Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биир бэйэтигэр биэс киһи харчытын (ОЛОХХО БУОЛБУТ ТҮБЭЛТЭ)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биир бэйэтигэр биэс киһи харчытын (ОЛОХХО БУОЛБУТ ТҮБЭЛТЭ)
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.05.2017 21:00
Бу түбэлтэ 1984 сыллаахха буолбута. Мин Хотугу Муустаах муора кытыытыгар сытар биир улууска үлэлиирим. Ыкса күһүн, балаҕан ыйын бүтүүтэ муора суола сабыллан, бастакы хаар кыыдамнаан эрэр кэмэ этэ. Оччолорго хотугу улуустарга ас-үөл, тиэхиньикэ, тутуу матырыйааллара, оттук-уматык уонна да атын туттар табаар барыта сайын уу суолунан аҕалыллан, сыл устата миэстэтигэр тиэрдиллэрэ. Ол табаары, үгэс курдук, оҥорон таһаарар собуоттар, хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ арыаллаан аҕалан эргиэн тэрилтэлэригэр туттараллара. Итиэннэ сөмөлүөтүнэн дойдуларыгар Москванан эбэтэр Дьокуускайынан көтөллөрө. Биир үтүө күн оройуоннааҕы эргиэн хонтуоратыгар кэнсиэрбэ собуотун бэрэстэбиитэлэ киһи табаарын туттаран баран, соҕотох эрээри биэс-алта киһи аатыгар бэриллибит командировочнайдарга уонна да атын табаарынай накладнойдарга илии баттата сатыыр сураҕа иһилиннэ. Ону хонтуора уонна ыскылаат үлэһиттэрэ баттаабатахтар. Киһилэрэ: – Аҕалбыт табаарым барыта миэстэтигэр, сүтүк да, ночоот да таһаарыллыбата. Онон, эһиги миигин манна тутар быраапкыт суох, — диэн мөккүспүт, өссө үрдүкү былаастарга үҥсүөх буолан суоһурҕаммыт. Хонтуорабар чугаһаан иһэммин, милииссийэ отделын диэкиттэн биһиги тымныы айылҕабытыгар ханан да дьүөрэтэ суох, букатын сайыҥҥылыы таҥныбыт киһини утары көрсө түстүм. Көрөөт да, били этэр киһилэрэ сылдьар быһыылааҕын тута сэрэйдим. Дорооболоһон баран: — Чараас таҥастаах киһиэхэ тымныы буолбатах дуо? — диэн ыйыттым. – Тымныы! – киһим аһыннарбыт курдук сананан өрө көрө түстэ. – Эргиэн хонтуоратыгар бүрүкүрээттэр баар буолан маннык балаһыанньаланан хааллым. Мин ханнык уорган үлэһитэ буоларбын билиһиннэрдим итиэннэ хонтуорам иһигэр, кэбиниэппэр ыҥыран киллэрдим. Кавказ биир өрөспүүбүлүкэтин олохтооҕо эбит. Таһаҕас Хотугу Муоратааҕы суолунан хараабылларга тиэйиллэринэн сибээстээн, кэнсиэрбэ собуотун бородууксуйатын тимир суолунан Мурманскайга өссө ыам ыйыгар аҕалбыт. Собуот оҥорор бородууксуйата диэн араас кээмэйдээх таас иһиттэргэ, бааҥкаларга барыанньа, джем, хомпуот, утах уо.д.а. буоллаҕа. Итиннэ атын собуоттар армянскай коньягар тиийэ арыгы арааһын итиэннэ сибиэһэй фруктаны эбэннэр, бүтүн биир улахан састаап хомуллан тимир суолунан айанныыр. Ол барыта эрдэ түһэрсиллэр дуогабар быһыытынан, Хотугу Муустаах акыйаанынан муора портарыгар тиэрдиллэр. Сэбиэскэй Сойуус киэҥ-нэлэмэн иэннээх хотугу түбэтин олохтоохторо наадалаах битэмииннэринэн, фруктанан итиэннэ кэнсиэрбэлэммит да, сибиэһэй да оҕуруот аһынан оччолорго ити курдук хааччыллаллара. Бу киһи кэнсиэрбэ собуотун үлэһитэ, Сойуус уобаластарын, куораттарын кэрийэ сылдьан собуот оҥорбут бородууксуйатын арыаллаан анаммыт сиригэр тириэрдэр эбит. Инструкция быһыытынан, атын уобаластарга, куораттарга ыытыллар бородууксуйалаах биир богуону арыаллыырга икки киһи ирдэнэр. Ону бу киһи соҕотоҕун эбэтэр биир бэйэтэ түөрт-биэс киһи ноҕуруускатын ылынан кэлбит. Ол оннугар били суох дьонун докумуоннарын: командировочнайдарын, айанныыр билиэттэрин илдьэ сылдьан, табаарын тиэрдибит тэрилтэлэригэр илии баттатан, бэчээт уурдарар эбит. Үксүгэр сэкирэтээр кыргыттарга хоруопкалаах кэмпиэти кытары шампанскай бэлэхтээн боппуруоһу быһаарбыт. Докумуон барыта ситэри толоруллубут, бэчээттэр уонна илии баттааһыннара баар, табаар аадырыһыгар этэҥҥэ тиэрдиллибит түбэлтэтигэр туһааннаах дьон командировкаҕа сылдьыбыт хамнастара толору төлөнөр. Ити эрээри, кини миэхэ биири эрэ кэпсээбэтэҕэ быһыылааҕа, собуот дириэктэригэр уонна
кылаабынай буҕаалтырыгар хас биирдии киһи баһыттан төһө харчыны куду анньарын. Сэрэйдэххэ, ол манньа кырата суоҕа чахчы. Маны билигин «хоруупсуйа» диэн ааттыыбыт. Холобурун эттэххэ, ыам ыйыттан саҕалаан алтынньы ыйга диэри оннук командировкаҕа сылдьыбыт хас биирдии киһиэхэ хамнастарын таһынан ботуччу суума ааҕыллар. Онуоха сорох сытыы-хотуу арыалдьыт чугас аймахтарын эбэтэр билэр дьоннорун аатыгар биэс-алта докумуону илдьэ баран, сылдьыбыт сирин аайы толорторон «харчы оҥорор». Биллэн турар, бу сокуонунан кытаанахтык бобуллар, «куомуннаһан судаарыстыба харчытын уоран сиэһин, иҥэринии» диэн ыстатыйаҕа сөп түбэһэр. Кэпсээниттэн биллэххэ, итинник докумуоннардаах Россия киин уобаластарынан, куораттарынан хаста да сылдьыбыт. Ол тухары халтайга хаампатах, ытыһын иччилээбит. Туох эмит мэһэй үөскээтэҕинэ да наадалаах дьону кытта уопсай тылы булар, тылы ылыннарар албас судургу эбит: ыскылаат үлэһитэ эбэтэр товаровед, буҕаалтыр дьахталлары – шампанскайы кытары кэмпиэт, сакалаат эбэтэр духи сыыһа сөп оҥорор, оттон эр дьон мааһын армянскай коньяк табар. Ити кэнниттэн ханнык баҕарар докумуоҥҥа илии баттанар, бэчээт туруоруллар. – Арай дьэ, бу манна, Саха сиригэр, уһук Хотугу сиргэ, кэлэн түбэстим. Эһиэхэ билиммитим диэн өссө кыра, тиийдэхпинэ, аймахтарым, билэр дьонум хайдах көрсөллөрө биллибэт, – диир. Сылдьыбытын тухары маннык түбэлтэҕэ биирдэ эрэ түбэспит. Волгоградка дуу эбэтэр ол аттынааҕы куоракка дуу тиийбитигэр табаары тутар кыыс биир эрэ киһи докумуоннарыгар илии баттаабыт, атыттарын толорортон аккаастаммыт. Бэл, элбэхтэ бэрэбиэркэлэммит албастар туһалаабатахтар. Онтон ыла ити куоракка аны таарыйбат буолбут. Көр, ол курдук биир эдэркээн чиэһинэй кыыс сокуону ньүдьү-балай кэһэн байар баҕалаах киһини кэһэппит. Холуобунай дьыала тэриллэн, барыллааһын силиэстийэ ыытыллыбыта. Бары туоһулар ыйытыллан бүппүттэрин кэннэ, арыалдьыт олорор куоратыгар ыйбыт дьонун кытары кэпсэтэр наада буолбута. Буруй оҥоһуллубут сиригэр силиэстийэлэнэн бүтүөхтээх диэн сокуон этэринэн, дьыала арыалдьыт олорор өрөспүүбүлүкэтигэр салгыы силиэстийэҕэ ыытыллыбыта. Хомойуох иһин, ол тугунан түмүктэммитэ биллэриллибэтэҕэ. Виталий СЛЕПЦОВ. Нерюнгри.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан