Кэпсээ
Войти Регистрация

Семен Данилов бастыҥ хоһоонноро

Главная / Кэпсээн арааһа / Семен Данилов бастыҥ хоһоонноро

K
edersaas.ru Категорията суох
20.03.2017 20:41
Семен Данилов үбүлүөйдээх күнүн көрсө, бэйиэт дьоҥҥо-сэргэҕэ таптаппыт хоһооннорун таҥан таһаарабыт. САХА ҮҤКҮҮТЭ Е. Степановаҕа Yрүмэччи үөрүн курдук, Арыы-дьэҥкир халлаан курдук, Көөнньөрүүлэх кымыс курдук, Көҥүл санаа кыымын курдук Дьоллоох саха кыргыттара Чороон тутан таҕыстылар. Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр Оhуор үктээн киирдилэр, Нуоҕай лабаа ииллилэр, Дьол ырыатын тистилэр… Yөрэ сөхпүт санаабар Алаас тыала ил гынар. Чуумпу Лена долгунунуу, Туундара үрүҥ кубатыныы, Алаас хотун хатыҥыныы, Атан эрэр ньургуhуннуу, Намыыннарын, наскылларын, Нарыннарын баҕастарын! Кэрэ бэлиэ кэпсээн курдук, Сэрэтиилээх сэhэн курдук, Ылбай чаҕаан ырыа курдук, Ыраас таптал тылын курдук Сахам намыын үҥкүүтэ Сахам сирин кэриэтэ! САРСЫАРДА Барыҥый халлаантан быкпыт, Тыҥ хатыыта кырыылаах- Ол барыйа багдаспыт- Буор хайалар быhыылаах. Ыраах өрүhүм дуораанын Бастакы сиккиэр аҕалла. Онтон ол уорас дуораанныын Уостан уҕараан хаалла. Чочумча чуумпу кэнниттэн Сир симэҕэ сибигинээтэ, Мыраан чыпчаалын сибэккитэ Көмүс сарыалга сөтүөлээтэ. Намылхай чараҥ тыалырда, Эрдэhит чыычаах уhугунна, Сарсыарда, намыын сарсыарда, Саҥа күнэ аhылынна. Саҥа күн күлүмэх күлүмэр Умайар халлаан бэрдин!- …Саҥа күн күлүмэх түбүгэр Мин умсарга бэлэммин. МАҤНАЙГЫ ХААР Сыhыылар сырдыктар, Чараҥнар наҕыллар, Аан дойду сүктэр кыыс Таҥаhын таҥынна: Сүктэр кыыс кэриэтэ Кыырпаҕа суох ыраас, Сүктэр кыыс кэриэтэ Хаар намыын үҥкүүтэ. Мин суолга наадыйбат Айанньыт буолабын. Мырааны быhабын, Чагдаҕа тахсабын. Туллуктар суолларын Көрөммүн үөрэбин, — Туллуктар! Эй, кэлиҥ! Мин үтүө киhибин. ТАПТАА Таптаа, бу сир оҕото Таптаа сири, халлааны! Yрдүк үөрүү, хомолто Таптыыр сүрэх талаана. Таптыыр сүрэх араарар Куhаҕантан күндүнү, Кини эрэ бас билэр Сибэккини, Дьолу, Күнү. Таптаабатах сүрэххэ Дьон, Сир, Олох-барыта Бороҥ буолан көстүөҕэ, Чуҥкук буолуо барыта. Таптаа дьон, сир кэрэтин! Таптаа!.. Таптаа күн курдук, Чуҥкук олох кэриэтин Олорботох да ордук. Yрдүк үөрүү, хомолто Таптыыр сүрэх талаана. Таптаа, бу сир оҕото, Таптаа сири, халлааны. САХА ЭМЭЭХСИТТЭРЭ Мин маннык тэлэһийэ сылдьаммын, Дойдубун аҕыннахпына, кинилэри Toҕo эрэ ордук уйадыйа ахтабын— Муннукка букунайар сахам эмээхситтэрин, Иэримэ дьиэни дьиэлиир, сиэннэрин иитэр Уһун үйэлэригэр бүппэт дьаныардаахтар, Уонна, дьэ, бар дьон быстыбытын салгыыр Имииһит дуу, иистэнньэҥ дуу идэлээхтэр. Олоҕо суох омуннурбат ол эмээхситтэр Ленин сиэригэр сиэннэрин уһуйаллар, Уостарыгар уостубат амарах мичээрдээх Оҕонньотторун мөҕүттэр оонньуулаахтар. Хаһан даҕаны кинилэр билэчиэктии Өйдөөҕүмсүйэ, үөрэтэ сорумматтар. Ол эрээри кыргыттар ис иирбэлэрин Эбэлэригэр эрэ сүбэлэтэ сүүрээччилэр. Аҕам да дьахталлар — дьиэ хотуттара Аат ааттаан кинилэргэ кэлэллэр: Оҕо ыарыытын, олох бары мындырын Оллоонноон олорон уһуннук кэпсэтэллэр. Айыым дьонун ахтыбыппар буруйдааҥҥыт «Алыс да арбаабыт,— диэмэҥ ,— атаспыт!» Ханнык да сыа быччаххайа суох буолбат, Ол быччаххайдары мин ахтыбаппын. Мин маннык тэлэһийэ сылдьаммын Аһара ахтабын сахам эмээхситтэрин: Кинилэр туохха да тэҥэ суох сылаас чаайдарын, Санаалара ырааһын, мэйиилэрэ истиҥин. ИТЭҔЭЙИМЭ Аҕам сааска, Кырдьар сааска Хаан тэбэнэт оонньуута Уостар дииллэр,— Чаҕыл
сааскы Тэбиэс сүрэхпит сойуута. Итэҕэйбэппин мин ону, Ылыммаппын букатын: Хаһан да көрдөөх оонньуу Уоскуйбатын! Уостубатын! Мин биэс уоннаах оҕонньор Билэ иликпин оннугу: Кэрэлэртэн хааным оонньуур, Оргуйбахтыыр омунум. Эн күн хараҕыҥ куйааһа Мин сүрэхпин кыынньарар, Эн аатыҥ кыл кылыһаҕа Миигин үөһэ тыыннарар. Итэҕэйбэппин ол иһин Эр бэрдэ кырдьыахтааҕын. Уостууну итэҕэйбэппин, Итэҕэйиэхпин Баҕарбаппын! Итэҕэйимэ, Эн эмиэ! Саха народнай поэта Семен Петрович Данилов 1917 с. кулун тутар 20 күнүгэр Горнай улууһугар төрөөбүтэ. Кини маҥнай кэпсээн суруйара. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1945 с. тахсыбыта. Ол эрээри кини поэзияҕа уһулуччу дьулуурдаахтык уонна талааннаахтык үлэлээн, саха поэзиятын Сойуус, аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыт үтүөлээх. Ол курдук кини хоһоонноро Сэбиэскэй Сойуус омуктарын тылларыгар барытыгар кэриэтэ, ону ааһан монголлуу, японнуу, французтуу, английскайдыы, немецтии, о.д.а. тылбаастаммыттара. Түөрт уонча кинигэ ааптара. Саха поэзиятыгар ураты «даниловскай» интонацияны киллэрбитэ, лирическэй уонна гражданскай сүүрээннэри өссө дириҥэппитэ. Кини тылыгар сүүсчэкэ ырыа суруллан, киэҥник ылланар. Өрөспүүбүлүкэ, Россия биир биллэр уопсастыбаннай деятелэ. Өр сылларга Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Дьоҕурдаах эдэр ыччаты өйүүр кэскиллээх литературнай политиканы ыыппыта. Оҕолорго таптаппыт элбэх xohooн кинигэтин ааптара. Тылбаасчыт. ССКП XXIV сийиэһин дэлэгээтэ. М.Горькай аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Польша Народнай Респуб­ликатын култууратын үтүөлээх деятелэ. Октябрьскай Революция, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1949 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. 1978 с. сэтинньи 27 күнүгэр эмискэ ыалдьан өлбутэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат ахтыытын манна ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан