Кэпсээ
Войти Регистрация

«Өлүк таптала» сэһэн ааптара Батыйахан

Главная / Кэпсээн арааһа / «Өлүк таптала» сэһэн ааптара Батыйахан

K
edersaas.ru Категорията суох
17.02.2017 19:39
Биһиги аҕабыт — Михаил Прокопьевич Ефимов (Батыйахан) 1918 сыл­лаахха Чурапчыга, Одьулуун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1938 сыллаахха Чурапчы педучилищетын бүтэрэн учууталлаан барар. 1941 сыллаахха, Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыан эрэ ин­нинэ, бастакы литературнай холонуутун оҥорор – “Өлүк таптала” сэһэнин суруйар. Ол оригинала латинскай алфавитынан суруллубутун оҕолоро дьиэ кэргэн архыыбыгар ытык-бэлиэ өйдө­бүнньүк (реликвия) оҥостон би­лиҥҥэ диэри ууран сытыарабыт. Бу сэһэн хомо­йуох иһин, суруллубутун кэннэ үйэ аҥа­ра ааспытын эрэ кэннэ, 1992 сыллаахха “Аргыс” сурунаалга бэчээттэммитэ. Автор ону маннык быһаарбыттаах: “Аҕам кэпсиир былыргы сэһэннэриттэн дьиксинэ, тым­ныырҕата истибит өттүбүттэн былыргы кут-сүр туһунан үһүйээни Алаҕар 7 кылаастаах оскуолатыгар завучтуур кэммэр суруйбутум”. Оччолорго автор 23 саастаах этэ. Үйэ аҥаара ааспытын эрэ кэннэ айымньыта күн сирин көрбүтүгэр Михаил Прокопьевич улаханнык үөрэн, сааһырбыт киһи, “сир түннүгэ”, “бүөм бөлү­һүөк” буолбут кэмин үрдүттэн саҥалыы көрөн сыа­налаабыта: “Өлүк таптала” үһү­йээн оҕолорго эрэ кэпсэнэр остуоруйа буоларын ааһан эдэр көлүөнэни иитэр, улахан дьон умнан эрэр сиэрдэрин-туомнарын, кырдьаҕастарга сир-халлаан түннүгүн аһар, умнуллубат, киһи-аймаҕы өрүһүйэр, өлөн эрэри тилиннэрэр күүс­тээх эбит диэн санаанан уһугуннум. Үөрүүм онно”. “Мин үһүйээммин: “үөһэттэн өҥөйөллөр, аллараттан аргыйаллар, ол эбэтэр абааһыта-сибиэнэ элбэҕэ бэрт уонна билигин үһүйээни үөдүтэр кэм буолбатах” диэн эрдэ таһаарбатахтара. Ону баара, сөрү-сөп кэмҥэ сөргүтүстүлэр”, — диэн 1993 сыллаахха суруйбуттаах. Үһүйээннэр, номохтор суолталарын туһунан дневнигэр кини маннык бэлиэтээбиттээх: “Эпосы, легенды народов, как общечеловеческие ценности являются старейшими источниками мудрости, только надо суметь расшифровать и донести до сведения подрастающего поколения”. “Өлүк таптала” — саха тапталын сүдү күүһүн иҥэ­риммит үһүйээн-бу киһи-аймах сыан­наһа… дууһа кыланыыта. Бу саха өлбөт-сүппэт кутун-сүрүн дьүһүйүүтэ, өлбөт үйэлэниитэ буолар”. М.П. Ефимов сахалар былыргы үһүйээннэрэ олоххо курдук дириҥ ис номохтоох, философскай кө­рүү­­лээх, күүстээх тылынан-өһү­нэн былыргы гректэр эпостарыгар майгынныылларын мэлдьи тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Кини Улуу Сэрии уоттаах сылларыгар, 1942-44 сс., 20-с Оһуобай хайыһар биригээдэтигэр разведротаҕа сылдьан ыараханнык бааһыран, дойдутугар эргиллибитэ. Чурапчы, Таатта оскуолаларыгар үлэлээн, сир аайы музейдары тэрийиинэн дьарыктанан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, сырата сыа­наланан, Республика культуратын үтүөлээх үлэһитин аатын ылбыта, олоҕун бүтүннүүтүн педагогическай үлэҕэ анаабыта. Кини биир саамай дьикти дьарыгынан-адьас эдэриттэн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри, 15 саа­һыттан 85-гэр диэри, ол эбэтэр 70 сыл устата күн ахсын дневниктэри суруйбута буолар. Бу көннөрү хроника буол­батах — манна булаҕын киһи өйө-санаата сайдыытын, философскай ырытыылары, педагогическай сыанабыллары. Михаил Прокопьевич кэргэнэ Елизавета Алексеевналыын 8 оҕону улаатыннаран, үтүө үлэһит оҥортообут, 50 сыл бииргэ олорбут дьоллоох олохтоох кэргэнниилэр этилэрэ. Алексей Ефимов — уола, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа. «Өлүк таптала» сэһэни манна аах.
edersaas.ru сайтан