Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абытайдаах кэмнэр (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абытайдаах кэмнэр (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
05.05.2017 17:45
Уопсай дьиэ киирэр фойетыгар уоллаах кыыһы хаһан кэпсэтэн бүтэллэрин бииргэ үөрэммит табаарыстара көһүтэн тураллар. Бу турдахтарына эмискэ аан аһылла биэрдэ уонна икки холуочук уол киирэн, кыыска баргыытаатылар. Кими эрэ ыҥыттарар үһүлэр. Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар, «Эдэр саас» сайтка анаан Онуоха, уола көмүскэспитигэр, анарааҥылар уолга сутуруктарынан түстүлэр. Сиэрэ суох быһыыны кыыс хаһыытаан-ыһыытаан уурата сатаата да кыаллыбата. Хата охсуһуу өссө күүркэйэн иһэр курдук буолла. Кыыс ыксаан доҕор уолун ыҥыра сатаата даҕаны, киһитэ мэлигир. Куттас киһи барахсан чугас дьонун ыарахан кэмҥэ быраҕан, таһырдьа ыстанаахтаабыт. Тутуһуу-хапсыһыы үгэнигэр син онтон-мантан дьон кэлэн, охсуһааччылары араартаатылар. Табаарыстара икки киһини кытары киирсэн, хаан-сиин буолаахтаабыттар. Нэһиилэ олороохтууллар. Милииссийэнэн куттаан, анарааҥы дьонун син куоттардылар. Сотору кэминэн били куттас уоллара кэлэн, табаарыһын туруора сатыыр уонна киһиргээбиттии, биир уолу оҕустум ээ диэн кэпсэнэр. Киһи да күлүөх… Бу кэннэ, доҕор-уол, Күннэй хараҕар түһэн, түргэнник кыйданаахтаабыта. Кэм-кэрдии ааһан, куттас доҕор-уол түргэнник умнуллан, кыыс олоҕор аны сааһынан тоҕус сыл аҕа киһи көстөн, билигин кинилиин иллэҥ кэмин атаарар буолла. Ол киһитэ атын улууска олорор. Эр киһи кыыска улам ылларан, кинилиин буолар туһугар элбэхтэ кэлэр-барар буолбута. Кыыс даҕаны, сөбүлээн, орто дойдуга аналым кини дии саныыр. Биир дьиктитэ диэн, бу киһи ыал буоларга ыксаабат. Дьиҥэр, сааһа төһө эмит ырааппыт. Онон Күннэйи ол эрэ ыйытыы долгутар буолла. Кэлин дьонтон ыйыталаһан билбитэ, кэргэннэнэ сылдьыбыт эбит. Өссө биир оҕолоох үһү. Ол кыыһынаан инньэ оскуолаттан бииргэ сылдьыбыттар. Билигин даҕаны, көрсүһэн ылалларын билэн, Күннэй ханнык эрэ кэмҥэ, киһитин чугаһаппат буола сылдьыбыта. Ол да буоллар, киһитэ кинини дьүөгэлэринэн сирдэтэ, түргэнник ирдэһэн булбута. Истиҥ кэпсэтии, ыга куустуһуу, уураһыы кэнниттэн, кыыс барахсан сүрэҕэ бу эр киһиэхэ бүтэйдии бэриммитэ. Сотору кэминэн, таптаһар сүрэхтэр сылдьыбыт сырыыларын ыратынан, кырачаан киһи күүтэллэрин билбиттэрэ. Бу үтүө сонуну кыыс дьоно истэ охсон, хаһан ыал буолалларын сураспыттарыгар, икки эдэр сүрэх сүбэлэһиилэринэн сокуонунан буолбакка, «гражданскайынан» олорорго быһаарыммыттарын эппиттэрэ. Уонна күтүөт дойдутугар көһөн барбыттара. Кыыс бу дойдуга кэлэн эрэ баран, кэргэнин ис дьиҥин, кини туох-ханнык киһитин билэн, олуһун куттанан, дьиксинэн барбыта. Кэргэнэ бэйэлээх куһаҕан дьаллыкка илиилэри-атахтары, өйдөрү-санаалары ылларбыт, «наркоман» эбит. Дьааттаах ото, иннэлээх убаҕаһа суох сатаммат эбит. Оннуктаах буоллаҕына, үөрэн-көтөр күнүн атаарар. Кыыс ханна барыай? Дьонугар барыан, хайдах эрэ толлор, куттанар. Эбиитин оҕо кэтэһэр. Инньэ гынан абытайдаах тоҕус ый ааһа охсон, кыыс оҕоломмуттара. Биир сыллаах олоҕор кыыс барахсан эрэй бөҕөнү көрөөхтөөбүтэ. Ол да буоллар, ийэлээх-аҕатыгар «үчүгэйдик олоробун» диэн кэпсиирэ. Күннэтэ кэргэнэ бу дьаат аһыттан дьоллонон, көтө сылдьар буолара. Оттон ыар дьаата суох буоллаҕына, өйүн-санаатын иирдэрин тохтоттоҕуна, сыылла сылдьан көрдөһөр-үҥэр кыылга кубулуйара. Өссө кыһыыта баар, бу дьаакка харчы муҥунан кутуллан, онто кытта сор-муҥ аргыстаах буолара. Дьолго сор
эбиллэринии, уол дьоно бэйэлэрэ чааһынай маҕаһыыннаах буоланнар, бу дьаатыгар бэлэм харчы көстөн иһэрэ. Ийэлээх аҕата бу маны барытын сэрэйэллэрэ гынан баран, барахсаттар уолларын утары барбаттара. Бу маннык саарбах күннэринэн сарбыллыбыт биир сарсыарда, били дьаат аһыгар тиксибэтэх тойооску буолар-буолбаттан ньиэрбинэйдээн, кыйыттан, чугас киһитинэн Күннэйинэн таһаарбыта. «Оҕоҕор бэлэм аһы сиэтэҕин, сатаан да астаабаккын, ол аата кэргэн үһүгүн дуо?», – диэн баргыытаабытыгар кыыс тулуйбакка, утары саҥарсыбыта. Кэргэнэ кыйыттыбыт санаатын киллэрэн, кыыһы биирдэ охсон түһэрдэ… Бу маны барытын хотуна көрөн турбута уонна уолуттан куттанан туох да диэн харда тылы таһаарбатаҕа. Эмискэ сиргэ тиэрэ баттаммыт кыыс, баҕар ийэтэ көмүскэл буолуо диэбитэ, суох, мэлигир… Хаһааҥҥа диэри маннык туох да өрөһүлтэтэ, көмөтө суох сэнэтэ сылдьыыһыкпыный, бу туора дойдуга, атын ыалга суос-соҕотох эбиппин диэт, оҕотун таҥыннаран, түбэһэ түспүт таҥастарын кыбынан таһырдьа ыстанна. Харах уулаах, биир да харчыта суох, кини дойдутугар бараары өрүскэ киирбитэ. Өрүс номнуо мууһа эстэн уста турара. Ыксаабыта, куттаммыта бэрдиттэн, оҕотун кыбыммытынан муустан мууска ойон барар да санаалааҕа… Чочумча буолаат, өрүстэн чугас баар биир дьиэҕэ киирбитэ. Кини дьолугар олус эйэҕэс эмээхсин түбэһэн, ыалдьыт кыыс аймалҕаннаах сэһэнин истэн, итии чэйинэн күндүлээн хоноругар ыҥырда. Үйэтигэр билбэтэх дьиэтигэр, эмээхсинигэр хонуктуу сытар Күннэй олоҕун устатын-туоратын барытын эргитэ саныы сытан син утуйаахтаабыта. Сарсыныгар быһаарыныы быһыытынан, дойдутугар барара кыаллыбатынан, быраатыгар куораттаатылар уонна дьонугар арахсарын туһунан биллэрдэ. Син хас эмэ күн ааһан, киһитин араастык умна сатаата даҕаны, сүрэх олох атыны ыйара, ол эрэн, эр киһи илиитин көтөхпүт ыарыыта билигин да абытайдаан бырастыы гынара табыллыбатын билэрэ. Суол турбутун кэннэ, дойдутугар кэлэн, көхсө кэҥээн, эрэйдээх олохтон куоппутуттан үөрэ сылдьан, хоту сиргэ эмискэ үлэ көстөн, онно барардыы санаммыта. Хомунуу-тэринии буола сырыттаҕына, арай ааны тоҥсуйдулар. Арыйа баттаабыта – кини… Кыыс соһуйан, дьонун ыҥыран, бу сырыыга кинилиин кэпсэтииттэн син куотунна. Киһитэ иннин биэрбэккэ, хас да күн массыынаҕа хоно-өрүү сылдьан өр бырастыы көрдөстө. Ол аайы кыыс сүрэҕэ ытырбахтаан, киһитин аһыйан барда. Саатар киһи эрэ аһыныах, күннэтэ кэргэнин дьүһүнэ-бодото буорайан иһэр. Онон кыыс кинилиин кэпсэтэргэ сөбүлэҥин биэрэн, уһун-киэҥ кэпсэтии, хоргуппут, хомойбут санаа хоҥнуута күн тахсыаҕар диэри тэрилиннэ. Урут «саҥа» буолан тахсыбатах тыллар кытта бааллара. Ону кытта этиллибэтэх кистэлэҥ туора санаалар кытта иһилиннилэр, Түмүгэр, олохторун аймаабыт дьааттаах астара быраҕыллан, дьиэ кэргэн – олох төрдө буолуохтаах диэн буолбута. Сарсыныгар иллээх ыаллар уол дойдутугар айаннаатылар. Күннэй бу барыытыгар төһө даҕаны саарбахтаатар, бу түгэҥҥэ киниэхэ итэҕэл уонна дьахтар муудараһа эрэ баар буоллаҕына барытын кыайа тутуохтааҕын бүк эрэммитэ сөптөөх суол буолбута. Ол ыарахан кэмнэртэн номнуо икки сыл ааһа оҕуста, хата алдьархайдаах дьааты быраҕар сыаллаах эрэйдээх, абытайдаах кэмнэр син ааһаннар, эр киһи тылын тутуһан, адьынаттаах аһыттан
аккаастаммыта. Аны бу дьаат баҕарбытыҥ курдук судургутук арахсар ас буолбатах эбит, эт-сиин дэлби бааһырар буолан, аны аһыы утаҕынан ыарыытын аһарынар буолбут. Кыыс барахсаҥҥа ол эгэ эрэ: «били астааҕар бу ас арыый даҕаны», — диэн тулуйа сылдьара – дьахтар эр киһини ыарахан кэмигэр бырахпакка олоҕун эрэллээбитэ туохтааҕар да күүстээх санаа дии саныыбын! Билигин кыыс хорсуннук: «дьоллоохпун», — диир тыллара миигин төһө эмэ уоскуталлар! Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар улууһа, «Эдэр саас» сайтка анаан
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан