Кэпсээ
Войти Регистрация

Булчут Ньукулай сырыылара (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Булчут Ньукулай сырыылара (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
24.02.2017 20:16
Мин эдэр сылдьан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр “Улахан Элэнкэ” диэн былыр-былыргыттан анды сөбүлээн түһэр күөлүгэр хас да саас андыга сытыһан турабын. Биир саас андыһыттар элбэх буолан икки дурданан оҥостон сыттыбыт. Күнүс холкуос үлэһиттэрэ үлэлэригэр дэриэбинэҕэ барбыттарын кэннэ, Ньукулай Попов диэн отучча саастаах холкуос аатырбыт кадровай булчутун кытта хааллыбыт. Кини улахан байанайдаах уонна дьулуурдаах булчутун туһунан уруккуттан да истэр этим. Ону-маны, буолары-буолбаты сэһэргэһэбит. Киһим, булчуттар үгэстэринэн, куругар иилинэ сылдьар саха быһахтаах. Чэйдии олорон быһаҕын таһааран килиэп быста. Болҕойон көрбүтүм, быһаҕа сөбүгэр соҕус улахан гынан баран олус модороон, кэтит уонна халыҥ тимирдээх эбит. Туох да айылаахха олуйан киһи өҕүлүннэриэ да, тоһутуо да суох көрүҥнээх. Ылан көрбүтүм: сытыыта сүр, олус модьу удьурҕай уктаах. Арааһа, эһэни утары киирсэргэ анаан-минээн оҥоһуллубут сэп буоллаҕа диэн сэрэйдим. “Кырдьаҕаһы” утары киирсэргэ чахчы эрэллээх, бөҕө-таҕа быһах эрэйиллэрин син сэрэйэбин. Сибиинньэ Күөгэйэр күммэр сырыттахпына, бука 22-23 саастаахпар буолуо, Сэмэн Никитич диэн табаарыһым кэлэн ыҥыран илдьэн “дьэ, доҕор, сыа сиэхпит, сибиинньэбин өлөрөрбөр көмөлөс” диэтэ. Мин оччолорго дьиэ кыылын – сибиинньэ аайыттан куттана сылдьыам дуо? Үөрүүнү кытта барыстым. Сибиинньэбит да соччо улахана суох эбит. 7-8 ыйдаах быһыылаах. Биһиги элбэх иһиттээх-хомуостаах, солуурдаах-баалынайдаах хаһыа да буолан суксуруһан тиийдибит. Кыылбыт атыҥыраата, сибиэркээтэ быһыылаах, сүрэҕэ да сэрэйээхтээбитэ буолуо. Биир сиргэ таба турбакка уйатын иһигэр төттөрү-таары хаамыталаан барда. Сэмэним “мин ас кутан биэриэм, аһыы турдаҕына хаҥас атаҕын тиэрэ тардан баран хонноҕун анныгар быһаҕынан батары биэр, кэбэҕэс баҕайытык «сүрэҕин булкуйан кэбис“ диэтэ. Кылбаччы сытыыламмыт улахан баҕайы саха быһаҕын туттаран кэбистэ. Киһим ас кутан биэрбитигэр сибиинньэбит аһаан-сиэн кимиритэн барда. Мин өс киирбэх быһахпын туппутунан сибиинньэ уйатыгар көтөн түстүм. Бокуойа суох аһаан чамырҕата турар сибиинньэ илин хаҥас атаҕын тиэрэ тардан баран хонноҕун анныгар быһаҕынан түһэн кэбистим, булкуйуох курдук буолан эрдэхпинэ,.. быһаҕым уга илиибэр туспа тиийэн кэллэ. Сибиинньэм часкыйа түстэ да хааннааҕынан түҥнэри көрбүтүнэн ойон туран миэхэ супту түстэ. Кыараҕас баҕайы уйа иһигэр ханна да куотар кыах суох. “Тохтоо, ноко, тохтоо!” диир санаалаах этим да, арай, өндөл мэҥэ халлааҥҥа бэйэм туспа, бэргэһэм туспа көтөн адаарыйан эрэр эбиппин. Биир миэтэрэ курдук үрдүктээх сибиинньэ уйатын эркинин үрдүнэн 5-6 м. сиргэ көтөн тиийэн сирэйбин тоҥ буорга ибили түһэн кэбистим. Сибиинньэм 70-ча киилэлээх киһини тумсунан баһан ылан эмээн оҥостубакка эһэн кэбиспитэ, ол, кэбилэннэҕим. Сэмэн Никитич кыра кылааска үөрэнэр уолаттара саба сырсан кэлэн “убайбыт алдьархай да үчүгэйдик сальто оҥорор эбит. Итиччэ үрдүктүк, итиччэ ыраах кэннинэн салгыҥҥа эргийэн түстэ эбээт. Атаҕынан тура түспүтэ буоллар, кыраһыабай да сальто буолуо эбит” дэһистилэр. Сибиинньэ тумса кытаанаҕын, күүһүн-уоҕун онно улаханнык сөҕөн, бэркиһээн турабын. Ол туран өйдөөн көрбүтүм быһаҕым угун эрэ тута
сылдьар эбиппин, быһахпыт төрдүнэн тосту баран хаалбыт. Сибиинньэбит хонноҕун анныгар быһахпыт көстүбэт, бэрт кыратык хаан тыккырыыр. Сэмэним кэлэн, аны, сүгэ биэрдэ. “Дьэ, табыллыбатыбыт. Сүгэлэнэн көрөбүт дуу, хайдах…” диэн буолла. Сибиинньэбит аһыыр былаана сүппүт, биһиги диэки хааннааҕынан түҥнэри көрө-көрө уйатын иһигэр тиргиллэ сылдьар. Иккиһин сүгэлэнэн-быһахтанан уйа иһигэр киирэр баҕа санаа букатын суох. Салынным. Инньэ гынан, саанан дьууктаабыппыт. * * * Итини истэммин Ньукулайбыттан “Эһэҕэ боростуой быһах барбат буолуохтаах. Арай, маннык модороон оҥоһуулаах быһах эрэ эриһэрэ буолуо. Манан эһэни кытта киирсэн көрбүттээҕиҥ дуо?” диэн ыйыттым. Киһим араас быһылааннарга элбэхтик түбэһэ сылдьыбытын, ол гынан баран эһэни кытта быһаҕынан биир бииргэ киирсибэтэҕин эттэ. Уонна эһэни бултаабыт биир түбэлтэтин кэпсээтэ: Эһэ — Эһэҕэ син элбэхтик түбэһэн турабын. Соҕотоҕун сылдьарбын ордоробун. Биирдэ аҕыс саастаах адьырҕаҕа түбэстим. Күһүн от-мас хагдарыйбытын кэннэ, бэс чагдаҕа бары-барыта ыраахтан көстөр кэмэ. Арай, биирдэ сырыынньа мыраан үрдүгэр эһэ сылдьарын көрө биэрдим. Олус наҕыллык биир арбах анныгар тугу эрэ тиҥсирийэр. Бэс кэннигэр туран толкуйдаатым: эһэм миигиттэн 400 м кэриҥэ ыраах турар. Баарбын биллэ да күһүҥҥү эһэ куотар аакка барар. Ону хантан да булан ылбаккын. Сабыс-саҥа, олус көнөтүк тэбэр биэстэ эстэр карабин саалаахпын. Бачча ыраахтан өлөрдүү таптарара саарбах, бааһырдар эрэ миигин кытта өлөрсө кэлиэхтээх. Бачча ыраах сиргэ тиийэн кэлиэр диэри хаста эмэ ытан буулдьанан да тоторор инибин. Муҥур уһукка тиийдэххэ сүгэм, быһаҕым да баар. Халыҥ тирии кууркалаахпын. Кыһалҕа тирээтэҕинэ охсуһан көрүөм. Инньэ гынан, бааһырдан бэйэбэр аҕаларга быһаарынным. Хайаан да табыахтаахпын. Саабын наҕылыччы маска өйөөн кыҥаан баран ыттым. Кыылым табыллан часкыйа түстэ. Абаккатыгар аттыгар баар абырҕалы кумалаата. Ити кэмҥэ мин субуруччу иккитэ ыттым да, буулдьаларым сыалга тиийбэккэ кураанах кумахха бурҕас-бурҕас гыннылар. Эһэм ону хабыалаата. “Аны, куотан хаалыа” диэн аһаҕас сиргэ ыстанан тахсан “мин бу баарбын, бу баарбын” диэн хаһыытаатым. Адьырҕам ону иһиттэ да, миэхэ утары ыстанна. Наҕылыччы ботуруоммун толору угуннум уонна саабын кыҥаабытынан кэтэстим. 50-ча миэтэрэ хаалтын кэннэ ытыалаан бачырҕаттым. Бачча чугастан сыыспаппын чахчы билэбин. Кыылым туох да буолбатаҕын курдук утары ыстанан кэлэн иһэн, бэһис ытыыбар, уонча миэтэрэлээх сиргэ кэлэн оҕунна. Онно улаханнык сөҕөн турабын: эһэ бөҕөтүн. Төбөтүн эбэтэр сиһин уҥуоҕун булларбатаххына, тиийэн кэлэн өлүөр диэри хапсыһыахтаах этэ. Дьэ, онно саам хаппырыыстаабыта буоллар быһаҕынан-сүгэнэн кэйгэллэһэр этибит. Кыайар да күннээх эбит буоллахпына, тыын сирин табыахпар диэри уһун хапсыһыы буолуо хаалбыта. Тайах Биирдэ, күөл мууһа тоҥон эрдэҕинэ биир тайаҕы бааһырдан баран сырыстым. Тайаҕым ситтэрэр былаана суох, баран иһэр. Биир уһун синньигэс күөл кытыытыгар олус ыраахтан көрөн баран бокуойа суох ытыалаан куһуйдум. Өс киирбэх, тайаҕым табылларга дылы гынна. Мин баарбынан-суохпунан түһүнэн кэбистим. Чугаһаан иһэн көрбүтүм, кыылым күөл кытыытынааҕы
чараас мууһу үлтү солоон киирэн уҥуоргу кытыл диэки устан эрэр эбит. Уҥуоргу кытыл киниттэн 100-чэкэ миэтэрэ. Мин уоскуйдум. Уҥуор тиийдэҕинэ хонууга таһааран баран охторор былааннанным. Кыылым аттыбынан отучча хаамылаах сиринэн устан ааһан иһэн лаппа мөлтөөтө, өлөн барда. Өйдөнөн салгыы устаарай диэн сиирэ-халты ытыалаан көрдүм да – кыһаллыбата. Өлөн хаалбыт. Абаккалаах дьыала буолбут диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Өскөтүн билигин дьону хомуйа дьиэбэр бардахпына сарсын букатын киэһэ эрэ төннөн кэлэр кыахтаахпын. Онуоха эбии, ити кэм устата күөлүм уута дөйө тоҥор. Мууһу тоһоон киириэххэ наада буолар. Эбиитин, ууга көстө сытар кыылы суор-тураах, кукаакы буулуоҕа. Ол кыыллар көрдөххө кыра курдуктар эрээри, өйүүҥҥэ диэри аҥаарын эрэ хаалларыахтарын сөп. Болуот оҥостубут да иһин, соҕотоҕун кыайбаппын. Эмискэ өй көтөн түстэ. Кыылым билигин адьас сылаас сытар буолуохтаах. 30-ча миэтэрэ муустаах ууну харбаан киирэн баран, сылаас булт үрдүгэр быардаан сытан, тайаҕы бэйэтин болуот быһыытынан туһанан, кытыыны булуохпун сөп. Курбар иилинэ сылдьар чохороон сүгэбинэн модьу мастан эрдии оҥосто охсон баран тымныы ууга киирдим. Иһим-быарым көһүйүө диэн бокуойа суох хамсанан харбаан тиийэн тайаҕым үөһэ таҕыстым. Санаабытым курдук, тайаҕым сып-сылаас эбит. Туох да улахан уустуга суох болуот курдук кытыыга тигинэччи эрдэн таһаардым. Кытыыга тахсан ууга киириэм иннинэ бэлэмнээбит кур от саҕаһалаах маспар испиискэни даҕайан уот отуннум. Улахан кулуһун уотугар иттэ-иттэ түүнү быһа тигинэччи үлэлээн тайахпын астаан кэбистим. Ол түүн күөлүм үрдэ килэччи тоҥон хаалбыта. Саха киһитэ, булчут булда суор-тураах аһылыга буолан хааларын аньыыргыыр. Булчукка булугас өйө өрүү туһалыыр. Альберт АНДРЕЕВ. (Социальнай ситимтэн ыллыбыт).
edersaas.ru сайтан