Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҥоһууга орооһуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҥоһууга орооһуу

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
19.07.2019 16:30
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн, аймаан кэбиһэр идэлээх. Ол сиэринэн бүгүн эмиэ олус суолталааҕы кэпсиэх буолан эрэннэрбитэ. Ол бэйэлээх сураҕы истэр-билэр баҕам тулуппата. Көһүтэ сатаан баран, төлөпүөммүн ылан бэркэ билэр нүөмэрбин баттыыбын. Бу курдук уһун киэһэни барыыр кэпсэтиибит, ардыгар киһи иилэн ылара суох да буоллар, салгыппат. Ньуккум барахсан өр көһүттэрбэккэ туруупканы ылан үөртэ. Дьиэтигэр соҕотох буолан, ыксаабакка наллаан олорон дьиэ эргиннээҕитин сэһэргээтэ. Кэпсиирэ кэмчитийбитигэр тыын ылан мин сонуммун сураста. Онто «суохтан» атыны бибэт дууса буолан биэрдим. Дьэ, өрүү итинник. Ким эрэ кыраны да кырааскалаан, туустаан-тумалаан сонун бэрдэ оҥорон кэпсиир кыахтаах. Оттон сорох соһуччуну, эриэккэһи да күлүгүрдэн, инниттэн-кэнниттэн булкуйа кэпсээн, устунан тугу кэпсии олорбутун умнан да кэбиһээччи. Кыыһым бүгүн хайдах эрэ дуоспуруннаммыт аҕай курдук. Дьоһумусуйбута диибин диэн. Онтубут төрүөтэ да дьикти эбит. – Даа, мин бэҕэһээ, били, кэпсиир Даарыйаларыгар бара сырыттым ээ. Куттана-куттана инникибин, оҕолорум эҥин туһунан ыйыталастым. Хата, барыта этэҥҥэ диэтэ. Хайдах эрэ этим аһыллан хаалбыт курдук буолбута. Эмээхсин уруккубун эҥин кэпсээтэ. Оттон кэргэним Махсыым туһунан тугу да кэпсээбэтэ. Бэйэм ыйыталаспыппар баҕарбатах курдук гына-гына көрүүлэнэн көрдө... Ол удаҕаммын дэнээччи көрүүлэнэн таймаланан үгүһү кэпсээбит, тиһэҕэр олох даҕаны эргиниин арахсыыһыгыт, атын дьахтарга барыыһы диэн буораппыт. Ол көрүүлэниитэ хаппыт абырҕалга испиискэ уотун даҕайбыттыы, Ньукку кутун аймаабыт. Бэйэтэ да күнүүһүтүттэн сордоммут кыыс онто ордук сытайбыт. Дьиэтигэр кэлэн мас көнө Махсыым муҥнааҕы олуйан-моһуйан сүгүн утуппатах. Удаҕан дьахтарбыт оччолооҕу таба тайанаат, мүччү тутуо дуо, бэйэтин атынтан айылгылаах өҥөтүн сыҥалаабыт. Ол өҥөтө кэргэнниилэри арахсыбат гына айыы киһитигэр көстүбэт утаҕынан бииргэ “баайыы” диэн эбит. Ньукку толкуйдуох буолбут, дьиҥэ, өҥө төлөбүрүттэн дьулайан тута сөбүлэспэтэх үһү. Саҥа төлөпүөҥҥэ диэн ууруммут харчыбын туттарым дуу диэн сүбэ көрдөөн ынньаҕалатар. Мин туох диэн ыйа-кэрдэ, дьон олоҕор орооһо олоруохпунуй. Онон “бэйэҥ бил” диэтим. Ол гынан баран араас сымыйа көрбүөччүлэри-үөдэннэри хоруотаан кылгас соҕустук тыл эттим. Албын-көлдьүн дьон дьон олоҕун алдьатар адьынаттаахтарын, хомойуох иһин, үгүстүк көрбүтүм. Сымыйаны-кырдьыгы араарар ардыгар олус уустук буолар. Оттон биллибэт күүстэри орооһуннаран олоҕу тупсарар хайдах эбитэ буолла? Сорох дьахталлар таптыы көрбүт киһилэрин ап-хомуһун көмөтүнэн абылаттаран өйүн сүүйэллэр диэни истэр этим. Ол абылаппыт муҥнаахтар тыыннаах өлүк курдук нэһиилэ сүөдэҥнии сылдьар буолан хаалаллар диэн кэпсээччилэр. Баайтарыы туһунан кэпсээн эмиэ баар буолааччы. Бу олорон өтөрдөөҕүтэ ап-хомуһун көмөтүнэн баайтарыы былыр баарын, оннук баайыллыбыт дьон туһунан истибит кэпсээммин санаан кэллим. Ол кэпсээммин дьүөгэбэр кэпсээтим. Баҕар, сүбэ курдук көмөлөһүө диэн... Былыыр-былыр, дьиҥэ, наһаа да былыр буолбатах эбит ээ, сэрии эҥин буолуон иннинэ, биир хайа эрэ дэриэбинэҕэ отутун лаппа ааспыт, ойоҕо да, оҕото да суох сулумах киһи олорбут. Чэ, аатын Тэрэппиин диэххэ. Бу
киһи майгытынан сытыары-сымнаҕас, тук курдук толоругас барахсан эбит. Ийэтэ бэрт дьаһабыллаах, бөһүөлэк дьоно үксэ толлор, ытыктыыр кырдьаҕастара үһү. Дьэ бу киһибит отутун ааһан орулуохча буолбут кэмигэр, ыаллыы дэриэбинэҕэ эргэ тахсар сааһын сиппит кыыс оҕо кылааннааҕа баар сураҕа иһиллэр. Иһиллиэ дуо, эмээхсин сири-буору аннынан сипсиһэн биллэҕэ. Тоҕотун билбит суох, эмээхсин ол кыыһы кийиит гыныан санаабыт. Уолугар: “Ойох ылар сааһыҥ ааһан, оҕо төрөтөр кэмиҥ кэлэн эрэр... Отуккар диэри сиэн диэни көрдөрбөтүҥ. Орооспотохпуна, соннук олорон хаалар оҥоһуулааххын дуу, тугуй? Онон биир-биэс тыла суох олоххун оҥорор кэмим уолдьаста. Аҕалаах буолан аҕаҥ тэрийиэ дуу, убайдаах буолан убайыҥ бэрийиэ дуу... Сөптөөх кыыһы буллум, кэпсэтиитэ эйиэнэ”, – диэн сүгэ-балта курдук эппит. Уол үөрэн эккирээбитэ биллибэтэх, хомойон хоргуппута да иһиллибэтэх. Онон кэтэмэҕэйдии барбакка бу кыыһы кэргэн кэпсэтэллэр. Кыыс эдэрэ бэрт буолан, саастаах киһиэхэ эргэ тахсыан, биллэн турар, баҕарбатах. Саҥа кэм эдэр киһитэ суорумньунан холбоһон олоҕун моҥуон да баҕараахтаабатаҕа буолуо. Ол эрээри кыыс дьоно үтүө дьоннуун аймахтаһа охсоору дуу, кыыстарын оннун булларан кэбиһээри дуу, ааттаһан да, ыган-түүрэн, олуйан-моһуйан да ээҕин ылбыттар. Кыыс хотунун курдук дьаһабыллаах, лоп бааччы тыллаах-өстөөх, хаһаайыстыбаннай буолан кийиит быһыытынан сирдэрбэтэх. Өрүү ыйыыга-кэрдиигэ сылдьарга үөрэммит Тэрэппиин олоҕум уларыйда ээ диэн ороһуйбатах. Эдэрдэр, этиһэн ыла-ыла да буоллар, бэрт истиҥник сыһыаннаһан олорбуттар. Кийиит кыыс бастакы оҕотун ыарахан сырыттаҕына дойдуга ньиэмэс омук сэриинэн түһэн улахан араллаан буолбут. Ол аймалҕан кинилэри хаарыйбакка тумнан ааспатах. Тэрэппиин, алааһын иһиттэн тэйбэтэх, хотонуттан хоройботох киһи, саа тутан соҕуруу хаһан да көрбөтөх ньиэмэстэрин кыдыйса диэн айаҥҥа туруммут. Дьиэҕэ икки дьахтар – кийииттээх хотун – аймана хаалбыттар. Кийиит кыыс оҕолоноот да, дойду иһин үлэ үөһүгэр түспүт. Эмээхсин сиэнин көрө-көрө, уолуттан сурук кэтэһэн күнү барыыр эбит. Ол сылдьан “кийиитим эдэрэ бэрт. Сэриигэ барбыт эрин манаан олоруо дуо, аны атыны булан баран хаалыа” диэн толкуй бөҕөҕө түспүт. Ол кэннэ былыргыттан билсэр, кистээн удаҕамсыйар эмээхсиниттэн сүбэ көрдөөбүт. Анарааҥҥыта, чопчу хайдах туох туому толорбутун билбит суох, кэргэнниилэри көстүбэт утаҕынан хам баайан кэбиспит. Оччотугар бу дьон үйэ-саас тухары арахсыа суохтаахтар эбит. Хайа да бэйэлээх хаҥыл майгылаах, мааны таһаалаах маннык “баайыылаахтары” араарар кыаҕа суох буолар үһү. Арай сиэри-туому тутуһан ол көстүбэт утаҕы төттөрү сүөртэриэххэ сөп эбит. Ону мэнээк ойуун, удаҕан кыайбата үһү. Инньэ гынан бу кэргэннии дьон бэйэлэрэ да билбэттэринэн дьикти быанан бааллан хаалбыттар. Эмээхсин оҥорорун оҥорон баран, оҕолоругар тугу да эппэккэ, кэмэ кэлбитигэр, анараа дойдуга аттаммыт. Оттон ол эдэрдэри “баайталаабыт” удаҕан ханна тиийбитэ биллибэт. Тэрэппиин сэрииттэн этэҥҥэ тыыннаах ордон эргиллибит. Бу ыал сатаспакка гына-гына син арахсыбакка олорбуттар. Бастакы кыыстарын кэннэ өссө уол оҕоломмуттар. Онтон кийиит эдэрчи сааһыгар сылдьан соһуччу ыалдьан өлөн хаалбыт.
Тэрэппиин бэрт тэтиэнэх сүүрэ сылдьан сүрэҕэ аккаастаан ойоҕун кэнниттэн аҕыйах хонон хаалбыт. Ону кырдьаҕастар биир быанан баайыллыбыт дьон бииргэ бардылар диэн тойоннообуттар. Дьиҥэ, баайыллыбыт дьонтон биирдэрэ олохтон туоруур түгэнигэр, иккиһин харыстыыр сыалтан, сиэр-туом толорон өһүлүөхтээх эбиттэр. Тэрэппиин эрдэ сэриигэ өлбөтөҕөр махтал. Оччотугар иккис оҕолоро күн сирин көрөрө, кыыстара кинилэр ааттарын салгыыра саарбах этэ. Бу кэпсээбит дьонум оннук быалаахтарын истибиттэр үһү да, улахаҥҥа ууран долоҕойдоругар туппатахтар. Устунан умнан да кэбиспиттэр. Ити кэпсэнэр дьон олохторо итинник буоларыгар ол баайтарыы оруоллааҕын дуу, суоҕун дуу ким билиэй? Баҕар, сөп түбэһии эбитэ буолуо. Ити курдук үһү хоту кэпсээммин дьүөгэм саҥата суох иһиттэ. Онтон олорбохтуу түһэн баран: – Чэ, кэбис, быата тойо да суох сылдьар инибит. Сордооҕум баара, содьороҥ ээ. Эбиитин иһин тииһигэ... сүрэхпит да соччото суох... Кэбии-ис, сырыттын! Аны эҥин-дьүһүн буолан хаалыа. Оччоҕо муус доруобай киһи барсабын дуу? Суох ини! Тугунан мэҥиэлээн атын дьахтардаммыт үһүө. Саатар, анараа тиийэн кини ньаҥсыырыттан босхоломмут киһи. Анараа атын олох күүтэр дииллэр дии. Уой, мин онно тиийдэхпинэ, отой атын олохтоох буолуум дуу... Ньукку салгыы анараа күүтэр олоҕун ыралаан барда. Онно тиийэн бастакы тапталын булар үһү. Манна олорбут сыыһатын хатылаабат гына өйдөөх буолар үһү... Мин сиэрэ суох оҕолуу оттомо суох дьүөгэбин буойабын: – Дьэ, хотуой, улаханнык саҥарыма. Махсыымыҥ истэн аны быалаан кэбиһээрэй... – Кэбиис-кэбис, быата-туһаҕа да суох олорбуппут, олорор да инибит. Ии, барахсаным өһүргэһэ бөҕө, тиийэн кэллэ. Чэ, дьүөгэ, сарсыҥҥа диэри сонуҥҥун мунньа тур, киэһэ баччаҕа эрийиэм. Бакаа... Биһиги кэпсэтиибит бүппүтүн туоһулаан кулгаахпар бииргэм тыытыгырас тыас иһиллэр. Төлөпүөммүттэн босхолонон аттыбар сытар хаһыаты ылан үгэс быһыытынан тута бүтэһик сирэйин ылан ааҕан барабын. “Гороскоп... Чубуку. Бүгүн дьиэҕиттэн тахсыма... Таак... Нэдиэлэ бүтүүтэ харчы бөҕө киирииһи...” Дьэ бэрт да бэрт! Мин номнуо ол харчыбын ханна барыырбын оҥорон көрөбүн. Оттон бэйэм бэйэбиттэн сонньуйабын. Ол да буоллар эдьиийбэр ыалдьыттыы барарбыттан аккаастанабын. Сарсын да күн үүнүө. Бүгүн таһырдьа тахсыллыбат. Ити курдук буолары-буолбаты төбө ыарыыта оҥостон ардыгар олохпутун уустугурдабыт ээ. Онто да суох үгүс түбүктэн ордон сороҕор олоҕо суохтан айманабыт. Ол олох чуҥкугуттан эбитэ дуу, киһи аймах үтүөҕэ талаһар айылгыта арааска тиэрдэрэ дуу... Биир бэйэм билбэт эйгэбэр эрэммэппин. Оҥоһуу баар эбит да буоллаҕына, ону уларытарга олохпун барыыр санаам суох. Кэми кэрэйиэххэ, түгэни мүччү тутумуохха диэн соруктаахпын. Атын айылгылаахтары айыллыбыт-тутуллубут оҥоһууга орооһуннарар сэтэ-сэлээнэ суох буолбат эбээт. Дьүөгэм Ньукку, олус да өс киирбэххин. Ол да буоллар аттыгар баар дьонуҥ эйигин өрүү араҥаччылыахпыт, ыйа-кэрдэ, сүбэлии-амалыы сылдьыахпыт буоллаҕа. Оттон эн кэрээбэт кэпсээҥҥинэн, соһуллар сонуҥҥунан өрүү биһигини үөрдэ тураар. М.Иванова.
kyym.ru сайтан