Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таптал сылаас иэйиитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптал сылаас иэйиитэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
23.03.2017 18:00
Сарыал бэҕэһээ онус кылааһы бүтэрэн, ситии-хотуу аттестатын ылан үөрүү-көтүү бөҕө буолбута. Улахан аартыкка үктэммит дьон быһыытынан, кылааһын оҕолорунаан киэһэ уон бииргэ диэри оонньоон-көрүлээн тарҕаспыттара. Маҥнай уолаттар, кыргыттар бары бииргэ сылдьыбыттара. Кэлин иккилии буолан тус-туһунан арахсыбыттара. Сарыал Саргылыын сиэттиһэн баран, биэрэк устун саҥата-иҥэтэ суох хааман испиттэрэ. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, иккиэн үөрэн-көтөн дьоллонон иһэллэрэ. Сарыал Саргыттан сайын ханна үлэлиир былааннааҕын ыйыппытыгар: “Остолобуойга иһит сууйааччынан киириэх буолбутум. Ийэм дьүөгэтэ остолобуойга повардыыр. Кини миигин үлэҕэ ылыах буолбута. Онтон эн ханна үлэлиир былааннааххыный?”, — диэбитэ. “Мин дойдубар бостуугунан үлэлиэм. Онтон аармыйаҕа ыҥырдахтарына баран сулууспалыам. Кэлэн баран саха тылыгар үөрэнэн учуутал идэтин ылыам. Саргы, онтон эн икки сыл үлэлээн баран ханнык үөрэххэ туттарсар былааннааххыный?” – Сарыал хардары ыйыппыта. «Финансовайга үөрэниэхпин баҕарабын» – диэбитэ Саргы. Кыыстаах уол икки улахан муостаны туораан, үрэх үрдүгэр турар Калинин аатынан уулуссаҕа тиийэн кэлбиттэрэ. Чочумча хаама түһэн баран Саргы: – Чэ, дьиэбэр кэллим. Мин дьиэм бу турар, – диэбитэ уонна хап-хара хараҕынан Сарыал диэки унаарыччы көрөн турбута. Уол бу тосхойбут түгэни мүччү тутумаары, кыыһы оргууйдук кууһан ылбыта уонна долгуйбута улахана бэрдиттэн: “Саргы, мин эйиигин таптыыбын!”, — диэн бэрт нэһиилэ иһин түгэҕиттэн ыган таһаарбыта. Сүрэҕэ уолугунан субу ойон тахсыахтыы сүр күүскэ тэбэрэ. Саргы хараҕын симэн баран: “Мин, мин эйигин эмиэ”, — диэн иһиллэр-иһиллибэттик хардарбыта. Уоллаах кыыс уос-уостарыттан даҕайсан аан маҥнай уураспыттара, бу дьоллоох түгэни өссө уһатаары ыга куустуһан өөр да өр таптал абылаҥар ылларан турбуттара. Онтон Саргы аа-дьуо уол илиитин араарбыта уонна чэпчэки-чэпчэкитик дугунан кэлииккэтин аанын аһан, эргиллэн тура түспүтэ, мичээрдээбитэ, илиитинэн далбаатаабыта уонна олбуорун иһигэр киирэн хаалбыта. Оо, бу түгэҥҥэ Сарыал саҕа дьоллоох киһи аан дойду үрдүнэн суох этэ! Кини үөрэн-көтөн, төрөөбүт дэриэбинэтигэр сатыы түһүнэн кэбиспитэ. Нэһилиэгэ мантан балтараа көс курдук этэ. Бу кэнниттэн аҕыйах хонон баран, кылааһынан бары тутуспутунан Сыайаан үрэҕэр походтуу барбыттара. Ол түүнү Сарыал хаһан да умнуо суоҕа! Сарыаллаах Саргы балааккаттан тэйиччи куустуспутунан кырдал устун хаамсыбыттара. Хонууга сибэкки арааһа тэлгэнэ үүнэн турара. Олортон саамай күндүлэрэ, кэрэлэрэ сардаана сибэккилэр араҥастыйа кытара кыыһан тураллара. Олортон хаһы да холбуу тутан, ыалдьыахтара диэбиттии сэрэнэн туура тардан ылан, таптыыр кыыһын илиитигэр туттарбыта. Саргыта уһун кыламанын быыһынан хап-хара хараҕынан сылаастык имэрийэ көрбүтэ, тапталлааҕын оргууй аҕай кууһан ылан обуйукаан уоһунан уураабыта уонна кулгааҕар оргууй эппитэ: “Сарыал, доҕоччуок, эн биһи өрүү бииргэ буолуохпут, хаһан да арахсыахпыт суоҕа…” Дьоллоох кэмнэр түргэнник элэстэнэн ааспыттара. Эһиилги сааһыгар Сарыал аармыйаҕа барбыта. Саргы финансовайга үөрэнэ киирэн дьоллоох Дьокуускайы булбута. Уол Забайкальеҕа сулууспалыы сырыттаҕына, кыыһа маҥнай тохтоло суох суруйара. Онтон кэлин, тоҕо эрэ, суруга сойдор сойон, устунан уостан хаалбыта. Сарыал хоруй күүтэрэ… Арай, биир
сыл ааспытын кэннэ, Саргыттан сурук тиийэн кэлбитэ. Оо, онно уол төһөлөөх үөрдэ, долгуйда этэй?! Ол эрээри, суругу ылан баран, тоҕо эрэ сүрэҕэ ыарыылаахтык хам тутан ылбыта. Кэмбиэри арыйаат «Сарыал, миигин бырастыы гын. Мин атын уолу таптаатым, ол уоллуун холбоһор буоллум» диэн тыллар хараҕар тута быраҕыллыбыттара. Сарыал маҥнай сүүскэ бэрдэрбит киһи курдук дөйүөрэн олорбута. Онтон, чочумча буолаат, кыбдьырыммытынан ойон туран ууруна сылдьыбыт суруктарын барытын тумбаттан хостоон, таһырдьа таһааран уоттаан кэбиспитэ. Уоту супту көрөн турбахтаабыта. Баттык буолбут ыарахан санааны кыйдаары хантайан өрө уһуутаабыта. Гимнастеркатын хаҥас сиэбин хасыһан байыаннай билиэтин быыһыттан хаартысканы ороон ылан, саҥа өйдөөн көрбүттүү доҕорун сэбэрэтин уһуннук одуулаһан турбута. Кини таптыыр доҕоро, сүрэҕин чопчута Саргылаанчык көмөрүнэн сотон кэбиспит курдук хойуу хааһа, уһун хойуу кыламанын быыһынан хап-харанан чоҕулуччу көрбүт хараҕа, сэгэччи күлэн мичийбит обуйукаан уоһа тапталым сэбэрэтин олус да тупсараллар диэн санаа төбөтүгэр элэс гынан ааспыта. Кыл түгэнигэр абарбыта-сатарбыта салгыҥҥа көтөн, таптал иэйиитигэр куустарыах курдук гынан иһэн, Сарыалга «таҥнарыы» диэн тыл ыарыылаахтык киирэн кэлбитэ. Саллаат хаартысканы хайыта тыыппыта, сиргэ бырахпыта, ибили тэпсибитэ. Сардаана сибэкки үүнэн, үөрдэн баран, уостан, сүтэн хааларыныы, Сарыаллаах Саргы тапталлара өлбүтэ-сүппүтэ, эргиллибэттии уостубута… Алтааныскай
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан