Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлүк таптала (сэһэн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Өлүк таптала (сэһэн)

K
edersaas.ru Категорията суох
17.02.2017 22:00
Күһүн буолла. Түөрт түүнүктээх түмэн-ба­раан түүннээх кыһалҕалаах кыһын кэлэрэ чугаһаан, бэлиэлэрэ бэлиэр биллитэлээн эрэр. Хоту, арҕаа диэкиттэн тымныы тыал күнүн аайы сирилиир, түүнүгэр от-мас туртайыар диэри хаһыҥныыр. Туох барыта иһиллээбит курдук кубу-дьиби. Сүүрэр атахтаах бииһин ууһа бары хорооннорун булуммуттар, оттон көтөр кынаттаах аймаҕа ыҥырса-ыҥырса соҕуруу дойдуларыгар барбыттара быданнаата. Били мааҕын бэйэлээх алтан отунан аҥаарыйбыт, сибэкки отунан сириэдийбит, арыы чаллах хатыҥнарынан аҥныбыт сайылыктар кураанаҕынан тыалыра-кууһура тураллар. Арай хаһан эмэ халлаан оройунан хара суор “куок” диэн суксу­йан ааһар. Кыстык хаар бэҕэһээҥҥиттэн ыла уурайбакка түһэ турар. Хотуттан тиһигин быспакка сиккирэс тыал киһи сирэйин “сып” курдук чыпчаххайынан сырбатан эрэрдии куһуурдар. Мааҕын халлаан бүтэйинэ туран айаннаабыт киһи аччыктыыр да кэмэ буолла. Онуоха эбии хаар-сиир, тыал-куус Омуоччаны кэмэ суох сытытта даҕаны, тоҥордо даҕаны. Сонун саҕатынан түспүт хаар уута тыбыс-тымныынан хаары­йара. Кэнники бүтэйдии тоҥон бабыгырас буолбута. Илиитэ-атаҕа хамнаппат гына дэлби бөҕүөр­бүттэрэ. Соноҕос биир хара аттааҕа оргууй кирдиэх­тээн иһээхтиир. Күүһэ эстэн субу-субу бүдүрүйэрэ, кутуругун ыһыктыбыта, икки кулгааҕа босхо баран, хаамтаҕын аайы тэҥҥэ сапсыҥнаһаллара. Бу курдук, Омуочча аттыын-бэйэлиин ыбылы сытыйан, дэлби сылайан, эттэрин ыт сиэбэт буолан, аатын эрэ хаамсан, балайда өр баран испиттэрэ. Кини куораччытынан киирэн баран табыллымына, сатаатахха хаар-сиир буолан, киҥэ-наа­ра холлон иһэр. Халлаан хаардыырын арыый тохтотон, кураанах тыалынан, сүнньүн уларытан, аны арҕааттан тыалырда. Омуочча ыалы булуон, ыалга тии­йиэн ким­нээҕэр да олус баҕарар буолан баран, мэлийдэр мэлийэн испитэ. Ыраас сыһыы туома кэллэҕин аайы дьоһуннаан, тохтоон туран тула көрүтэлиирэ да, куруутун суох буолан иһэрэ. Кыһыы улааппыта, онтон даҕаны уонна сылайыытыттан хараҕа куруутун уулаах иһэрэ, онтукатын соттон бодьуустаһара. “Эбиитин тэп” диэбиккэ дылы, биир үксүн суолун сүтэрэн кэбиһэ-кэбиһэ булара. Ити икки ардыгар бириэмэ быданнаабыта. Халлаан илин диэкиттэн туох даҕаны тыаһа суох хараҥанан бүрүллэн барбыта. Онно эбии былыттаах буолан түргэнник хараҥарбыта. Омуочча дьэ ыксаата. Хонук сирин хаһан даҕаны булан сынньанара, хайдах ыалы дуу эбэтэр иччитэх дьиэни булан хоноро эмиэ биллибэт. Кэтэспит санаатыгар субу-субу тыа быыһынан үөлэс уота кылапаччыйар курдуга, онтуката сымыйа буолан иһэрэ. Аттаах бэйэтэ аһары сылайдылар. Аат эрэ харата сыһыынан-тыанан иэҕэҥнэһэн испиттэрэ. Ол курдук сордонон, биир алаас саҕатыгар киирэн кэлбитэ, халдьаайыга ыал уотун кыыма кытыаста көтө турара. Маны көрөн, санныттан ыарахан таһаҕаһы түһэриммиттии “сэк” гыммыта. Бу сырыыга хараҕын хаста да сотто-сотто көрбү­түн иһин, баар уот баар буола турбута. Итэҕэ­тиэн иһин, түннүктэринэн уоттара эмиэ сандааран көстөрө. Халдьаайыны өрө кирдиэхтээн тахсан ыалыгар тиийэн кэлбитэ. Атын сэргэҕэ баайан, ыҥыы­рын түһэринэн баран, санныгар, бэргэһэтигэр ирэн уу-ньалык буолбут хаарын тэбэнэ-тэбэнэ, дьиэ аанын диэки баран испитэ. Бу көрдөҕүнэ, саҥа түспүт хаарга киһи киирбит-тахсыбыт суола биллибэт этэ. Ону биһиги киһибит муодарҕыы санаата буолан баран, хараҥаҕа балыйтаран дьыа­лайдаабакка, дьиэ
иһигэр көтөн түспүтэ. Киэҥ балаҕан дьиэ. Орон адарайдара күөрэ-лаҥкы сыталлара, уҥа диэки биир улахан остуол турара. Уот буоллаҕына хайдах көстүбүтэй да, ол курдук оһоххо өрөһөлүү оттуллан илэ-бааччы бачыгыраччы умайара. Иһит-хомуос диэн хаҥас диэки долбуурга ханнык эмэ боруоран көстөрө. Туттар сэп-сэбиргэл киһи хараҕар иҥнэ түһэр суоҕа. Арай биир талах олоппоһу кытары быданнааҕы сааһырбахтаспыт төкүнүк олоппос баара. “Хайдах биир даҕаны киһитэ суох дьиэ уоттана-күөстэнэ сандаарбыт баҕайытай?”— диэн саныы-саныы, чиэс маска таҥаһын ыйыы турда. “Тыый, доҕор, тоҕо дьиктитэй? Ама мин бачча сылайан-охтон сылаас сиргэ тоҥон-хатан иттэргэ, аччыктаан аһыырга баҕарбытым иһин, туох үлүгэр­дээх сиригэр түбэстим. Хайыамый, туох да оттубут уота буоллун, бачча түбэһэн баран барбаппын. Бараммын даҕаны ханна сир өтүөмүй. Аттыын-бэйэлиин атахпытын аатын эрэ сыҕарытан кэллибит. Айыы уота буоллар абыраатын, абааһы уота буол­лар алдьаттын”, — диэн саныы-саныы оттуллубут уокка иттибитинэн барбыта. Айыытын-абааһытын билээри гыммыттыы, уотун диэки көрө-көрө, эргийэ-эргийэ иттибитэ. Кини ким даҕаны диэбитин иһин, умайа турар уот туох даҕаны саарбаҕа суох, илэ-бааччы умайбытын курдук күөдүпчүлэнэ, итиитин биэрэ турбута. Омуочча ону-маны саныы, эргим-ургум иттимэхтии түһэн баран, хайаан даҕаны итии киллэрдэхпинэ табыллыыһы диэн ыҥыырын, бэрэ­мэ­дэйин киллэринэн, өйүө лэппиэскэтин, этин уокка сылыта ууран баран, аллара уу баарыгар чаанньыгын тутан уу баһа киирдэ. Уутун баһан таҕыста. Барыта уруккутун курдук. Уу чуумпу. Арай чочум буола-буола уот таһыргыыра. Оһо­ҕун уҥа чанчыгар уот тардан, чаанньыгын өрөн кэбиспитэ. Сотору соҕус буолаат чаанньыга оргу­йан, уҥа диэки турар остуолу онон-манан сотон, аһаары оҥостубутунан барда. Тоҥмутун иһиттэн таһаараары, итии чэйи бокуойа суох сыбырҕатар. Им-дьим. Омуочча тугу эрэ кэтэспиттии, сээбэҥнии аһыы олордоҕуна, оһох хаҥас чанчыгынан туох эрэ барыс гыммытыгар, өрө көрө түспүтэ эбээ-ээт! Букатын биир даҕаны кырбас этэ суох буолбут, дар уҥуоҕа эрэ хаалбыт киһи илиитэ бэгэччэгиттэн ыла былтайан “бэрис” диэххэ айылаах сарбайан турар эбит. “О, тугун сүрэй, ынырыгай! Ама мин бачча ыран-быстан, тоҥон-хатан хонук сири булан утуйаары, уоттаах сири булан иттээри гыммытым иһин, олус даҕаны аһары атаҕастанан эрэбин”… Ууммут уҥуох илии “бэрис” диэбитин бигэргэппиттии, үмүрүтэ тардылла турбута. Маны көрөн Омуочча этин сааһа аһылларга дылы гынна; өйүө этин бокуойа суох быһаҕынан быһа баттаан баран уот диэки анньан биэрдэ. — Айыы да, абааһы да буоллаххына, аһыы олорор аһым аҥаарын астым. Астына аһаан абыраа, мыыныма, быһа олорор этим быһаҕаһын биэрдим, — диирин кытта, уҥуох илии суох эрэ буол­бутун көрөн хаалла. Омуочча хап-сабар ойон туран уоту эбии оттон биэрдэ уонна арыылаах лэппиэскэтинэн айах тутта: Бордо мурун, Бодо борбуй, Бырдьа бытык, Кыырык төбө, Көмүс ураанньык, Күөнэ көгөччөр Хаан чаҕаан Хатан Тэмиэрийэ Хахай саҕынньах Аан-Уххан тойон эһэм! Бурдугунан булаастаах Арыынан айах туттум. Астына аһаа, Аҕам оҕонньор! Аһын, харыһый, Айан суолун туппут
уолгун, Элийэ көтүй, Эрэйдээх уолгун! Кири киллэримэ, Муҥу булларыма, Эрэйи эҥэрдээмэ, Дьайы аргыстаама, Сору соллунутума, Алдьархайы ааҥнаама, Былаҕайга былдьатыма! Аал уотун аһатан арыый да буолбут курдук сананан, остуолугар кэлэн олоро түһэн, хаттаан аһаабытынан барда. Арыый санаата чэпчээбиккэ, кута-сүрэ эрдийбиккэ дылы буолан, аһаан-сиэн бүттэ. Атын аһатыан баҕарбытын иһин, хантан даҕаны бу түүннэри от булан аһатара суох буолан, баайбытынан хоннорорго сананан, уҥа ороҥҥо оронун оҥостон, уотун оттон, наадатын боруостаан, утуйбутунан барда. Им-дьим. Оттубут уота умайан бачыгырыы турар. Омуочча уот диэки хайыһан, уута кэлэн ыксаан уонна уотун сылааһыгар таттаран, уту­йуох­ча буола-буола утуйбакка, хараҕын симэн ыла-ыла көрө сытта. Ити курдук сыттаҕына, уотун иннигэр туох эрэ “барыс” гыммытыгар көрө түспүтэ: үчүгэйкээн диэн кыыс оҕо уотугар кэлэн иттэ турара. Кини момуоһунньуктуу бааммыт кыһыл хаарыс бы­лааттаах, хара сатыын, бэйэтин быһыытыгар хоп курдук хомуһуоллаах, сахалыы тигиллибит халадаай ырбаахылаах уонна симэхтээх этэрбэстээх этэ. Омуочча бу кыыһы хантан да кэлбитин өйдөөн көрбөккө хаалбыта. Арай сүрдээх үчүгэйдик астына, хомуһуолун тимэҕин төлөрүтүнэн, уокка иннинэн буолан, сирэйин уоттан илиитинэн кистии тутта-тутта иттэ, эргим-ургум турара эрэ баар буолбута. Ол туран муодарҕатыан иһин, киһилии кэпсии, иэйэ-туойа турбута: — Ыччуу-ычча, аата аал уокка биирдэ иттэн абыранар эбиппин. Хайа айыы санаалаах барахсана, күн санаалаах күндүтэ көстөн, сылаас уот оттон үлүйбүппүн өрүһүйдэ, тоҥмуппун ириэр­дэ, аал уотунан араҥаччылаата, айыы санаатын аҕалла… Эрэйдээх кыыс оҕо буоламмын, бу оһоллоох орто дойдуга төрөөн хааламмын, биир бэ­йэм эрэйи эҥэрдэһэн, соҕотох бэйэм сору сосуһан, муҥу булсан, киһи-аймахтан кистэнэн, айыы дьонуттан арахсан, бар дьонтон матан, кураанах тыаллыы куугунаан, силлиэ тыаллыы сирилээн, уйатын булбатах көтөр оҕотун курдук муна-тэнэ сырыттахпын ньии… Кимнээх буолан кимим кэлэн киһи диэн кэриэн айаҕынан кэпсэтиэй?! Ханныктаах буолан ханныгым кэлэн ааспыт-туорбут айыы оҕото буолуо диэн аахсыһыай?! – хараҕын уута саба түспүтүн былаатын уһугунан сотто-сотто ытаан барда. Омуочча үчүгэйкээн диэн айыы оҕото кэлэн илэ-бааччы иэйэ-туойа, ытыы-соҥуу турарын көрөн сүрэҕэ аһынна, хаана хамсаата. Куттаммыт-куойбут ухханыгар куйахата “дыр” гынарын кытта тэҥҥэ сүтэргэ дылы гынна. Абааһы дуу, айыы дуу кэлэн, сорун-муҥун солбонуйарын, эрэйин-буруйун энэлийэрин дьүүллээн-дьаабылаан быһаарбата. Айыы оҕото буолан айыы киһитин уйа­дытар, хараҕыттан уу таһаарар тыллардаах ини, — диэн бэйэтин бэйэтэ албыннаан, бөҕөтүк сананан, көрүөҕүнэн көрөн, истиэҕинэн истэн, биир да тылы таммалаппакка иһиллээн сэгэччи туттан сытта. — Ханнык бэйэлээх айыы санаалаах киһитэ буолуо диэн араҥаччылыаҕай? Кимнээх буолан кимим киһи оҕото буолуо диэн, кирдээх санаата суох кэпсэтиэҕэй?! Ама мин бу айылаах күрүө-билэ дьоммуттан кистэнэн, аймах-билэ дьоммуттан арахсан, хараҥаны хайыҥнанан, түүнү түбэлэнэн, кураанаҕы куустуһан, кырыыс-дьай ыйаа­ҕынан кыйданан, өһөх-өлүү санаанан үүрүллэн, үлүгэри үллүк гынан, үлүйэ-тоҥо, алдьархайы алыҥ гына ааһа-туора сылдьыбытым иһин, биир эмэ күн санаа күөрэгэйэ, айыы санаа далбара мин
бу иэйэ-туойа эрэйдэнэ сылдьарбын көрөн, эйэлээх истиҥ санаатынан иилэн ылан, истиҥ доҕор курдук эйэргэһиэ, эйэлээх тылынан кэпсэтиэ баара дуо?! – былаатын илиитигэр ылан, сирэйин саба туттан ытыы-ытыы курутуйбут айыы оҕотун курдук буолан, оһох хаҥас чанчыгар өйө­нөн, уһун хара суһуоҕа хараҥаҕа көстө көстүмүнэ субуллан турда. Биһиги айанньыппыт олох даҕаны бу курдук эрэйдээх олоҕун иэйбит-туойбут саҥаны истэ илик буолан, эдэр сүрэҕэ эймэнийдэ, кута-сүрэ долгуйда, айыы да, абааһы да буоллаҕына аймаммыт саҥата аһыннарда, илэ-бааччы энэлгэнэ эдэр бэйэтин эймээтэ. Ойон туран: — Араҥаччылыах санаалаах айыы киһитэ, көмүскүөх санаалаах күн сирин киһитэ мин баар­бын, — диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. — Туох баарый, араҥаччылатар алдьаммыт өттүн, көмүскэли көрдүүр көмчүөрбүтүн? Ытаабыт хараҕыҥ уутун сотун, күһэйбит көмүскэҥ уутун куур­дун. Бэтэрээтэх кэлэҥҥин бэйэҕинэн мичилий, ороммор олор. Саха оҕото буолларгын, саманна кэлэҥҥин саппаҕырбыт санааҕын сайа кэпсээ, күн сирин күтүрүллүбүт оҕото буолларгын, кэккэлэһэ олорон көмчүөрбүт санааҕын көйө кэпсээ. Маннык эйэҕэс саҥаны истэн, хараҕын уутун былаатынан соттон, уун-утары хааман дьулуру­йан кэлбитигэр көрбүтэ: уһун субурхай көнө уҥуохтаах, онно сөрү-сөп толору эттээх-сииннээх, төп-төгүрүччү көрбүт хап-хара харахтаах, хараҕын үрдүнэн сэгэччи соҕус көтөҕүллүбүт хара сурааһын хаастаах, уурбут-туппут курдук бэйэтигэр сөп муруннаах, кумааҕыга ойуулаабыт курдук субуйа тардыы уостаах, тэтэркэй толору иэдэстээх, көрүөхтэн кэрэ, истиэхтэн эриэккэс үчүгэйкээн диэн саҥардыы эрэ сиппит кыыс оҕо куба оҕотун курдук буолан, түөһэ томтойон, имин хаана тэтэрэн, уһун суһуоҕа субуллан, дьүһүннээх үтүөтэ, сирэйдээх эриэккэһэ, быһыылаах бастыҥа кыһыл хаарыс былаатынан уоһун-тииһин оҥостон, сирэ­йин-хараҕын соттон, биһиги киһибит оронугар оргууй олорунан кэбистэ. Ол кэнниттэн: Айыы санаа далбара, Күн санаа күндүтэ! Эйэҕэс тылы Иһиттим дуу диэммин Эйиэхэ кэллим. Таптыыр саҥа Таарыйда дуу диэммин Таскар тайанным. Тэбэ-охсо санаама- Тэллэххэр олорт, Сиилии сиргэнэ санаама — Сэһэргэһиэх. Одуулуу-оруоллуу санаама- Ороҥҥор олорт… Омуочча олоро түһэн, олорор кыыһы синньигэс биилиттэн кууһан ылла: Киһи буолларгын Кичэмэлээх тылгын Кэпсиэ. Саха буолларгын Саппаҕырбыт санааҕын Саҥар. Көмчүөрбүккүн көмүскүүбүн, Атаҕастаммыккын араҥаччылыыбын… Кыыс уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүт күн курдук хараҕын аллара тута, эрэйдээх олоҕун эргитэ, муҥнаах олоҕун була, оргууй кэпсии олордо. Биһиги киһибит айыыта дуу, абааһыта дуу кэпсиир кэпсээнин көрбүт хараҕын тонолуппакка, истибит кулгааҕын кубулуппакка, биир даҕаны тыл таммалаамаарай диэн истэ олордо. — Хаһан эрэ аан дойдуну булларбыт, алаһа дьиэни төрүттээбит аҕалаах, ийэ дойдуну булларбыт, иэримэ дьиэни иччилээбит ийэлээх буолан, бу сандаара көстөр бүрүөдэһиннээх кыһыл көмүс дьулусхан сырдык күннээх орто чаҕыл дойдуга олох диэн олорон, дьиэ диэн тэринэн олорбуппут баара. Үһүөйэх бэйэбит үс сүүс киһи курдук, биир бэйэбит биэс уон киһи курдук үөрэ-көтө үчүгэйи кытары олорбуппут. Тоҕус оҕо тобоҕо буоламмын, ийэлээх аҕам иринньэх оҕо эрдэхпиттэн кичэмэлээн киһи буолаарай, маанылаан бар дьон бараата буолаарай диэн ынахтарын үүтүн миэхэ иһэрдэллэрэ, булбуттарын
сыы­һын муннубар анньаллара. Ол курдук улаатан, олдьот оҕо буолуохпар диэри аһаабакка гына-гына аһаталлара, таҥныбакка гына-гына таҥыннараллара, ньургуһун от курдук оҥороллоро, сир симэҕин курдук симииллэрэ. Ытаатахпына ытаһан, үөрдэхпинэ бииргэ үөрсэн олорбуппут. Аҕыс бастакы оҕолоруттан маппыт абалаах, тохсуһугар туппуттара эрэ диэн мин буоламмын, олус атаахтык маанылаан ииппиттэрин бу кэнникээҥҥэ диэри түбүлээн дьүүллээбэт этим. Са­йынын сайылык алаастарга ынах хомуйа дьиэрэҥкэйинэн тэбэрим, лыахтары кытары эккирэтиһэн туллук оҕотун курдук туртайа көтөрүм. Тиритэн-хорутан кэлэммин ийэбэр туппут лыах­тарбын биэрэрим, хайдах туппуппун кэпсиирим. Ол аайы үөрэ-көтө кэпсиирбин истэллэрэ. Күһү­нүн сир астыы уһун күнү быһа сүтэн хааларым, дьэдьэнниирим, отоннуурум, моонньоҕоннуурум. Оччоҕо биир бэйэбэр сөрү-сөп, ийэм эрэйдээх оҕом гиэнэ буолуо диэн ууруу-сыллыы тикпит симэхтээх сүрдээх үчүгэйкээн ыаҕайалаах этим. Кинини толорор, ийэбин аҕабын үөрдэр мөккүө­рүгэр күнү быһа сылдьарым. Ол хас «бултаан» кэллэҕим аайы ордук үөрэллэрэ. Оҕобут булан-талан аһатар киһи буолла, — дэһэллэрэ. Киэһэ аайы тиэргэҥҥэ түптэ оҥорон унаарытарым. Мин оҥорбут түптэм сайылыгы биир гына бүрүйэрэ, күн киириитигэр ордук үчүгэйгэ дылы буолара. Бучугурас диэн анал ынахтааҕым. Кини Маҥан Туллук диэн оҕолооҕун маанылыырым. Доҕорбор оһуордаах томторук тикпитим, күндү­лээн күөх оту үргээн сиэтэрим. Сааскытын буоллаҕына от-мас көҕөрөн, ­алаас-алаас барыта чээлэй күөҕүнэн унааран, сир-сир барыта сибэкки отунан сириэдийэн, айылҕа барахсан тула тупсан туругуран турар бириэмэтигэр, ача отунан анньына, сибэкки солко сэбирдэҕинэн киэргэнэ, ньургуһун отунан тупса барар буоларым. Уһун күнү быһа айылҕабын, алаас­пын көрө-көрө таптыырым, күүлэйдиирим. Соҕотох бэйэм муҥутуу туох да санаата-оноото суох оонньуурум. Ол курдук сылдьаммын чыычаах уйа­тын буллахпына олус үөрэрим, куруутун кэлэммин уйатын ийэ чыычааҕы кытта тэҥҥэ ньээ­кэлиирим. Ардах түһээри гыммыт киэһэтигэр аҕабыттан ыйытан чыычааҕым уйатыгар бараммын үрүт оҥорорум, тэҥҥэ эрэйдэнэрим. Ыалларым дьахталлар ыалдьыттыы сылдьаннар миигин көрөн олус таптыыллара, көтөҕөн олорон кэпсэтэллэрэ. Ол аайы кинилэргэ ханна баар куруубайга иитиллибиппинэн бөппүрүөктэһиэхпиний, күлэ-үөрэ куолубунан кэпсэтэрим. Ол аайы олус таптыыллара. Мин кинилэри эмиэ ол курдук таптыырым. Кинилэр: “Сэһэн оҕонньор оһоҕос түгэҕинээҕи оҕото олус үчүгэй кыыс оҕо”, — диэн кэпсээни ыыппыттара. Ол курдук ийэм, аҕам үтүө санааларын иҥэринэн, барыга бары аһыныгас, сибэкки оту кытары сиэттиһэн, мотуок солко мутукчалыын булсуһан улааппытым. Ити курдук ону-маны, олоҕу ойуу­лаан өйдүүр буолбутум. Ол да буоллар, тап­тыыр доҕор таптала диэни түһээн даҕаны көрбөт этим. Мин тапталым диэн ийэ-аҕа таптала, мин тапталым от-мас, айылҕа аньыыны билбэт таптала. Мин сиппитим, эргэ тахсар сааһым буолбута. Ону аҕалаах ийэм сааһа ситэ илик оҕонон аат­таан, бииргэ илдьэ олороохтообуттара. Аны санаатахха, бэйэлэрэ баалларына бииргэ олоруохтарын саныыр эбит этилэр. Мин өйдүүрбэр биир үчү­гэй­кээн диэн “омук” оҕото ыйыта кэлэ сылдьыбыт быһыылааҕа. Биир хонон, туох даҕаны наа­дата суох дьон курдук, сарсыҥҥытыгар төннөн хаалбыттара. Ол оҕону таптыы көрбүтүм, кини биллибэтинэн мин үөрүүбүн илдьэ барбыта…
— кыыс саҥата суох олорбохтоото. – Ол этэ, сиргэ киһини таптыы көрбүтүм диэн. Ол мин тапталым… Ол курдук олорбуппут… Аҕыйах сыл ааспытын кэннэ, ол күндү олохпут кырыыс-дьайынан кыттыспыта, аарык-сатанан аргыстаммыта, өлүү бөҕөнөн үрүттэммитэ. Баара суоҕа үс күн устатыгар ийэлээх аҕабыттан мэлийбитим. Сидьиҥ өлүү булан сир үрдүттэн сиэтэлээбитэ, кыыбаҕа өлүү булан кыайталаабыта… Күһүҥҥү ыраас түүн буолан, сулустар хал­лаан оройугар кылапаччыһаллара. Ый халлааҥҥа оргууй тахсан үтүө санаалаахтары, бүтүн аан дойдуну сырдаппыта. Балаҕан уота умуллан, имик-самык хараҥанан бүрүллэн турара. Омуочча аттыгар олорор кыыс хараҕын уутун сотто олороро. Кини ытыыр этэ. Омуочча иччитэх балаҕаҥҥа хоно сытарын, дьэ, өйдөөтө: “Туох быһылааныгар түбэстим? Түүл дуу, илэ дуу? Суох, илэ!”. Бу кини аттыгар сордоох кыыс ытыы олорор. Муҥу булсубут муҥнаах дууһаны бэйэтин кытта бииргэ сытыаран утутуон баҕарда, эмиэ да санаата буол­бата: “Аанньалым дуу, абааһым дуу, кэпсээ да кэпсээ… Дууһам тугу да тобулбат буолла…О, көрдөһөбүн…” Кыыс эмиэ кэпсээбитинэн барда: — …Чороҥ соҕотох бэйэм, үөрүттэн маппыт кулун оҕотун курдук соҕотоҕун сүүрэн хаалбытым. Ытаабытым-ыллаабытым, ыҥырбытым иһин тугум кэлэн туруоруой, кимим кэлэн тилиннэ­риэй?! Ыллыырым-туойарым оннугар ытыы-соҥуу ар­гыс­таммытым, үөрэрим-көтөрүм оннугар үлүйэр-тоҥор буолбутум. Бар дьоммуттан маппытым, күрүө-билэ дьоммуттан кистэммитим. “Чээн” дииллэрин оннугар, “чэт” да диэни истибэт буол­бутум. “Бу барахсаны” дииллэрин оннугар, “бар баҕайы” да диэни истибэт буолбутум. Мин саҥардыыҥыта эрэ ача отунан аҥаарыйбыт алааспынан, сибэкки отунан сириэдийбит сирбинэн икки атахтаах, эргийэр иэччэхтээх, иннинэн сирэйдээх үктэммэт буолбута. Бу буо­луом иһин көтөр кынаттаахтыын күрэннилэр, сүүрэр атахтаахтыын сүттүлэр… Өлбүт дьоммун аймахтарым ааттаахтар, ыраахтан сылдьаммын ааттаһыым, көрдөһүүм күүһүнэн ыраах сискэ таһааран кистээбиттэрэ. Ол күһүн этэ. Ийэм, аҕам эрэйдээхтэр хаалларбыт хаһаастарын сыыһын аһаан, соҕотох бэйэм муҥу булсан, эрэйи эҥэрдэһэн, соҕотох олорор сорун билэн, ытыы-соҥуу сылдьыбытым. Саймаархай сайыным ааһан, кырыалаах кыһын кыһарыйан кэлбитэ, олуурдаах улуу дьыл оҕуһа ордоотообута, чысхааннаах дьыбар тыйыһырбыта, хотуттан-арҕааттан кураанах тыаллар куһуйбуттара… Ол курдук олоҕу долгуйбут сүрэхпиниин, көмүскэтэрим диэн көмүскэм уута, харыһыйтарарым диэн хараҕым уута буолан олорбутум.. Тиһэҕэр тиийэн миэхэ барыта тэҥ буолбута. Төрөөбүт күммүн өлөр күнүнэн тэҥниэхпин санаабытым. Туруу-бараан дойдуттан туоруурга толкуйдаммытым, киэҥ Сибиир иэниттэн кистэнэргэ киириммитим. Маннык сордоох олохтон, эрэйдээх-муҥнаах эркинтэн, тыыннаах сылдьар накааһыттан бэйэни дэҥнээн куотартан ордугу булбатаҕым… Ону мин толорбутум… Кыыс кэпсээнин бүтэрдэ. Им-дьим… Ынырыктаах сэһэн…Ыйдаҥа түүн… Балаҕан иһэ хараҥа, түүн… Иннигэр кыыс… Бу барыта бүтэйдии ханнык эрэ биллибэт суостаах хартыыналар буолан, Омуочча өйүгэр охсуллан аастылар. Устунан этэ итийэ-итийэ тымныйарга, этин сааһа аһылларга дылы гыннылар, куйахата күүрдэ, этэ саласта, чугурус гынна. — Оттон, оттон. Эн… Эн тыыннаах олороҕун буолбат дуо? – Ыйытыытын хоруйуттан куттанан, охсоору гыммыт киһиттэн көмүскэнэрдии туттан олордо. — … Суох… суохпун… Бу боростуой хоруй этэ. Ол гынан баран Омуоч­­чаны
улаханнык оҕуста. Өйө-санаата үрэллэргэ, сүрэҕэ-быара ыгылларга дылы гынна. Ыны­­­­ры­гыттан дуу, ыксаабытыттан дуу, ыйытыы­та ыгаа­һын курдук буолла, хараҕыттан уу-хаар баста: — Оччоҕо ханна? Ханна бааргыный?! — Бу турар хотонум чэҥнээх түгэҕэр өлүү быа­тыттан иҥнэн, өлүк буолан турабын. — Хаһааҥҥыттан? — Өлүк буолбут үлүгэрдээх кэмим үс төгүрүк сыл буолуон үс хонук илик. Омуочча букатын ыксаата: “уу-у! Бу тугуй? Бу өлүү бэйэтэ өҥөйдө буолбат дуо?.. Абырааҥ, абырааҥ!.. Туох үлүгэрэй?!” — сибилигин кууһан ылыах курдук сыгынньах бэйэтэ оронун үрдүгэр хас саҥардаҕын аайы кэннинэн тэйэ чугуруҥнуу, чинэриҥнии, харбаары эрэ гыннар соҕотохто ыстаныах курдук санаан олордо. Маны көрөн кыыһа оҕолуу ытаабытынан Омуочча атаҕар умса түстэ: — О, күн санаа, куттаныма да миигиттэн, көрдөһөбүн, ааттаһабын… Миигин таах хаалларыма… Эйигин тыытыам суоҕа… Иһит даа ыл, иһит… Эрэйдээх дууһаны эймэнитимэ, сордоох дууһаны солбонутума даа… — бокуойа суох ытыы-соҥуу, ааттаһа сытта. Бу тыл Омуоччаҕа таах хаалбата. Кини төһөнү куттаммытай да, соччонон аһынарга дылы гынна. Кини илэ икки күүс, икки санаа ис охсуһуутугар олордо: биир санаата этэр – бу адьарай кыыһа ааҥнаата, силиэр сиргидэх сэлэстэ. Куотууй, Омуочча, төһө кыайаргынан. Иккиһэ этэр: эн атаххар илэ-бааччы алдьаммыт айыы оҕото ааттаһа-көрдөһө, эрэйдэммит ийэ сир оҕото иэйэ-туойа сытар. Өрүһүй, көмөлөс даа, Омуочча, төһө кыайаргынан. Бу икки күүс, икки санаа иккиэн икки аҥы сипсийэн Омуоччаны тэҥигэр хаалларда. Уоскуйда, адьаһын аматыгар түһэргэ дылы гынна. — Оттон эн, эн бу бэйэҥ туоххунуй? Кимҥиний? Онуоха кыыһа хайа да тэбэр сүрэхтээҕи хараа­һыннарыахтыы сыналытта: —үөһээ бөҕө үрдүк биис ууһа үйэлэр тухары үҥнүбүт үгэстэринэн: Ырайга ылларбатах Айыыта суох дууһа Айыы кута Алгыстаах аан дойдуга Аймах-билэ дьонугар Аналлаах айыы дьүһүнүнэн Аҕыйах хонор аналлааҕа. Буор ийэни булбатах өлүк Буруйа суох сырдык дууһата Бу күн сирин күөнүгэр Күрүө-билэ дьонугар Күҥҥэ көстөр дьүһүнүнэн үс түүн күүлэйдиэхтээҕэ. Ийэ сиргэ эргиллибэтэх Ийэ кут иччитэ Бу ийэ Сибиир иэнигэр Күрүө-билэ дьонугар Илэ көстөр бэйэтэ Икки күн эргийиэхтээҕэ. Ол быһыытынан Айыы таҥара аналынан Абааһы санааттан араҕыстым, Айыҥат хаан ыйааҕынан Айыы бэйэм аргыстастым, Одун хаан оҥоһуутунан Уу бэйэм олордоҕум. — Оттон атын хонуктаргар туох буолаҥҥын сылдьаҕын, хайдах буолан хаалаҕын? — Буор ийэҕэ булларбатах буруйбар Сир ийэҕэ эргиллибэтэх эрэйбэр: Кураанах тыал буоламмын Куруҥ тыаны кытары Куугунуу устабын. Силлиэ тыал буоламмын Сир үрдүк иэнинэн Сирилии сүүрэбин. Хахсаат сата буоламмын Хайа, халлаан устунан Хабырыһа сырсабын. Дохсун буурҕа буоламмын Тумул тоҕой устун Тохтообокко аалсабын. — Аатыҥ? — Аҕалаах ийэм эрэйдээхтэр Алыһын таптыыр буоланнар, Сибэкки окко тэҥнээннэр, Алтан окко атылыы көрөннөр, Ньургуһун окко холооннор, Ньургустаана диэн ааттаабыттара. Дьикти кэпсээн, дьикти тыл… Бу аньыыта суох ыраас сэһэн Омуоччаҕа араас санааны укта. Саҥардыыҥҥыга диэри кутталыттан көлөһүнэ саба түспүтэ,
сүрэҕэ мөхсүбүтэ, куйахата күүрбүтэ улам-улам иҥэн-сүтэн уоскуйан барда. Бу үчүгэйкээн диэн кыыс оҕо эйэҕэс сэһэнэ кини сүрэҕин иһиттэн дьиҥ сиргэнии, куттаныы санаатын суох оҥордо. Бу дьикти кыысчаан хайдахтаах үлүгэр дойдутугар угуйарый?! Эмиэ даҕаны суорба хайаттан түспүт уу кылысханын истэргэ дылыта. Эмиэ даҕаны дохсун холоругунан эргиттэрэн киэҥ куйаарга көтөргө дылыта. Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ сыһыыга доҕорун ыҥыра-ыҥыра ытыыр-соҥуур кыыс саҥатын истэргэ дылыта. Кинини көрдөөн булар…Кини үөрэр… Өйдөөн кэлбитэ: кини Ньургустаана аттыгар кэлэн кууһан эрэрэ. Омуочча сүрэҕэ дьол үөрүүтүнэн туолбута. Саҥата суох ыга куусту­һууттан сылаас эттэр таҕайсыылара кэпсэтиитэ да суох кинилэр тапталларын быһаарарын курдуга. Омуоччаҕа дьиксиргэниитин төрүөтүнэн буол­бут ытык өлүгүн тыына айыы санаалаах этинэн таҕайбыта. Толору эттээх түөһүнэн ыга түһэн сыппыта хайдах эрэ айыы дойдутун тапталыгар угу­йарга дылыта. Кини санаатыгар бары барыта чэпчээбиккэ, сырдаабыкка, үөрбүккэ дылы… Ый сардаҥата балаҕан аһаҕас түннүктэринэн куустуһа сытар дьону үрдүнэн, туох даҕаны тыаһа суох эрбиинэн “лэк” курдук быһа эрбээбиттии, балаҕан бүтэй хараҥатын хайытан, дьиэ ортотугар үөрэ-көтө күлүмнүү сытара. Ыйдаҥа сардаҥатын толбонугар куустуһан сытар сүрэҕин үөрүүтүн өҥөйөн көрбүтэ, Ньургустаана икки иэдэһинэн түспүт хараҕын уутун көмүс кыырпаҕыныы күлүмүрдэппитэ. Кыыс уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүт хараҕа эйэҕэс тапталын кэпсиирэ, кини сииктээх уоһугар таптал аньыыта суох үөрүүтэ мичээрдиирэ. Кини этэ сылааһынан тыынарга, күн сирин тапталынан туолбут уоскуйууну курдаттыы этэрин курдуга. Омуочча улам ылларан, ыксары кууһан, Ньургустаана кистэлэҥ имэҥ мичээринэн туолбут сиик­тээх уоһун умса түһэн, уһун үлүгэрдиҥк ­уураан ылла. Кини этин устун курдаттыы күүтүл­лүбүт таптал амтанын минньигэс уота дьырылыы сүүр­дэ. Онтон баара: Эдьиэн Иэйиэхсит эдьиийдэрэ Илэ-бодо имэҥинэн Эркиннии эргичийдэ. Ахтар айыыһыт аҕастара Айыы дьалыҥынан Алгыстыы алҕаата… Эйэҕэс уураһыы мэҥиэтэ Эҥини санатан барда, Таптал кистэлэҥ имэҥэ Таарыйбытынан бардаҕа… Ол курдук сытаннар устунан утуйан бардылар… Эйэҕэс таптал кистэлэҥэ налыйан, иэйиэхсит имэҥэ тарҕана уоскуйан уһуктан кэлэннэр, кэпсэтэ сыттылар: — Оо, доҕоччуок, тоҕо баҕас олуонатай дуу, олуһай дуу?! Айыы сиригэр айыллыбыт, күн сиригэр үөскээбит, орто дойдуга олохсуйбут уол оҕо, айыы сириттэн арахсан абааһы сиригэр аттаммыт, күн сириттэн күрэнэн күлүк түүнүнэн түбэлэммит адьарай кыыһы дуу, аанньал оҕотун дуу аттыгар сытаммын айыы тылынан кэпсэтиэҕим, хоонньоһо куустуһа сытаммын уураһыам, сылла­һыам диэбитим буолуо дуо?! Бу аҕыйах сыллаах олохпор айыы оҕотун да ааттаһа, таптаһа сыппытым суоҕа. Күн оҕотун кытта күлэ-үөрэ күүлэйдээбитим, ийэ сир оҕотун кытта эйэргэһэ, кэпсэтэ олорбутум суоҕа. Ол бэйэм эйигин кытары эйэргэһэр, кэпсэтэр сэрэбиэйдээх, ааттаһар, таптаһар аналлаах эбит буоллаҕым дуу? Мин бэйэм тапталбын бу курдук уһуктуо, имэҥириэ дии санаабат этим. Мин өйүм-санаам аньыыны сатаа­бат таптал дьалыҥынан эриллиэ, таптал кистэлэҥ уоскуурун имэҥиттэн таптал амтанын бэлиэ­титтэн- уот уураһыыттан нохтолоох сүрэҕим бачча өрүкүйэн тэбиэлиэ диэн түһээн даҕаны көрбөтүм. Дьэ буолар да эбит! — Күнүм сирин күндүтэ,
айыым сирин далбара. Күн сирин үрдүгэр билбэккэ күрэммит тапталбын көрдөрдүҥ, айыы сиригэр сылдьарбар арахсан барбыт тапталбын аҕаллыҥ. Иэйиэхсит эдьиийбин эргиттиҥ, айыыһыт аҕаспын аҕаллыҥ. Бу аата мин уйгулаах олохтоох орто туруу дойдуга олох диэн олордоҕум, алгыстаах аан ийэ дойдуга айыыта суох тапталы билистэҕим. Ыраас таптал туохтан даҕаны тутааҕа суох, бэ­йэтин туспа сокуонунан сайдар. Кинини көмүс лыҥкыарынан, сулуу харчынан, бардам баайынан атыылаһан ылыллыбат эбэтэр кини омугуттан, олоҕуттан тутулуга суох сайдар. Ол кини ытык сокуонунан бу икки айыылаах абааһыны ыпсартаата. Уоту уунан умуруоруохха, ууну уотунан оргутуохха сөп. Оттон күөдьүйбүт таптал уотун умуруоруохха сатаммат. Кини умуллуо, умайыа бэйэтин көҥүл дьаалатынан. — Доҕоруом, алдьархайдаах аанньалыам! Тоҕо эдэр эмньик бэйэбин эрийдиҥ, оҕо ойуос бэйэбин олуйдуҥ? Туох иһин мин түөһүм иһигэр таптал уотун уктуҥ? Баччааҥҥа диэри сүрүм-кутум иһигэр дьөлө дьуоҕаран сыппыт тапталбын уһугуннардыҥ? Хоруйдаа. Аны мин эйигиттэн кыа­йан барбаппын! Бу көстө сытар бэйэм бү­түннүү – эйиэхэҕэ. Мин эйигиттэн түгэҕэ биллибэт өлүү үтүгэнин өҥөйөн турдарбын да, арахсыахпын олох баҕарбаппын! — Ханнык эмэ айанньыт биирдэ эмэ мин алааспын быһа охсон ааһаарай диэммин, тыал-куус аргыстана кэтэһэрим. Суох, биллибэт этилэр. Ол курдук кэтэспитим, кэммин ыыппытым үс төгү­рүк сыл буолла. Ол бүгүҥҥү бүрүөдэһин­нээх күн мин курдук айыы сиригэр айыыһыт тапталынан атастаспатах, ийэ сиригэр иэйиэхсит тапталынан эҥэрдэспэтэх эдэр киһинэн эҥэрдээтэ. Эн мин иннибэр иитэ-аана биллибэт илдьиркэй иһиттэн эрийэ көтөн эҕэрдэлээччи, аата-аана биллибэт алдьархай айаҕыттан арыйа тардан таһаарааччы, түгэҕэ дириҥэ биллибэт үөдэн-өлүү үтүгэниттэн өрүһүйээччи, Ыраас дууһам Ырайга тахсар Ыллыгын ыйааччы, Айыы кутум Адьарайтан арахсар Аартыгын арыйааччы буолуоҥ этэ. Көрүүй, истиий да Күн сиригэр көрбүт Күөрэгэйим, Аһын, харыһый да Айыы сиригэр көрбүт аанньалыам! Ньургустаана сүрдээх эйэҕэстик, аһыннараары гыммыт, албыннаспыт, ааттаспыт харахтарынан көрө, көмүскэтин иһиттэн көмүс чөмчүүк таммахтар сирэйин иминэн аллара диэки мөлбө­рүспүттэрэ. Кини ааспыт суостаах олоҕо саҥа хатыланан, эрэйэ-муҥа эмиэ эҥэрдэһэн эрэрин курдук санаабыта. Оргууй ытыы, толору эттээх сылаас түөһүнэн ыга түһэн сыппыта. Омуочча Ньургустаананы сүрдээх эйэҕэстик ыга кууһан, уураан ылбыта: — Мин Эн илиигэр, Эн эйэҕэс санааҥ эҥэригэр, Эн саппаҕырбыт санааҥ салаллыытыгар- бу баар бүтүн бэйэм: долгуйар сүрэхтиин, бокуйар сүһүөхтүүн, босхо бастыын — Эйиэхэ баарбын! Тугу диигин, толоробун! — Ийэ сир иэнигэр Эйэргэспит, Иэйиэхсит ийэм Эркиннээбит Эрикэйим оҕотоо! Аан-ийэ дойдуга Атастаспыт Айыыһыт аҕаһым айхаллаабыт Аналлаах артыалым! Сарсыҥҥы аҕыс сардаҥалаах аламаҕай маҕан күнүм арыллыытыгар, тоҕус тордуйалаах туой маҕан күнүм туругуруутугар турдаххына-остуолуҥ үрдүгэр үс күлүүс тыла кэккэлэһэ сытар буо­луохтара, онтон бастакы күлүүс тылын ылаҥҥын бастакы ампаар күлүүһүн тахсан аһыаҕыҥ. Онно мин аҕам туттар сэптэрэ тураллара буолуоҕа, онтон ылаҥҥын соҕуруу диэки көстөн турар тумулга тиийэҥҥин саһаан дириҥнээх, саһаан усталаах иини хаһан кэбиһээр… Аттыын бэйэлиин аһыыр аскар кыһаныаҥ суоҕа, ол мин иэһим буолуоҕа… Дьэ доҕоруом, ити буолар бастаах-атахтаах бастакы көрдөһүүм. Ити курдук эрэйдээх олохторун эргитэ кэпсэтэн, саппахтаах санааларын сайа кэпсэтэн, айыы­лаах абааһы бэрт минньигэстик ыгыта куустуһан, туох даҕаны туора-хос санаата суох бэркэ астына уоскуйан утуйан хааллылар. Күһүҥҥү ыйдаҥалаах түүн. Халлаан оройугар кыһыл көмүс тоҥуутун курдук кыра сулустар чыпчылыҥнаһа тураллара. Ый кыһыл көмүс толбонноох дьулусхана саҥа түспүт хаарынан бүрүммүт толоон ньууругар араас дьикти оһуордары түһэрэн күлүмүрдүү сытара. Кини толбонун анныгар эрэйдээх да санаалаахтар иһийиэхтэрин курдуга… * * * Саһарҕалаах сарсыарда кэмэ кэлэн, Омуочча уһуктан өйдөөн көрбүтэ: бэҕэһээҥҥи дьикти айымньыта ханна да суох буолбут. Арай сыттыгын ыксары кууһан сытара. Сааппыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук түргэнник тура эккирээтэ: “Атым эрэйдээх аһаабакка турдаҕа”, — дии санаан таһырдьа тахсыбыта. Бэҕэһээҥҥи маҥан хаар сыһыыны, толоону туртаччы түспүт ньууругар ыраас күн уота күлүмүрдээн эрэрэ. Аналлаах ата алаас сир саҥардыы ачалаабыт чээлэй күөх отунан аһыы турарын көрбүтэ: “О, Ньургустаанам оҕото аһатан бараахтаабыт эбит”, — диэн иһигэр бүтэйдии үөрэ санаабыта. Бу түүннээх күн мунньустубут кирин-хаҕын саҥа хаар үрдүттэн холбуйа баһан ылан тоҥхойон туран сууммахтаан ылла. Ол кэнниттэн балаҕанын иһигэр киирэн, уот оттон, чаанньыгын оргутан чэйдииргэ тэринэн барда. Остуолун үрдүгэр, этиллибитин курдук, үс күлүүс тыла сытара. Ону кытта туос иһиккэ туттарыылаах доҕоро бэлэмнээбит үрүҥ ас турарын көрөн: “Чыычааҕым оҕото бэйэтин тарбаҕынан биэбэйдээн бэлэмнээбит аһа буоллаҕа. Күөрэгэйим, көмүс тарбаххынан күн сиригэр көрсүбүт доҕоргор анаан хаалларбыт аскын аһаабат буолуом дуо?” — диэн туоска туттарыылаах аһын тутан ылан, түгэҕэ көстүөр диэри үстэ омурдан ыйыстыбыта. Ол ыйыстыбытыгар, иһин түгэҕиттэн төбөтүн оройугар тиийэ өрө дьырылыы түһэргэ дылы гынна, этэ-хаана итийдэ, сүрэ­ҕэ-сүһүөҕэ долгуйда, имин хаана кэйдэ. ­Эдьэн иэйиэх­ситэ илэ-бодо иэнигэр эргийдэ, ахтар айыы­һыта чахчы-бааччы таһыгар дьалыйда. Омуочча өр таалан олордо. Оргууй да бэйэтин аһыттан аһаан көрдө да, аһыах санаата кэлбэтэ, уурайан хаалла. Бүтэйдии бөҕүөрбүккэ дылы буол­бут. Бу аһы аһаабытыттан Омуочча хайдахтаах сүдү тапталга сүүйтэрбитин туһунан, ааҕааччы, эн бэйэҥ сыаналаа. Ону мин суруйарга сорунуом суоҕа. Өйдөө! Бу таптал имэҥэ этитиллибит от-мас сүмэтин сүүрдэн, араас өҥнөөх сир симэҕэ сибэкки тыргыл мүөттэрин мунньан буланан оҥоһуллубут туос иһиккэ туттарыылаах этитиилээх үрүҥ илгэ этэ. Омуочча бастакы ампаары аһан көтөн түспүтэ: сир дэгэт үлэтигэр туттар араас уһанар сэп үөһэ­нэн-алларанан бэрээдэктээх баҕайытык дьаа­рыстанан аҕай тураллара: “Доҕорум Ньургустаана аҕата Сэһэн оҕонньор эрэйдээх эриллибит эгэлгэ сэптэрэ буоллаҕа… Һлэ-хамнас киһитэ үрүлүйбүт үрүҥ-хара көлөһүнэ бу буоллаҕа, оҕотугар хаалларбыт баайа…” Туттар наадалаах сэптэрин ылан, доҕоро ыйбыт тумулугар тии­йэн, күн түөртүүр ынах буолуор диэри саһаан усталаах, саһаан дириҥнээх иини тибийэн кэбистэ. Хантан маннык халлаан күүһэ эбиллэн, тоҥмут буору тоҕута сыспытын туһунан толкуйдуу даҕаны барбатаҕа. Үлэтин бүтэрээт, балаҕаныгар тии­йэн кэлбитэ. Уотун холумтанын икки чанчыгар тиийэ күөдүччү-баадыччы толору оттон, чаан­ньы­гын өрө ууран кэбиспитэ. Бэйэтэ төкүнүк олоп­поско уотугар аргынньахтыы олорбута. Омуочча санаата — Ньургустаана. Кини кө­рүөх­тэн кэрэ дьүһүнэ, абылыыр тыллара кини өйүгэр хат-хат кэлэн ойууланан, ааһан иһэллэр… Ньургустаана оту-маһы кытта оонньуу, сири, сибэккини кытта сэһэргэһэ, үөрэ-көтө сылдьар үтүө кэмэ эмискэ үрэллэр, сор-муҥ соҕотохто суоллуур… Билигин аҕай оту-маһы кытта оонньуу сылдьар чыычаах оҕотун соҕотохто кыырт обургу дьөлө кытаахтаан дууһатын илиитигэр ылла. Бары барыта сааһыланан, кыстанан ааһан иһэр. Омуочча чаанньыга куоттаҕына, өрө тардан биэрэ-биэрэ, өр баҕайы олордо. Киэһэ буолан, дьиэ таһа боруоран, тыаһа суох хараҥанан бүрүллэн эрэрэ. Туох даҕаны тыаһа-ууһа суох. Таһырдьа таҕыстахха кураанах тыал тыа баһын кытары куугунуура. Дьиэҕэ киирдэххэ оттуллубут уот умайан таһыргыыра иһиллэрэ. Омуоч­ча аһыан даҕаны, утуйуон даҕаны санаата кэлбэт. Кини бүтэйдии туохха эрэ сүүйтэрбит киһи курдук олороро, соҕотох санаатын кытта сырсара. Онтон атын буолуон даҕаны табыллыбат этэ… Мин үөрүүм, мин Ньургустаанам, тоҕо иин хас­тар­да? Тоҕо? – Омуочча сүрэҕэ курдаттыы ыалдьарга дылы гынар. – Кини миигиттэн куотаары, тэскилээри, көмүс боллох уйаны туттарар дуо? Кини өлөр иинин хастым дуо? Кини миигинэн… Кинини кимнээҕэр даҕаны күүскэ таптыыр киһитинэн өлөр иинин хастарар дуо? Суох, суох, оннук буолбат! Кини ол курдук аһыныгаһа суох буолбатах. Миигин баара эрэ биир түүнүнэн дьоллоон барыа дуо? Суох! Кини соһумардык өлбүт төрөппүттэрин хара систэн аҕалтаран, бэ­йэлэрин үйэлэрин бараабыт алаастарын буоругар көмүөн баҕарар. Икки санаа сырсыыта. Кини ити туох даҕаны тыаһа суох, аатын эрэ боруоран олордор, иһигэр өлүү бөҕө икки мөккүөр буурҕатын тууйан олорор. Бу күн олох аһаабатаҕа. Уотун хаттаан оттон биэрэн баран, оронун оҥостон, уот диэки хайыһан сыппыта. Доҕорун кэтэһэр, кэлиэ диир. Ол курдук оттуллубут уота ортолоһуор диэри оһох кэннин одуулаһарын кубулуппакка сыппыта. Оһох кэннинэн хотон түгэҕин диэки туох эрэ тыаһа хаачыгыр гынарга дылы гынна… Хаачыр­ҕаата, эмиэ да лүһүгүр гынна… Онтон утаакы буол­бата, кырбас даҕаны куҥа суох буолбут киһи ардай уҥуоҕа нөрүс гына түспүтэ оһох кэннинээҕи хараҥаҕа болоорон көһүннэ. Омуоччаны бу үлүгэрдээх көстүү уолуппатаҕа, эбэтэр кини таҥаһы бырахпыт курдук дар баран, доҕорун күүппүтүнэн, тонолуппакка одуулуу сыппыта. Оһох кэннигэр турар ардай уҥуох уот сырдыгар киириитигэр, киһи дьүһүнүн ылыммыта. Ньургустаана илэ бэйэтинэн, мичээрдээбитинэн сытар доҕоругар утары хааман кэлбитэ. Кинини Омуочча хараҕар уулаах, туох даҕаны саҥата суох, күүтүллүбүт тапталлааҕын түөһүгэр ыга кууһан ылбыта. Кини илиитэ Ньургустаана дьикти имигэс биилин ыксары кууспута. Таптал уота умайбыт уостарын оонньоппутунан барда. Кинилэр үтүө эттэрин устун таптал имэҥин баҕата дьырылыы сүүрбүтэ… Эмиэ айыы сирин ыраас таптала… Эмиэ имэҥ. Кинилэр утарыта көрсүбүт харахтара үөрүү уотунан мичээрдиирэ. Кинилэр эйэҕэс тапталларын кэпсиирэ. Ахтыспыт сылаас эттэринэн ыга куустуһуулара, таптал имэҥинэн умайбыт уостарынан уураһыы­лара, аньыыта суох ыраас харахтар утарыта көрсөн мичээрдэһиилэрэ, ханна эрэ уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ куйаарга угуйарга, бүтэйдии тугу эрэ үөрдэргэ, эрэннэрэргэ, кэпсииргэ дылы этэ… — О, доҕоруом, бу түүннээх күн устатыгар тугу даҕаны оҥоруохпун баҕарбаппын. Куруутун эйи­гин саныыбын. Эйигин сүүстэ ойуулаан көрө­бүн, куруутун эн мин иннибэр бу сылдьар буолаҕын. Эн күлбүт-үөрбүт мөссүөнүҥ сүрэхпин үөрдэр, эргиччи эйигин санатар. Аһыахпын, сынньаныахпын, утуйуохпун санаам буолбат. Итэҕэй көмүһүөм, ити барыта тура сылдьар дууһам түгэҕинээҕи кичэмэллээх кистэлэҥим, кэпсээним… — саҥата суох сыппахтаан баран, эмиэ оргууй аҕай салҕаан барда. — …Оһоллоох орто дойду уол оҕото ону-маны саныыр даҕаны: эн бу дойдуга хаалларбыт өлүк­күн үс сыл тухары төгүрүйэ кууһан турбут хотон түгэҕинээҕи түмэн-бараан түүн хараҥатын күтүрүү саныыр буоллаҕым үһү. — … Күн сиригэр көрбүт күөрэгэйим, туох диэҥ­ҥин эттэххиний? Мин бу орто дойдуга олорор да эрдэхпинэ, аан-ийэ дойдубар айыллан да сылдьар эрдэхпинэ, эрэн, көмүһүөм, икки атахтааҕы таптаабыт, имэҥим куудьуйуутунан куустуспут, тапталым амтанын уураһан атастаспыт киһим олох суоҕа. Эн бааргын бу аҕыс сардаҥалаах аламаҕай маҥан күҥҥэ аҕа-ийэ тапталын эрэ билбити ахтар Айыыһыт дьалыҥыттан амсаппыт, от-мас эрэ ойуутун көрө таптыыр оҕотук бэйэбин эдьиэн Иэйиэхсит имэҥиттэн иһэппит. Таптал муҥнаахтара кичэмэллээх ис санааларын кистэспэккэ, уурумньулаах санааларын уларыппакка, эйэҕэс тапталларын албына суох истиҥ тылларынан, эттэрин эрэ даҕайсыытынан бүтэйдии таайсыбыт баҕаларын кэпсэтэ сыппыттара. Кинилэр истиҥ айыыта суох тапталларын мэлдьэһиэххэ айылаах киһи суох да буоллар бигэргэтэ билсэ сэһэргэһэллэрэ. Ол бэйэлэрин саныылларыгар ордук минньигэс этэ. Эбэтэр эрдэттэн олуктаан олорботохторо, ол кэриэтин имэҥнээх таптал буулаҕа дьаалытын муҥнаахтара муҥатыйыыларыгар маарыҥныыра. Бу өй-санаа оҥорбут таптала буолбатаҕа, айылҕа тапталын көрүҥэ этэ. Омуоччаны эрэйдээх айана, дьиксиниитэ-куттаныыта, аһыныыта-таптала, таптал имэҥэ этиллибит үрүҥ илгэни испитэ — барыта мунньустан, туохтааҕар да күүстээх имэҥнээх таптал силимэр хам ылларбыта. — Хаһан мин маҥнай эн аньыыта суох сэһэҥҥин истиэхпиттэн, хаһан мин эйигин аһынан оҕону таптыырдыы бүтэйдии кууһуохпуттан, хаһан эйигин таптааммын ууруохпуттан, хаһан үрүҥ илгэҕин иһиэхпиттэн – ханнык даҕаны саарбаҕа суох таптал толору үөскүүрүн эйэҕэс таайыыта мин дууһам иһинээҕи кичэмэллээх кэрэ уурум­ньубун уотунан умаппыта. Мин уоспар билигин даҕаны уотунан уураабыт эйэҕэс тапталыҥ амтанын мэҥиэтэ, сибэтиэй уота умайар. Ол мин сүрэхпэр хаһан даҕаны сүппэт күндү өйдөбүлүнэн хаалбыта, хаалыаҕа даҕаны. — Омуочча, доҕорум! Мин билигин дьоллоохпун: дьоллоохпун эйигин көрсүбүт күммүнэн, эйи­гин кууспут, таптаабыт түүммүнэн. Эн бу дойдуга мин үөрүүбэр, дьолбор төрөөбүт киһигин… Эйигин мин тоҕо умнуомуй? Эн куруутун хайдах бааргыный, ол курдук сүрэҕим үөрүүтүнэн хаалаҕын… Көмүһүөм, ол гынан бу дойдуттан мин биир кичэмэллээх кэрэ суолтан киэр турдум… Оннугунан мин тосхойуллубатах аналлаах эбиппин… Ньургустаана Омуочча хонноҕор төбөтүн кистээн, оргууй ытаан барда. Омуочча кини төбөтүн сүрэҕэр кууһан ылла. ҥр саҥата суох сыттылар. Омуочча сүрэҕэ саҥа баас ылла, ол кини тапталын дьөксө эбии күүһүрдэр. — Этиий, Ньургустаана! Миигин ыл, бу эйигин кууһан сытар сүрэхтиин баарбын эн баҕаҥ туолуутугар. Туһан, доҕорум, миигинэн. — Доҕорум оҕото, киһи ыраас сүрэҕэ да туһалаабата эмиэ баар буолар. Ол эйигиттэн өрүү тутааҕа суох, ол үөһээ үрдүк тойон ыйааҕа — ийэ буолуу дьолуттан маппыт айыым… О, ийэ буолуу, төрөтөр оҕону төлкөлүү, иитэр сүөһүнү күрүөлүү — ыал буолуу, буруо таһаарыы бу саамай айылҕа этиэхтэн эриэккэс, көрүөхтэн күндү суолунан буолар. Оннук күндү сибэтиэй суолтан мин хаһан даҕаны эргиллибэттик маппытынан буолабын, бу чахчы. Чахчы миигин Ньургустаананан, эйигин Омуоччанан ыҥырылларбыт чуол­кайын курдук… Баар буолаллар эбит ынырык­таах чахчылар. Мин ийэ буолууттан мэлийиим бу ынырыктаах ыар чахчы, ытааһын-соҥооһун да көмөлөспөт. Мин бу орто дойдутааҕы дьолум диэн, мин төрөөн ааспыт бириэмэбэр олоҕум эйи­гин кытары эйэҕэс тапталым, кэрэ кэпсэтиим. Бу түүннэр кэрэ усталарыгар тэллэххэ сытар тэҥнээх сэгэрдэммиппинэн, хоонньоһо сытар хо­лоон­ноох доҕордоммуппунан буолан бүттэ­ҕэ. Таптал диэн таптаһан, олох диэн олорон уйаа­ра-кэйээрэ биллибэт усталаах уһун сыллар, кэмэ-кэрдиитэ биллибэтэх элбэх үйэлэр тухары бүттэҕим, бүөлэннэҕим дии санаатахпына… Ньургустаана бөтө бэрдэрдэ, саҥата суох доҕорун лаппыйа кууста, санныттан сыллаан ылла. Бу Омуоччаҕа бүтэриллибэтэх этии бүтэй бэлиэтэ дьөксө күүскэ өйдөннө. Бу буоллаҕа, саҥата суох эйэҕэс таптал диэн. — Туох иһин эн биһиги көрүстүбүт, туох иһин эйигин бачча таптаатым! Иккиэн эрэйдэнэр быа­бытыгар дуо? Эйиэхэ толору сатаан туһалаабат, эн соргун-муҥҥун, эрэйгин толуйбат буолан бараммын тоҕо маннык күүстээх тапталга оҕустардым? — Кэбис, көмүһүм, айыллыбыт аналбыт ол курдук буоллаҕа. Эн миэхэ умнуллубат үтүөлэри оҥорууҥ иннигэр тураллар: олору да толорууҥ миэхэ бүттүүннээх үтүө суолунан буоллаҕа — ол мин ыраас дууһам ырайга айанныыр ыллыгын ыраастааһын. Биллибэт таптал күүһэ Омуоччаны бэйэтин сиэр­тибэтинэн оҥордо. Кини саҥата, тыла, таптала кэнникинэн бүттүүн имэҥ, таптал курдук буол­ла. Кини таптала этитэр тыла, саҥардар саҥата эмиэ даҕаны үрдүк таҥараҕа үҥүү-сүктүү, эмиэ даҕаны Ньургустаанаҕа туһаайыллар курдуга. — Суох, бу барыта кистэлэҥ таптал, кистэлэҥ имэҥ!.. Мин Ньургустаана үйэ-саас тухары умнуллубат холооннооҕо буолабын!.. Суох, эмиэ сымыйа. О, айыы таҥара! Бу имэҥнээх илбис­тээх тапталбын илэ-бааччы эргиттэргин, а­ньыы­та суох тапталбын айыы олоҕор арыйдаргын, Ньургустаанам оҕотук тапталын доҕорунан, хоон­ньоһо сытар холооннооҕунан, тэллэххэ сытар тэҥнээҕинэн оҥордоргун, олоҕум устатын тухары умнуллубат уос номоҕо оҥостуох этим. Өскөтүн мин бу дьикти, көрүөхтэн сүөргү көрүҥнээх айылҕа бастыҥ маанылаах кэрэ айым­ньытын олоҕум доҕоро диэн испэр бүтэйдии үөрэн, кууһан, куустуһан сыттарбын, төһөлөөх үрдүк үөрүү, бастаах атахтаах махтал буолуох этэй! Айыым таҥарам! Сирим симэҕин курдук сиппит сэгэрбин, алтан отум курдук аҥныбыт айыы далбарбын: түүппэх түүн түбүктэнэн, хара дьай хайыҥнанан, кырыыс-хаан кыттыстанан, түөрт түүнүктээх түмэн-бараан түүнүнэн төгүрүтүллэн, хотон чэҥнээх түгэҕэр үөдэн-түгэн быатынан моонньохтонон үс сыллааҕыта өлүк буолбут этэ үрэллэн, аҥардас агдака, кубарыйа куурбут уҥуох буолан, уҥуоргу өртө көстөн, ардьаах туу курдук адьырыйан турара буолуо дии санаатахпына, нохтолооҕум оҕото мөхсөр, мэйиим-санаам иирэр, этим-хааным эймэнэр, ардыгар муустаах уунан саба ыстарбыт курдук этим сааһа арыллар, дьар гына түһэр… Маннык илбистээх имэҥ этиитэ эйэҕэс эттэрин эймэниппэккэ буолбатаҕа, таптал саталаах дьай саҥата аһыныгас айыы куттарын аймаабакка буолбатаҕа: Эйэҕэс эттэрин иэнэ Иэйэхситтэнэн барда, Аһыныгас айыы куттара Айыыһыттанан барда. Имэҥ эрийиитигэр Эккирэтиспитинэн, Таптал куудьуйуутугар Куоппутунан бардылар… Түүн үөһэ буолан эмиэ бэҕэһээҥҥи түүн курдук ыраас үтүө түүн туругурбут. Ый куолутунан көмүс толбонун сир үрдүнэн ыыппыт. Кинилэр күн сирин күнүн түүҥҥү ыйдаҥатын, добун маҥан халлаанын, ыраас салгынын биһирии сыттылар. Ый ыраас толбоно кинилэр үрдүлэринэн аһаҕас түннүк устун хараҥаны хайытан күлүмнүү турар. Көрүүй! Көрүүй да, эн биһигинэн таптанааччы көмүс толбонноох ыйбыт бу сандаара турар бүрүөдэһиннээх улуу куйаарга ойон тахсыбытын. Кини бу улуу дойдубут түүҥҥү күнэ, түүҥҥү саһарҕа чаҕыла. Кини киэҥ сырдык дьулусхана маҥан хаарынан бүрүммүт толооммут ньууругар кылапаччыта оонньоон эрдэҕэ. О, Ньургустаана! Кини кэрэ саһарҕа чаҕыла эн биһигини даҕаны матарбата. Бу таптал аҕыйах хонуктаах сигили тиллиитэ, хайдахтаах күүстээх имэҥ буолан кинилэр эттэригэр иҥнэ, сүлүһүннээх сүмэ уута буо­лан нуһарытта, өйдөрүгэр санааларыгар таҕыста. Саха оҕолоро маннык кытаанах тапталга таарыттарбыттарын, имэҥнэрэ илбистэммитин бу икки эдэр дьоҥҥо көрдөҕүм. Бу таптал, бу кинилэр дьалыҥнара илбистээх имэҥирии этэ. — О, көмүһүөм, күн сирин дьонунан күндүтүк көстөр күҥҥүт күөрэйэрэ буолла. Мин маннык мааны күн саһарҕатыттан саһар кэмнээх буо­луом диэн санаабат этим. Хайыамый, хараҥа хайыҥнаах, түүн түбүктээх түгэн түгэҕэр төннөрүм хара-дьай былыттыы ханна даҕаны хамсаппакка хаппахтыы сабардаан кэллэ. Иһит эрэ, доҕо­руом, сарсыҥҥы саһарҕалаах күҥҥэр тураҥҥын ити иккис ампаар күлүүһүн тылын ылан, тахсан аһан киирээр. Онно аҕам оҕонньор уһанар бары сэптэрэ, туттар мастара, бэстэрэ бааллара буолуоҕа. Онтон сөбүлүү көрбүккүн ылаҥҥын, хаспыт ииҥҥэр сөп буолар хоруопта оҥорон кэбиһээр. Ити мин иэйбит-туойбут, бэ­йэм эрэнэн иэдээннээх эккиттэн элийиэм этэ диэн иилээх-саҕа­лаах иккис көрдөһүүм. Өйдөөр, доҕоруом, өйдөөр. Таптал икки муҥнаахтара уураһа-сыллаһа уту­йан хаалаахтаабыттара. Омуочча Ньургустаананы ыыппатарбын диэн, ыга кууһан сыппыта. Урут куруутун кураанаҕы кууһан сытар буолара. Аанньала ааттаһар-таптаһар сахха айыы санаа­лаах алыһа, кэпсэтэр- сэһэргэһэр кэмигэр киһи гиэнэ килбиэннээҕэ. Ол ааһара-барара кэллэҕинэ абааһылыы ааһар адьынаттааҕа, көтөрө-сүтэрэ кэллэҕинэ көстүбэттии көтөр көрдьүҥнээҕэ. Төһөнү абылыыр-таптатар саҥнааҕа да, оччонон кутурҕан төргүүлээх буолара. * * * Омуочча сарсыныгар туран аһаабыта буолбута, иһигэр ас барбат этэ. Бу кылгас кэмнэр киниэхэ, маныаха диэри олорбут кэминээҕэр олус охсуулаахтара. Ол курдук өйө-санаата үрэлиннэ, сүлүһүннээх тапталга сүүйтэрдэ. Кини таптыыр доҕоро Ньургустаана көрдөһүү­түн төһө даҕаны сүрэҕэ курдаттыы сэрэйбитин үрдүнэн, ханнык эрэ биллибэт дьалыҥа, күүһэ бүтэйдии маннык ынырыктаах суолу толорорго күһэйэрэ. Билэ-билэ даҕаны бэйэ кимнээҕэр даҕаны ордук таптыыр киһитин көмүллэр дириҥ иинин хаһабын, сытар хоруобун оҥоробун диэтэххэ, холобура суох ыар суол этэ. Соторутааҕыта аҕай саҥа көрсөн, саҥа тапталы күөдьүтэн, саҥа олох минньигэһин, таптыыр доҕор диэн тугун саҥа таайтаран иһэн тэҥҥэ кини көмүллэр иинин хаһа, сытар хоруобун оҥоро сылдьар диэн ордук кытаанах. Оттон Ньургустаана билигин тыыннаах, адьаһын саҥа үөс­кээбит сир симэҕин курдук ситэн эрэр үөрүү мичилэ, сүрэх үөрүүтэ ээ… Олоххо эҥин даҕаны күүтүллүбэтэх күтүр суоллар, кэтэһиллибэтэх кэтинчэ суоллар баар буолар эбиттэр. Омуочча тэҥнэһиэ дуо, иккис ампаар иһигэр киирбитэ: Сэһэн оҕонньор уһанар араас сэптэрэ кыдьымах курдук кыстанан тураллара. Онтон атын соччолоох суоҕа. Ньургустаана эппитин курдук, кураанах хайытыллыбыт бэстэр ампаар эркиннэригэр өйөннөрү ууруллан тураллара. Омуочча бары туттар сэбин, маһын ылынан, бүгүҥҥү үтүө күнү быһа, түөртүүр ынах ааһыар диэри хоруоп оҥорон быһа дүрбүүтээн таҕыста. Бу Ньургустаана иэйэ-туойа көрдөспүтүн толорор. Хараҕын уутун чочум буола-буола сиэҕин таһынан соттон кэбиһэ-кэбиһэ үлэлээбитэ. Бүтэрбитэ уонна хоруобун хаппаҕын буорга көмүллэн көстүө суоҕа дии санаабакка, саныыра үчүгэйэ бэрдиттэн буоллаҕа буолуо, быһаҕын уһугунан араас оһуордары оҥоро олорбута. Оҥорумуна, сатанара-кыаллара буоллар, ити бэ­йэлээх тыыннаах сылдьар кэрэ айымньыны уҥуох тутар киһи, бүтүннүү даҕаны кыһыл көмүһүнэн кутан хоруоп оҥорорун кэрэйиэ суох этэ. Оттон кини көмүһүн оннугар көмүс курдук санаан, тутан-хабан оһуор оҥоруута буоллаҕа. Бүгүн күн ортотуттан ыла хотуттан-арҕааттан кыра сиккиэр тыаллаах. Хаар түһэн тэллэҥ­ниир. Бу кыстык хаар этэ. Аны мантан инньэ кыһал­ҕалаах кыһыҥҥы хонуктар ааҕыллыбытынан бараллар… Тыас иһиллээтэр им-дьим. Арай умайа турар уот тыһыргыыра уонна Омуочча хачыгырыыр тыаһа. Омуочча үлэлээн бүтэн баран, оронугар баран умса түһэн сытта. Кини бу бүгүҥҥү үлэтиттэн сылайан, сынньанаары сыппыта. Кини бүгүҥҥү күн бүтэйдии тууйуллубут санаатын таһыгар таһаараары, эрэйдэммит санаатын эргитээри ытыы-соҥуу сытта: “… Мин олоҕум түүҥ­ҥү түүл курдук иҥэн-сүтэн эрэр… Хайдах мин Ньургустааната суох сатаан олоруохпунуй?! Аны мин кинини букатын көрбөппүн. Һгүс күннэр, сыллар аастар ааһан иһиэхтэрэ. Оттон кини куруутун суох да суох. Мин ытыам, ыллыам, ыҥырыам. Кини эмиэ суоҕун курдук суох. Кини олох даҕаны истиэ суоҕа. Бу маны өйдөөтөхпүнэ мэйиим-санаам эргийэр, этим-хаа­ным эймэнэр, сүрэҕим долгуйар, сүһүөҕүм мөхсөр – букатыннаахтык өлүүгэ буллардаҕым, тыыннаах сылдьар накааһыгар бардаҕым диэн… О, сордоох уол оҕо бу оһоллоох орто дойдуга төрөөн хааламмын, хаарыаннаах эппин-хааммын эймээн, соҕотох сүрэхпин сордоон эрдэхпин көрөл­лөөр-көрбөт­төөр!.. Тугун баҕас кураанаҕай, куһаҕанай?! Тапталлааҕым оҕотун куустарбын, түөспэр ыга тартарбын, уураатарбын, баччааҥҥа диэри кураанахсыйбыт түөһүм иһэ үөрүү, таптал минньигэс уоскуурунан туолуох этэ… Доҕоруом, Ньургустаана, тугу көрөн-билэн сылдьар буоллуҥ? Эйигин көрбөккө сылдьарбар ахтылҕан уотунан умайан барарга дылы буолабын…”. Киэһэ буолан дьиэ таһа хараҥарда. Омуочча кураанах балаҕан иһигэр соҕотоҕун сону бырахпыт курдук сытар… Күһүн буолан араас күннэр-дьыллар эргийтэлээн, кураанах тыалынан куһуйа, хаардыы-самыырдыы, хаарыаннаах бэйэлээх саймаархай сайыны саппаҕырдан эрдэҕэ, ол курдук Омуочча үтүө кэмнэрэ, чаастара күлүгүрэргэ дылыта. Бу кэмнэрэ киниэхэ туохха да майгыннаспат этилэр: эмиэ да үөдэн-таһаан, эмиэ да үөрүү-көтүү күннэрин курдуга: таптала-кини үөрүүтэ, хоруоба- кини өлүүтэ! Онон бу күннэр – үлүгэрдээх үөрүү, илбистээх имэҥ күннэрэ диэн буолуохтарын сөп… О, дьикти сах кэмнэрэ ааһыталаан эрэллэр… Айылҕа хотун күтүр күһүнэ күһэйдэ. Ол курдук кини күнэ эмиэ күһүннүрдэ. Кини сэбирдэхтэрэ хагдарыйа-хагдарыйа түһүтэлииргэ дылылар. Уу чуумпу ортотугар соҕотох ыар санаатын кытары, эрэйин-муҥун эргитэ сытта. Хараҥа түүн обургу туох даҕаны тыаһа суох кыараҕас алааһы бүрүйэн кэбистэ. Омуочча туран уотун оттон баран, оҥостон сыппытынан барда… Кини ити курдук кимиэхэ даҕаны тэҥнэммэт кэрэ айымньытын күүтэн сытта… Балайда өр сыппытын кэннэ куолутунан хотон түгэҕин диэки туох эрэ тыаһа өрө хачыгырыы түһэрин кытта, уот сандааран сүтэн хаалла. Чуумпу. Хотон иһигэр туох эрэ кыыкырдыыр, таһыргыыр. Онтон уот сандааран сүтэр. Өр кыы­кырдаан-кыыкырдаан оһох кэннигэр тахсан кэлиитигэр, бэҕэһээ киэһээҥҥи киһи кырбас даҕаны этэ суох өлүгүн уҥуоҕа ардьаҥнаан көһүннэ. Хабарҕатын туохха эрэ ыга туттарбыттыы уҥуоҕу уҥуохха аалбыт тыаска маарынныыр хаахынас саҥа иһиллэргэ дылы гынна. — Ньургустаана! О, сүрүн ньии, көмүһүм туох муучутугар булларан сырыттаххыный?! Илэ бэйэҕинэн эргийэ тардыый, айыы бэйэҕинэн аттыбар буолууй! — Омуочча өгдөс гынан ити аҕыс мүһэтэ адаарыйбыт өлүк диэки аһыммыт, тап­таабыт уулаах хараҕынан ааттаһардыы: “О, кэлиий даа”, — диэх курдук көрө турда. Таптал сиэртибэтэ! Таптал ити курдук кытаанах. Уот сандаарыс гына түһэрин кытта тэҥҥэ өлүк уҥуоҕа нөрүс гынан, иһирдьэ кыайан өрүһүммэккэ сууллан түһэргэ дылы гынна. Ол кэнниттэн Ньургустаана сырдык балаһатыгар өрүһүммүттүү өгдөс гынан баар буолла. Ити барыта этиэх бэтэрээ өттүнэн буо­лан ааста. — Ама да мин адьарай сиригэр аттаммытым иһин, умса-төннө анньыллан айыым сиригэр бүдүрүйэ-тэмтэрийэ сырыттахпын ньии… Эйигин куттаныа-куойуо диэммин, өлүк бэйэбинэн көстүмээри өһөстүм да этэ. — Таптыыр диэн, доҕоруом, туһунан буолар эбит. Сэгэрим оҕото сибиэн да буолбут бэйэҥ сибиэккэппэт. Ити ардьаах туу курдук аҕыс уҥуоҕуҥ ааҕылла көстүбүтүн иһин, айыы оҕотун курдук көрөбүн. Ньургустаананы кууһан ылан минньигэстик уураата. Кини тапталтан кураанахсыйбыт этин устун имэҥин бүтэй баҕата дьырылыы түстэ. Омуоччаҕа бу тэҥнэбилэ суох сүр үөрүү. Кини бүгүнү быһа сыһаҕастаспыт ыар санаа таһаҕаһа ууллан, иҥэн-сүтэн суох буоларга дылы гынна. Ньургустаана таптала, сыллыыра-ууруура, кууһара – кини тапталын, кини илбиһирбит имэҥин эйэ­ҕэстик ылара, ол киниэхэ тааҕынан ааспатаҕа. Хас ыга куустуһуу, минньигэс уураһыы кинилэр сүр-кэптэрин устун биллибэт итириини кутара. Өйдөрө-санаалара кутурҕан-үөрүү мүөттээх-дьаат­таах сүмэтинэн сүһүрдүллүбүтэ, эттэрэ-хаан­нара итийэ-итийэ дьырылаабыта… Таптал бэйэтин уоругар ылбыта, эйэҕэс имэҥ уоскуурунан билиһиннэрбитэ… Утуппута… Кинилэргэ бу мүччүргэннээх кирбии күннэрэ. Һс түүннээх үтүө дуу, үөдэн дуу кэмнэрин саҕыы­та, сүтэр килбиэнэ. Бу тиһэх кирбии түүн­нэрэ кинилэргэ халбарыйбат хара-дьайдарынан этэ. Маны бу таптал сиэртибэлэрэ нохтолоох сүрэх­тэрин улуйуутунан буоларын курдаттыы билэн, биир тылы бэрсибэккэ, ыгатык куустуһан утуйа сыттахтара. Таптал, таптал… Таһырдьа им-дьим. Ыйдаҥалаах кыһыҥҥы түүн буолан, кыараҕас алаас ньуурун көмүс толбонунан сапта. Маннык дьикти түүҥҥэ саппаҕырбыт санаа саатаныахха, көмчүөрбүт санаа көччүйүөххэ диир кэмэ этэ. Ол арай биһиги муҥнаахтарбытыгар туоратынан туһаайда — бу дьикти түүнүнэн арахсар кирбии чаастара аҕыс кырыылаах өлүү өһөх таас остоолботунуу халбаҥнаабакка ыар санаанан өһөҕүрэ бүрүйэн турара. Түүҥҥү таптал кистэлэҥ имэҥин минньигэс уоскуура нухарытан, утуппут муҥнаах дууһаларын бүтэйдии имнэнэн уһугуннарбыта. Билигин даҕаны кинилэр эттэрин тиксиһиннэрбит таптал ымсыы уота биллибэттик оонньуур этэ. — Ньургустаана, доҕоруом, эйигин кууһаммын, аттыбар көрөммүн хаһааҥҥа диэри сүрэҕим үөрүүтүнэн дьоллонобун? – Эйэҕэс тыл ууруу киксэриилээх буолара чахчы суол эбит. Омуочча истиҥ кэпсэтиитин ахсын Ньургустаананы уураа­бакка буолбат этэ. — Бу кэмтэн ыла эт-хаан өттүнэн эргиллибэттик букатыннаах суолбутунан тус-туспа барабыт, арахсабыт үйэлэр тухары. Ол гынан баран эн биһикки эйэҕэс тапталбыт күндү өйдөбүнньүк буолан умнуллубакка үйэбитигэр хаалыаҕа. Хаал­лын, баҕар үйэ-саас тухары! — О, аһыныый да, доҕоруом, амньыраабыт дуу­һаны! Ханнык сүрэххин уктан тураҥҥын тап­тыыр сэгэргин, эйиэхэ өйүн-санаатын бүтүннүү бэ­йэтин харыһыйбакка сүүйтэрбити, эйигин кимнээҕэр да ордук таптаабыты, ылларбыты, хараҕын уутун кытары соҕотохтуу туга да суох куйаар­га хаалларыах бэйэҕиний?!.. Эн… Омуочча ситэ саҥарбакка бөлүөстэн барда. Кини хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрбүтүнэн барда. Ньургустаана доҕорун хараҕын уутун былаатынан сото-сото ааттаһа сипсийдэ: — Эрдийиий да, эрикэйим оҕото! Миэхэ даҕаны эйигиттэн арахсарга чэпчэки буолбатах. Миэхэ даҕаны эйигиттэн арахсар, матар туһугар ытыырга хараҕым уута дэлэй. Хайыахпытый, доҕоччуок, аналбыт итинник буоллаҕа… Ньургустаана эрэйдээх тулуйбата, эмиэ ытаан барда… Эрэйдээх, ытаһыылаах эдэр сүрэхтэри ордук ыксалаһыннарааччы, ордук күүскэ эй­мээччи… Кинилэр ытаһа сыталларын санаатахтарына сүрэхтэрэ ыалдьар. Истэригэр хардарыта: “О, доҕорум, ытаама да! Мин сүрэҕим онто да суох эн тускар ытыыр-соҥуур, иэйэр-туойар. О, тохтоо да, доҕоруом!” — Бу санаалары хайалара да таһыгар таһаарбатаҕа. — Бу дойдуга эн миэхэ соҕотох сүрэҕим дьолунан, көрөр хараҕым үөрүүтүнэн буолаҕын. Эн миигин хаалларан бардаххына, эн миигин аһым­матаххына, мин бу дойдуга кыайан сылдьыбаппын. Эйигин кытта бииргэ сылдьар иһин төрөө­бүт дойдуттан матарым, иитиллибит ийэ сирбиттэн тэйэрим улахан буолбатах… О, эн эрэ баар буол! — Көмүһүм оҕото, көрдөһөбүн, ити тылы хаал­лар. Эйиэхэ бу курдук куруутун баар буолар туһум суох. Бу орто дойдуга илэ бэйэбинэн үс күн эрэ көстөр гына тускуллаахпын. Онтон атыныгар аньыыбын тугу кистиэмий: курбуһах кыыһа буоламмын кураанах тыаллыы куугунуубун, силлиэр сиргидэх буоламмын силлиэ тыал­лыы сирилиибин, айыы санааттан арахсан абааһы саҥнанабын… Доҕорум оҕотоо, буолбат суолунан моһуйсаҕын. Бэйэҕин да, миигин да эрэйдиигин. Анал диэн алдьархайдаах суол ээ. Этэриҥ курдук оҥорор эбит буоллар, орто дойду оҕото ордук өлүөх этиҥ. Һөр буолбут адьарай кыыһа алтыс хонуктан анараа өттүгэр абааһы саҥнанан, аанньалым оҕотун амсыырдаан бараммын, абааһы оҥоруох айыыккам турдаҕа. Кэбис, доҕоруом, көрдөһөбүн! Омуочча тапталлаах доҕорун кытары олорор иһин имэҥин баҕатын уу да, уот да туппат, бу үлүгэрдээх сэрэтии да чаҕыппат. Орто дойдуга олороро табыллыбат буоллаҕына “уот” дойдута диэн даҕаны баар буоллаҕына кэрэйбэт. Кини Ньургустаананы кытары баар эрэ буоллун! — Мин эйигин кытары баар буолуум. Эйигин кытта эрэ бииргэ сылдьыым, ол иһин мин тугу даҕаны кэрэйбэппин. Кэл миэхэ, киминэн кэлэҕин. Маннык аанньал оҕотун курдук доҕорум адьарай буолан амсыырдаата дии санаан даҕаны өллөхпүнэ, ордук астыктаах буолуоҕа. Өлүү диэн баар буоллаҕына, эйигиттэн өлөрүм миэхэ күндү. Өллөрбүн, иккиэммит дууһата эрэйэ суох таптаһа холбоһуох этилэр. Кыайан өлөрбөтөргүн, абааһы да буолан амсыырдыыртан аккаастаннаргын, мин бэйэбинэн… Ньургустаана ити этиини ситэ саҥарпакка саба түһэн Омуоччаны уураан ылла, олус ыксаата, уолуйда: — Күнүм сирим күндүтээ, аһыныый да миигин! Ханнык ааттаах маннык хабыр санаатын кытта ханыыластыҥ, өлүү санаатын кытта үтүрүстүҥ… Ааттаһабын аналлааҕым оҕотоо, аһын, харыһый! Эн өллөххүнэ биһигини ким уҥуох тутуоҕай, ким сиргэ кистиэҕэй?! О, өйдөн да, доҕоруом! Буор куппут буорга булулла илигинэ, ийэ куппут сиргэ кистэнэ илигинэ, сырдык дууһабыт ырайга тахсыбат аналлаах. Мин бу үс сыл эрэ устатыгар төһөлөөх иитэ-аана биллибэт илдьиркэйгэ, түгэҕэ-дириҥэ биллибэт түгэҥ­ҥэ түбэһэн, төһөлөөх муучуга-муҥҥа сылдьарбын билэриҥ буоллар, миигин бачча эрэйдиэ суох этиҥ… О, доҕоруом, быыһаабычча быыһаа, санаммытыҥ курдук салаллыый! Эн миигин аһыммытыҥ буолбат дуо? Мин икки көрдөһүүбүн толорбутуҥ буолбат дуо? Көмүүй миигин, көмүүй – ити буолар үүннээх-тэһииннээх үһүс көрдө­һүүм! Мин өлүкпүн көтөҕөҥҥүн миигин күн сиригэр үтэйэриҥ оннугар, бэйэҕин күл-көмөр оҥорума. Кураанах тыал буолан хонуу, тыа устун кураанаҕын куугунуур кураһын билэн сылдьабын. Силлиэ тыал буолан силлиэрии сэттэтин билсэн сылдьабын. Истиий да, ыл, мин иэйбит-туой­бут этиибин. Уолҕамдьы санааны ылыннаххына, доҕоруом, хаһан даҕаны оспот суолу оҥороҕун, баламат суолу ылыннаххына, баһа-атаҕа биллибэт аадка анньыллабыт. Күнүм оҕо­тоо, көрдө­һүүбүн ылын! Бу түүннэрэ кинилэргэ ытыы-соҥуу, иэйии-туойуу эрэ кэминэн буолла. Буолумуна, кинилэр курдук күүскэ таптаһааччылар букатын арахсаммыт ыпсыыта биллибэт ырааҕынан сылдьыахпыт дии санаатахтарына – олох, өлүү тэҥнэһэргэ, түөстэрин иһигэр кураанах имэҥ төлөнө умайар­га дылы этэ. — Өлүүлээх үтүргэн, хааннаах хара сах дьыл­ҕата, өлбөт өлүү үлүгэрэ буолар да эбит! Эттэҕиҥ-тыыннаҕыҥ эгэлгэтин, муҥнаннаҕыҥ-муҥатыйдаҕыҥ буолунайын… Көмүһүм оҕотун көрбүтүнэн көмүөм буоллаҕа дии санаатахпына, күн санаам күрэнэргэ, айыы санаам арахсарга дылы гынар. О, дьэ хайыамый, ханна даҕаны харыс хамсаабат гына хара дьайынан хайыҥнаммыт, өһөх өлүү былытынан үрүттэммит буоллахха, эн этэриҥ курдук буолаа ини… Баҕар көмнөр көмүүм! Эн кырыыстаах санааҥ туолуута мин күммүнээҕэр күндү! — Күн санаа! Эйиэхэ махталым, эйэҕэс тапталым муҥура суох дириҥ. Эн үтүө санааҥ мин үрдүк үөрүүбүнэн буолан, үөһээ да олохпор умнуллуо суоҕа. Дьэ, доҕоруом, арахсар күммүт адаҕыйда, барар кэмим буолла. Онон быралыйар бырастыылаһар күммэр бүтэһик көрдөһүүм: сарсыҥҥы сардаҥалаах күҥҥэр тураҥҥын, хотон иһигэр ыйанан турар өлүкпүн хоруоптаан, хаспыт ииҥҥэр илдьэҥҥин көмөн кэбиһээр. Бука диэн, доҕоруом, дэҥнэммит быабар быһахтанар эрэ буолаайаҕын. Оччотугар оспот суолу оҥоруоҕуҥ, өрөһүллүбэт үлүгэри үөдүтүөҕүҥ. Доҕорум оҕотоо, мин эйигин таптаабыт бэлиэбинэн, хаһан эрэ күндүлээн көрө сылдьыбыт кыһыл көмүс биһилэхтээх этим, ону үһүс ампаарга киирэҥҥин, аҕам миэхэ оҥорбут оһуордаах ойуу­лаах дьааһыгыттан булуоҕуҥ. Ол эйиэхэ мин тапталым бэлиэтинэн буоллун! Оттон мин дьиэм-уотум бу кэмтэн ыла эйиэнинэн ааҕыллар. Дьэ, итинэн этэрим бүтэр. — Хонор буоллаххына, сарсын түүн эрэ хо­ноор, доҕорбун үтүө түүҥҥэ араҥаччылаан барыаҕым. Кэтэһэҥҥин утуйбакка эрэйдэнэр буолаайаҕын. Оо, көмүһүм, күн санаа! – Ньургустаа­на үөрүү­түттэн да, махталыттан даҕаны тахсыбыт уулаах хараҕынан утары көрбүтүнэн кууһан ылла. Уһун үлүгэрдик уоттаах уоһунан уураан ылла — Дойдугар тиийэн миигин кытаатан умнарга күһэллээр. Һс сыллааҕыта өлбүт өлүк иччитин Ньургустаананы таптаабытым диэн күн оҕолорун таптаабат, олох олорбот буолаайаҕын. Омуочча туох даҕаны саҥата суох истэн, доҕорун ыга кууһан сытта: — Кууһууй да, мин тапталлааҕым, кытаанахтык, баҕар туох эмэ бэлиэ хаалаарай. Куус, куустуһуох, баҕар онтон таптал төлөнүнэн умайбыт сүрэхпит ымсыыта чугаһастын, кыаллыбатар кыра буола үллэһиннин! Истиҥник санаһар дууһаларбыт булсубут, куустуспут, кистэлэҥ имэҥ амтанынан курдаайылар. Кыаллыбатар кырыыска көттүннэр. Таптал иһин хайдыбыт сүрэхпит, доҕордоһор иһин туман буолан көппүт дууһабыт ол дойдуга бииргэ сылдьыахтара. Кинилэр онно хаһан даҕаны арахсыахтара суоҕа. Баҕар имэҥмит илбис кыыһын кытары иэхэйдээтин, дууһабыт оһол уолун кытары ордоотоотун. Баҕар, бардын – дьикти ырыалар дьиэрэйбит, оонньуу-уйгу туругурбут, саппаҕырбат саһарҕа сарсыардалаах, күлүмүрдэс күнүс күннээх улуу тунах туругурбут дойдутугар! О, доҕоруом, мантан инньэ бу дойдуга олорор иһин охсуһууттан, тыыннаах сылдьартан, тыын харыһынартан, дьол иһин дьулуһууттан уурайдым. Аны миэхэ бары барыта: үчүгэйдиин-куһаҕан­ныын, үөрүүлүүн-үтүгэнниин тэҥ буоллулар. Мин дьолум диэн — эн ыксаҕар сылдьыы. Мин үөрүүм диэн эйигин иннибэр көрүүм. Биир тылынан: үөрүүм-көтүүм, дьолум-соргум диэн эн буолаҕын. Ол аата эйигин куоттарыым — көрөр хараҕым күнэ умуллар, тэбэр сүрэҕим үөрүүтэ өһөр… Омуочча саҥата мөлтөөн ах барбыта. Балаҕан иһэ тугу эрэ күүппүттүү хараҥанан туолан, лүҥкүрэ долгуран турбута. Ыраас халлаан оройугар сырдык сулустар кылапаччыһаллара. Һтүө санаалаах ый алаас соҕуруу тыатын үрдүнэн үөһэттэн өҥөйөн, түүҥҥү айылҕа маанылаах кыыһа буолан, кыһыл көмүс толбонноох солко былаатын дьулусхана дойдубун бүрүйэн турда. Сыһыылар, толооннор кыһалҕалаах кыһыҥҥы кэмнэрэ кэлэн, кырса түүтүн курдук кылбаҕар хаар саҕынньаҕынан саптан, солко толбонун кытары хатыһа араас дьикти дьүһүннэри биэрэ сытар. Маннык бэйэлээх үтүө түүҥҥэ арай Омуоч­ча эрэйдээҕи өтөрүнэн билбэтэх таптала уонна ыар санаата курдаан сыттаҕа. Доҕорун кууспутунан: “Куустуһуох, уураһыах”, — диэбит тиһэх санаатыныын курдаттыы ымсыы имэҥэр таттаран утуйан хаалбыта. Куолутунан Ньургустаана кураанаҕы куустаран, куоппут этэ. * * * Сарсыарда уһукта биэрбитэ, оронун сыҥаһатын кууһан сытара. Ойон туран уотун оттунан, чэй өрүнэн аһаабыта буолан көрбүтэ. Аны кэлэн хайыаҕай, доҕоро үһүс кичэмэллээх көрдөһүүтүн толорорго бардаҕа. Хоруобун көтөҕөн хотоҥҥо киирбитэ доҕоор, хотон түгэҕэр өһүөттэн түспүт эриэн ынах быатыттан иҥнэн, кырбас даҕаны этэ суох киһи дар уҥуоҕа силгэ силгэлэриттэн эрэ тутуһан, букатын көрүөхтэн ынырык гына кубарыйа кууран турара. Сүрдээх суол! Бии көрүөхтэн көрө сүөргү үчүгэй айылҕа биир бастыҥ мааны айымньыта бу буолан, аҕыс мүһэтэ ааҕыллан, баара-суоҕа барыта кубарыйа кууран турдаҕа диэн санаатахха… Омуочча кэлэн хоруобун оргууй сэрэнэн ууран баран, онтон мантан салҕанан ыйам­мыт быатын сүөрээри ыттыбытынан барда. Сордоох, быһа сытый! Икки илиитэ куҥ буолан кыайан сүөрбэккэ сордоно турдаҕа: “Аа! Ынырыгын, ыараханын! Мааны бэйэккэлээх көмүс түөстээх күөрэгэйбин, алтан түөстээх далбарбын, тахсыбыт күнүм сардаҥатын, киирдэр күнүм килбиэнин көрдө көрбүтүнэн буор дойдубар булларыах, сир ийэбэр кистиэх бэйэм буоллаҕа… Ынырыгын, ыарын…”. Быатын сүөрэн көрдө, кыайан сүөрбэтэ. Хараҕыттан уу-хаар баста, ааттаспытынан барда: — Оо, көмүһүөм, Ньургустаанам оҕотоо! Һлүгэрдээх суолу өҥөйдүм быһыылаах. Эппитиҥ курдук оҥорумаары гынным. Илиим-атаҕым барбат, санаам буолбат. — Илин диэки хайыһан, тобуктуу түһэн баран, иэйэ-туойа көрдөһө, үҥэ-сүктэ тоҥхойо турда: — Аһыныгас санаалаах айыы тойон таҥара, аһыныый да атаҕыҥ анныгар күлүк­күн! Көрдөрүүй көмүһүм оҕотун, көрдөр даа саатар биирдэ. Көмүһүм оҕотун бу күн сиригэр биир­дэ көрөн аастарбын, күрэммит дьолум туһунан күтүрүө суох этим. Аанньалым оҕотун ааһан иһэ­рин да көрдөрбүн, астынарым оччо буо­луо этэ… Таптал диэн туохтан даҕаны тутааҕа суоҕа, ханныктан даҕаны хааччаҕа суоҕа, айылҕа бэйэтэ туспа сокуоннааҕа чуолкай эбит. Омуочча үс сыллааҕыта өлбүт доҕорун өлүгүн эргийэ хаама, ытыы-соҥуу, ыҥыра, өлбүт дууһаны үөтэрэ сырытта: “Мин эрэ буолбаппын дуо эйигин бу курдук күүскэ таптаабыт, ылларбыт? Эн биһикки таптаһар этибит буолбат дуо? Хараҥа түүнтэн хаай­тарбакка икки дойду биистэрэ булсуһан, ыксары куустуһан-уураһан, эйэҕэс имэҥмитин этиппиппит, эйэлээх сэһэни кэпсэппиппит буол­бат дуо? Ньургустаанам оҕото, эргийиий даа биирдэ илэ дьүһүҥҥүнэн. Көрдөһөр да тыл күттүөн­нээх, биирдэ көстөн аас, ааттаһар да ахсааннаах буолар, саатар, таспынан ааһыый!”. Һөһээттэн анабыл манныга эбитэ дуу, үлүгү­нэйбитин, түһээбитин кэпсиэх бэйэм дуу?! Эппит тылын дорҕооно сүтэрин аҕай кытары ыйанан турар сордоох өлүк уҥуоҕа иҥиэттэн хачыгыраата, сандаарыс гына түстэ. Омуочча иннигэр илэ субу баар буола түһэргэ дылы гыммытын, били сордоох кууһан ылла. Бокуойа суох уураан, сыллаан барда… …Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ кубарыйа кууран хаал­быт өлүк төбөтүн уҥуоҕун ууруу-сыллыы, өрө туста турар эбит. Этин сааһа дьар гына түстэ, куйахата ытырбахтаата: “Бу туох үлүгэрин оҥосто турар сордоох дууһабыный?”— дии санаат, бокуойа суох иҥнибит быатын сүөрбүтүнэн барда: “О, айыым таҥарам маннык эрэ санааны уктаргын”. Доҕорун уҥуоҕун биири даҕаны буорга-сыыска булаабакка, хоруобун иһигэр ууран кэбистэ уонна оһуордаан киэргэппит хаппаҕын оргууй сабан баран, балаҕаҥҥа таһааран бэстилиэнэйин өр одуулаан, быраһаайдаһа, хараҕыттан уу-хаар баһа олордо… Аны кэлэн хайыаҕай?! Тэҥнэһиэ дуу, сэргэстэһиэ дуу, хоруоптаах доҕорун бэркэ сэрэнэн, сибэкки сэбирдэҕин курдук тутан, иинин түгэҕэр ууран кэбистэ. Ол кэнниттэн сэрэнэн тахсаат, лаппаакы маҥнайгы буорун хоруоп үрдүгэр түһэрдэ. Бүтэҥи тыастан этин сааһа арылынна, өрүһүспүт курдук буору утуу-субуу түһэртээбитинэн барда. Сотору хоруоп муннуктарынан эрэ буор быыһынан көстүтэлээн баран сүтэн хаалла. Буор буорга түһэр бүтэҥи тыастара эрэ иһиллэллэрэ. Көмөн бүтэрдэ. Өр таалан сибилигин аҕай иини толорон томтойбут саҥа буору, доҕорбун аны биирдэ көрдөрбүн диэбиттии, тобулу одуулаһан туох даҕаны саҥата суох турда… Эрэйдээх дууһа этэ эрэ турар. Күн киэһэрэн, хайыы-үйэҕэ арҕаа тыа баһынан олордо олорбутунан киирэн эрэр. Хотуттан, арҕааттан тымныы сиккирэс тыал иһиирэр. ­Чуумпу. Туох даҕаны биллибэт. Арай ол курдук балаҕан түннүктэрэ харааран, чөҥөрүһэн көстөл­лөрө. Бу кыараҕас алааска туох даҕаны буолбатаҕын курдук. Омуочча сордоох ойоҕун уҥуоҕун кэннигэр умса түһэн сытар. Хотугу кылысхан тыал кинини үрдүнэн сирилэччи үрэр… Иһий даа, саатар биирдэ, уордаах хотугу тыал! Тохто­тууй дьаныардаах чысхаан дьулусхаҥҥын! Баҕар кини Ньургустаана доҕорун сүрэҕэ улуйан ытыы­рын истээрэй… Бу курдук сордонон төһө бириэмэҕэ сыппытын, төһөлөөх хараҕын уутун тохпутун билбэтэ. Арай турбута — күн киирэн эрэрэ. Кини этин сааһын тымныы тыал сайа охсон өйдөммүт бадахтааҕа. Буорун-сыыһын тэбэнэн, күрдьэҕэр та­йанан, сонун сиэҕинэн хараҕын уутун сотто-сотто: “Быраһаай, Ньургустаана, быраһаай! Һйэ саас тухары быралыйар бырастыы… Эйигин тымныы буор уоругар кистээммин аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күммүттэн араҕыстым. Мантан ыла тиһэх кирбии өлүү чааспар диэри санааргыы-амньырыы, долгураҥ түүнүнэн бүрүлүннэҕим…” Оргууй дьиэтин диэки сиҥнэҥнии тураахтаата. Күн киирэн, халлаан хараҥа түүнүнэн бүрүл­лэн эрэр. Хотугу чысхаан тыал ордук сэтэрэн, саҥа көмүллүбүт киһи буорун бокуойа суох көтүтэр. Омуочча сордоох соҕотоҕун ыар санаатын кытта уота суох хараҥа балаҕаҥҥа утуйаары олорор. Кини тула өттүн иччитэ суох уулаах хараҕынан миин курдук көрөн, аатын эрэ сүөдэ­йэн олороох­туур. Оронун таҥаһын тутан көрөр, оргууй уту­йарга тэринэр. Кини туох даҕаны тыаһа, саҥата суох да олордор, төһөлөөх дохсун санаа буур­ҕатын иһигэр тууйан олороро буо­луой? Ону бэ­йэҕит сыаналаатаххыт. Һс сыллааҕыта өлбүт өлүк тапталын үс ыйдаҥалаах түүнүнэн билэн аастаҕа. Һс түүннээх күн алдьаммыт дуу, абыраммыт дуу олоҕо уурайдаҕа… Ытаабыт хараҕын уутунуун, күүтүллүбэтэх көстүү көрдөрбүт көмүскэтин уутунуун улук буо­лан утуйан, түлэй бараан түүн ийэтигэр түүл түһээн түҥнэстибитинэн барда… … Саас буолан бары барыта тиллэн, от-мас көҕөрөн, көтөр кынаттаах араас биистэрэ кэлэн, дойду туолан, күөҕүнэн тунуйан турбута. Сыһыы­лар, тыалар араас саҥалаах чыычаахтар ырыаларынан туолбуттар. Күндү көмүс күөмэйдээх күөрэгэй чыычаах күн көмүс олоҕу туойбут. Кэрэ чуор куоластаах кэҕэлэр кэтэх тыаларга кэҕиспиттэр. Алаас-алаас аайы араас алтан төбөлөөх аанньал курдук сибэккилэр анньыллыбыттар. Боҕуруо­дьусса отун курдук киһи муннун-уоһун кэрэ дыргыл мүөттээх сытынан дойдум үүнээйилэрэ хонуунан, тыанан хаамтах аайы сабыта биэрэ турар. Айылҕа киһилии үөрэн-көтөн, ситэн силигилээн, бүтэйдии уоскуйан от-мас лабаата нас­кыйа долгуйар. Маннык үтүө кэмҥэ биһиги киһибит биир ортотугар булгунньахтаах киэҥ да киэҥ алаас куулатынан истэҕинэ, тыа быыһыттан кини сүрэҕин үөрүүтэ Ньургустаана маҥан былааты илиитигэр тутан, өҥүрүк куйаастан тэтэрэ буһан, имин хаана кэйэн, үөрэн-көтөн өгүрүк-төгүрүк көрөн, утары хааман иһэрин көрөн Омуочча: — “Уу-у, доҕорум сыыһа, бу сылдьар эбиккин дуу?” — диэн олус үөрэн, чэпчээн, утары сүүрэн тии­йэн илиититтэн ылбыта. Ол курдук сиэттиһэн, сыһыы ортотугар баар булгунньахха тахсыбыттара. Онно туран Ньургустаана доҕорун илиитин аҥаар илии­тинэн тутан, былааттаах уҥа илиитинэн тула айылҕаны далбаатыы-далбаатыы: “Көр эрэ, көмү­һүөм, бу биһигини тула айылҕа тупсубутун, дьэрэкээн симэҕинэн симэммитин, суугунуур солконон сууламмытын! Көр эрэ, кэрэ куоластаах кэҕэ көтөр кэрэ чуор куолаһынан кэҕийэн эрдэҕин. Күндү көмүс күөмэйдээх күөрэгэй чыычаах күн көҥүл олоҕун туойа дьырылыы турдаҕын! Дабыдал мааныта татыйык чыычаахпыт тахсан туойан эрдэҕин! – Доҕорун кууһан-уураан ылла: – Бу сандаарар саһарҕа чаҕыллаах устата-туората биллибэт улуу куйаар киэҥ даланын үрдүгэр тахсаммын, көмүс ньээкэ уйа­лаах күн бииһин ууһугар олоруом. Ол дойдуттан мин эйиэхэ тапталым, эҕэрдэм диэн кыһыл көмүс күн дьулусхана буоллун!..” Ити курдук имэҥнээх тыллардаах кэриэһин ­хаалларан, кыһыл көмүс биһилэх буолан үөһэ көй халлаан иэнигэр төгүрүйэ, кылапаччыйа сүтэн хаалла. Омуочча одуулуу турбутунан уһукта биэрдэ. Көмүс толбонноох күн күөрэйэ тахсан үрүҥ хаар ньууругар үҥкүүлээн, эҥин араас ойуу-бичик түһэртээн эрэрэ. Аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күн алаарыйа тахсан айыы дьонун олоҕун албаан эрэрэ. Омуочча туран аһаабыта буолан баран, ам­паарга тахсан туох ханнык иннинэ Ньургустаана тапталын бэлиэтин көмүс биһилэҕи ылан, ылгын тарбаҕар кэтэн кэбиспитэ. Бу биһилэх Омуоч­чаҕа туохтааҕар даҕаны күндү, бүөмчү сананар, сүрэҕин үөрүүтүнэн буолар суос-соҕотох бэлэҕэ этэ. Ити курдук иччитэх балаҕаҥҥа үс хонон, күөх отунан аһыы турар атын ыҥыырданан, дойдулаа­ры доҕорун уҥуоҕар кэлэн, туох даҕаны саҥата суох төһө эмэ өр көрөн турбута… Атын миинэн аҕыйахтык хаамтаран эрдэҕинэ, биир ымыы чыычаах доҕорун уҥуоҕуттан көтөн тахсан, Омуочча үрдүнэн дьырылыы ыллаан, илин диэки көтө турбута. Маны көрөн Омуочча хараҕыттан уу тахсыбыта: “Аньыыта суох чыычаах оҕото, төһөлөөх ыар санааны сүгэ сылдьан, үрдүбүнэн ааһан иһэн, дьикти ырыатынан быраһаайдаһан ааста дии. Быраһаай, чыычааҕым, быраһаай! Аны эн кэрэ мөссүөҥҥүн көрүөм, дьикти ырыаҕын истиэм дуо?”. Хараҕын уутун сотто турда. * * * Бу таптал туһунан саха норуотун биир былыргы үһүйээн кэпсээнэ этэ. Баҕар эн, ааҕааччы, күрэммит тапталлаах буоллаххына, эдэр дьоннор эрэйтэн таһаарбыт эҥинэ тылларын бэйэҕэр холооҥҥун элэктээбэккэ, хааппыла саҕа аһынар хаан­наах буоллаххына, сүрэххин туттан көрөө­рүгүнүй диэммин үтүктүбүтэ буоллум. Ньургустаананы тыыннаах эрдэҕинэ ыйытан барбыт оҕо – Омуочча этэ. Ону Омуочча Ньургустаана алааһын туораат өйдөөбүтэ. Ол күн доҕорун уҥуоҕар сытан туораабыта үһү. Михаил Ефимов-Батыйахан, 1941 с. «Чолбон» уус-уран сурунаалтан. Ааптар туһунан маны баттаан аах.
edersaas.ru сайтан