Кэпсээ
Войти Регистрация

Үөрбэт кэмҥэ үөрүү (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөрбэт кэмҥэ үөрүү (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.02.2017 12:36
Кэбээйигэ онус кылааска үөрэнэрбэр эргэ интэринээт дьиэҕэ олорбуппут. Киирэргин кытта дьиэ түгэҕэр тиийэр уп-уһун көрүдүөр, ол икки өттүнэн элбэх хос баара. Хас хос аайы ыаллар олороллоро. Эдьиийим Оппуруоһа улаханнык ыалдьан бөһүөлэктэн балтараа биэрэстэлээх Арбаҥда балыыһатыгар сыппыта. Кини күн-түүн аайы бэргээн истэ, үтүөрбжт турукка киирбитэ биллибитэ. Онон Куокуй нэһилиэгиттэн улахан убайым Гриша ийэбиниин кэлбиттэрэ. Күнүстэри-түүннэри ыарыһаҕы ыарыылааһын ыар санаа аргыстаах ыарахан кэмнэрэ үүммүттэрэ. Эдьиийим Оппуруоһа кэргэнэ Миитэрэй үс кыра оҕотун быраҕан барбыта сыла туолан эрэрэ. Эдьиийим эрэйдээх биир үксүн оҕолоро төгүрүк тулаайах хаалан эрэллэриттэн айманаахтыыра. Биир киэһэ дьуһуурустубабытын уларытыһаары сырыттахпытына, бары баар кэммитигэр, эдьиийим сырдык тыына быһынна. Үтүөрбэтин эрдэттэн билэр, этэрин эппит, айманарын аймаммыт буолан саҥата-иҥэтэ суох бараахтаабыта. Кини айаҕын атан, баттаҕа бураллан сытарын көрөөт мин тымныы уунан саба ыстарбыт курдук ис испиттэн олус улаханнык куттанан кэлбитим. Этим сааһа барыта арыллыбыт быһыылааҕа. Тоҥ да тоҥ буолан, биир сиргэ олорбокко туран хаам да хаам буолан барбытым. Дьонум мин олус улаханнык куттаммыппын тута билбиттэрэ. Онтон убайым Тиманы, саҥаспын Катяны кытта бөһүөлэккэ сынньана бардыбыт. Мин тоҥмутум олох ааспат. Төһө да ичигэс сонум таһынан тулуубу кэтэртэллэр, сатыы хааман да бардарбыт, тоҥмутум ааһан быстыбата. Кыра да тыал үрдэҕинэ сыгынньах сылдьар курдук курдары ааһар. Хоспор бэрт эрэйинэн тиийэн, убайым көмөтүнэн сыгынньахтанан ороммор сыттым. Аны туран, муннум хаана тоҕо барда. Тохтотоору тиэрэ сыттахпына, айаҕым иһэ хаанынан туолан хаалар. Кыра таҥас сууйар таас баарыгар тибиирэбин. Тааһым үс гыммыт бииригэр диэри хаан буолла. Кэмниэ-кэнэҕэс хааным барара дьэ тохтоото. Уһуктан кэлэ-кэлэ үрүк-түрүк утуйан ылаттаатым. Сарсыарда алта чааска араадьыйа саҥарда. Араадьыйа истэ сыттахпына убайым киирэн таастаах хааны көрөн олус соһуйда. — Хайа, бу туох хаанай? — Муннум хаана баран аанньа утуйбатым. — Тоҕо элбэҕэй. Чэ, тур, дьоммутун солбуйа барыахпыт, — диэт тахсан барда. Өндөйөн көрбүтүм – сэниэм суох, хат сыттым. Чаас аҥаарын курдугунан убайым иккиһин киирэн туруора сатаата да, кыайан турбатым. Убайым тахсан бараатын кытта хантан эрэ туораттан киһи саҥата иһилиннэ “чэ, Сүөдэр, тур, эдьиийиҥ тиһэх суолугар барарыгар көмөлөс. Эдьиийиҥ эйигиттэн бүтэһик көмөнү эрэйэр. Аны хаһан да эрэйиэ суоҕа”. — Суох, барбаппын. Эдьиийим миигин куттаабыта, куттанабын. — Эдьиийиҥ эйигин биирдэ куттаабыта. Аны куттуо суоҕа. Кини эйигин күүтэн сытар. Ити кэпсэтии кэнниттэн салгын дуу, туох эрэ дуу миигин кэтэхпиттэн, көхсүбүттэн өрө көтөҕөн олордо сатаата. Ону мин тиэрэ түһэн өсөһө сатаатым. Ити кэмҥэ убайым таһырдьаттан киирэн таҥнарбар көмөлөстө. Сыарҕалаах атынан балыыһаҕа бардыбыт. Дьон-сэргэ көмөлөһөн, барытын тэрийэн, Кэбээйиттэн сэттэ көстөөх Куокуй нэһилиэгэр кэлбиппит. Хоруобу дьиэ иһигэр, уҥа түннүк аттыгар туруорбуттара. Дьиктитэ диэн баар, ити кэмҥэ мин олус үөрэн-көтөн, көтүөхпэр кынатым суох буолан сырыттым. “Бу күҥҥэ,
бу кэмҥэ ама ким үөрбэт да, көппөт да буолуоҕай” диэн ырыа тыла уонна муусуката арахпакка эрэйдээбитэ. Наар киҥинэйэн ити ырыаны ыллыы уонна матыыбыгар дьүөрэлээн дьиэрэҥкэйдии сылдьыбытым. Арай, эдьиийим хоруобун көрдөхпүнэ эрэ “оо, акаары, эдьиийим өлөн сытар этэ дуу? Онтон тугуттан үөрэбиний-көтөбүнүй, бу” диэн баттахпын үргэнэбин. Ол эрээри хараҕым хоруоптан араҕыста да киҥинэйбитинэн, дьиэрэҥкэйдээбитинэн барабын. «И смех и грех» диэбиккэ дылы, куһаҕантан киһи да күлэр, ити курдук үөрэн-көтөн эдьиийбин харайсыбытым. Итинтэн маннык түмүгү оҥостуохха сөп: биһиги өйбүт-санаабыт бэйэбититтэн эрэ тутулуга суох быһыылаах. Биһиэхэ тулалыыр эйгэбит, өлбүт-тыыннаах дьоммут бары онно сабыдыаллыыллар эбит. Сүбэ Сүөдэр. (Кэпсээни социальнай ситимтэн ыллыбыт)
edersaas.ru сайтан