турута тардыалаата. Уолчаан ийэтэ суох, арыгыһыт аҕатынаан олоруон санаан уйадыйда. Барыта түүл-бит курдук буолла. Дьоннор аалыҥнаһаллар. Ийэтин ханна эрэ дириҥ далайга кистээтилэр. — Ийээ, эн аны хаһан кэлиэххиний? — Суох, кини аны хаһан да эргиллибэттии барда – ийэтин оннугар ким эрэ хардарар курдук. Уол остуолга чугаһаан кэллэ. Аҕата остуолга умса нөрүйбүт. Атын дьон туохтан эрэ үөрбүттүү күлэ-үөрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ арыгылыыллар. Мин ийэм суох… уонна хаһан да төннүбэт… бу дьон туохтан үөрэллэрий? Тоҕо? Уол таһырдьа таҕыста. Арай, дьахтар бырааһынньыгар анаан, Дьулуур бииргэ үөрэнэр оҕолоро ийэлэригэр бэлэхтээри аккырыкка оҥороллор. Дьулуур сибэкки уруһуйдуу олордо. Биир уол оҋон кэлэн: — Дьулуур, эн кимиэхэ уруһуйдуугунуй? Эн ийэҥ суох батта? – оҕолор «туох диэн хоруйдуур эбит» — диэбиттии бары кини диэки хайыстылар. Уол сирэйэ кытарда. Умса нөрүйдэ. Хараҕын уута уруһуй тэтэрээтигэр таммалаата. Сибэккитэ ньалҕарыйда. Уол киистэтинэн кириэс-мараас туора суруйаат, марайдаан кэбистэ. — Акаары, эн тоҕо инньэ диэн ыйыттыҥ? – ханна эрэ ким эрэ ботугуруура иһиллэр. — Баҕар, эдьийдээҕэ эҥин буолуо дии. — Суох, кини аҕалаах эрэ. — Оҕолоор, ким бүтэрбит уруһуйдаргытын аҕалан көрдөрүҥ уонна тахсан иһиҥ – учуутал оҕолору дьарыйталаата. Бары таҕыстылар, Дьулуур соҕотох хаалла. — Дьулуурчаан, эт эрэ тоойуом, ити тугу уруһуйдаан испиккиний? – учуутал уолга чугаһаата. — Ити мин эйиэхэ уруһуйдаан бэлэхтээри гыммытым – уол эппитигэр Саргылаана Дмитриевна хараҕын уута ачыкытыгар таммалаата. Уолу төбөтүттэн имэрийдэ. — Наһаа үчүгэй буолуох этэ. Дьулуур, эн дьиэҕэр уруһуйдаан баран сарсын аҕалыаҥ дуо миэхэ? — Сөп, аҕалыам – уолчаан ойон турда. Үөрэн ууламмыт хараҕа тырымнаата. — Сөп, чэ маладьыас, аҕалаар. Саргылаана Дмитриевна уолчаан кылаастан тахсан истэҕинэ сумкатыттан кумааҕы түспүтүн көрдө. Өйдөөн уолга эппэккэ хаалла. Учуутал кумааҕыны ылан көрбүтэ, хоһоон тыллардаах буолан биэрдэ. Дьулуур ийэтигэр суруйаахтаабыт. «Маама, ханна бардыҥ? Тоҕо миигин хааллардыҥ? Саас ньургуһун сибэкки тиллэр дии. Эн эмиэ кэлээр дии» – учуутал үөһэ тыынаат, кумааҕыны бэйэтин суумкатыгар угунна. Дьулуур дьиэтигэр кэлбитэ аҕата кураанах лапса буһарбыт. Уол
үссэнэ түһээт, уруһуйун саҕалаата. Аҕата арбы-сарбы көрүҥнээх. Тугу саныырын туох билиэй? Баҕар, амырыын аһы аргыс оҥостон тапталлаах кэргэнин эмтэппэккэ үрүҥ тыынын өллөйдөөбөтөҕүттэн кэмсинэн эрдэҕэ. Баҕар, өлөттөрөн «хантан эрэ булан абырахтаммыт киһи» диэн санаан эрдэҕэ. Эбэтэр арыгытын эмтэтэн соҕотох уолун оҕоттон эрэ атарахсыппакка ииттэрбин – диэн саныыра эбитэ дуу… Дьулуур оскуолаттан кэлбитэ аҕата итирэн баран ханнык эрэ киһилиин охсуһа сылдьар. Үскэл киһи уол аҕатын баттаан сытан сутуругунан биликтиир. Уол үгүһү-элбэҕи толкуйдуу барбакка, остуолтан кураанах бытыылканы харбаан ылаат, аҕатын кырбыахсыты төбөҕө оҕуста. Киһи кылана түһээт, оҕону садьыйан сутурҕаата. Уол олоппоско төбөтүнэн сааллан ыарыыланан олордо. Аҕата ол кэмҥэ ойон тураат, үскэл киһини охсуолаата. Таһыттан биир иһээччи киһи киирэн буойталаата. Уол хоһугар киирэн ытаан сыҥыргыы сытта. Сарсыныгар оскуолаҕа сирэйэ көҕөрөн кэлбитин көрөн учуутала уруок кэннэ хаалларан кэпсэттэ. — Дьулуур, эн кимниин олороҕунуй? – Саргылаана Дмитриевна уолтан сэрэнэн ыйытар. — Аҕабыныын иккиэйэҕин. — Аҕаҥ эйигин кырбыыр дуо? — Суох, кырбаабат. — Мин эһиэхэ дьиэҕитигэр тиийэ сылдьаары гынабын… — Тоҕо? Онно барыма. Арыгыһыттар мусталлар – уол дьиэтиттэн кыбыстан учуутала кэлэригэр баҕарбат. — Чэ оччоҕуна өйүүн аҕаҥ кэлэ сырыттын, мунньах буолар. — Сөп этиэҕим. Дьулуур аҕата Махсыын уолун мунньаҕар бараары турар. Барымаары бата сылдьыбытын уола тылыгар киллэрбитэ. Баанньыгын оттон суунан-тараанан баран, ыскаабын арыйда. Сыбаайбатыгар кэппит көстүүмэ билигин даҕаны саҥатык көрүҥнээх эбит. Кэргэнин былааччыйата эмиэ аттыгар ыйаммыт. Махсыын кэргэнэ маны кэтэн баран үҥкүүлээн кубалыы дайара хараҕар көһүннэ. «Чөл куттаах үтүө-мааны ыал буолаарыҥ» – диэн уруу киэһэтигэр дьон эппит тыллара кулгааҕар тэһитэ кэйэрдии иһиллэр курдук. Бу көстүүмү кэтиэн дуу, төттөрү ыйыан дуу саарыы турдаҕына уола киирэн кэллэ. — Мунньахха итини кэтэҕин дуо? – уола аҕата көстүүмү кытта ийэтин таҥаһын тутан турарын көрөн ыйытта. — Уонна тугу кэтиэмий… таҥаһым барыта кирдээх. — Кэтэн барыый, үчүгэй дии – уола көх-нэм буолла. Дьулуур таһырдьа тахсыбыта били кинини охсубут киһи быһаҕас бытыылка тутуурдаах кинилэргэ киирэн иһэр. — Аҕаҥ баар дуо? — Суох. Мунньахха барыахтаах. Кучутума, арыгылатыма кинини. — Мин аҕаҕын кытта эйэлэһэ кэллим. Кыратык абырахтаныахпыт. — Суох диэтим. Оскуолаҕа хайдах арыгы сыттаах барыаҕай?! — Бар, киэр буол бытааһах. Эйигиттэн ыйытыллыбат. — Чугаһаама! Мин билигин арагаатканан ытыам – Дьулуур сирэйэ-хараҕа турбут. Арыгыһыты арагааткатынан кыҥаата. — Бу чолоҕор улааттаҕына киһини кырбыыһы дии — иһээччи киһи дьаадьыйа хаамта. — Билэр эбиккин дии. Сылдьыма уонна биһиэхэ – уол сирэйэ-хараҕа турбут. Буолумуна, күн-түүн аайы арыгыһыттар мустан, оҕо майгытын-сигилитин алдьата сыспыттар. Уол оскуолаттан кэлэн дьиэтин хомуйар. Дьон мустан истэ-аһаата даҕаны күөдэл-хаһаа буола түһэр. Сороҕор хотуолаан-кулгуйан барбыт буолаллар. Уолчаан оҕоттон итэҕэс буолумаары таҥаһын бэйэтэ суунар, өтүүктэнэр. Саргылаана Дмитриевна бу оскуолаҕа
саҥа ананан кэлбитэ. Кини бастакы таптала Максим доҋдутугар ананан кэлиэм эрэ дии санаабатаҕа. Бу кини үөрэтэр кылааһыгар баар Дьулуур уолу аҕатыгар майгыннатан сэрэйэр. Араспаанньатын аҕатын аатын үнүр сурунаалга көрбүтэ. Бүгүн аҕатын кытта кэпсэтээри диэн ааттаан мунньахха ыҥырбыта. Төһө даҕаны кыбыһыннар, Саргы билиэн-көрүөн баҕата баһыйан уолунан ыҥыттарбыта. Максим кини манна кэлбитин билбэт буолуохтаах. Кинилэр институкка бииргэ үөрэммиттэрэ. Үөрэҕэр үчүгэй спортсмен уолу кыыс көрөөт даҕаны сөбүлээбитэ. Сыл аҥаара бииргэ үчүгэйдик да атаарбыттара. Онтон уол дойдутугар барбыта да, төннүбэтэҕэ. Үөрэҕин бырахпытын эппитэ. Төрүөтүн кэпсээбэтэҕэ. Уол суруктара хам-түм кэлэллэрин иһин Саргы ыксаан киниттэн оҕо күүтэрин эппитэ. Ол кэннэ Максим ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Онтон уол олоҕо маннык эргийэн тахсыбытын манна кэлэн саҥа биллэ. Кинини оҕолоон бырахпыт абата-сатата аһынар санааҕа кубулуйда. Саргы билигин Максимтан булбут кыыһа иккис кылааска үөрэнэр. Аҕатыгар майгынныыр. Үнүр переменаҕа оҕолор кэпсэтэллэрин истибитэ. «Дьулуур көрүүй, ол иккискэ үөрэнэр саҥа кыыс эйиэхэ майгынныыр дии» – дэһэн аймаммыттара. Дьулуур өйдөөбөтөҕө, ааһа турбута. Саргы долгуйан оскуола түннүгүнэн Максим кэлиэхтээх суолун маныыр. Кини мунньахха дьон баарыгар буолбакка таһыгар бастааан көрсүөн саныыр. Мунньахха эмискэ туох диэн саҥа аллайыа биллибэт. «Ээ, чэ баҕар кэлиэ суоҕа. Кэлин ханна эмэ көрсүллүө» – бэйэтин уоскутунна. Саргы таһырдьа таҕыста. Махсыын оскуола атын өттүнэн кэлбит эбит. Эмискэ көрсө түстүлэр. — Саргы? – Махсыын соһуйан улаханнык саҥа аллайбытын билбэккэ да хаалла: – Ха?.. Эн манна хан…?? — Дорообо мин манна оскуолаҕа үлэлии кэлбитим – Саргы мух-мах буолла. Дириэктэри үөрэх чааһыгар киирэн иһэрин көрөн: — Эн Семенов Дьулус аҕатаҕын дуо? Чэ кэлиҥ киириэҕиҥ, билигин сотору мунньах саҕаланыа – Саргылана Дмитриевна кылаастарыгар киллэрдэ. Биир даҕаны төрөппүт кэлэ илик эбит. — Саргы, мин эйигин манна эрэ көрсүөм дии санаабатаҕым – Махсыын хата суунан-тараанан көстүүм кэтэн кэлбититтэн эрдийэ санаата. — Туох диэхпиний манна оскуола… Эн уолуҥ Дьулуур үөрэҕэр үчүгэй. Ийэҕит суох буолбутун истибитим. Кутурҕаммын тиэрдэбин. Ол гынан баран… ити уолуҥ сирэйэ көҕөрөн кэлбит этэ дии. Мэлдьи түүнүн утуйбатах дьүһүннээх кэлэр. — Туох кистэлэй ото… үнүр иһэн-аһаан охсуһар кэммитигэр миигин көмүскэһээри таарыллыбыт. — Таарыллыбыт диэ. Оҕо сүрэҕэ төһөлөөх… Оҕоҕун эрэйдиэхтээҕэр арыгыгын эмтэниэҥ этэ. Онто да суох ийэтиттэн санааргыыра дэлэ дуо?.. — Оннук. Оҕом туһугар эмтэнэн көрөөхтүөм. — Көрсүө тыл бэлиэ. Чөл олоххо тардыс Максим – Саргылаана уйадыйбытын биллэримээри туран хаамыталыыр: – Чэ баһаалыста тахсан көрүдүөргэ күүтэн түс, Макс. Төрөппүттэр кэллэхтэринэ бииргэ киирсээр. . Сөп – Махсыын көрүдүөргэ таҕыста. Арай оскуола туйгун үөрэнээччилэрин мэтириэттэригэр кини уолун хаартыската баар эбит. Махсыын мунньахха сылдьыаҕыттан арыгы диэни амсайа илик. Пиэримэҕэ бостууктуур. Уола аҕата испэккэ сылдьарыттан үөрээхтиир. Буолумуна, арыгыһыттар түүнү быһа оҕону утуппакка аймаммыттарын
кэннэ. Түүн утуйа сыттахтарына ааны дарбыйан киирэллэрэ. Сарсыарда оскуолатыгар ээл-дээл туран барара. — Аҕаа, эн арыгыгын саха эмчитигэр эмтэннэххинэ. Эн испэккэ мэлдьи маннык сылдьарыҥ буоллар – уола иккиэҋэҕин аһыы олордохторуна этэр. — Саха эмчитэ сэрэхтээх дииллэр. Эмтэнэн баран истэхтэринэ араас оһолго түбэһэллэр – аҕата уолун тургутардыы көрөр. Уол аны аҕатыттан матыан баҕарбат. — Оччоҕуна бырааска эмтэннэххинэ? — Нэдиэлэ эбэтэр ый буолаат иһэн кэбиһэллэр. — Барыта табыллыбат эбит – Дьулуур хомойор. — Суох тоойуом, арыгыны быраҕар киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Бырааска да эмтэнэн баран испэккэ бырахпыт дьоннор бааллар. — Оччоҕуна эмтэниэҥ дуо? — Эмтэниэм тоойуом — аҕата уолун кууһан сыллыыр: – Дьулуур, учууталыҥ төлөпүөнүн нүөмэрин миэхэ көрдөөн аҕалыаҥ дуо? — Саргылана Дмитриевна гиэнин дуо? Тоҕо? — Ээ, таах көннөрү… мунньах эҥин хаһан буолар уонна? Эйигин эҥин ыйыталаһыам этэ… — Сөп. Сарсын көрдөөн аҕалыам – уола аҕатын дьиктиргээбиттии көрөр – арба үнүр мунньахха туох диэтилэр? — Эйигин үөрэҕэр үчүгэй диэн хаҋҕаабыттара. Биллэн турар, миигин мөхпүттэрэ. Саргылаана бүгүн оскуолаттан үөрэн кэллэ. Дьулуур аҕата кини нүөмэрин көрдөөбүтүн биэрдэ. Кини биллэрин күүтэн да биэрбитэ. Саргы кыыһыныын биир ыал дьиэтин куортамнаан олороллор. Субонуок кэллэҕинэ төлөпүөнүн харбаан ылбыта атын буолар. Максим… Кини студеннаабыт доҕоро. Бастакы таптала, кыыһын аҕата ончу уларыйбатах эбит. Арыгылаан сирэй-харах мөлтөһүөр киһини көрүөм дии санаабыта. Үнүр оскуолаҕа мунньахха арыгылаан оҕотун көрбөтүн туһунан хаҕыс соҕустук саҥарбытын туох дии санаабыта буолла. Төлөпүөнүгэр билбэт нүөмэрэ эрийдэ. — Дорообо. Максиммын. — Оо, пирибиэт. — Туох сонун? Уол хайдах үөрэнэр? – саҥа кэпсэтэн эрдэхтэринэ бэҕэһээ мас атыылаабыт тырахтарыыс киһи киирэн кэллэ. Аырыгы сыта аҥылыйар. — Дорообо Саргылаана, ээ сөп, кэпсэт. Мин манна күүтүөм – киирбит киһи доргуччу саҥараат, аан аттыгар олоппоско олордо. Махсыын иһиттэ быһыылаах. — Чэ сөп, пока, кэлин биллиэм — диэтэ. Бүгүн Дьулуур сүргэтэ көтөҕүллэ сылдьар. Бэҕэһээ киниэхэ аҕата дьикти сонуну кэпсээтэ. Иккис кылааска үөрэнэр Аннушка кыысчаан киниэхэ аҕатынан балтыта буолар эбит. Аннушка ийэтэ Саргылаана Дмитриевна буоларын эрдэ билбитэ. Уол аҕатын урукку сырыытын соччо өҋдөөбөтөр да, бу кыыһы балтым диэн чугастык ылынар курдук. Оҕолор киниэхэ майгынната көрөн этэллэрин аахайбат бэйэтэ бүгүн ол кыыһы одуулаһар. Уол ийэтин сүтэрбит хомолтото, кутурҕана арыый мүлүрүйбүт курдук буолла. Киниэхэ биир хаан уруу балтылаах эбит. Аҕата учууталын нүөмэрин тоҕо көрдөөбүтүн уол сэрэйдэ. Кини ийэтэ суох эбит буоллаҕына, кыыс аҕата суох олорор. Дьулуур аҕата холбоһо охсуон баҕарар. Уол оскуолаттан кэлээт аҕатыттан ыйытта. — Аҕаа, Саргылаана Дмитриевналаах ыалга куортамнаан олороллор дии. Кинилэри манна көһөртөөн аҕалбаппыт дуо? Мин балтыбын кытта оскуолаҕа бииргэ барыам этэ-Уолчаан быһаччы ыҋытар киһи буолла.Балтын кытта билсиэн,кэпсэтиэн баҕарар. — Бэйи, ыксаама, баҕар буолунуохтара суоҕа.
— Чэ сөп, кэпсэтээр. Кинилэр диэки хаһан бара сылдьаҕын? — Билбэтим. Сарсыҥҥа диэри бара сылдьыам – Махсыын үөһэ тыынар. Саргылаана Дмитриевна бастакы тапталын көрсөн көнньүөрэн сылдьар. Ону баара үнүр мас атыыласпыт киһитэ арахпат. Үнүр Максимныын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ турдаҕына соруйан гыммыттыы улахан баҕайдык саҥарбыта. Аны бүгүн эмиэ кэлбит. Саргылаана түннүгүнэн көрбүтэ Максим, арааһа, киниэхэ кэлэн испит быһыылааҕа, бу киһини көрөн төннө турда. Саргылаана баһынан баайсыбыт ыалдьытын хаҕыс соҕустук дьиэтиттэн атаарда. Сарсыныгар өрөбүл буолан таҥаһын, дьиэтин суунна. Максимҥа эрийбитэ «хаппат сиргэ сылдьар» диэн эппиэттиир. Дьулуурга эрийдэ. — Хайа Дьулуурчаан, тугу гынаҕын? Дьиэҕэр бааргын дуо? — Дорообо. Дьиэбэр баарбын. — Аҕаҥ баар дуу? — Бэҕэһээ доҕорунуун кустуу барбыта да, суох. Кэлэ илик. — “Өйдөөх» этэ дуо? — Хантан эрэ кэлбитэ. Ама этэ. Онтон ол атаһа арыгы иһэрдибитэ уонна «кустуу арыыга киирэбит» – диэн барбыттара. — Чэ сөп. Ол иһин «хаппат сиргэ сылдьар» диэн эбит – Саргылаана Максим өр испэккэ сылдьан баран киниттэн сылтаан испит диэн сэрэйэ санаата. Саргылаана күнүскү омурҕан кэнниттэн тоҕо эрэ эмиэ Дьулуурга эрийдэ. — Алло, Дьулуур ханна бааргыный? — Мин бу, оҥочонон арыыга туораан эрэбин. — Өрүскэ да? Тоҕо оҥочолоннуҥ? Билигин саас уу кэлэ турар кэмигэр оҕолору көҥүллээбэттэр. Кимниин сылдьаҕын? — Соҕотохпун. — Төнүн Дьулуур, хайа диэки бааргыный? Мин тиийиэм билигин. — Мин маадьыын аҕам кустуу барсыбыт киһитин көрсүбүтүм – уол ытыах курдук куоластаах. — Туох диэбитэй? Кэлбиттэр дуо? — Бэйэтэ кэлбит. Аҕаҥ онно итирик хаалла диир. — Баҕар, оонньоон эппитэ буолуо дии. Холуочук этэ дуо? — Холуочук. Дьон уу кэлэ турар дииллэр. Мин аҕабын баран аҕалыам. Онно муустаах ууга хаайтарыа. — Тохтоо, төнүн мин билигин тиийиэм — Саргылаана кууркатын анньынаат, өрүс диэки таласта. Кытылга киирбитэ куорпустаах оҕо өрүс ырбыытын ааһан, муустаах ууга киирэн эрэр. Оо, оҕо сүрэҕэ… Төһөлөөх айманан толугуруу мөхсүбүтэ буолуой?.. Ийэтэ оҕотун кууспутунан өлбүтэ. Аны билигин аҕатыттан матымаары быыһыы диэн ааттаан муус быыһынан уста тураахтаата. Өлүөнэ өрүс мууһун хамсатан, хайалыы өрөһөлөөтө. Муус көһөҥөлөрүнэн дапсыырданан, устан дьигиһийэр. Араас кустар өрүс ырбыытыгар элиэтээн кэлэн түһэллэр. Элбэх үөрдээх моонньоҕоттор кэтит мууска бөлөхтөһөн олороллор. Өрүс хабайар хаба ортотунан оҥочонон оҕо устан иһэрэ көстөр. Нэлэһийэн сыппыт ырбыытын уута бүтэн, көһөҥө муустарга куорпус ыга анньыллыбытынан сүрүк таҥнары устар. Саргылаана Дмитриевна оҕо куорпуһунан уста турбутун көрөн ыксаан олохтоох дьаһалта диэки сүүрдэ. Аара уулусса устун куул сүгүүлээх итирик киһи тэймэҥнээн иһэрин ситтэ. Өйдөөн көрбүтэ, Максим эбит. — Хайаа! Максим манна баар эбиккин дуу?.. — Ба..баарбын. Сарсыарда кустаан кэлбиппит. — Оччоҕуна бииргэ сылдьыбыт киһиҥ уолгар тоҕо сымыйалыырый “аҕаҥ арыыга хаайтарда диэн»? Дьулуур өрүскэ куорпуһунан уста турда
– Саргылаана сиирэ-халты этэ охсоот, салгыы тэбиннэ. Максим истибитин итэҕэйбэккэ таалан тураат, кууллаах таһаҥаһын туора илгээт, өрүс диэки ыстанна. Мэктиэтигэр аматыйбыт курдук буолла. Кытыл устун сүүрэр. Өрүһү таҥнара түспүтүн кэннэ ортотун диэки оҥочо харааран көһүннэ. Төлөпүөнүн сэрээтэ олорбут. Испит арыгыта төбөтүттэн көппүт киһи хараҕын муҥунан көрбүтүнэн, тугу гыныан билбэккэ сүүрэккэлээтэ. Көмүс чыычааҕын көрдөрбүтүнэн муустаах ууга былдьатан эрэриттэн муҥун ытанар. Өй мэйдээх тулуйбат үөгүтүн түһэрэр. Уола аҕата бэттэх кытылга баарын дьэ көрдө бадахтаах. Эрдиини истибэт буолбут тимир оҥочотугар туран далбаатыыр. Аҕата үгүһү толкуйдуу барбакка биир улахан кэлимсэ мууска ыстанна. Өлүөнэ эбэлэрэ кыһайбыт курдук халаанын уутун эбии халытта. Харгы сирдэринэн харан муус хайаны өрөһөлөөтө. Махсыын муустан-мууска ойон иһэн, халты тэбинэн тобугун илдьи түстэ. — Аҕаа, төнүн кэлимэ! – оҕотун хаһыытын иһиттэ. Өйдөөн көрбүтэ уола эмиэ көһөҥө мууска ыстанан устан эрэр. Махсыын атын мууска ыстанаары аллара баран иһэн өрүһүннэ. Муус көһөҥөлөрү иҥсэлээхтик эрийэн-буруйан устан доллоһуйар. Махсыын биир түөрэккэй мууска хатаастан иһэн, үрдүк айыылартан көрдөһөр. — Үрдүк Үрүҥ Аар тойон таҥара баар эбит буоллаххына абыраа. Оҕобун саатар быыһаа! – Хаан оҕуолуур, бөҕүөрбүт илиитинэн көстүбэт күүстэртэн көмө көрдөһөн, халлаан диэки ууммахтыыр. Махсыын нэһиилэ муустан-мууска ойон уолугар тиийдэ. Иккиэн куустуһа түстүлэр. Биир обургу мууска мэҥэстиһэн сүүрүк таҥнары барсан иһэллэр. Иккиэн таҥастара илийэн оҋбонтон уулаабыт сылгылыы титирэстэр. Куорпустара муус быыһынан устан иһэн, харгы сиргэ муус өрө сүгэн турарыгар кыбылынна. Ону эрэ күүппүттүү муустар кэлэн анньылланнар тимир оҥочону кэнсиэрбэ баҥкатыныы хапсыччы астылар. Устунан өрө ытыйан тимирдэн кэбиһээт, өрүс мэлдьэспиттии эрийэн будулуйа сытта. Махсыын оҕотун кууспутунан элбэх киһини мэҥиэстибит эбэтин устун устан иһэн араас санаа элэҥниир. Олоҕун араас кэрчиктэрэ хараҕар көстөллөр. Барыта арыгы туһуттан. Киһи олоҕо кэрэгэй да буолар эбит. Ыалынан эстэн эрдэхтэрэ. Билигин быыһанара буоллар ама, ад аһыттан арахсыа этэ. Соҕотоҕо эбитэ буоллар Өлүөнэ эбэҕэ бас бэринэн, ыһыктынан кэбиһиэ этэ. Ол уонча миэтэрэ оҕотун көтөхпүтүнэн муустан-мууска ойон харгытаабыт муус хайаҕа тиийиэхтэрэ дуо? Суох, быстах санааҕа кииримиэххэ. Чыпчылыйыах түгэнэ итинник санаалар элэҥнииллэр. Уола кинитээҕэр уолуйбат курдук. Аҕатыгар эрэнэрэ оччо буолаахтыа. Махсыын муустаах ууга умсан ылбыт буолан, саҥата бөҕүөрэн киирэн барда. Этэ итийэр. Хараҕар өлбүт кэргэнэ сиилээбиттии көрбүтэ көстөн кэлэр. — Аҕаа, бөртөлүөт кэллээ! – уола илгиэлиириттэн өйдөнөн кэллэ. Махсыын уолунаан балыыһаҕа сыталлар. Саргылана Дмитриевна кыыһынаан көрсө кэлбиттэр. Дьулуур балтын кытта уруккуттан билсэрдии чугастык кэпсэтэллэр. Үөһэ-аллара сирэйдэр, иккиэн тэбис-тэҥнэр. Махсыын оҕолоро иккиэн баалларыттан, үөрбүтүн таһыгар таһаарбатар даҕаны, дириҥник үөһэ тыынар. Саргылаана кинини сэмэлээбиттии эмиэ да истиҥ хараҕынан көрөр. Махсыын ситэри манна арыгытын, эмтэнэн тахсыан санаталыыр. Соҕотох уолугар эрэй бөҕөнү көрдөрдө. Дьулуур кыра сааһыгар итинник ыар сырыылары ааста. Аырыгыһыт атаһа уол
дьиэтигэр сылдьарын сөбүлээбэтин иһин соруйан «аҕаҥ онно арыыга итирик хаайтарда» диэн дьиибэлээбитэ, кырдьыга биллибэттик эппит. Уол ону итэҕэйэн, аҕатын быыһаары куорпуска олорон муустаах ууга анньынан кэбиспит. — Саргы бырааска этиэҥ дуо? – Махсыын дьон истиэ диэбиттии кулгааҕар умса нөрүйэ эттэ. — Таарыйа арыгыбын эмтэтээри гынабын. — Бэрт, сөп этиэҕим — Саргы эрдэттэн бэйэтэ да итини этээри гыммыта. Киһитэ хата бэйэтэ тылланна – Максим сааҕын, сэпкин дьоннор булан аҕалан биэрбиттэрэ. Дьиэҕэр хатаабытым. Ааҥҥытын хатаабакка барбыт этигит. — Арба, ыксалга онтукпун элээрдээт да, сүүрбүтүм. Бэрт эбит. Саргы дьиэҕэр диэмэ, дьиэбитигэр диэ. Таҕыстахпына эһигини көһөртөөн аҕалыам – Махсыын оҕолор көрүдүөргэ тахсыбыттарыгар бастакы тапталын илиититтэн тутта. Биирдэһэ симиттибиттии умса көрөр. Мичээрдиир. Дьулуур оскуолаҕа балтын кытта баран иһэр. Учуутала аҕатыгар кэргэн тахсан, кинилэргэ көһөн кэлбиттэрэ. Аҕата арыгытын эмтэтэн, уолчаан үөрүүтэ муҥура суох. Уол кэннигэр хаалбыт олоҕун, туох эрэ куһаҕан түүлү түһээбит курдук аһардан, санаабакка гына сатыыр. Арай, ийэтин сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйбэт. Оҕо сүрэҕэ… Олох ыарахан очуругар оҕустаран, төһөлөөх толугуруу мөхсүбүтэ буолуо?! Билигин кини оскуолаҕа чэбэр, ыраас таҥастаах, уутун хана утуйар, оҕолуу истиҥ мичээрдээх сылдьар. Иннигэр сэрбэкэчийэ сүүрэн туорахтанар, кылыҥкайдыы ойуоккалыыр балтын таптаабыттыы көрөр. Киһиэхэ кыра да наада. Чөл олохтон үчүгэй туох баар үһүө?! Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, edersaas.ru Уруһуй интэриниэттэн туһанылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан