Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыракый айанньыт (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыракый айанньыт (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.10.2023 10:00
Улахан тимир көлө мээнэ тиэстиэ суох, кыараҕас өрүкүйэ сытар хара буордаах суол устун биэстээх-алталаах кыыс оҕо иннин-кэннин кэтэнэн көрө-көрө, соруктаах киһи быһыытынан хааман тойтоҥолоон иһэр. Илиитигэр кыра өрбөх суумканы туппут. Сотору-сотору быһа түһэн кэбиспит атаҕын имэринэн ылар, муннун өрө сыҥан ылбахтыыр. Баттаҕа сэрбэкэчийэн кыра да айанньыт. Бачча быыкаайык киһи, туох санаалаах-оноолоох хайа диэки хайыһан, хааман иһээхтиирэ буолуой? Бу кэмҥэ аныгы көлө биир тутаах туоһута буолбут үүт таһар кыра тыраахтар тумул ойууру төлө түһээт, соһуйбут омунугар төлүтэ биэрэн бөтүгүрээн ылла уонна оҥой-соҥой көрөн кылаллан турар оҕо аттыгар тилигирэтэн кэлэн, «хам» барда. Көлө мунур тойонунан анаммыта аҕыйах хоммут Тиихэн уол, умунах иҥэн хара лаҕыыр буолбут ыстаанын өрө тардынаат, ыстанан түстэ. Тоҕо эрэ моонньун уһата-уһата иннин-кэннин олоотоон көрдө. Кэтэҕин тарбанна. Улахан мунаах суолу быһаарар түгэн үүммүтүн бэркэ өйдөөбүт киһи сиэринэн, дьоһумсуйан ыла-ыла: «Хайа, тоойуом, бу хайа диэки баран иһэҕиний? Тоҕо соҕотоххунуй? Аатыҥ-суолун кимҥиний?» – диэн кыысчаантан ыйыталаһан киирэн барда. «Аатым Мила диэн. Абаҕам аахха баран иһэбин», – диэн оҕо иҥнигэһэ суох чобуотук хардарда. «Мунан хаалбаккын дуо? Хайа, уонна манна ытырыык ыттар сылдьар сурахтаахтара»,— тырахтарыыс уол бэрт олуурдаах түгэҥҥэ түбэһэн турарын өйдөөтө. Онтон өй булан: «Тоойуом, аччыктаабытын да буолуо, утаттаҕыҥ даҕаны. Мантан чугас «Атах» пиэрмэтэ баар. Онно барыс. Ыалга чэйдээ, онтон салгыы бараар», – диэтэ. Оҕо тук хоту олоруста. Тыраахтар айаннаан тарылата турда. Бу Мила кыыс мантан тэйиччи соҕус сайылаан олорор «Харабынай» пиэрмэҕэ сай саҕаланыыта кырдьаҕас эдьиийигэр күүлэйдии кэлбитэ уонна көрөр-харайар киһитэ суох буолан, салгыы сайылыы хаалбыта. Бүгүн сарсыарда эрдэлик эдьиийэ сылаас уу бэлэмнээт: «Кэл, тоойуом, баттаххын сууннарыым», – диэбитэ. Кыысчаан, уоһун иһигэр өрбөх куукулатын кытары кэпсэтэ турар буолан, истэн баран, истибэтэҕэ буолбута. Эдьиийэ ыныран көрбөхтөөн баран, кыыһыран тыастаахтык хааман кэлбитэ уонна талах төбөтүнэн «сып» гына охсубута. Оҕо барахсан соһуйан, өрө көрөн таһаарбыта уонна хомойон-хоргутан, олох да түүрүммүтэ. Икки илиитинэн тобугун хам кууһан, умса туттан олорунан кэбиспитэ. Уоһа толлойбута, хараҕа уу-хаар баспыта, түҥнэри хайыспыта, кэтэҕин көрдөрбүтэ. Эдьиийэ этэн көрбөхтөөн баран, ыанньыксыт киһи сылайара баа буолуо дуо, хоһугар киирэн, оронугар сынньанардыы сыппыта. Кыысчаан олорбут сириттэн туран кэлбитэ, муннун-уоһун туура соттубута уонна тыаһа суох сылдьан, сыр-мыр хомунан киирэн барбыта. Суох, кини аны манна биир да күн хаалбат. Эдьиийэ кинини таптаабат эбит. Өссө таһыйда. Кинини биэбэйдэһэр, кинини таптыыр атын дьонугар барыаҕа. Онно ким да мөхпөт даҕаны, таһыйбат даҕаны. Оҕо, сэрэнэн үкгэнэн, тахсан барда. Ааны тыаһа суох сапта. Сайын саҕаланыыта бу суолунан кэлбитин бэркэ өйдүүр. Суолтан туораабакка бардар баран истэҕинэ, кыратыттан билэр сиригэр тиийиэҕэ. Чутас курдук санаахтыыр. Ол баран истэҕинэ, кинини Тиихэн уол көрөн соһуйбут-өмүрбүт эбит. Тырахтарыыс уол бэйэтэ оҕо да буоллар, бу кыра киһини айан суолун ортотугар мээнэ көрсүбэтэҕин бэркэ диэн өйдөөбүтэ. Кини хайа эмэ албаһынан кыысчааны чугастааҕы пиэрмэ дьонугар тиксэрэр санааламмыта. Мила билбэт дьонугар киирэн, дьоһумсуйан олорон, чэйдии олордо. Хас да улахан киһи киирэ сырытта. Аатын-суолун, хайа диэкиттэн кэлбитин ыйыталаһаллар. Сорохтор тоҕо эрэ «Ээ, барахсаны даа…» – дэһэллэр, кэтэҕиттэн имэрийэллэр. Өссө биир кырдьаҕас эмээхсин тайах маска тэптэрэн, хааман саллырҕайдаан кэлэн: «Оо, оҕом барахсан, көр эрэ, умса уур, тиэрэ бырах, аҕата аҕатынан буоллаҕа… Айбытын үтүө дьүһүнүн ылаахтаабыт», – диэтэ. Сүүһүттэн сыллаан ылла, хараҕын уутун кистии-саба сотунна. Кыысчаан билбэт дьонун үтүө сыһыаннарыттан, эдьиийин уонна аҕатын туһунан үчүгэй тыллары истибититтэн хом санаата ааһа быһыытыйда. Хайдах эрэ сүрэҕин сыыһа сып-сылааһынан угуттанна. Бу дьоҥҥо өссө да олорбохтуох курдук сананна. Бу кэмҥэ кэккэлэһэ турар дьиэҕэ икки-үс дьахтар бостуук уолу оҕо ханна, кимнээххэ баарын тыллата ыытаары, түбүгүрэ сылдьаллара. «Били Маайа кыра сиэн балтын сүтэрэн, айманнаҕа аҕай», – диэн ыксыыр-тиэтэйэр этилэр. Кырдьык, эдьиийэ нуктуу түһэн баран турбута, кыысчаана суох этэ. Бастаан утаа таһырдьа оҕолору кытта сырыттаҕа диэн кыһаллыбатаҕа. Күөрчэх ытыйан, лэппиэскэ бэлэмнээн баран, таһырдьа тахсан көрбүтэ, чугас эргин оҕото суоҕа. Оонньуу сылдьар кырачааннартан ыйыталаспыта да, туох да туһа тахсыбатаҕа. Онтон дьиэҕэ киирэн, ханна эмэ саһан олордоҕо дии санаан көрдөөбүтэ да, эмиэ мэлийбитэ. Ыксыы быһыытыйан, ыалларыгар киирэн ыйыталаспыта да, ким да көрбөтөх этэ. Маайа, дьиэтигэр төннөн кэлэн, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, кыысчаанын илдьэ кэлбит суумката, хаһан да арахсыспат өрбөх куукулата суоҕа. Тоҕо эрэ кини Милатыгар төрөөбүт күнүгэр бэлэхтээбит сиэх быһаҕас дьэрэкээн дьүһүннээх ырбаахыта олох маска сааһыланан сытара. Кыысчаана бу ырбаахытын сарсыарда кэтэ сылдьара уонна билигин… Маайа эрэйдээх кыысчаанын таҥаһын сулбу тардан ылла. Сүрэҕэ сүр ыарыылаахтык ньүөлүйдэ. «Оҕом эрэйдээх, төһө эрэ хомойдо… Эмиэ тоҕо да талахтана турбут бэйэкэбиний?», – диэн уоһун иһигэр ботугураата. Ол кэмҥэ матаһыыкыл торулаан кэлэн, кини дъиэтин таһыгар тохтоото. Маайа таһырдьа сүүрэн таҕыста. Мантан сэттэ биэрэстэлээх сиргэ сайылаан олорор пиэрмэ бостуук уола Уйбаанчык кэлэн турар. Уол оҕо ханна баарын этээтин кытта Маайа матаһыыкылга олорсон барыста. Мила аһаан бүтэн, түннүгүнэн ону-маны одуулаһа олордоҕуна, дьиэ таһыгар матаһыыкыл кэлэн тохтоото. Арай көрбүтэ, эдьиийэ кэлбит! Кыысчаан суумкатын, куукулатын харбаан ылла да, таһырдьа ойдо. Дьиэ кэннигэр биирдэ баар буола түстэ. Күрүө аннынан «сылыпыс» гынна, ойуур диэки сүүрдэ. Улахан мас аттыгар сыгынах кэннигэр саста. Ол сытан иһиттэҕинэ, эдьиийэ: «Оҕом барахсан, миигин куттаама, сүтэн хаалыма, соҕотох хаалларыма. Сотору аҕаҥ кэлиэ. Оҕобут ханна барда диэмий. Дьэдьэн буспут үһү, иккиэн бииргэ дьэдьэнниэхпит. Онтон кэлин өссө отоннуохпут, моонньоҕоннуохпут. Эйиган тапталлаах Маҥаачыйа тарбыйаҕын кэтэһэр. Хаһан лэппиэскэ бэрсэрэ буолуой диир. Чэ, кэл, тоом, тупсуох. Аны хаһан да талахтаныам суоҕа», – диир. Кыысчаан кыракый төбөтүгэр кыл түгэнэ араас санаалар ытыллан аастылар. Оо, аҕатын ахтыбыт да эбит! Күндү киһитин күүстээх сылаас илиилэрэ кинини үөһэ быраҕа-быраҕа хабан ылаллара бу баарга дылы. Ол кэмнэ киниттэн ордук дьоллоох оҕо суоҕа буолуо. Аҕата: «Ии, барахсаным сыыһа, күлэрэ-үөрэрэ үчүгэйиэн! Тыыннаах чыычаах буоллаҕа. Оҕом улааттаҕына, миигиннээҕэр ордук дьоллоох-соргулаах, барыны бары сатыыр талба талааннаах, удьуор дьоҕурдаах, туппута барыта тупсан, ылсыбыта барыта ыпсан иһэр киһи эрэ киэн туттар далбар хотуна буолуоҕа», – диирин Мила толору өйдөөбөтөр да, төрөппүт баар-суох киһитэ үтүөнү эрэ түстүүрүн син удамаҕалатара. Билигин аҕата манна баар буолан хаалара буоллар даа… Мила сыгынаҕын кэнниттэн оронон тахсан кэллэ. Кыракый илиилэринэн тэбэммитэ буолла уонна өссө да эдьиийигэр куттаан, уоһа толлойбутунан, сүүһүн аннынан сургуччу көрбүтүнэн ырааһыйаҕа тахсан кэллэ. Маайа икки илиитин даллаппытынан сүүрэн кэллэ уонна кыысчаанын көтөҕөн ылла. Икки өттүттэн ытамньыйан ыллылар, эйэлэспит дьон сиэринэн сылластылар-уурастылар уонна сиэтиспитинэн дьиэлэр диэки хаамыстылар. Оо, оҕо барахсан! Бу кыра киһи ийэ диэни билбэтэҕин кэриэтэ эбээт. Күндү киһитин олус эрдэ сүтэрбитэ… Ордук кыыс оҕо ийэтин суохтуур. Киниэхэ хатыламмат тыыннаах холобур буолуох, сүбэлиэх-амалыах, дьиэ ис-тас үлэтигэр үөрэтиэх, үтүө да, мөкү да түгэннэргэ өйөбүл буолуох, сыллыах-ууруох кэрэ киһитэ суох. Маннык тулаайахсыйыыны ийэтэ суох хаалбыт, элбэхтик хараҕын уутун тохпут, дьон хаҕыс сыһыанын билбит эрэ оҕо толору өйдүүр. Кэбис, доҕоттор, оҕо аймах бары да тулаайахсыйыыны билбэтэллэр ханнык. Хомойуох иһин, оҕолоругар олус хаҕыс сыһыаннаах, оҕону адаҕа курдук саныыр, өссө дьоҥҥо харчыга атыылыы сатыыр төрөппүттэр сири бааһырдан сылдьаллар. Биһиги сахалар ахсааммыт аҕыйах. Хас төрүүр оҕо үрдүк үтүө айыылартан бэриллибит олус күндү бэлэх буолар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан