Кэпсээ
Войти Регистрация

Соһуччу таптал (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Соһуччу таптал (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
17.02.2017 21:00
Таптал дьоҥҥо араастаан бэриллэр. Төһө даҕаны уһун кэм аастар, эдэр дьоҥҥо анаан хаһыакка суруйарга быһаарынным. Мин 80-с сыллар бүтүү­лэригэр Новосибирс­кайдааҕы университеты бүтэрэн, инженер идэтин баһылаабытым. Үөрэҕим кэнниттэн Москваҕа (ол саҕана баай тэрилтэ этэ) тутуу тэрилтэтин кытары дуогабар түһэрсэн инженеринэн үлэлии барбытым. Сэбиэскэй Сойуус оҕолоро буоламмыт, уопсай кэллэктииби кытары биир тылы түргэнник булбутум. Нууччалыы да үчүгэйдик саҥарарым. Биэс сыл биллибэккэ ааспыта. Дуогабарым болдьоҕо номнуо бүппүтэ эрээри, миигин ыыппатахтара. Бу биэс сыл иһигэр үгүһү ситиспитим: Москва куорат киинигэр икки хостоох кыбартыыраламмытым, дуоһунаһым улааппыта. Биир нуучча кыыһын кытары бииргэ олорорбут. Кэргэн ыларга тоҕо эрэ ыксаабат этим. Катя баай ыал кыыһа буолан, улахан тэрилтэҕэ экономистыыра. Үлэтигэр кинини бары хайгыыллара, сирдэрбэтэ. Сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн 90-с сыллар саҕаланыыларыгар мин үлэлиир тэрилтэм эстибитэ. Сонуннары истэ-истэ киһи уулуссаҕа, метроҕа сылдьар кутталламмыта. Харчыга ыктаран туохпутун барытын атыылыырга күһэллибиппит. Куорат кытыытыгар хос сыыһын атыыласпыппыт. Катялыын тыл-тылга киирсибэппит элбээн барбыта. Үксүгэр харчы тиийбэтиттэн сылтаан этиһэрбит. Сотору буолаат миигиттэн көһөн барбыта. Маҥнайгы тапталым итинэн бүппүтэ. Аҕыйах хоноот хайа эрэ баай уолу кытары сылдьарын көрбүтүм. Таҥаһыттан-сабыттан көрдөххө, уола арааһа бандьыыт быһыылааҕа. Москваҕа миигин туох да туппатын өйдөөн, Саха сиригэр көһөргө быһаарыммытым. Хоспун атыылаат да, тута сөмөлүөтүнэн Дьокуускай куоракка көтөн кэлбитим. Уонтан тахса сыл иһигэр сүрдээҕин уларыйбыт этэ. Бэйэм даҕаны сахалыы саҥарарбын умна быһыытыйбыт этим. Москваҕа олорор кэммэр сахалыы кинигэни син ааҕар этим. Ол эрэ көмөтүнэн төрүт тылбын умнубатах эбиппин. Бу өйдөөтөхпүнэ, Саха сиригэр биир да билэр киһим суох. Төгүрүк тулаайахпын. Дьокуускай куорат киинигэр хос куортамнаан олохсуйбутум. Хас да сыл быстах-остох үлэлээн, элбэх доҕоттордонон баран, олох көнөрүн, оннун буларын саҕана доҕорбун кытары чааһынай тутуу тэрилтэтин арыммыппыт. Дьыалабыт этэҥҥэ табыллан барбыта. Аҕыйах сыл иһигэр атахпытыгар турбуппут. Бу сыллар усталарыгар кимниин даҕаны кыайан өр сылдьыбатаҕым. Таптал диэни итэҕэйбэт да буолан барбытым. Кыһын этэ. Үлэбинэн өрүс уҥуор баран иһэн биир массыына халтарыйан суолтан көтөн маска кэтиллибитин көрөн, тохтообутум. Чугаһынан ким да баара биллибэт. Массыынаттан дьон тахсыбыт суола да көстүбэт. Элбэҕи толкуйдуу барбакка, тоҥуу хаары кэһэн ааны арыйбытым, эдэрчи дьахтар уруулга умса түһэн сытар эбит. Массыына иһэ тымныытыттан сэрэйдэххэ сыппыта син балайда буолбут быһыылааҕа. Элбэҕи саныы барбакка, бэйэм массыынабар көтөҕөн илтим. Саатар сибээс хаппат сирэ буолан, “суһал көмөнү” ыҥырар кыаҕым суох. Чугастааҕы дэриэбинэҕэ айаннаабытым. Сотору буолаат, дьахтарым өйүн булан, туохха түбэспитин ситэ өйдөөбөккө соһуйан хаһыытаабытынан олоро түстэ. Массыынабын тохтотон, сиһилии быһааран биэрдим. Арыый уоскуйан, кэпсэтэн киирэн бардыбыт. Кини аата эмиэ Катя диэн. Мин үлэм наадатынан баран иһэр улууһум баһылыгын солбуйааччытынан үлэлиир эбит. Бу улууска саҥа балыыһа тутар туһунан дуогабар түһэрсээри баран испитим. Улуус баһылыга билигин уоппускаҕа буолан, солбуйааччытын
кытары үлэлэһиэхтээх этим. Ону билэн бараммыт сүрдээҕин соһуйдубут. Катяны балыыһаҕа илдьибитим. Дьолго улахан эчэйиитэ суох диэбиттэрэ. Сарсыҥҥытыгар дуогабар баттаһан, тутуу үлэтин сайыҥҥыттан саҕалыыр буолбуппут. Ити кэмтэн ылата сылтах булан кинини кытары көрсө сатыыр буолбутум. Сымыйанан ону-маны ыйыппыта буолан суотабайыгар эрийэрим. Кини Дьокуускай куоракка киирдэҕинэ көрсөрүм. Хаһан даҕаны маннык буолбуппун өйдөөбөппүн. Сайын устата кини олорор оройуонуттан арахсыбатаҕым. Икки сылтан ордук кэм устата эккирэтэммин, чугасыһан, дьиҥнээхтик таптаһан, ыал буолан олоробут. Онон киһиэхэ таптал кэмэ кэллэҕинэ соһуччу кэлэр эбит диэн онно чопчу өйдөөбүтүм. Байбал.
edersaas.ru сайтан