Кэпсээ
Войти
Регистрация
Суорун Омоллоон кыыһа Люция Васильева аҕатын туһунан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Суорун Омоллоон кыыһа Люция Васильева аҕатын туһунан
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.02.2017 21:42
Биһиги ыалдьыппыт – Люция Дмитриевна Васильева (Сивцева), народнай суруйааччы Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон кыыһа. Сэллиги эмтиир научнай чинчийэр институт үрдүк категориялаах лор бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна. – Люция Дмитриевна, кэпсэтиибитин оҕо сааскыттан саҕалыахха. Ону кытта биһиги харахпытыгар отутуттан эрэ тахсыбыт эдэркээн Суорун Омоллооммут көстөн ааһыа буоллаҕа. – Олохпут ити кэрчигин убайым Айсен биһикки ийэбит, аҕабыт бастакы таптала, кэргэнэ Мария Иннокентьевна Кычкина аатын кытта ситимниибин. Элбэхтик ахтыллыбатах киһи. Эһэбит Ленин уордьаннаах, САССР үтүөлээх учуутала И.Г. Кычкин Дьокуускайдааҕы түөрт кылаастаах училищеҕа, салгыы учуутал семинариятыгар П.А. Ойуунускайы, М.К. Аммосовы кытта бииргэ үөрэммит. Эбэбит революция иннинэ гимназияҕа үөрэммит, оччотооҕу кэмҥэ балачча үөрэхтээх кини доҕотторо: Татьяна Ойуунускайа, Анемподист Софронов, Николай Неустроев уо.д.а. эбиттэрэ үһү. Ийэлээх аҕам 1939 с. ыал буолбуттар. Ийэбин көрбүт дьон кини ураты кэрэ дьүһүнүн бэлиэтииллэр. Дьонум олус иллээхтик этилэр. Ийэм дьиэҕэ сылаас эйгэни, көрү-күлүүнү олохтуура. Айылҕаттан артыыс талааннааҕа. Аҕам айымньыларын бастакы ааҕааччыта, кириитигэ этэ. Ол айымньылар геройдарын көрүдьүөс тылларынан саҥарса-саҥарса күлсэллэрэ. – Ийэҕит туох идэлээҕэй? – Начаалынай кылаас учуутала этэ. Идэтинэн Эдьигээҥҥэ, Мэҥэ Хаҥалас Томторугар, Нам улууһун Үөдэйигэр, куорат 5-с, 15-с №-дээх оскуолаларыгар учууталлаабыта. Сэрии тиһэх сылларыгар Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэр олорбуппутун олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Ол кэмҥэ аҕабыт куораттан өрөбүллэргэ кэлэн барара. Элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх буолара. Ийэбит утуйуох иннинэ Айсен биһиэхэ аҕабыт айымньыларыттан «Чөөчө», «Чүөчээски» о.д.а. кэпсээннэри ааҕара. Биир кыһын аҕабыт Москваттан күлүмүрдэс таас ёлка оонньуурдарын аҕалбыта. Дьиэбитигэр харыйа туруоран симээбиппит. Таас оонньуурдарга эбии аҕабытын кытта түүннэри хордуонунан, баатанан оонньуурдары оҥорбуппут. Киэргэнэ симэммит ёлкабыт көрүөххэ эриэккэс да кэрэ этэ! Ийэбит оскуола оҕолорун дьиэтигэр ыҥыран оонньуу, хоровод бөҕөтүн тэрийбитэ. Айсен онно ыллаабыта, хоһоон аахпыта, мотуруоскайдаан битийбитэ. Мин полькалаан бэдьэйбитим. Ол күн Үөдэй нэһилиэгин 2-тэн 14-гэр диэри саастаах оҕолоро биһиэхэ мустан ыллаан, хороводтаан, ёлкаҕа ыйаммыт таас оонньуурдары сөҕө, ымсыыра көрөн, дэлби үөрэн-көтөн тарҕаспыттара. Ол оҕолор дьолломмут сирэйдэриттэн долгуйа үөрбүт аҕабыт ол түгэни «Саҥа дьыл» диэн кэпсээнигэр ойуулаабыта. Үөдэйгэ олордохпутуна биир саас Күннүк Уурастыырап кустуу кэлбитэ. Бэйэтин кытта Володятын илдьэ сылдьара. Күндү ыалдьыттаах олордохпутуна, түүнүн халаан уута кэлэн кырыыһа үрдүгэр хоммуттаахпыт. Оҕолор тугу өйдүөхпүтүй, биһиэхэ ол сүпсүлгэн көр-оонньуу тэҥэ этэ. – Үөдэй оччоттон ууга барар эбит дии?! Дмитрий Кононович төһө кусчут, булчут этэй? Люция Дмитриевна. – Тыый?! Булт кэмэ чугаһаатаҕына сүргэтэ көтөҕүллэрэ. Эрдэттэн тэринэрэ-сахсынара. Илдьэ барар ыһыгын, таҥаһын-сабын ийэбит олус үчүгэйдик тэрийэр, бэрийэр буолара. Барбах аталаас тастаах сирийиилээх баата ыстаан, сэлиэччик тикпиттээҕэ. Куһу, куобаҕы мах буолуохха диэри сиирбит. Кус түүтүн ийэбит энчирэппэккэ мунньан туһаҕа таһаарара, Айсены аҕата кыратыттан булка батыһыннарара. Тоҕустаах уол бэйэтэ кустаан кэлэн, киэһээҥҥи күөһү өрдөрөрө. Кэлин кыра уолун аҕабыт эмиэ булка батыһыннарар буолбута.
– Дьокуускайга хас сыллаахха киирбиккитий? – 1946 дуу, 1947 дуу сыллаахха этэ… Лагернай уулусса 4-гэр олорбуппут. Билигин да П.Алексеев аатынан уулуссаҕа икки этээстээх мас дьиэ турар. Айар интеллигенция дьоно: Тарас Местников, драма артыыстара Слепцовтар, Виктор Саввин, Николай Туобулаахап, В. Петров, режиссер Гоголев, Ф. Баишева, Готовцева, Христофорова, Лыткина, суруйааччы А. Абаҕыыныскай, худуоһунньук П. Романов бааллара. Оҕо сааспыт умнуллубат доҕотторунан Коля Туобулаахап, Лена Гоголева, Варя, Виктор Саввиннар этилэрэ. Төрөппүттэрбит мэлдьи солото суохтара. Спектаклларга, репетицияларга сылдьаллара. Оҕолор түмсэн эмиэ спектакллаах буола оонньуурбут. Айсен – Ньургун Боотур, Лена Гоголева – Туйаарыма Куо, оттон мин Кыыс Кыскыйдаан буолан сахсылларым, туруорааччы «режиссер» биһиги ньээнньэбит Настя кыыс. Кинини эбэлээх эһэбит Эдьигээнтэн илдьэ кэлбиттэрэ. Биирдэ Настя аҕабыт айымньытынан турбут спектаклы көрөн баран, чэйдии олорон: «Хайа дьоллоохтор ити айымньыны суруйбут киһини тыыннаахтыы көрбүттэрэ буолуой?» – диэбиттээх. Чочумча саҥата суох ылы-чып олорон баран күлсэн тоҕо бардахпыт дии. Үс хостоох дьиэбитигэр тобус-толору этибит. Бэйэбит төрдүөбүт, ньээнньэбит Настя, хос эбэбит Елена, аҕабыт сиэн бырааттара Афоня, Конон, ийэм сурдьа Модест, эдьиийэ Дагмара. Ийэбит киэһэ хойукка диэри тэтэрээт бэрэбиэркэлиирэ, аҕабыт түүннэри суруйара. Ийэбит ыарытыйар буолан, иинэн-хатан барбыта, элбэхтик балыыһаҕа сытара. Ыарыһах буолан, биһиги доруобуйабытыгар болҕомтотун уурара. Күнүс булгуччу утутатара. Кэлин соҕотох хаалан баран, аҕабыт эмиэ биһигини олус харыстыыра, үлэҕэ көлүйбэт буолара, атын дьон соруйсарын да улаханнык сөбүлээбэт этэ. – Дьиэҕэ-уокка өбүгэлэргититтэн хаалбыт былыргы маллар оччолортон «дьукаахтастахтара» диэх санаам кэлэр. – Сөпкө сэрэйэҕин. Чаппараактар, сөрүөлэр, бэспиэһинньиктэр, саха ууһа оҥорбут остуола, кинигэлэр о.д.а. былыргы маллар ханна да көстөрбүт батыһа сылдьаллара. Ийэлээх аҕам төрүттэриттэн хаалбыт ол маллар кэлин музейдар төрүттэниилэригэр сабыдыаллаатахтара. – Оннук. Дмитрий Кононовиһы маска бэртээхэй уус, болуотунньук дииллэр. – Кини тугу сатаабатый диэбитиҥ буоллар хата… Барытыгар дэгиттэр этэ. Дьиэ, оһох тутара, илим өрөрө, тыы оҥороро. 1955 с. ийэбит төрөөбүт сиригэр Дойдуунускайга тахсыбыппыт. Аҕам дьоҕус айар дьиэ туттубута. Кэлин сайыҥҥы куукуна, күөлү туоруур муоста, кэрэ көстүүлээх сирдэргэ аараан ааһарга ыскаамыйалары оҥортообута. Биир ыскаамыйа мыраан чыпчаалыгар баара. Кэлэр-барар ыалдьыттарга, оҕолорго экскурсия тэрийэрэ. Ол кэмнэргэ онно режиссер В.В. Местников, М.В. Местникова сайылыыллара, артыыс П.М. Решетников, Н.Е. Мординов уо.д.а. ыалдьыттаан ааспыттара. Ийэбит 1957 с. өлбүтэ. Көмүс уҥуоҕун тапталлаах Дойдуунускайыгар кистээбиппит. – Дмитрий Кононович олус чугаһаспыт, доҕордоспут дьоно кимнээх этилэрэй? – Василий Васильевич Местниковы, Петр Михайлович Решетниковы кытта ыкса доҕордоһоро. Күннүк Уурастыырабы күндүтүк саныыра, Г.П. Башарины сүбэһит, доҕор оҥосторо, А.Н. Осипов талаанын сөҕөрө, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри доҕордуу этилэрэ. Уопсайынан аҕам талааны сыаналыыра, талааннаах дьоҥҥо сүгүрүйэрэ. Күтүөтүгэр, мин кэргэммэр, худуоһунньук Эдуард Васильевка олус сылаас, истиҥ сыһыаннааҕа. «Эн Эдуардка усулуобуйата тэрий. Кини айарыгар, үлэлииригэр дьиэҕэ-уокка болҕомто, усулуобуйа өрүү наада», – диирэ.
– Люция Дмитриевна, идэни талар кэмиҥ кэлбитигэр ийэтэ суох хаалбыт кыысчаан сүбэни, ыйыыны-кэрдиини аҕаҕыттан эрэйдэҕиҥ буолуо. – Суох, эрдэттэн быһаарынан бүтэн сылдьарым. Ийэм өлбүтүн кэннэ аны аҕам ыарытыйар буолбута, онон эмчит буоллахха сатаныыһы диэн толкуйдаммытым. Ахсыһы бүтэрээт, медучилищеҕа киирбитим. Ытык Күөлгэ акушеркалаабытым. Кэлин СГУ медицинскэйин бүтэрэн баран, ЯНИИТ-ка научнай сотруднигынан 10 сыл, салгыы онно лор бырааһынан 30 сыл үлэлээн кэллим. – Дмитрий Кононович: «Ньаалбаанынан 100 сүүмэҕи түргэнник оҥорордооҕор, көмүһүнэн биири кичэйэн оҥорбут ордук күндү уонна үйэлээх», – диэбит эбит биир интервьютугар. Тыл маастарын ити этиитэ чахчы да ылыннарыылаах. Букатын эдэриттэн суруйбут хас биирдии кэпсээнэ киһи өйүттэн сүппэт. Талаан, маастарыстыба күүһэ диэн ол буоллаҕа! Саныыбын ээ, арай кини атыҥҥа аралдьыйбакка (музейдарга диэн өйдөбүллээх), олоҕун устата айа-суруйа олорбут буоллун? Саха литературата төһөлөөх күүстээх айымньыларынан байбыт буолуо этэй диэн. – Аҕам олоҕун устата прозаҕа далааһыннаахтык үлэлээбэтэҕиттэн абарара, кэмсинэрэ. «Арай күн аайы суруйа олорбут буолуум», – диирэ. Санаа баттыга оҥосторо, сороҕор ытамньыйа да быһыытыйара. Кини дьолугар кэлин, Саргылана Леонтьева диэн айылҕаттан ис өйдөөх, киһи быһыытынан эриэккэс киһи түбэһэн, аҕабын «Кэс тыл» тылбааһыгар тарпыта. Аҕам онно олус үлүһүйэн үлэлээбитэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр ол «Кэс тылын» имэрийэн, наһаа манньыйан, түөһүгэр ыксары тутан олорор буолара. – Суорун Омоллоон олоҕун устата төһөлөөх сэмэни, буруйдааһыннары көрсүбүтэ буолуой? 30-с сыллардааҕы репрессия тыйыс тыала буржуазнай националист быһыытынан хаайбыта, 1945 с. эмиэ буржуазнай националист аатырар, 1947 с. партия обкомун бюротун пропагандаҕа уонна агитацияҕа управлениета «Айаал» драматын, «Торҕо буруо» диэн кэпсээнин идеологическай өттүнэн омсолоох, норуоттар доҕордоһууларыгар күлүк түһэрэр айымньылар быһыытынан сыаналаабыта. Салгыы 1952 с. «Саха литературатын историятын сырдатыыга» тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан уураах тымныытык хаарыйар. Аны 1983 с. били Ойуунускай 90 сылыгар анаан тахсыбыт альбом кинигэҕэ киирбит хаартыскаттан сылтаан, идеологическай өттүнэн буортулаах матырыйаалы биэрбитин иһин диэн учуотунай карточкатыгар киллэрэн туран быыгабар биэрбиттэрэ. Суруйааччы киһи уйан дууһатыгар ити буруйдааһыннар төһөлөөх ыар охсууну, оһон биэрбэт бааһы хаалларбыттара буолуой?! – Ол быыгабардыылларыгар 6 чаас устата иннилэригэр уктан олорон мөхпүт-эппит, дьүүллээбит этилэрэ. Наһаа самнан, санааҕа ылларан төннүбүтэ. Тута Чөркөөххө тахсыбыта. Ол кэмҥэ күтүөтэ Эдуард Васильев олордон эрэ мэтириэтин уруһуйдаабыта. Баҕар көрбүтүҥ буолуо. Харахтара олус курус, субу сиигирэн барыах айылаахтара. Билигин да ону харааста көрөбүн. Салҕанан кэлэ турар ити охсуулары тулуйарга, оһоруна сатыырга тохтобула суох үлэ көмөлөстөҕө. Үлэ, үлэ – кини үҥэр таҥарата. Аҕам олоҕун ритмин мин – тохтобула суох иннин диэки дьулурҕатык субуллар поездка холуубун. Аҕабын кэтээччи, манааччы өрүү баара. Оннооҕор биирдэ дьиэбитигэр иллээх баҕайытык сэһэргэһэ киирэн тахсыбыт дьон, дьиҥ иһэ, туох эрэ уорбаланары билээри-көрөөрү сылдьыбыт этилэрэ. Аҕам аатыгар донуоһунан толору паапкаларын кинилэр диэтэх дьон дьэ тоҕо
эрэ умнан барбыттар этэ. Киһи кэлэйэр суола… – Дмитрий Кононович музейдары тэрийиигэ, история уонна архитектура пааматынньыктарын харыстааһыҥҥа, пропагандалааһыҥҥа, ордук эдэр ыччаты интернациональнай тыыҥҥа иитиигэ элбэх сыратын-сылбатын, билиитин-көрүүтүн анаабыта. Ити эргэ өтөхтөрү көһөрүүгэ бэйэтэ туспа сиэри-туому тутуһара буолуо дии? Өтөҕү көһөрүү, тиэйии-таһыы, ол тыынын уйуу судургу дьыала буолбатаҕа буолуо ээ… Люция Дмитриевна уола Алексейдыын – Кини тыл күүһүн туһанара. Саҥаран, этэн-көрдөһөн бардаҕына киһи баттаҕа турара. Убайым Айсен аҕабыт ити үлэтигэр ыкса сылдьыспыта, улаханнык көмөлөспүтэ. Эргэ өтөхтөрү, ону кытта малы-салы көһөрөн илдьиигэ туох сиэри-туому тутуһалларын кини дьэ үчүгэйдик билэр. – Люция Дмитриевна, аҕаҥ уһун үйэлэнэригэр ордук туох көмөлөспүтэ буолуой? – Олоххо өрүү соруктаах сылдьара. Ону оҥоруохтаахпын, итини ситэриэхтээхпин, инники былааннарым манныктар диэбитинэн уһуктара. Өттүгэстээн сынньана сыппытын букатын өйдөөбөппүн. 60 сааһыттан тыыныы гимнастикатынан дьарыктаммыта. Массаж оҥосторо. Сатыы хаамарын сөбүлүүрэ. Сууккаҕа 9-10 чаас тохтоло суох үлэлиирэ. Табаҕы сыттыын абааһы көрөрө. Арыгыны испэт этэ. Хаһан эмэ быыкаа үрүүмкэҕэ 20 грамм кыһыл арыгыны эрэ бэйэтигэр көҥүллүөн сөп. Онтон салгыы суох! Ол – көмүс быраабыла. Огдообо хаалан баран соҕотоҕун сорсуйбакка, иккиһин олоҕун тэриниитэ, Надежда Семеновна Шепелевалыын өйөһөн-өйдөһөн олоруулара эмиэ үчүгэй өттүнэн сабыдыаллаатаҕа. Оҕо эрдэхпиттэн аҕам үлэлээн кэллэр эрэ киэпкэтин биитэр бэргэһэтин сытырҕалыыр үгэстээхпин. Тиритэ-хорута үлэлээн кэлбит киһи бэргэһэтин иһэ үчүгэй баҕайы, кедр эриэхэтинии сыттааҕа. Ону мин: «Аҕам аар айылҕа саамай бастыҥ эндорфиннарыттан айыллыбыт буолан уһуннук олордоҕо», – диэн быһаарабын. – Олоххо туох сиэри тутуһан олорорго сүбэлиирэй? – Чиэһинэй буолуҥ, хайа да түгэҥҥэ дьону албынныыр буолумаҥ диирэ. Быраас киһи биирдэ отунан эмтээһиҥҥэ консультант-фитотерапевт буолбуппун киниэхэ кэпсээтим, от эмтэр хоруопкаларын көрдөрдүм, ол эрээри сонно мөҕүлүннүм. «Кимиэхэ эмэ атыылаан көрөөр эрэ! Арай атыылаабыт ыарыһаҕыҥ бу отуҥ симэһиниттэн туһамматын, үтүөрбэтин? Кыбыстыаҥ суоҕа дуу онтон?! – диэбитэ кытаанахтык. Дистрибьютердаан бүттэхпит ол. Аҕам ойууннааһыны ылымматын, христианскай итэҕэллээҕин дьон сөбүлээбэт этэ. Балыыһаҕа сыттаҕына Владыка Зосима кэлэ сылдьан исповедование ыыппыта. Уһугулаан сытар аҕам орто дойдуттан ыраас бараары, айыытын-харатын эппитэ. Кыратыгар, түҥ былыр ийэтиттэн кистээн, саахарыҥсаттан быыкаа саахар тооромоһун ыйытыыта суох ылан сиэбитин билиммитэ. Ол «халыҥ» айыыта бырастыы буолбутугар чэпчээн, ыраастанан, сыттыгар өйөнөн, чөм курдук туттан олороро бу баар. Көр, итиччэ сааһыгар диэри ону айыы хара оҥосто сылдьаахтаабыт. – Суорун Омоллоон тиһэх чааһыгар диэри өйүн туппутунан сыппыта дииллэр ээ. – Саҥарбат этэ эрээри, суругунан кэпсэтэрэ. Маҥнай Москваҕа клиническэй балыыһаҕа сыппыта. Онно тиийбиппэр: «Люся, эн мэлдьи мин аттыбар баар буол…» – диэн илиибиттэн ыксары туппута. Салгыы Боровиха диэн санаторийга сынньаммыппыт. Ельцин эҥин эмтэммит сирдэрэ. Ол кэннэ дьэ дойдутугар аҕалабын. Медцентргэ киирэн сытар. Быстар күнүн сарсыардатыгар арай чэпчээн хаалбыт, миэхэ суругун уунна. «Оронум аттыгар суруйар остуолла бэлэмнээ, мин
үлэлиэм этэ», – диэн. Ол кэмҥэ, сиэним ыалдьыбытын биллэрэн, аны төлөпүөнүм тырылаан олорор. Икки сиргэ хайы тартаран олорор киһи хайдах буолуоҕу билбэтим. Аҕам өрүттүүһү диэн толкуйдаан, сиэммэр сүүрдүм. Ол кэмҥэ бараахтаабыт этэ. Хомойорум – ол. Аҕам улахан олоҕу олорон барда. Олорбут олоҕун ис хоһооно бүтүннүү норуотугар, судаарыстыбаҕа сулууспалааһын. Бүтэһик үбүлүөйүгэр историческай наука доктора, профессор В.Н. Иванов аҕыйах тылга аҕам дьиҥ бэйэтин уот харахха, олус сөп түбэһиннэрэ ойуулаабыта: «Мы продолжаем удивляться неиссякаемости его таланта, широте его взглядов, его любви и способности к непрерывной умственной работе, умению беречь время, его силе воли, наконец, неисчерпаемому запасу его физических сил. Все это входит в понятие «феномен Суорун Омоллоона», вся жизнь и деятельность которого стройно укладывается в цельное миросозерцание, в бодрое настроение. Простенький вид и величественная картина природы родного края, скромное житейское состояние и драматический момент, самое незатейливое ежедневное чувство и редкий порыв человеческого духа – все это выходит у Суорун Омоллоона реально точно, жизненно просто и все освещено каким-то внутренним светом, мягким и теплым. Источник этого света – особый взгляд на жизнь, вечно бодрый, светлый и примирительный, умеющий разглядеть затерявшиеся в житейской сумятице едва тлеющие искры добра и порядка и ими осветить темный смысл людских зол и недоразумений», – диэһинэ төрөппүт оҕотун сүрэҕэр, миэхэ, олус истиҥник, ылыннарыылаахтык тиийбитэ. Түгэнинэн туһанан, аҕабын олоҕун тиһэх күнүгэр диэри өйөөбүт Василий Николаевич Ивановка, Бастакы Президеммитигэр Михаил Ефимович Николаевка дириҥник сүгүрүйэрбин, олоҕум устата махталлаахпын тиэрдиэм этэ. – Люция Дмитриевна, улуу киһи ыччатын кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр түгэн тосхойбутугар улаханнык үөрдүм, кэлэн сэһэргэспиккэр махтанабын. – Тыа Уола диэн аатынан 1926 с. «Өлүөнэ өрүс» кэпсээнин бэчээттээн аҕабар бастакы үөрүүнү биэрбит, суруйааччы буолан тахсыытыгар куорсун аспыт «Чолбон» сурунаал редакциятыгар уонна тус бэйэҕэр баһыыба. Мэлдьи доруобай сылдьыҥ, саҥа талааннары таһааран иһиҥ. Айысхаана кэпсэттэ, «Чолбон» сурунаал 2013 с. 7-c №-тэн, Хаартыска: дьоруой тус архыыбыттан уонна интернеттэн. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан