Кэпсээ
Войти Регистрация

Былыргы киһи уҥуоҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Былыргы киһи уҥуоҕа

K
03.02.2023 15:34
   С.Иванов:    – Кэбээйиттэн төрүттээхпин, куоракка киирбитим син балай да буолла. Оҕом-уруум суох, бэйэбин эрэ ииттинэн олоробун. Дьиэм суох, онон чэпчэки сыаналаах дьиэлэри куортамнаһабын. Үлэм – куорат иһигэр таксыылыыбын. Бу соторутааҕыта Маҕанныыр аартыкка, N аатынан уулуссаҕа, кыра хос арыандалаабытым. Сыаната олус чэпчэки этэ, ол иһин тута сөбүлэспитим. Хаһаайыннарым, харчыбын ылаат, биир-биэс тыла суох суоллара сойбута. Эрдэ кимнээх олорбуттарын туоһулаһа сатаан көрбүтүм даҕаны, дьонум сапсыйан кэбиспиттэрэ, «ыксыыбыт» диэн тугу эрэ халыкынайбыттара.    Киэһэлик дьиэбэр кэлэн баран, кыратык чэйдээт, утуйар аакка түспүтүм. Уум кэлэн быстыбатаҕа. Ол эрэйдэнэ сытан, хата, нухарыйан киирэн бардым... Арай түүл дуу, илэ дуу... Сүрэҕим бип-битигирэс, эмискэ туох эрэ тыаһыттан уһукта биэрдим. Харахпын аспытым, дьиэм хараҥа, түннүгүнэн ый уота эрэ сырдатар. Ороммор сытан көрдөхпүнэ, утары аан баар курдук. Туран, ону арыйааччы буоллум... Дьэ, доҕоор, ыйдаҥа сырдыгар кып-кыра, арбайбыт баттахтаах кыыс, өһүөннээх кип-киэҥ хараҕынан көрөн аҕай турар эбит! Кутталбыттан хамсаабат да буолан хааллым... Дьэлтэйбит хараҕын көрөн, мэктиэтигэр, баттаҕым турарга дылы гыммыта... Били кыыс часкыйа түһээт, көрүөх бэтэрээ өттүгэр атахпар ыстанна... Онтон ыла өйбүн сүтэрбит курдук буолбутум. Биирдэ өйдөммүтүм, атаҕым иҥиирэ тардыбытыттан муостаҕа ынчыктыы сытар эбиппин. Били, утары ааным ханан да суох, ыарыыбын кыатана сатыы-сатыы, тураары үнүөхтүүбүн. Атаҕым ыарыыта сүрдээх. Нэһииччэ туран, уоппун холбоон, арыый уоскуйбутум.    Сарсыарда букатын эрдэ балыыһаҕа баран көрдөрүммүтүм, түбэлтэбин кэпсии сатаабытым даҕаны, «түүл буолуо» диэн аахайбатахтара. Таһынааҕы ыалларбар кэпсээбиппэр «былыргы кылабыыһа үрдүгэр тутуллубут дьиэ, ол иһин буолуо. Хас эмэ киһи олоро-олоро көһөр» диэн сибигинэйэ былаан кэпсээбиттэрэ. Ол кэнниттэн, киэһэлик дьиэбэр киирэрбэр этим тардар буолбута... Били кыыс өһүөннээх хараҕа билигин даҕаны харахпар субу баар. Тута кэриэтэ ити дьиэттэн көспүтүм, хаһаайыннарга этэ сатаабыппын сапсыйан кэбиспиттэрэ, өссө өһүргэммиттэрэ. Ол да буоллар баары баарынан кэпсиибин, хайдах уоскуйарбын билбэппин, ким миигин итэҕэйиэй?    Кэлин даҕаны бу дьиэ туһунан араас сураҕы истэ турабын. Сураҕа, мин иннибинэ олорбут дьон эдэр кыыс аргыый устан хаамарын, сүгүннээбэтин кэпсииллэр үһү. Былыр үйэҕэ уһун ууларыгар утуйбут дьону аймаан, үрдүлэригэр өссө дьиэ тутан, күлэн-салан сылдьалларын сөбүлээбэккэ айманаллар буоллаҕа. Санаабар, мин эмиэ туох эрэ аньыыны оҥорбут курдукпун.   Өлбүт эдьиийим биһилэҕэ    А.Никанорова, куорат олохтооҕо, үлэһит:    Оскуоланы бүтэрэр сылбар, үөрэххэ докумуоммун туттараат, аҕам дойдутугар Томпоҕо айаннаабытым. Онно саҥаһым аах олороллоро. Тэлгэһэҕэ икки дьиэлээхтэр. Биирдэрэ саҥатык, иккистэрэ 1950-с сыллаахха тутуллубут дьиэ, самначчы түһэн бүппүт.    Томпоҕо тиийбит күммэр абаҕабыт хоно кэлбитэ. Аймахтар, бачча мустубучча, остуол тула олорон сэһэргэстибит. Саҥаһым анараа дьиэттэн быыл буолбут хаартыска альбомун киллэрэн ирэ-хоро кэпсээтэ. Мин, эдэр киһи, дьонум урукку олохторун соччо сэҥээрбэппин, тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөккө олорбутум. Онтон эдэр саастарын санаһан, санаабар, сэргэхсийбиккэ, эдэрдэригэр түспүккэ дылы буолбуттара. Дьэ, оннук күлсэ олорон биир хаартысканы ылан баран, өр саҥата суох олорбуттара, соҥуорбуттара. Онтон абаҕам: «Тыыннааҕа буоллар, биһигини кытары тэҥҥэ күлсэ, оҕо-уруу тэнитэ олоруо этэ. Дьылҕатын бэйэтэ быһаардаҕа...» – диэбитигэр хаартыскалары салгыы сыымайдыы олорбуттара.    Хас да хонук ааспыта. Биир күн тэһийбэккэ, эргэ дьиэҕэ тахсан былыргы малы-салы көрө, хаартыскалары хомуйа сылдьыбытым. Дьиэҕэ эргэ кириэһилэ турара. Ол үрдүгэр оһуордаах кыра хоппоттон хараҕым арахпат. Иһигэр, били, соҥуора ахтыбыт дьахтардарын хаартыскалара адьас бу баар курдук сыталлар. Харахтара мичилиспиттэрэ сүрдээх. Кэрэ мөссүөнэ, хара уһун суһуоҕа, уонна туга эрэ аҕабын санаппыта. Хаартыскалар анныларыгар дьэрэкээн оһуордаах кэтит биһилэх сытара. Таһырдьа күн уотугар көрбүтүм, дэлби быыллыйан харааран эрэрэ. Саҥа дьиэҕэ киллэрэн сууйбутум уонна ыскаапка ууран кэбиспитим. Онтубун миэстэтигэр ууруохтаахпын төрүт умнан кэбиспиппин, эргэ дьиэбин хатаан баран, утуйардыы оҥостон сыттым.    Түүл-бит икки ардынан көрдөхпүнэ, аан хаахыныыра иһиллэр уонна хара­ҥаҕа биир дьахтар күлүгэ харааран көстөр. «Аҕал, аҕал! Тур, тур!» – дии-дии кыыһырар, хос диэки чугаһаабат, төттөрү-таары киирэр-тахсар. Аан аһыллара-сабыллара иһиллэр. Мин тураары гынабын да, атаҕым көһүйэн хаалбыт, саҥараары гынабын – ынчык эрэ иһиллэр. Син балай эмэ эрэйдэнним. Онтон саҥаһым илгиэлиириттэн уһукта биэрдим.    Кэлин билбитим, били хаартыскаҕа баар дьахтар аҕам балта эбит. Кини туһунан кэпсээбэт этилэр. Мин төрүөм эрэ иннинэ кэргэнин кытары иирсибит. Ытыы-ытыы дьүөгэлэригэр хас да хоммут. Кэргэнэ ирдээн кэлэ сылдьыбытын, үөҕэн, үүрэн ыытан баран тыаҕа куота сатаабыт. Хат буолан баран, олус уйан буолан хаалбыт үһү. Кэргэнэ ону тулуйумуна этиһэр эбит. Биир күн хоһугар ыйанан турарын булбуттар... Дьахтартан хаартыскалара уонна биһилэҕэ эрэ хаалаахтаабыт. Кэргэнэ бэлэхтээбит биһилэҕэ. «Кэргэниттэн сылтаан куһаҕаннык барда» диэн дьонум билиҥҥэ диэри күтүөттэригэр өстүйэллэр. Биһилэҕин хоруобугар укпатахтар. Миигин сэмэлээн да хайыахтарай, төттөрү таһааран миэстэтигэр укпутум. Дьахтар эрэйдээх кута-сүрэ аймана, муна-тэнэ сылдьар буоллаҕа...   Куобахай сибиэннэрэ   В.Петрова:    – Дойдубутугар Куобахай диэн алаас баар. Ортотугар төгүрүк күөллээх, киэҥ нэлэмэн алаас. Түҥнэстибит, эмэх буолбут өтөхтөр ыраах-ыраах ыһыллан тураллар. Бу сиргэ хаптаҕас дэлэйдик үүнэр, халдьаайытыгар дьэдьэн бөдөҥө, кыһыла толору буолааччы. Тоҕо эрэ бу сиртэн этим тардар этэ. Кыһыл хаптаҕас, кыһыл дьэдьэн, кытархай чэчиктэр... Барыта хааны-сиини санаталлара. Баҕар, кырабыттан бу сир туһунан араас кэпсээни истэ улаатаммын буолуо. Ити самнайбыт өтөхтөргө сэрии саҕана бур-бур буруо таһааран, ыаллаһан, ылсан-бэрсэн, киэҥ алааска сүүрэн-көтөн, күөлтэн аһаан-сиэн олорбуттар. Сэрии кэмигэр ыал ыалынан хоргуйан өлбүт дииллэрин үһүйээн эрэ курдук истэбит. Ол саҕана төһөлөөх ыар сыллар сатыылаабыттара буолуой...    Биир кырдьаҕас кэпсээбитинэн, кыһын өлбүт дьону, иин хаһар сэниэлэрэ суоҕуттан, таһырдьа мас курдук үрүт-үрдүлэригэр ууран кэбиһэр эбиттэр. Тыыннаах ордубут дьон сайын уопсай иин хаһан баран халдьаайыга көмпүттэр. «Сорох дьону хоргуйан, астаан сиэбиттэр» диэн үһү-таамах кэпсээн эмиэ баар. Сорохтор аһыыларын-кутурҕаннарын уйбакка, иирэн хаалбыттар, бэйэ-бэйэлэрин өлөрсүбүттэр. Бүтэһик ким хаалбыта, ханна тиийбитэ биллибэт. Ол сир туһунан итинник дьулаан кэпсээн дуораана хаалаахтаабыт... Ити сиргэ биирдэ эмэ оҕолоох дьахтар сылдьарын көрөллөр үһү. 1990-с сылларга ийэбин кытары Куобахайга сир астыы сырыттыбыт. Өтөх таһыгар хаптаҕас хойуутук үүнэр. Киэһэриитэ, солуурбут син туолла. Мин үлүһүйэн туран, биир сиртэн хаптаҕастыы турдахпына, ийэм сүүрэн кэллэ. Кубарыйан хаалбыт, илиибин тардыалыыр уонна суол диэки сиэппитинэн барда. «Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо?» диэн илиибин араара сатыы-сатыы ыйыталаһан көрдүм – уу чуумпу. Суолга таҕыстыбыт. Куобахайтан син ыраатаат, ийэм тыын ыла-ыла кэпсээтэ. Күөл таһынааҕы өтөх аттыгар хаптаҕас үргүү сырыттаҕына, ким эрэ кэлэн иһэрэ көстөр үһү. Маҥнай солуурун тутан миигин иһэр диэн кыһаллыбатах. Онтон чугаһаабыттарыгар сүрдээх куһаҕан сыт саба биэрбит. Оҕолоох дьахтар ийэбин көрдө-көрбүтүнэн утары иһэр эбит. Былыргы баҕайы өҥө-түүтэ бүппүт таҥастаахтар, сирэйдэрэ күөх үһү. «Астааххыт дуо?» – диэн кэһиэҕирэн хаалбыт куоластарынан ыйыппыттар. Ийэм куттаммытын билбиттэр, ол иһин олус түргэнник утары иһэр эбиттэр. Бачча ас кэлбитин куоттаран эрэбит диэбит курдук... Ийэм тута сэрэйбит, ол иһин мин диэки сүүрбүт. Мин туох эмэ баар сибикитин билбэтэҕим. Ол курдук, ийэм солуура онно туран хаалбыта. Кэлин отчуттар аҕалан биэрбиттэрэ. Онно туох да иһин төннөр санаабыт суоҕа. Биир солуур хаптаҕастаах, өлөрдүү куттаммыт дьон аҕылаан-мэҥилээн дьиэбитин булбуппут. Ол күнтэн ыла ийэбин кытары ити сиргэ үктэммэтэхпит.   Дьон кэпсээнин Сардаҥа БОРИСОВА сурукка тистэ.
kyym.ru сайтан