Кэпсээ
Войти Регистрация

Ынаҕы ким ыаҕай?

Главная / Кэпсээн арааһа / Ынаҕы ким ыаҕай?

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
16.08.2019 16:03
Чэмэлийэн түһэн күн да күн! «Киһи олоҕо эмиэ бу курдук кыырпах да былыта суох биир кэм үөрбүт-көппүт курдуга буоллар», – Сааба ити курдук саныы-саныы, отун охсо сырытта. Хотуура хотор-хоппот, омуннаатахха, арыы быһаҕын курдук быһан-отон, тур-тар тыаһаан ньиэрбэтэ холлон эрэр. Сааба ааттыын да сатабыллаах буолуо этэ да, төрүү мас салаҥ. Оттоох хатыйа күрүөтүн да бөрөөтөҕүнэ ол богдо. Бастакы ойоҕо Марыына «бу эн хантан кэлэн түспүт киһигиний дуу, тугуй дуу?» диэн дэлэҕэ чыпчырына-чыпчырына, кынчарыйа мээрик буолуо дуо. Сааба төһө да дьыбаан киэргэлэ буолбатаҕын иһин, Марыыната астымматах, дуоһуйбатах санаатын ыһыктыбатаҕа, үс сыл олорбут олоҕун туора сотон туран биир үтүө күн хомуммута уонна тахсан барбыта. Марыына, икки үрдүк үөрэхтээх дьахтар, билигин Дьокуускайга маҕаһыыннанан, килэйбит-халайбыт, тыраахтарга холоонноох улахан массыынатынан сүүрдэн-көтүтэн, дьирикинэйэн сылдьар үһү. Үһү. «Үтүө санаалаахтар» буор босхо сонун иһитиннэрэ тураллар. Саабаны ордугургууллара оччо дуу, сэтэрииллэрэ оччо дуу, аһыналлара оччо дуу?.. Сааба тыа сириттэн барар санаата суох. Марыыналыын ыал буолуоҕуттан өйдөспөтөх “пууннара”, этиһэр этиһиилэрэ ол этэ. Боппуоктар кыахтаах аймахтар буолан, урууга киирбиттэн төрүттэммит баай-дуол барыта баара. Сааба бэйэтэ нэһилиэгин дьаһалтатыгар хонтуораҕа үрүҥ үлэһит. Ааҕар-суоттуур дьоҕур баарын да иһин, тоҕо эрэ кыратык түөкэйдии түһэн байар-тайар кыдьык Саабаҕа отой суох. Марыына биирин үксүн онтон абарара. Бэйэтэ күн тура-тура куомуннаах дьахталларыныын олохтоохтор үгэргээн «секта» диэн ааттыыр “глорионнарынан” дьарыктанара. Дьиэлэрин биир хосторун бүтүннүү ыскылаат курдук оҥорон, хоппо үөһэ хоппо кыстаммыта. Хата, ааранан Сааба ол таһыытыгар быста сыспыта. Дьон маҕаһыыҥҥа баарга астыммакка Эмиэрикэттэн сакаастаан ылалларын ордорор буолбуттар эбит. Марыына ардыгар отой да улуус нэһилиэктэринэн кэрийэ баран хаалар, айанныыр, нэдиэлэнэн сүтэр идэлэммитэ. Иэйдэҕинэ «хаһыс эрэ таһымҥа таҕыстым» диэн киэн туттубуттуу кэпсээн, үүттээх итии чэйин сыпсырыйан кэбиһэ-кэбиһэ астынан хараҕа оһон хаалара. Саабалыын билсэригэр син ама дьахтар курдук этэ ээ. Үөрэхтээх, култуурунай, таҥаһа-саба ырааһа, уурбут-туппут курдук быһыыта-таһаата... Арай өй-санаа атынын арыый да учуоттаабатах дуу, Сааба. Эбэтэр аныгы дьахтар аймах бары итинник буолан бардылар дуу? Иккиһин уҥуор тахсыытыгар хотуурун сиргэ батары аста, маҥан сиидэс былаатынан ньухханна уонна отуутугар таҕыста. Ньаалаҕай сыстаҥнаан кыаҕын ылла. Ходуһата кыра уулаах буолан, сирэ онон-манан бып-бырдырҕас. Мэктиэтигэр, муох үүнэн эрэргэ дылы. Сааба былырыыҥҥыттан, Марыына утарса сатаабытын үрдүнэн, ыалларыттан – Маппый оҕонньордоохтон – биир бургунаһы атыылаһан, ынах гынан оҥостон эрэр. Дуочалара аны саас төрүө этэ дии, саҥа хотон да кэҥэтиллиэхтээх. Сааба ынаҕын бэйэтэ эрэ көрөн кыстаабыта. Марыына эрэ “хотон, ынах” диэбитигэр өлөрүнэн мөхсүбүтэ. «Туохпут ынаҕай? Экэнэмиискин дии, суоттаа – отой туох да барыһа суох! Тыа хаһаайыстыбата төрүкү да өнүйбэт аналлаах», – диэн, аны бэлиитикэ диэки охторон кыайа сатаабыта. Сааба ааттыын да Сааба. «Ынахтанабыт да сабаас» диэн буугунуура уонна хотонугар тахсара... Маппый
оҕонньор биирдэ киирэ сылдьан: «Ити дьахтарыҥ саха дуу, хайа сах дуу? Тоҕо ынахха сыстыбат баҕайыный?» – диэн, бэрт өр оһох иннигэр аргынньахтаан олорон, табахтаан бусхатан баран саҥа таһаарбыта. Марыына, хата, ол кэмҥэ суох этэ. “Сектанкаларын” кытта ыаллыы улуустарыгар сэминээргэ барбыт кэмэ этэ. Быйыл дойду сиргэ ооҕуй да бадараанныыр ардаҕа түһэн биэрдэ. Сааба сирэ чиэски, от үрэҕи бата бөһүөлэктэн хас да биэрэстэлээх сиргэ баар. Ол кини хаһан ынахтанарын манаан олоруохтара дуо, аймах аймаҕынан, уруу уруунан тардыһан оттуур сири барытын үллэстибиттэрэ ыраатта. Хата, Сааба сиригэр ким да ымсыырбат. Кыра уулааҕа туох буолуой. Ынах да, сылгы да кэлбэт, күрүөтүн алдьаппат, бугулун ыспат. Сааба бэйэтэ-бэйэтигэр оттуур. Аллаах атынан – матасыыкылынан – өрө тарылатан биирдэ баар буолан хаалар. Оһон эрэр былыргы боруочука билигин да олох тыргыллар тымыра буоллаҕа. Отуутугар тып курдук остуоллаах, тыал-куус охсубат оллоонноох, күлүккэ оргууй аҕай хотуур таптайардаах, өттүктээн сыта түһэргэ хагдаҥ отунан бүрүллүбүт хаптаһын «оронноох». Чугастааҕы көҥүскэ Маппыйтан уларсыбыт харчаагатыттан күн аайы мунду бөҕөтүн ылан ыргыччы буһарар. Дьиэтиттэн хап-халыҥ гына сыбаммыт арыылаах килиэптээх. Итиэннэ үрүҥнээх ип-итии чэйдээх. Отчут киһиэхэ итиэннэ туох наада үһүө. Ээ, Марыына, Марыына... Тугу өйдөөн-санаан арахсабын диэн быһаарыммытыҥ буолла? Дьахтар санаатын таайар диэн уустук быһыылаах. «Биисинэс-лиэди буолар ыра санаалаахпын, “платиновайга” таҕыстахпына, биэнсийэ курдук харчы кэлэ туруо, түөспэр силлии-силлии сытыам» диэбиттээҕэ. Ол кини биисинэһэ диэхтээн. Кимиэхэ, туохха наадалааҕый? Таах, көрүнньүк буоллаҕа. Кини саҕалар бааллар ини... Дьахтар син биир ырааппат. * * * Суонньа кыыс бүгүн туос иллэҥ. Кини быйыл үөрэҕин бүтэрэн, ахтылҕаннаах дойдутугар кэлэн сир астаан, от оттоон тыынын таһааран сылдьар. Буолумуна, Иркутскайга тыа хаґаайыстыбатын идэтигэр алта сыл күнүскүгэ, ол кэннэ аспирантураҕа хаалан үс сыл үөрэннэ. Дьоно “бу кыыс үөрэҕи батан ыал буолумаары гынна” диэн дьиксиммиттэрэ, хата, кыыстара бу тиийэн кэлбитэ. Быйыл бүтэрбиттэри соччо-бачча онно барыҥ, манна кэлиҥ диэн ыга-түүрэ сатаабатахтар – үөрэттэрбит тэрилтэлэрэ биир түүн иһигэр үрэллэн хаалбыт үһү. Хайыаҥый – аныгы үйэ үгэһэ буоллаҕа: бүгүн баар, сарсын суох. Дьоно тиэхиньикэлээх буолан, икки нэдиэлэнэн остуол ньуурун курдук ходуһаларын охсон-мунньан-кээһэн талыгыратан бүтэрбиттэрэ. Онон Суонньа бүгүн олохтоохтук оҥостон, Улахан сыһыыны уҥуордаан сугуннуу барда. Дьүөгэтин Хаачаны кучуйа сатаата да, ол дьонуҥ оттоон бүтэ иликтэр. Хаача тутаах үлэһит буолан, дьоно ыыппатахтара. Бэс былаастаах, тамылҕаннаах, онон-манан кымырдаҕас оргуллаах сэндэҥэ тыа устун кыыс сэгэлдьийэн истэ. «Уу, тоҕо улахаттарай...» диэт, биир адаарыйбыт талахтан үргээн, айаҕар уктан иһэн сирэйин куһааханнык тутунна – тураах сугуна эбит. Быйыл сугун арыы-арыы, бөлкөй-бөлкөй үүммүт эбит. Суонньа соҕотоҕуттан отой куттаммат, тоҕо диэтэххэ, бу бэстээх сис чараас. Биир өттүгэр, били, Хаачатын дьонун кус оҕолоох көлүйэлээх сирэ, биир өттүгэр “Лыҥкыр” бааһынай хаһаайыстыбатын кип-киэҥ сыһыыта.
Арай ол икки ардынан сип-синньигэстик инньэ Айааннаах диэкиттэн кэлэн ааһар от үрэх биир сип-синньигэс салаата тумуһахтаан киирэн ааһар. Суонньа ону бата бардар баран истэ. Сугуна да хойдо быһыытыйда. Арай ол сылдьан иһиттэҕинэ, хотуур таптайар тыас иһиллэн ааста. Ойуур суугуна Киэҥ сыһыыттан аҕалар ини диэн санаата да, онто баара субу чаҥкынаата, таҥкынаата, тип-тап тыаһаата. Бэстэр быыстарынан сырдык аҥайбытынан көстөн кэлбитигэр өҥөс гыммыта, бүөмчү баҕайы оттуур ходуһа буолан хаалла. Суонньа бу диэки оҕо эрдэҕинэ балачча сылдьымахтаабыта да, маннык ходуһа баарын билбэт эбит. Балачча сир охсуллубут да, үөтэлээбэт эбит. Ходуһа ортотугар былыргыы баҕайы, били Амма Аччыгыйын «Сааскы кэмигэр» эрэ ойууланар талах күрүө хаҥналлан турар. Таптайар тыас сүрдэннэ, ким эрэ ыараханнык тыынар, ардыгар иһиллэр-иһиллибэттик үөхсэн да ылар. Хайыы, Сааба суотчут эбит буолбат дуо! Сааба Суонньаттан арыый да аҕа буолан кыыс хараҕын далыгар мээнэҕэ киирбэтэҕэ. Көннөрү хонтуораҕа ыспыраапка ыла бардаҕына остуолтан төбөтүн да өрө көтөхпөт үлэһит киһи баарын бэлиэтии көрөрө. – ¤м... Дорообо! Сааба соһуйан өрө көрө түстэ. Оскуоланы бүтэрэригэр алын кылаастарга оскуола иннигэр «классиктаан» эрбэгэлдьийэр, онтон үөрэҕин бүтэрэн хонтуораҕа кэлбитигэр хаста да үөрэҕэр анаан ыспыраапка ыла кэлээччи кыыс турар эбит. – Хайа, бу, сир астыы сылдьаҕын дуу... – Ээ, сугун баар дуу, суох дуу диэн «сир хаама» сылдьабын... – Бултуйдуҥ дуу? – Оттон бу, – уоннаах дьоҥкуо солуурун ортолообутун өс киирбэх Сааба сирэйигэр үҥүлүттэ. – Ыык, балай да баар эбит дии, бойум эбит... Чэйдиигин дуо? Хата, көххө чэйдэ ис. Наар соҕотоҕун аһыыр дьикти баҕайы эбит. – Ээ, чэйдэһэн бөҕө буоллаҕа дии... Саабалаах Суонньа өрдөөҥҥүттэн атастыы-доҕордуу курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ омурҕаннаатылар. Кыыс тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх диэх да курдук – барыны бары билэрэ бэрт эбит. – Ээ, мин манна хаалабын. Дьоммуттан тоҕо эрэ ыраатыахпын баҕарбаппын. Куоракка син биир хонтуораҕа эрэ үлэ баар буолуо. Мин кумааҕыга хам хатыахпын баҕарбаппын. Тугу эрэ туһалааҕы гыммыт киһи-и... – кыыс чахчы ис сүрэҕиттэн ыра санаатын быктарар. – Холобур... – Мм... иитэр сүөһүнү күрүөлээн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн... – диэт, күлэн тоҕо барбытыттан Суонньа кыбыста санаата, айаҕын саба тутунна. – Хата, бэрт дии... – Сааба хата холку. – Мин бу ынах иитэ сатыыбын. Таах саатаан буолбатах, баҕаран туран. Онтон ынах сүөһүнү хайдах иитэр туһунан уопуту үллэстии буолла... – Уой, күн ыраатта, иһити толоруохха наада, – Суонньа чэпчэкитик ойон турда. – Сириҥ наһаа үчүгэй эбит дии. Киһи холкутугар түһэн хаалар. Ыллыы-ыллыы, от мунньа-мунньа, чэй иһэ-иһэ эрэ сылдьарга анаммыт курдук. – Хата, отто мунньуһа кэлээр эрэ, – Сааба дьээбэтэ киирэн тыл ыһыгынна. – Ээ, кэлэн буоллаҕа, биир эмэ дьүөгэбиниин хайаан да кэлиэхпит, ыҥыраар. Хата, атын сир аһа
бу диэки үүнэр дуо? – Ыы... ээ... үүнэр, үүнэр. Манна барыта үүнэр. – Чэ, оччоҕо ыҥыраар! – кыыс саһархай былаата бэстэр быыстарынан аҕыйахта көстөн хаалла. Хотуур тыаһа сытыытык сырдырҕаан, олустук суоһурҕанан, чэпчэкитик ыллаан сүрдэнэ түстэ, бииртэн биир суол хадьымалы кэҥэттэр кэҥэтэн истэ... * * * Суонньа Хаачатыныын хаста да кэлэн от муспуттара, бугул түгэҕин харбаабыттара. Үс улахан от били талах күрүөҕэ баппакка, аны модьу сиэрдийэлэрдээх үс бүтэй күрүө чиҥэтэ тутуллубута. Суонньа ханна сүтэн хааларын дьоно билиэхтэрэ суоҕа дуо, ама... Хата, кыыспыт кырдьар сааспытыгар биһиги аттыбытыгар баар буолсу диэн күлүктэригэр имнэммиттэрэ. “Сааба суотчут эмиэ ыал буолан эрэр үһү” диэн сурах кыра бөһүөлэги тилийэ сүүрбүтэ. Кырдьыгынан эттэххэ, ыал буолар туһунан тыл көтөҕүллэ илигэ. Саабалаах Суонньа көннөрү үтүө доҕордуу буолбуттара. Ол эрээри, ким билиэ баарай, уопсайынан да, иннигэр туох күүтэрин? Дьылҕа аартыга, күрүөтэ-хаһаата, аана элбэх. Биир аанын “лып” сабан кэбистэҕинэ хайаан да атын аанын аһан биэрэр үгэстээх. Арай биир биллэр – Дуоча төрөөтөҕүнэ, ким ыыра эбитэ буолла? Сааба үллэр үйэтигэр ынах эмиийин тутан көрбөтөх киһи. Арай Суонньа, сүөһүлээх-астаах ыал оҕото буолан, көмө-ньыма буолара дуу... Егор Николаев.
kyym.ru сайтан