Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баҕа санаа…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баҕа санаа…
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.03.2017 16:45
Тыа сирэ. Чөкө сэлиэнньэ. Сааскы кэм. Сылаас сымнаҕас күн. Уулусса устун үөрэх суумката сүгэһэрдээх уонча саастаах Айаалчык уол туохха да ыксаабат киһи сиэринэн оту-маһы, суору-турааҕы одуулаһа, ууну-хаары булкуйа оргууй аҕай дьиэлээн иһэр. Туохха ыксыай, тиийдэҕинэ, ийэтэ кистии уурбут күлүүһүнэн аһан кураанах дьиэтигэр киириэ. Остуолга олорон хаалбыт аһылыктан мунньан-тараан аһыа. Ол быыһыгар муннук остуолга турар телевизоры холбоон, туох эмэ кэрэхсэнэр биэрии баар буоллаҕына, көрүө. Аһаат, мууһун киллэриэ, маһын кыстыа. Аа-дьуо уруогун чөкөтүө. Онон күннээҕи түбүгэ бүтэ турар. Валентина Дьячковская, Сунтаар, Кутана, https://edersaas.ru/ Киэһэлик ийэлээх аҕата үлэлэриттэн бүтэн кэлиэхтэрэ. Айаалчык дьонуттан көҥүллэтэн, уулусса уҥуор олорор бииргэ үөрэнэр уолугар Сулуска тахсыа. Кини доҕорун дьонун олус сөбүлүүр. Атаһа абыраммыт киһи. Икки эдьиийдээх, бырааттаах, балтылаах уонна… эбэлээх, эһэлээх! Эбэлэрэ минньигэс да минньигэс араас аһы астыыр. Эһэлэрэ сололоох кэмигэр кыра сиэннэрин түһэҕэр олордон эрэ туойар идэлээх. Ону Айаалчык табаарыстарынаан оонньуу сылдьан, чуумпуран олорон, олус сөбүлээн истээччи. Оҕонньор тойуга кинини ханнык эрэ биллибэт эйгэҕэ ыҥырар. Санаатыгар тула өттө ордук кэҥээбиккэ, сырдаабыкка, дьэргэлгэн өҥнөрүнэн суһумнуу оонньуурга дылы буолар. Кини табаарыһа Сулустуун үүт-маҥан атынан үрүҥ былыттары үрдүнэн көмүс өҥүнэн күлүмүрдүүр күн диэки көтүтэн иһэллэр. Аллараа диэки көрдөхтөрүнэ, сирдэрэ-уоттара барыта күп-күөх буолан көстөр. Эбэлэрэ мап-маҥан былаатынан далбаатыыр, эһэлэрэ тайах маһыгар өйөнөн туран, чарапчылана-чарапчылана одуулаһар. Сулус эдьиийдэрэ балтылаах бырааттарын көтөҕөн туран илиилэринэн далбаатыыллар. Уолаттар күн диэки ойута тураллар… Сулус ийэлээх аҕата сүрдээх үлэһит дьаныардаах дьон. Олорор дьиэлэрэ олус киэҥ-куоҥ. Ийэлээх аҕалара, эбэлээх эһэлэрэ, кыргыттар, уолаттар тус туспа утуйар хостоохтор. Ыалдьыттарга аналлаах туспа хос эмиэ баар. Айаалчык саамай кэрэхсиирэ – оҕо оонньуур хоһо! Манна дьиэ өһүөтүгэр диэри тардыһан тахсар быа, дьиэ үрдүттэн быанан иҥиннэриллибит хачайдана, тардыһа оонньуохха сөптөөх быалаах төгүрүк мас ии, кыраларга аналлаах хачыал, төкүнүйэ-күөлэһийэ оонньуурга аналлаах халыҥ көбүөр, дьиҥнээх курдук улахан массыына, оҕолор олорон оонньуулларыгар сымнаҕас олбохтор, арааһы бары айан туталларыгар аналлаах араас быһыылаах чэпчэки ыйааһыннаах кубиктар бааллар. Истиэнэҕэ сыһыары саайыллыбыт долбуурдарга дьэрэкээн оонньуурдар кэчигирээбиттэр. Айаалчык манна оҕолордуун тириитэ тэнийиэр диэри оонньооччу. Киэһэлик эбэлэрэ ыччаттарын ыҥыртаан, остуолга олордооччу уонна минньигэс астарынан күндүлээччи. Оҕолор бары да ордук дьэдьэннээх күөрчэҕи уонна сүөгэйдээх суораты ордорооччулар. Айаалчык баһыыбалаан, махтанан баран дьиэтигэр барааччы. Кини, дьиҥэ, дьиэтигэр соҕотох буолан тэһийбэт. “Аҕыйах бэйэбит туохпут киэҥ дьиэтэй?”, – диэн аҕата кып-кыра дьиэни туппута. Барыта хайдах эрэ кыбычыын, кыараҕас курдук. Айаалчык хоһун иһэ толору оонньуур курдук да, алтыһар оҕото суох буолан, оонньуурдара таах сыталлар, тураллар. Аҕата киэһэ үлэтиттэн кэллэ да, тэлэбиисэри өрө мыҥыыр. Ийэтэ аһын-үөлүн, иһитин-хомуоһун дьаһайан бүттэ да, төлөпүөнү кытта эриһэр. Уоллара хоһугар олорон, үксүн уруһуйдуур. Кини уруһуйдарыгар баҕа санаатын – киэҥ да киэҥ тобус-толору дьонноох дьиэни оҥорор.
Онто ардыгар этээстээх, ардыгар этээһэ суох дьиэ буолар. Бүгүҥҥү уруһуйугар уон мэндиэмэннээх үрдүк да үрдүк дьиэни оҥорбут. Саамай аллараа этээһигэр бары олорон аһыыр, суунар, дьонноро уһанар-иистэнэр, оҕолор уруок үөрэтэр хосторун оҥорбута. Иккискэ Сулус эһэлээх эбэтэ олоруохтара. Кинилэр кырдьаҕастар, онон үөһээ этээскэ кыайан тахсыахтара суоҕа. Үһүс мэндиэмэҥҥэ табаарыһын улахан эдьиийэ Саргы олоруо. Төрдүскэ – кыра эдьиийэ Сардаанчык. Бэһискэ – быраата Айтаалик. Алтыска – балта Күннэйчээн. Сэттискэ – Сулус ийэлээх аҕата. Ахсыска – Айаалчык ийэлээх аҕата. Тохсуска – Сулус уонна Айаалчык бэйэлэрэ. Онус этээскэ оҕолор бары мустан оонньуур сирдэрэ буолуоҕа. Айаалчык бу олорон, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы: “Улааттахпына, улахан дьиэни кытта киэҥ олбуорданыаҕым. Сулус ийэлээх аҕатын курдук элбэх оҕуруот аһын арааһын үүннэриэҕим. Кинилэр курдук Маҥаачыйа уонна Кыыстара диэн ынахтаах буолуоҕум. Өссө Сулус аҕатын курдук, ала дьүһүннээх Дьоруо диэн аппынан айаннатан дьигиһитэн, дьиэбэр кэлиэҕим. Атым кэнниттэн Бойбох диэн ытым кутуругун хоротон баран батыһыаҕа”, – диэн ыралана саныыр. Бу санааларын доҕоругар Сулуска эрэ кэпсээччи. Иккиэн көх-нэм буолан, баҕа санаалара баһаамныыр. Арыт дьиэ-уот эгэлгэтин тутуох, арыт дьиэ кыылын арааһын иитиэх, арыт аттарын миинэн, ойууру-тыаны кэрийэ бултуу барыах буолаллар. Кинилэр өссө да кыралар. Улааттахтарын аайы Айаалчыктаах Сулус баҕа санаалара уларыйан – тэлэрийэн иһиэ турдаҕа. Уолаттар бу билиҥҥилэрин курдук тыа оҕолоро буолалларын умнубакка, төрөөбүт төрүт буордарын саныыр, үөскээбит түөлбэлэригэр тугу эмит туһалыыр толкуйдаах дьон буола улааталлара буоллар… Валентина Дьячковская, Сунтаар, Кутана, https://edersaas.ru/
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан