Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал тоҕо күөмчүлэннэ?

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал тоҕо күөмчүлэннэ?

K
edersaas.ru Категорията суох
30.03.2017 14:35
Таптал туһунан туойдубут ини, туойбатыбыт ини? Таптал ол курдук араас. Оттон мин илиибэр «Күөмчүлэммит таптал» диэн кинигэни тутан олоробун. Сардаана НИКОЛАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Ааҕан бүтэрэн баран, ыраах ууран кэбиспэтим. Хас да сарсыарда остуолбуттан ылан илиибэр ылан бигээн көрдүм. Ол курдук тартаран аахтым… Иннокентий Лукачевскай-Силис диэн ааттаах суруйааччы «Күөмчүлэммит таптал» диэн сэһэнигэр биир дэриэбинэҕэ үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии кэлбит эдэр кыргыттар, аармыйаттан ытык иэстэрин төлөөн, хаайыыттан буруйдарын боруостаан төннүбүт олохтоох уолаттар истиҥ доҕордоһуулара, бэйэ-бэйэлэригэр умсугуйуулара көрдөрүллэр. Дьиҥнээх таптал, сиэр-майгы, олоххо тардыһыы итэҕэтиилээхтик ойууланар. Ханна да буоларын курдук, арыгы дьалхааныттан, содур быһыыттан оһол, суорума суолланыы, хомойуох иһин, тумнуллубат. Дьылҕа хаан бу эдэр дьон төлкөлөрүгэр түөрэх быраҕан эрийэр-мускуйар. “Күөх сайын көмүс солкоҕо сууланан ыраах айаҥҥа турунар чуумпу түгэнигэр алаас иһэ биллэ кэҥээбиккэ дылы буолбут. Түүҥҥү хаһыҥҥа оҕустаран саһара хагдарыйбыт мэччирэҥ алаас кырыллыбыт курдук хадьымалынан тэлгэммит», – Хордоҕойдоох алаас киэҥ таһаатын ойуулааһынынан сэһэн саҕаланар эйгэтэ арыллар. Сэһэн билиҥҥи олохпутун ааспыт сэбиэскэй кэми кытта тэҥнээн көрөргө, олоххо ирдэбилбит, киһи киһиэхэ, тапталга сыһыаныгар, эдэр ыччат инники олоҕун оҥостуутугар суолу арыйарынан улахан суолталаах. Билигин даҕаны олохторугар суолларын кыайан тыырыммакка муна-тэнэ сылдьар ыччат баара, уһуну-киэҥи ыраҥалаабакка быстах санааттан тэмтэрийэн көҥүлү быстарыы, арыгыттан сылтаан суорума суолланыы тахса турара киһини дьиксиннэрэр. Бу сэһэн ааҕааччыны толкуйдатар, куһаҕан дьаллыктартан сэрэтэр, биирдэ бэриллэр олоххо кэтэмэҕэйдэммэккэ, ким эрэ эн оннугар барытын бэлэмнээн биэрэрин күүппэккэ олоҕу оҥосторго сирдиир, үөрэтэр өрүттээх. Тапталга даҕаны сыһыан эмиэ ити сиэринэн. Киинэҕэ көстөрүнүү уоттаах-төлөннөөх эрэ тапталы күүтэ сылдьан олох аргыһын булуммакка хаалыахха сөптөөҕүн өйдөтөр. Ол гынан баран, туох барыта үчүгэйинэн түмүктэниэхтээх диэн санааны тутуһан быһыылаах, сэһэҥҥэ олох орун-оннун булар. Олоххо араас буолуон сөп: таптал күүппэтэх өттүгүттэн эмискэ кимиэхэ баҕарар дьолу эбэтэр арахсыыны аҕалар күүстээх аналлаах иэйии. Онон, сэһэҥҥэ таптал боппуруоһа таайтарыылаах таабырын буолан аһаҕас хаалар, айымньы дьоруойдара олоххо тардыһыылара күүстээҕинэн, хайа табылларынан киһи сиэринэн олохторун оҥостон бараллар. Айымньыга имэҥҥэ ииригирии, бэйэни туттуммакка быстах таптал таарымтатыгар баһыйтарыы түгэннэрэ көстөллөр. «Валя сэрэхэчийэн уута көтөн утуйбакка сытта. Сэнэх сирэйдээх—харахтаах хаарыан уол арыгыга умса түспүт диэн Валя арааһы санаан барбытыттан бэйэтэ—бэйэтиттэн кыбыһынна. Саха бэртээхэй уолаттарын бу арыгы сиэн эрэр диэн түмүккэ кэллэ. Кыыс этэ—сиинэ тапталга баҕарарын уоскутуна сатаан, арааһы ырыҥалыы сытан нухарыйан барда. Түүн үөһэ эмискэ тугу эрэ сэрэйбиттии, соһуйан уһуктан кэллэ. Аһыыр остуол хаачыгыраан дьиэлээх уол ыараханнык тыынан, чуо кыыс хоһугар сырдырҕаан киирэн эрэрэ ый суһумугар көһүннэ. Валя, суорҕанын саба бүрүнээт, хаһыытыырга бэлэм кумуччу тутунна, этэ—сиинэ дьиктитик дырылыы тыҥаата. Уол иҥсэлээх илиилэрэ кыыс кэрэ миэстэлэринэн күүлэйдээбитинэн бардылар». …Арыгы содулуттан, бэйэтин дьалаҕайыттан Испирдиэн суорума суолланара ааҕааччыны толкуйдатар өрүттэрдээх. «Дэриэбинэҕэ ыар сурах уонча күн
ыаһыран баран сыыйа баас хаҕылыйарыныы намыраан барда. Испирдиэн уол кылгас олоҕор, олохтон күттүөннээх үчүгэйи көрбөккө, суорума суолланна. Айылҕа барахсан эр киһиэхэ анаабыт кэрэ аҥарын билбэккэ, оҕо-уруу тэниппэккэ, киһилии аһаабакка-таҥныбакка, бу аньыылаах-харалаах орто дойдуттан үчүгэйи булуо суохпун диэбиттии, эрдэлээн күрэннэҕэ». Сэһэн дьоруойа Дьулус хара санаалаах киһи илиититтэн эдэр сааһыгар суорума суолланар түгэнэ, олоххо буолар түбэлтэлэри санатан киһини харааһыннарар, төһө кыалларынан маннык быһылааннар хатыламматтарыгар баҕаран, ааҕааччы санаатын таарыйтарар. … Икки кэрэ кыыстан талан олоҕун оҥостор эрэйигэр түбэспит Өлүөскэ уол сыыһа эбэтэр сөптөөх хардыыны оҥорбутун ааҕааччы быһаарыа. «Икки дьиэ уоттаах түннүктэрэ уолу талларардыы ыҥыра угуйдулар. Кулгааҕар Лера «сүрэҕиҥ этиэҕэ» диэбит тыллара иһиллэн аастылар. Уол бэйэтэ да билбэтинэн, атахтара Лера уопсай дьиэтигэр сирдээбитинэн бардылар…». Эриирдээх-мускуурдаах олох оскуолата эдэрдэри үтэн-анньан көрөрдүү, олох суолугар аартыгын тэлэйэ арыйар. Сэһэн бүтүүтэ таайтарыылаах буолан, ааҕааччыны толкуйдатар. Ити курдук, «Күөмчүлэммит таптал» сэһэн, олох киһи баҕатын хоту салаллыбатын, үөйбэтэх өттүттэн араас түбэлтэлэр буолуохтарын сөбүн туһунан ааҕааччыны сэрэтэр. ЫСПЫРААПКА: Иннокентий Дмитриевич Лукачевскай-Силис 1962 с. Уус Алдан оройуонугар Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1979 с. орто оскуола кэнниттэн Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1988 с. – СГУ ПФ индустриальнай-педагогическай отделениетын бүтэрэн, Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталынан ананан, тоҕус сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Билигин Чөркөөх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар ОБЖ учуутала. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Биэс оҕолоох амарах аҕа, биэс сиэн эйэҕэс эһээтэ. Суруйуулара өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар, «Күрүлгэн» сурунаалга, «Сэмсэ» сыһыарыыга, «Дабайыы», «Араҥас сулус», «Алгыстаах аартык», «Таатта сүүс суруйааччыта» хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. «Чөркөөх уоттара», «Кыдьымах», «Эн күннээх ыллыккар» кинигэлэр ааптардара. Ордук прозаҕа ылсан суруйар. Сардаана НИКОЛАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан