Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыҥырах саҕа мэҥ

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыҥырах саҕа мэҥ

K
03.02.2023 15:47
   Дьэрэмэй бу сытан, уута көтөн хаалла. Кыыһы кытта бу курдук хоонньоһо сытар үчүгэй да буолар эбит. Хаҥас илиитинэн Киристиинэни моонньуттан кууспутугар кыыһа, хата, онно бигэппит курдук, утуйан бырылатыы. Уҥа илиитин тоҕоноҕун үрдүнэн хам баттаппыта дьырылыах курдук буолла: «утуйаары» гыннаҕа. Саатар, онто кыыс саамай сылаас, биллэ-биллибэт сииктээх сиригэр «ыалласпыт», аны туран, ылан кэбиһиэҕин киһитэ уһуктан кэлиэ баар.        Олох диэн дьикти да баҕайы. Холобура, Киристиинэ да, кини да бу курдук балыксыт үүтээнигэр хоонньоһо сытыахпыт диэн, түһээн да баттаппатахтара чахчы. Ол бэйэлэрэ бу куустуһуохтарынан куустуһан сыттахтара. Арай, кырдьыга, дьахтар икки эр киһи икки таласханнаах таптаһыылара бакаа суох. Дьэрэмэй, тэбэр сүрэхтээх, сүүрэр хааннаах эристиин, тоҕо баҕарбат буолуой?! Ол туһунан санаабатаҕын да иһин, «били-билитэ», онто да суох чараас таҥаһы кэбирэтэрдии, бөлтөрөҥнөөбүтэ ыраатта. Оттон Киристиинэ, ону уот диэки хайыһа сытан, муос курдук туох эрэ кытаанах баҕайы сорунуулаахтык баарын биллэрэ сатаан кэйиэлиирин, уутун быыһыгар да буоллар, син сэрэйэрэ буолуо. Ол да иһин уол улаҕа тэйэн биэрээри гыннаҕына, кытта кэннинэн сыҕарыйсан, били бөлтөгөргө дьобуччу түһэн иһэр.    Төһө да тулуубунан сабынналлар, үүтээн сөрүүдүйбүт. Инньэ гынан Дьэрэмэй эр киһи быһыытынан улаҕаттан оронон туран, оһоххо маһы хаалаан биэрдэ. Оһоҕо, чочумча буолаат, маҥнай тыһырҕаан-таһырҕаан, онтон күлүбүрээбитинэн киирэн барда. Уол оргууй аҕай сыбдыйан кэлэн улаҕа диэки миэстэтин булаары хаҥас атаҕын наараҕа уурбутугар кыыс такымыттан кууһан ылбыта уонна бэйэтигэр эпсэри тардыбыта...    Дьэ, эбээт, доҕоор! Имэҥ-дьалыҥ тыҥаан турбут кирсэ төлө барда эбээт! Хайа-хайалара тугу барытын умнан, уҥа-таала уохтаахтык уураспытынан, омуннаахтык куустуспутунан, таласханнаах уйан сирдэринэн таарыйсыбытынан бардылар... Оһох тигинэс тыаһын кытта дьүөрэлэһэн, сүрэхтэрэ кытта битигирии тэппитэ. Ама, туох модун күүһэ бу уохтаах хамсаныыны тохтотуой – буолуох буоллаҕа эбээт!    Балай эмэ буолан баран, омуннаах долгун күүгэнэ уоста быһыытыйыыта, дьэ, һуу гына өрө тыынан, аргыый аҕай имэрийсэ-томоруйса сыппыттара. Дьэрэмэй бу сытан өйдөөн көрдөҕүнэ, били, хара бараан диэбит Киристиинэтэ кимнээҕэр да туналы маҥан эттээх эбит. Бу тэрэгэр эмиийи, бу кылбаҕар бууту көрбөккүөт! Дьахтар барахсан этэ-сиинэ халыҥ таҥас иһигэр саһыаҕынан саһан баран, бүтүннүү арыллан таҕыстаҕына, кэрэ да буолар эбит! Ким эрэ собуоттаабытын курдук, Дьэрэмэй харыс да сири хаалларбакка бу кэрэни омуннаахтык уураата-сыллаата, кимиэхэ да биэрбэттии, өрүсүһэ-өрүсүһэ ыбылыта кууспахтаата. Оттон Киристиинэ, «бу түүл дуу, илэ дуу, ама, мантан матыам дуу?» диэбиттии, имэҥ-дьалыҥ уотун өссө күүскэ күөдьүтэн, туох да ис хоһооно суох саҥа дуу, энэлгэн дуу таһааран, биир кэм мөҕүллэҥнии сыппыта. Ок-сиэ! Өр кэмҥэ туттуна сылдьыбыт дьон диэх курдук – эмиэ саҕаланна эбээт «кытаанах киирсии»...    Сарсыарда буолуо өссө да ыраах этэ. Ол эрээри үүтээн иһэ биир кэм оргуйан олорбута. * * *    Уохтара хараан, омуннаах таптаһыы кэнниттэн сылаалара да таайан, утуйан хаалбыт этилэр. Төһө өр бу курдук сыппыттара эбитэ буолла, арай уот диэки сытар киһи – Киристиинэ – урут уһуктан, сэрэнэн, туран кэлбитэ. Халлаан лаппа сырдаабыт: түннүгүнэн көрдөххө, таһырдьа бары-барыта сэргэхсийбиккэ дылы буолбут. Халыҥ хаарга батыллан турар тииттэр, иччилэрэ туох эрэ диэн соруйарын күүтэр көлүүр табаларыныы, сараадыспыттар аҕай.    Киристиинэ, дьиэтигэр эбитэ буоллар, тааска уу сылытан суунуох эбит. Наара атах диэки өттүнэн сиргэ бэҕэһээ Дьэрэмэйтэн ылан кэппит спортивнай ыстаана сытарын ылан чугас уурда. Хата, ис таҥаһын бүдүмүккэ киэр хаһыйан кэбиспэтэх буолан, түргэнник булла. Ону баара, уола хам баттаан сытар эбит. «Аны уһугуннаран кэбиһиэм» диэн сэрэнэн, сыыйа тардан ылан, кэтэн кэбистэ, онтон киһитин тулуубунан сабаары көп сирин көрбүтүттэн соһуйан, дьик гына түспүтэ. Дьэрэмэй самыытын уҥа өттүгэр эрбэх тыҥыраҕын саҕа мэҥ харааран көстөрө. Чахчы – мэҥ!    Киристиинэ бу мэҥи, чахчы, көр­бүттээх. Ол хаһан, ханна этэй? Чочум­ча олорбохтуу түһэн баран, дьэ өйдөөн кэллэ. Медколледжка үөрэ­нэ сырыттаҕына эбит. Биэрэ диэн киирбит-тахсыбыт, сүрдээх сытыы дьүөгэлээх этэ. Ол эрээри дьүөгэ диир арыый сыыһа эбитэ буолуо, дьиҥэр, оннук истиҥ, чугас сыһыаннара суоҕа. Маҥнай уопсай дьиэ киэҥ баҕайы хоһугар бииргэ олорбуттара. Элбэх этилэр, онон дьалхааннаах, сүпсүлгэннээх да соҕус этэ. Хантан эрэ, саатар, куортамҥа хос булбут киһи диэн санаа ол саҕана киирбитэ. Чугас эргиннээҕи оройуонтан сылдьар Биэрэ эмиэ кини курдук санаалааҕа. Онон кыһалҕалаах дьон быһыытынан сүбэлэһэн көрдүүргэ быһаарыммыттара. Көрдөөбүт көмүһү булар диэбиккэ дылы, Киристиинэ биир дойдулааҕа, Дьокуускайга олохсуйбута балай эмэ буолбут, сааһыра барбыт киһи ыыспаттан туох да атына суох быыкаа дьиэтин сыл аҥаарыгар уларсыбыта. Хаһаайын бэйэтэ хоту туох эрэ харчылаах үлэни булан айаннаабыта.    Дьиэлэрэ таас чох күлүн кытта эрбии көөбүлэ булкааһыга тутуу этэ. Хата, намыһах уонна дьоҕус баҕайы буолан, отуннахха, бып-бырылас буола түһэрэ. Куорат сиргэ соҕотоҕун олорор, биир өттүнэн, сэрэхтээх да курдуга. Ол эрээри уопсай дьиэ түрүлүөннээх хоһугар олорор курдук буолуо дуо, кыргыттар бэркэ абыраммыттара. Дьиэни-уоту көрүүгэ, ас-таҥас атыылаһыыга – барытыгар уопсай сүбэнэн түһүнэллэрэ.    Киристиинэ арай биир сөбүлээбэтэ – Биэрэтэ уол аймахха олус манньаҕаһа. Түгэн эрэ көһүннэр, эр дьону кытта билсэ, эбиитин онто да суох быыкаа дьиэлэрин дуомугар аҕала сатыыр мөккүөннээҕэ.    Үксүгэр тахтааҕа бииргэ утуйаллара: похуот ороҥҥо аллараттан үргүйэр буолан, тымныыта сүрдээх этэ. Биирдэ Киристиинэ аймахтарыгар хонон кэлэн баран, тахтааттан презерватив хаатын булбута. Ол онон ааспыта эрээри, Биэрэ «биирдэ эмэ уолаттары аҕалан хонноруох» диэн тылыгар киллэрэ сатыыра. Кырасыабай, быһыыта-таһаата да онуоха дьүөрэ буолан, эр дьон хараҕа хатанар барахсана этэ. Аҕыйахтык тыл бырахсыа эрэ кэрэх, уолаттар иҥээҥнээбитинэн бараллара. Ол эрээри ону сонно иилэ хабан ылбакка, бэйэтин билинэрэ бэрт буолан, «дистанцияҕа тутара». Ол аайы эр бэртэрэ тууһугуран туран чугасаһа сатыыллара.    Биирдэ тоҕо эрэ аймахтарыгар хоммокко, бүтэһик оптуобуһунан хойутаан кэлбитэ – Биэрэтэ тахтааҕа киһилээх сытара. Хата, похуот ороҥҥо утуйдун диэн таҥас бэлэмнээбит этэ.    Киристиинэ, барбах уу иһэ түһээт, аһыы-хайыы сатаабакка, сыгынньахтана охсон, оронугар дьылыс гынан хаалбыта. Истиэнэ диэки киэр хайыһан сыттар даҕаны, дьоно тугу «дьарыктаналларын» билэ сыппыта. Биэрэтэ омуна-төлөнө дэлэ дуо, сөп буола-буола онтун биллэрэн кэбиһэрэ. Уураһар-сыллаһар, өрүтэ тыыммахтаһар, онтон да атын тыастара түөрэтэ иһиллэ турара. Саатар, эргэ тахтаа буолан, кыычырҕаан-хаачырҕаан, хайа да бэйэлээх ньиэрбэлээх киһини тулутуо суох курдуга. Киристиинэ бу курдук сытан, ис-иһиттэн кыйыттан, дьүөгэтин хайдах гынан түргэнник утаарар туһунан санаталаан барбыта. Сарсыарда ити киһитин атаарбытын кэннэ «атын сири булуннаххына сатаныыһы» диэҕэ. Малтаччы итинник этиэҕэ. Ити курдук быһаарыммытыттан, мэктиэтигэр, уоскуйбут курдук буолбута уонна утуйан хаалбыта.    Сарсыардалык, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ уһуктубута, дьоно кэм да утуйа сыталлара. Арай итиитэ бэрдиттэн буолуо, суорҕаннара сиргэ санньылыйан түһэн хаалбыт, оттон бэйэлэрэ ийэттэн төрүү сыгынньах сытар этилэр. Киристиинэ, иһигэр кыйаханнар даҕаны, суорҕаннарынан сабаары чугаһаан кэлэн көрбүтэ – умса сытар уол самыытын аннынан эрбэх тыҥыраҕын саҕа мэҥ хараарара! Урут хаһан да манныгы харахтыы илигэ.    Сып-сап чэйдээбитэ буолаат, Киристиинэ үөрэҕэр бараары хомуммута. Таҥна турдаҕына, Биэрэтэ «ыйыттахтарына, миигин ыалдьыбыт диэр» диир саҥата иһиллибитэ. Оттон самыытыгар мэҥнээх уол сирэйин сол курдук өйдөөн көрбөтөҕө...   * * *   Киристиинэ ити санаатыттан хайдах эрэ кэри-куру буолбута. Чахчы, хаһан да эргиппэт, төннөрбөт гына тугун эрэ сүтэрбит курдук хомойбута. Оттон, дьиҥэр, түүнү быһа хайдах курдук таптаспыттарай?! Ама, ол сымыйа, албын үһүө?! Киристиинэ, ончу кэһиллэ, таарылла да илик ыраас хаар кэриэтэ буолбатар даҕаны, Дьэрэмэйгэ ис-иһиттэн бэриммитэ. Туох баарын барытын ыраас мууска ууран биэрбитэ, уолу даҕаны эмиэ оннук буолуо дии санаабыта баара...    Хара мэҥ! Бу барыта хара мэҥ буолан, дууһатыгар сөҥөн хаалыах муҥа дуу? Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх эбит буоллаҕа: үөрүү да, хомолто да. Барыта ааһар, умнуллар. Тугун баҕас куруһай, хомолтотой! Оттон кинилэр бу кыараҕас үүтээн иһигэр сытан айах атан кэпсэппэтэллэр да, дууһалыын, сүрэхтиин биир этилэр дии. Дьэрэмэй хоһуун туох дии саныыра буолуой?    Бу икки ардыгар таһырдьа бураан тыаһа бирилээтэ. Туох имнэммитэ эбитэ буолла – Киристиинэ тулуубу хаһыйа тардан ылбытыгар Дьэрэмэй соһуйбут омунугар олоро биэрбитэ уонна туох түбэһиэх таҥнан хачыгырайан барбыта. Таһырдьаттан сылгыһыт Куочаанайы кытта Арамаан Алыытап «ычча!» диэбитинэн киирэн кэлбиттэрэ.    Хомунуу-дьиминии ыксалыгар наара баһыгар Дьэрэмэй плавкита кытаран сытарын ким да өйдөөн көрбөтөҕө. Киристиинэ ону сэмээр суумкатыгар ылан уктан кэбиспитэ...    Соторутааҕыта аҕай санаа-оноо буолбута хайыы үйэ мэлис гыммыт этэ, хата, иннигэр туох эрэ долгутуулаах түгэн күүтэргэ дылыта...   БУТУКАЙ. Иннин хаһыат 2-с нүөмэригэр ааҕыҥ.
kyym.ru сайтан