Кэпсээ
Войти
Регистрация
Муза Мординова: «Аҕабыт — муударай сүбэһиппит…»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Муза Мординова: «Аҕабыт — муударай сүбэһиппит…»
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.02.2017 14:00
Муза Николаевна Мординова саха норуотун уһулуччулаах суруйааччытын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын тапталлаах кыыһа. Үгүс түбүктээх учуонай киһи, көрдөһүүбүн быһа гыммакка, оҕо, эдэр сааһын сырдык өйдөбүллэригэр сыһыаран иитиллибит эйгэтин сэһэргии олордо… Москва оҕо саадыгар кырачаан Муза «Белеет парус одинокий» хоһоону ааҕар. – Оччолорго мин сыччах балтараалаах киһибин. Аҕабыт 1937 с. сототун уҥуоҕун эчэтэн, өттүгүн уҥуоҕа хайдыылаах, икки ый балыыһаҕа сыппыт. Семенов хирург операция оҥорон көрөн баран Авксентий Егорович көрсө барбытыгар: «Москваҕа, Приоров клиникатыгар илтэххитинэ сатанар. Орон киһитэ буолар кутталлаах», – диэбит. Ол быһыытынан Авксентий Мординов М.Н. Калиниҥҥа сурук ыытар. Сотору эппиэт кэлэн, аҕабыт Москваҕа барардыы тэринэр. Балыыһаттан арыалдьыттаах Иркутскайга көтөр, салгыы поеһынан Москваҕа тиийэр. Профессор Приоров илэ бэйэтинэн уустук операцияны оҥорон аҕабыт тайах маска тирэнэн сыҕарыҥныыр буолар. Өр эмтэнэр, өссө да уһуоҕун этэллэр. Ийэм эдьиийэ Феодора Федоровна ити кэмҥэ Москваҕа олороро. Профсоюз салалтатыгар үлэлиирэ. Биһиги онно көһөн тиийдибит. Аҕабытын салгыы эмтэнэргэ салайаллар. Крымҥа эмтэнэ сырытаҕына Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Мин ол кэмҥэ куорат тас өттүгэр оҕо саадыгар сылдьабын. Пушкин, Лермонтов хоһооннорун ааҕан чаҥыйабын. Ити оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскабар аҕам үөрэппит «Белеет парус одинокий…» хоһоонун этэ турабын. Азиат дьүһүммүн атыҥыраабат, бары үчүгэйдик сыһыаннаһар, иитээччилэр хайгыыр этилэрэ. Ити кэмҥэ өстөөҕү өһөгөйдүүр күүстээх баҕа санаа хас биирдии эдэр киһи түөһүгэр умайара. Ийэм Герцен аатынан пединститут оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ методист идэлээх. Баҕа өттүнэн фроҥҥа барардыы тылланар. Военкомат үлэһитэ дьахтар онуоха: «Оҕоҕун детсадтан ыл уонна дойдугар төннөн хаал. Детсадтар Казахстаҥҥа эвакуацияланаллар. Сэрии бүттэҕинэ нуучча оҕолорун барыларын хомуйталаан аҕалыахпыт, онтон эйиэнэ киэҥ истиэпкэ сүтэн хаалыан сөп. Хантан булуохпутуй, киниэхэ майгыннааччы онно элбэҕэ бэрт буолуо дии…» – диэбит. Биһиги дьиэ кэргэн Москваттан дойдубутугар эргиллибиппит олорор сирбит суоҕа. Дьиэбитин атын ыалга, Григорьевтарга биэрбиттэр этэ. Хайыахпытый, кыараҕас баҕайытык олорор аймахтарбытыгар, ийэм сурдьун аахха коммуналкаҕа симиллибиппит. – Дьэ онтон оскуолаҕа киирэр кэмиҥ кэллэҕэ. – Уҥуохпунан туораах саҕабын. Онон да буоллаҕа, дьонум бу киһи үөрэнэ барыа ээ диэн толкуйга оҕустарбакка сылдьыбыттар. Инньэ гынан, олорор оройуонум оскуолатыгар испииһэккэ суруллубакка хаалбыппын. Онон тэйиччи, Залог оскуолатыгар үөрэнэ киирэр буолбутум. Оҕолортон уратым диэн, соҕотох сахабын. Бары нуучча, украинец, татаар оҕолоро. Ол да буоллар самныбаппын, барыга бары көхтөөхпүн, лидер майгылаахпын. Звеньевойтан саҕалаан дружина советын председателигэр тиийэ үүммүтүм. Үөрэх туйгунабын. Сэрии кэмэ буолан учууталбыт иҥэрэр санаата биир – «2» сыана советскай саллааты өлөрөр, оттон хас ылар «5» сыанаҕыт өстөөҕү ыппыкка тэҥнээх». Инньэ гынан үөрэхпитигэр олус кыһаллабыт, мөлтөх үөрэнээччилэри өстөөх тэҥэ көрөрбүт. Оччолорго иккис сүһүөх үөрэхтээһин сэттиһинэн быһыллара. Семилетканы бүтэрэн баран салгыы куорат иккис оскуолатыгар ахсыска киирбитим. Сааспынан да, уҥуохпунан да кыраларабын. Сүүрбэлэриттэн өндөйөн эрээччилэр кытта бааллар. Улуустан
киирбиттэр интернакка олороллор. Бары биир таҥастаахтар. Куорат оҕото буолан килиэккэ дьууппалаахпын, сэлээппэлээхпин… Дьиэлэриттэн тэйбиттэрэ ырааппыт кыра бырааттарын, балыстарын ахтыбыт оҕолор переменаҕа миигин тутан ылан көтөҕө сатыыллар. Ону сөбүлээбэккэ буугунуурум. Комсомол комитетын чилиэнэ этим эрээри, өрүү кыра оҕо курдук көрүллэрим уурайбат. Перемена аайы – үҥкүү. Миигин ким да ыҥырбат. Оскуолаҕа сылдьан комсомол лидерэ Попов диэн оҕолорго аптарытыаттаах, Павел Корчагины санатыах өрүү гимнастерканан сылдьар уол баара, киэһэ ыытыллар комсомол мунньаҕа уһуур чинчилэннэҕинэ Попов: «Муза, утуйар кэмиҥ кэллэ, дьиэлээ», – диирэ. Мэлдьи кыра оҕо курдук көрүллэрбиттэн испэр абатыйарым. Туйгун үөрэҕин иһин — бэлисипиэт бэлэх Онус кылааһы ахсыс оскуолаҕа бүтэрбитим. Учууталларбын олус ытыктыырым. Аҕам: «Улахан дьон мөхтөхтөрүнэ хоргуппат, кыыһырбат буол. Үчүгэйи, үтүөнү баҕарар дьоннорун өрө тардаары ол мөҕөллөр. Эн онтон үөрүөх эрэ кэриҥнээххин», – диирэ. – Төрөппүттэриҥ эйиэхэ туруорар ирдэбиллэриттэн сүрүнэ туох этэй? – Этиллибити эҥкилэ суох толоруу. Оҕо эрдэххэ ол күннээҕи эбээһинэһи толорууттан саҕаланара. Кыратык да хойутаабакка дьиэҕэ төннүүнү, үөрэх таһыма үрдүк буолуутун ирдииллэрэ. Ону эҥкилэ суох толорорго дьулуһарым, «туйгун» үөрэхпинэн үөрдэрим. Аҕам миигин олус таптыыра. Ол баҕар ийэтин олус күүскэ таптыырын кытта ситимнээҕэ эбитэ дуу… Төрөппүт мунньаҕар өрүү мин кылааспар барара, оттон ийэм убайым оскуолатыгар. «Кытаат, ахсыһы туйгуннук бүтэрдэххинэ, баҕалаах бэлисипиэккин ылан биэриэҕим, — диир биирдэ аҕам. Дьэ итиэннэ бүк эрэнэн туран Посылторынан сакаас оҥордо. Извещение кэлэрин күүтэ сатаан баран почтаҕа кырынар. Хойутатар буоллулар диэн ыксыыр. Кэмниэкэнэҕэс күүтүүлээх бэлисипиэт извещениетын дьэ туппута. Үөрүү бөҕө! Биэрэк үрдүгэр турар почтаттан сүүнэ улахан дьааһыктаах тэлиэскэни үтэн кэлбитэ. Ол курдук эппит тылын экчи толороро. – Муза Николаевна, аҕаҥ улахан суруйааччы буоларын төһөлөөххөр өйдөөбүккүнүй? – Оннук өйдөбүл сыыйа кэллэҕэ. Оҕо сааһым сылаас өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ, аҕабыт түһэҕэр олордон эрэ кинигэ ааҕар киэһэлэрэ. Ордук Максим Горькайтан ааҕара. Биирдэ үөлээннээҕэ Яковлев хас да пластинкалардаах патефону бэлэхтээбитэ. Горькай «Старуха Изергиль», «Данко», Гоголь «Шинель» айымньыларын умсугуйан истэрбит. Шинельгэ Чаҕыл уйадыйара, саҥата суох туран хоһугар бүгэрэ. Икки оһохтоох, от күөҕэ кырааскалаах истиэнэлээх, мас дьиэлээх этибит. Ол дьиэ биир хоһугар аҕам сурунар остуоллааҕа. Ону атын үлүгэрдик аҕабыт үлэлиир кабинета диэн ааттыырбыт. Ити хоско суруллан таҕыстаҕа, «Сааскы кэм» романа. Аҕам чуумпуга, дьиэ иһинээҕилэрэ бары сыппыттарын кэннэ түүн өргө диэри үлэлиир буолара. Аҕабыт суруйарыгар, айарыгар бокуой, бириэмэ наадатын, бэйэбит да эрдэ өйдөөбүппүт. Мэһэйдээбэккэ буола сатыырбыт. Кини суруйааччы буоларын, айымньылара дьоҥҥо, норуокка тиийэрэ наадатын, туһалыахтааҕын билэрбит. Аҕабыт туох туһунан суруйарын билэр этибит. Биһигини кытта бодьуустаһарыгар ол «Сааскы кэм» кэрэхсэбиллээх кэрчиктэриттэн сэһэргиирэ. Оҕоҕо хайдах тиийэрин сылыктыыр эбит буоллаҕа. Истээччилээх эрэ буоллар элбэҕи кэпсиирэ, сэһэргиирэ. Мас эрбиир кэммитигэр, булка, балыкка да илдьэ сылдьан. Аҕам миигин мэлдьи батыһыннарара. Биир түгэни
олох умнубаппын. Москваттан Сталинскай бириэмийэ лауреата Григорьев «Социалистическая Якутия» диэн документальнай киинэни уста кэлбит кэмин. Суруйааччылартан аҕам арыалласпыта. Миигин тэрийэн илдьэ барбыта, элбэх интэриэһинэйи онно көрбүтүм, Амма, ыраас уутугар сөтүөлээн чалбааттаммытым. – Киһи үтүө хаачыстыбаларыттан Николай Егорович ордук тугу сыаналыырай? – Бастатан туран кырдьыксыт буолууну. Букатын кыра эрдэхпититтэн итини иҥэрэ сатыыра. Биирдэ дьэ түбэстим ээ! «Пионерская правда» хаһыакка ребус оҥорон ыытарга сананным. «Дети разных народов, мы мечтою о мире живем», – диэн ырыа тылын ылан. Сурукпар: «Эһиги редакцияҕытыгар ыраах Саха сириттэн бэрт эрэйинэн нууччалыы саҥарар буолан эрэр үөрэнээччи суруйар…» – диэн аан тыллаах. Аҕабар көрдөрбүппэр кыыһырда. «Сымыйалыыр түктэри быһыы! Манан тугу сүүйээри оҥостоҕун? Сипсибилигин бу кумааҕыга хос уһул! – диэбитэ мөҕөмөҕө. Суругум бэчээттэммэтэҕэ эрээри эппиэт туппутум. Лозунг тэҥэ тыл ребуска туттуллубатын санаппыттар этэ. Иккиһинэн, дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаны, болҕомтолоох буолууну ийэлээх аҕам иҥэрэ сатыыллара. Ийэм этэрэ: «Саамай ыарахан – киһиттэн тугу эмэ көрдөһүү. Оттон атын киһи көрдөстөҕүнэ, толороргор тиийэҕин. Экчи…». Аҕам эмиэ кыһалҕалаах дьон көрдөһүүтүн быһа гыммата. Эмиэ оҕо сааска төннүүм. Убайбыныын кыттыгас сурунар остуолланныбыт. Икки өттүгэр долбуурдаах. Мин долбуурум фанерата дьөлөҕөстөөх эбит. Көрдүм да кыыһыран буугунаатым, долбууру атастаһыннарарга туруорустум. Аҕам Чаҕылга: «Балтыҥ кыра, кини көрдөһөр. Ытаппакка атастаһан кэбис», – диир ылыннарыылаахтык. Чаҕыл тэтэрээтэ бүттэ. Миэхэ икки эрэ баар. «Биэрбэппин! Баарасуоҕа икки эрэ тэтэрээттээх хааллым», – диибин. Дьонум сэмэлээтилэр. Алҕаспын өйдөөтүм. Ордук тэтэрээттээх аата итинник тыллаһа олорорбуттан кыбыһынным. Аҕам наука дьонун үрдүктүк тутара, ытыктыыра. Георгий Прокопьевич Башарин «Три якутских реалиста просветителя» кинигэтигэр баайсыы буолбутун билэҕит. Партиятыттан устан, үлэтэ суох хаалларан, бэл уотун арааран, оттук маһынан хааччыллыытын тохтотон киһи эрэ тулуйбат эрэйин көрдөрбүттэрэ. Ол кэмҥэ эдэр ыал оҕолорун сүтэрбиттэрэ. Аҕам итинтэн улаханнык санаарҕаабыта, абатыйбыта. Киэҥник да биллибэтэр, Башарины көмүскээһиҥҥэ аҕам өҥөлөөх. Өрүһүйэр суолу тобула сатаан төбөтүн сынньара. Өйдүүр, көмүскүүр нуучча киһитин булуохха,» – диэн санааҕа кэлбитэ. Ол быһыытынан сүбэлэһэн Авксентий Егорович литературовед Георгий Сыромятниковтыын Москвалыыр буолбуттара. Панкратова диэн учуонайга тиийэн ылыннарыылаахтык быһаараллар. Учуонай сиһилии истэн, бары өттүнэн ырыҥалаан толкуйдаан баран Башарины кэлэ сылдьарыгар этэр. Һлэхамнас суох киһитэ тугунан барыай? Ону аҕам ыҥыран ылан айанын ороскуотугар үбүнэн көмөлөспүтэ. Сотору Башарин дьыалата дьэҥкэрэн, сырдаан, кыайан кэлбитэ. Оо, онно аҕам үөрбүтэ даҕаны! Олус ыксаласпаталлар даҕаны, истиҥник санаһаллара. Норуот талааннаахтарыгар дириҥник сүгүрүйэрэ. Уус Алдантан төрүттээх аатырар муосчут, биэс оҕолоох Терентий Васильевич Аммосов 1960 с. Художниктар I съезтэригэр делегатынан талыллыбыта. Бу ураты дьоҕурдаах, үрдүк ис култууралаах мындыр саха киһитэ киэҥ түһүлгэҕэ кыттан салгыы сайдар кыаҕа эбии арыллыан баҕарара. Ону баара элбэх иитимньилээх киһи айан ороскуотун уйунар кыаҕа суоҕа. Маныаха аҕам, Николай Егорович, Терентий Васильевиһы анаан көрсөн, хайаан
да съезкэ кыттара наадатын этэр. Харчынан көмөлөһөргө тылланар. Хаһан чорботунан ону төлүү охсуомуй диэн биирэ ыарыргыыр. Ону аҕам: «Төннөрө охсоор диэн ыксаттым дуо? Маннык талааннаах киһи оттон кэлин ордорунан иһиэҥ буоллаҕа, оччоҕо…» – диэбит. Терентий Аммосов кэргэнэ Мария Николаевна Бурцева диэн. Бу үтүө-мааны ыаллыын дьиэ кэргэнинэн доҕордоспуттара, өйөспүттэрэ. Оҕонньоттор бииргэ бултууллара. Хаамар-сиимэр эдэрчи дьон аҕам аахха маҕаһыынтан чөчөгөй, кефир ылан аҕалаллара. Терентий Васильевич балыыһаҕа сыттаҕына аҕам балык үөлэн ыытара. Аҕам наука дьонун сүдүтүтэ көрөрө, ытыктыыра диэбитим. Биолого-географическай факультекка деканынан олордохпуна үлэҕэр илт, учуонай дьон эйгэлэрин, алтыһан сылдьар дьоҥҥун көрүөхпүн баҕарабын диирин өрүү батан кэбиһэрим. Сыыһа-халты ону-маны саҥаран кэбиһиэ дии саныырбыттан буоллаҕа буолуо… Билигин кэлэн кэмсинэ саныыбын, аҕабын факультеппар сырытыннарбатахпын. – Муза Николаевна, төрөппүттэриҥ, дьиэ кэргэниҥ тардыһар, олус таптыыр сирдэрэ. – Сэргэлээххэ баар даачабыт этэ буоллаҕа. Семен Данилов Суруйааччылар союзтарын салайан олорон булан биэрбитэ. Ото-маһа суох кураанах килэҥ сиргэ мас олордон ону сыллата эбэн букатын атын оҥорбуппут. Сибэкки бөҕөтүн үүннэрэрбит, билигин даҕаны ол салҕанар. Ол кэрэ муннукка суруйааччылартан элбэх киһи ыалдьыттаан ааспыта. Кэлин Даланнаах сылдьар буолбуттара. Иккиһэ кимин бу диэн өйдөөбөппүн. – Николай Егорович техникаҕа төһө чугас этэй? – (Муза Николаевна күлэр). Букатын сааһыран баран, синньэ алта уон биэһигэр этэ дуу… аҕам атах тардыстаары «Москвич» массыына атыыласпыта. Курска үөрэнэр киһи буолла, сотору уруулга олордо. Дьэ ол кэннэ «тэлгэһэ иһинээҕи эпопея» саҕаланнаҕа диэн кэбис. Массыынабыт олбуор аттыгар эрэ кэллэр космонавтыын көрсүһүү тэҥэ сахсаан. Олбуор аанын арыйааччы, оҕолору тутталаан ылан тэрээсэҕэ хаайааччы, ханан суолланан ааһыахтааҕын тэйиччиттэн ыйааччы – бэйэтэ туспа түрүлүөн. Ол массыына уруулун мин туппутум кэннэ ол эмиэ хатыланна, эбиитин аттыбар ыйа-кэрдэ олорооччута суох сатаммаппын. Үлэ кэнниттэн төннөрбөр аҕам өрүү түннүккэ турар буолар. Суолга сэрэхтээх буолууну үөрэтэр. Кыратык да хойутаатахпына долгуйар эбит этэ. Оччолорго массыына син балачча сыаналаах эбитэ буолуо эрээри, аҕам дуона суох төлөбүргэ массыынатын «батаран» кэбиспитэ. Ол кэнниттэн, хата, дьэ бары да уоскуйдахпыт. Суолга сэрэхтээх буолуу салгымтыалаах «үөрэҕиттэн» мин да сынньаммытым. – Ийэҕит Любовь Федоровна аҕаҕыт айымньыларын ырытыһар этэ дуо? Характердары арыйыыга, сюжетыгар даҕаны… – Субу диэн чопчу өйдөөбөппүн эрээри, хайаан да онно чугас сылдьыбыт буолуохтаах. Дьиэ кэргэҥҥэ сылаас, сымнаҕас эйгэни тэрийии да – айар киһиэхэ улахан өйөбүл. Хайа уонна күннээҕи олохпутун олоччу ийэбит дьаһайан олордоҕо. – Олоххо дьулуурдаах буолуу холобурун аҕаҕар бастаан итэҕэтииҥ… – Мин өрүү Москваҕа талаһарым. Букатын кырабар олоро сылдьыбыппын бырааптаан дойдум тэҥэ ылынарым, хаһан эрэ төннүөхтээҕим курдук саныырым. Москванан «иэдэйээри» гыннахпына аҕам: «Эн төрөөбүт төрүт сириҥ – бу, Сахаҥ сирэ», – диэн өйдүүрбэр күһэйэрэ. Оскуоланы бүтэрээт Томскайдааҕы Госуниверситекка киирбитим. Ол эрээри Москваҕа дьулуһарбын тохтоппотоҕум. Истэн-истэн хал
буолбут аҕам эрэммэтэр да, баҕалаах сирбэр тиийэн туттарсан көрөрбөр кыах биэрбитэ. Экзаменнарбын ситиһиилээхтик ааһан МГУ студена буолбутум. Туруоруммут соругу ситиһиигэ дьулуурдаахпыттан ийэлээх аҕам үөрбүттэрэ. Салгыы онно аспирантураны бүтэрбитим. – Муза Николаевна, эн иитиллибит эйгэҥ өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн улахан баай. Олох мудараһын да төрөппүттэриҥ иҥэрэ түстэхтэрэ. Саха норуотун биир ытык, улахан суруйааччыта Амма Аччыгыйа төрөөбүт норуотугар элбэҕи хаалларда. Олоҕун тиһэх сылларыгар өссө тугу эрэ ууннарбын диэн иһигэр илдьэ сылдьыбыт кичэм санаалааҕа эбитэ дуу? – Буолуон сөп эрээри, аҕам норуотугар этиэхтээҕин эппитэ, оҥоруохтааҕын оҥорбута дии саныыбын. Олоҕун тиһэх сыллара, ыйдара Лев Толстой айымньыларын тылбаастааһыҥҥа, кини олоҕун ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтиигэ ааспыта. Толстойунан эрэ тыыннанан олорбута диэххэ сөп. Бу улуу суруйааччы туһунан үгүһү аахпыта. Дьонтон көрдөһөрү өрүү ыарыргыыр аҕам биирдэ: «Тукаам, миэхэ Душан Маковицкай кинигэтин булларгын. Көстөрө уустук буолуо эрээри…» – диэбиттээх. Ол – Лев Толстой күннээҕи олоҕун бары ымпыгар-чымпыгар тиийэ хас чаас аайы сурунан испит киһи үлэтэ. Соруктанан туран ол кинигэни көрдөөбүтүм, онно-манна сакаас оҥорбутум. Көстө охсон биэрбэтэҕэ. Арай биирдэ Дмитрий Николаевич Осогостоох Москваттан кэллэ. «Үлэххин ыыттылар, бүтүн түөрт тому», – диэн үөртэ. Көрдөһүүтүн умна быһыытыйан олорор аҕабар дьоһун бэлэхтээх киирэн кэлбитим. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ол кинигэтиттэн арахсыбатаҕа. Толстой туһунан элбэҕи-элбэҕи билэрэ. Аҕам эҥкилэ суох чиэһинэй олоҕу олорбута. Кимҥэ да ньыла көппөккө, кими да таҥнарбакка, кырдьыгы эрэ өрө туппутунан сылдьыбыта. Партияҕа киирэ сатаабатаҕа. Олох тутула хайа диэки иэҕиллэриттэн көрөн дьүһүн кубулуйа охсор дьонтон кэлэйэрэ. Кини саха литературатын кэскилин туһунан өрүү саныыра. Мөлтөх айымньылары аахтаҕына сүөм түһэрэ. «Суруйааччыга улахан өй буолбакка, талаан наада. Өйдөөх дьон собуот дириэктэрэ, эбэтэр конструктор буоллуннар ээ», – диирэ. Суруйааччы эйгэтин сөбүлүүрэ, «Партия салалтатыгар курдук үрдүк, намыһах үктэл биһиэхэ суох, бары тэҥмит. Бүгүн аахайбатах киһиҥ баҕар сарсын тыыллан-хабыллан туруо эбээт, сөҕүмэр айымньыны суруйан дьонугар-сэргэтигэр уунуо», – диирин умнубаппын. Мин көрөрбүнэн аҕам суруйааччылартан Күннүк Уурастыырабы, Семен Даниловы, Болот Боотуру кытта истиҥник санаһара. Биирдэ Болот Боотур киирээт үтүлүгүн олоппоско тыастаахтык уураат: «Бары истиҥ! Бүтэһиктээх санааны ылынным, Амма Аччыгыйа тыыннааҕын тухары киниэхэ арыалдьыт тэҥэ аттыгар сылдьыам, истиҥ доҕор буолуом, – диэн мэктиэ этэн дьиэ иһинээҕилэри соһуппуттаах. Ол гынан баран бэйэтэ эрдэ баран хаалаахтаабыта. Аҕам биир-биир олохтон барар доҕотторун кэнниттэн улаханнык хараастара, соҕотохсуйара. Николай Егорович олоҕун отут сыла «Бэлэм буол» («Кэскил») хаһыат иллээх коллективын иһигэр ааспыта. Барыларын күндүтүк көрөрө. Аҕам бу олохтон барбыта номнуо 12 сыл буолла. Олус таптаан, муннун анныгар уктан илдьэ сылдьан иитиспит сиэннэрэ Никиталаах Федор эһэлэрин өрүү суохтууллар. Суруйааччы эһээ туһунан сырдык өйдөбүл хос сиэннэргэ салҕанар. Айысхаана кэпсэттэ, «Чолбон» сурунаал 2006с. 1 №-тэн, edersaas.ru Хаартыскаҕа: Амма Аччыгыйа кэргэнэ Любовь Федоровнаны кытта,
дьоруой тус архыыбыттан ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан