Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хайдах манныгый?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хайдах манныгый?
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
11.07.2019 15:15
Тыа сирэ – ыччат арамаантыката? Бүөккэ Дьокуускайы сааһыары булбута. Бөһүөлэгэр ончу табыллыбатаҕа. Ол иһин сыта-тура толкуйдаан баран, «дьоллоох Дьокуускайга дьол-соргу көрдөһүөххэ, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй?!» диэн санааламмыта. Боппууччук массыынаҕа түбэһэн, хата, буор босхо айаннаан куораты булбута. «Тыаҕа олох таһыма үрдээтэ, тубуста» диэн тойоттор тугу эрэ улаханы үлэлээн кыайбыт курдук ыаһах оҥостоллор эрээри, дьиҥэр, хантан оннук буолуой. Бөһүөлэккэ бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ эрэ: учууталлар, эмчиттэр, баспытааталлар – хамнас дуомнаахтар. Саамай кыахтаах дьон диэн – кинилэр. Ол, иһэ үлүннэҕинэ, уончалыы тыһыынча хамнас ылалларын нэһилиэнньэ халыҥ араҥата «халлаантан кутуллар баһаам харчыны лаппаакынан баһар дьон» диэн ордугургуур, түгэн көһүннэр эрэ араастаан бары хооһурҕатар. Инньэ гынан «саралаан», үлэтэ-харата суох нэһиилэ сыккыраан олорор муҥнаахтар тыыннарын таһааран уоскуйаллара. Оччо «элбэх хамнастаах» үлэһиттэр, чахчы ким эрэ үбүн хоро сии сылдьар курдук, ыар буруйдаахтан атыннык санамматтар быһыылаах: адьас ылы-чып сылдьаллар. Оттон ити үлэлээх дьон быыһыгар өссө биэнсийэлээх баар буоллаҕына, төрүт да норуот өстөөҕүн курдук көрүллэр. Үөһээттэн «оптимизация-инновация» диэн саҥа-иҥэ, сурах-садьык иһилиннэ да, бу эрэйдээхтэр иэннэринэн кутуйах сүүрбүтүнэн барар. Урукку, сэбиэскэй саҕанааҕы курдук буолуо дуо – аны сопхуос, пиэрмэ эҥин мэлиһээй. Хотунан-соҕуруунан сырыыргыыр эр бэртэрэ ИП аатыран бултаах-балыктаах сирдэри докумуон оҥорторо охсон илиилэригэр ылбыттара. Бу дьонуҥ күөллэригэр аны кустууруҥ да, балыктыырыҥ да сатаммат – кинилэр бас билэллэр. Сир аһа бустаҕына, аны отоннууруҥ эмиэ бээбээлэммит: харчы төлөөтөххүнэ биитэр этинэн дуу, тугунан эмэ дуу амаҕаччылаатаххына эрэ сатанар үһү. Ол барыта – сокуон хараҕынан! Хомуньуус өттө (инньэ 80-ча саастаахтар) «хапыталыысым ыллыгар бөтөрөҥүнэн киирэн эрэбит, хомуньууһум идиэйэтэ сырдык этэ, ол диэки хайыһыаҕыҥ» диэн түгэн эрэ көһүннэр, саҥа былааһы үөхпүтүнэн барар. Ол гынан баран «бэтэрээннэр хамсааһыннара тэриллибитэ оччо-бачча сылынан наҕараада биэрэллэр үһү» диэн араас түмсүүгэ ыҥырыы сурук тутан үрүҥ дьиэҕэ кэллилэр да, били үөҕэр былаастарын аны уу иһэ-иһэ хайгыыртан ордубаттар. Бөһүөлэккэ биирдэ эмэ спортивнай күрэхтэһии ыытыллар буоллаҕына, дьэ сэргэхсийии, хамсааһын тахсар. Сылы-сыллаан дьиэлэриттэн быкпатах кырдьаҕастар тайахха тэптэрэн ол күрэхтэһиини көрө субуллаллар, онно тиийэн үөлээннээхтэрин көрсөн күө-дьаа буолаллар. Итинник күрэхтэһиигэ улуус тойотторо хас эмэ иномарканан иһиирдэн кэлэн, бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба ааттарыттан уруй-айхал тылларын этэн, бүтэһигэр өссө кыайбыт спортсменнарга сыаналаах бириистэри туттартаан бараллар. Массыынаҕа-тыраахтарга тиксибит тустуук ыччаттаах төрөппүттэр күннэрэ күөрэйэр... «Чөл олоҕу тутуһар бэлиитикэ» киириэҕиттэн олох-дьаһах эмиэ уларыйда. Онтубут да икки өрүттээх эбит. Бөһүөлэк маҕаһыыныгар күнүс 2 чаастан арыгы атыыланар бэрээдэгэ олохсуйда. Онон бэрэдэбиэс Мотуоһа муҥур хотун буолла: сорох-сорох дьоҥҥо кистии-саба хара сарсыарда да биэрэр, оттон сөбүлээбэтэх, этэргэ дылы, хаһан эрэ суолун быһа хаампыт сордоохторго оруобуна олохтоммут кэмигэр биэрэр. Ону да дьиэтигэр эбиэттээн, чаас аҥаарын кэриҥэ хойутаан кэлэн, өр адьына түһэн баран. Маладьыаһыҥ маҕаһыынын
тиэргэнин бэркэ тупсарда. Нэһилиэк баһылыга, улуус тойотторо урут муҥнана сатаан кэбиспиттэрэ да, ити боппуруос оннуттан чыс кутуйах кутуругун да саҕа сыҕарыйбатаҕа. Хата, ону «Чөл олох бэлиитикэтэ» абыраата. Мотуоһа хара сарсыардаттан арыгы ылаары аалыҥнаһар дьону соруйуо эрэ кэрэх – остуоруйаҕа кэпсэнэринээҕэр түргэнник оҥоһуллар. Бэл, хас эмэ тыраахтарынан тыаттан буор босхо хатыҥ бөҕөтүн киллэртэрэн тиэргэни биир гына олортордо. Тус наадатыгар тугу-тугу ситиспитин этэр да наадата суох. «Туочука» атыыһыттара сүрүн көҥкүрүөннэммиттэриттэн ыксаан, бытыылкаларын сыанатын түһэртээн бардылар. Бүөккэ табаарыстарын кытта тыаҕа балаакканан сытан дьоҥҥо саһаанныыра. Биир сыарҕаны, мөккүһэн-мөккүһэн баран, 6 тыһыынчаҕа диэн сыана быспыттара: тыа дьонугар хантан харчы кэлээхтиэй. Онон ити суумаҕа сакаасчыт өрүү баар буолан, син харчылаах курдук сананара да, табаарыстара «нотууранан» аахсары ордорбуттара. Инньэ гынан бөһүөлэк дьоно дэлээнэҕэ кэлэн кинилэри арыгылатан баран, босхону эрэ үрдүнэн тиэнэн бараллара. Дьэ, ол иһин Бүөккэ Дьокуускайдыыр санааламмыта. Дьоллоох Дьокуускай Бүөккэ бу дойдуну булан бэркэ сатаата быһыылаах. Кырдьык, маҥнай утаа тастыҥ эдьиийигэр олороругар наһаа кыараҕас, эрэйдээх этэ. Куорат дьоно бэйэлэрэ да кыбычыыннык олороллоро, онон, били, саһааннаан мунньуммут харчытын сыыһын түөрэтин эдьиийигэр биэрэн алы гыммыта. Билигин арыый харчыланан, куорат кытыытыгар биир хоһу куортамнаан олорор. Дьиэлэммит аата дьиэлэммит: тугу саныырын барытын гынар, кимтэн да тутуллубат. Бу дойдуга үлэ көрдүүр диэн, эттэххэ дөбөҥүн аанньа, дьиҥэр, олус эрэйдээх, киһи ньиэрбэтин сүрдээҕин сиир эбит. Бүөккэ аармыйаҕа барыан иннинэ суоппар үөрэҕин бүтэрбитэ эрээри быраабын кыайан ылбатаҕа, онон төһө да баҕардар, массыына диэҥҥэ чугаһаабат. Хата, тыа киһитэ буолан сүгэнэн бэркэ туттара, элэктэриичэстибэҕэ да «салааһыннааҕа». Ол гынан баран бу дойдуга үлэҕэ киирээри гыннахха, барытыгар докумуон көрдөөн кыайаллар. Биирдэ оптуобус бүтэһик тохтобулугар билэр уолун көрсө түстэ. Аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт табаарыһа Мансур Куттыбаев манна суоппардыыр эбит. Тугун соһуччутай! Тиэхиньикэ диэҥҥэ төрүт сыстыбатах уол этэ ээ. Хата, киһиҥ Дьокуускайга – оптуобус суоппара! Бэйи, манна үрдүк кылаастаах испэсэлииһи эрэ ылар буолуохтаахтар этэ дии. Бэл, күтүөтэ Бэлиэрийи, сүүрбэттэн тахса сыл куорат оскуолатыгар оҕолору суоппар идэтигэр үөрэппит устурууктары (бастакы кылаастаах суоппары!), оптуобуска төрүт чугаһаппатахтара. Оттон Мансуру биир дойдулаахтара массыынаны хайдах ыытарга аҕыйах күн иһигэр үөрэппиттэр уонна үлэҕэ ылбыттар! Күннээҕи хамнаһа 3-5 тыһыынча үһү. Наар биир морсуруутунан сылдьар буолан, куорат суолун-ииһин билбэхэлиир аҕай: ханна бытаарар, ханна түргэтиир. Ол эрээри сороҕор оптуобуһун ускуораска киллэрээри мосуһан, эрэй бөҕөтүн көрөр. Хата, ону ким да хонтуруоллаабат эбит. Мансур кэпсээнинэн, Дьокуускайга харчы баҕас баар сирэ үһү. Үлэлиэххэ-хамсыахха эрэ наада диир. Холобур, биир дойдулаахтара куорат кытыытыгар оҕуруот аһын арааһын дэлэччи үүннэрэн, онтуларын, бэл, чугастааҕы бөһүөлэккэ тиийэн батаран, хара баһаам үптэммиттэр. Дьиэ атыылаһаллара эҥин кэпсээҥҥэ да киирбэт үһү. Саха сирэ дьиҥ чахчы уолбат ойбон, уостубат уйгу дойдута, ону олохтоохтор
(ол аата сахалар) ончу сыаналаабаттар диэн кэпсиир. Оттон кинилэр дойдуларыгар уустук быһыы-майгы: сөп буола-буола эҥин араас өрөбөлүүссүйэ, омугунан атааннаһыы, кыдыйсыы-урусхаллаһыы. Оннук дьалхааны туох да милииссийэтэ, тааҥкалаах да аармыйата тохтотор кыаҕа суох үһү. Мансур сүүрэн-көтөн, кини биир дойдулаахтара Бүөккэни илии-атах үлэһитинэн ыллылар. Онон сороҕор оптуобус бүтэһик тохтобулугар баар кафеҕа тугу соруйбуттарын толорор, сороҕор морсуруукка хондууктар буолан айаннаһар. Оптуобуска сырыттаҕына, күҥҥэ иккитэ босхо аһаталлар, эбиитин симиэнэлэрэ бүттэҕинэ, үс-түөрт мөһөөҕү туттаран ыыталлар. Бу дьонуҥ бэрээдэктэрэ, түмсүүлэрэ диэн сүрдээх, барыны-бары уһаппакка быһаарар курдуктар. Ол эрээри кинилэр үрдүлэринэн маннааҕы, олохтоох дьонтон хайа эрэ улахан тойон баар быһыылаах: төһө эрэ суума ол киһиэхэ ананар. Бүөккэҕэ ону билэр наадата суох, киниэхэ хаһаайыннара хамнаһын кэмигэр төлөөтүннэр эрэ. Ити гынан баран кини бииртэн улаханнык мунаахсыйар. Ол – сахалар бу Мансурдаах курдук соҕуруу дойдуга, эрдэттэн ким да тэрийбэтэх, бэлэмнээбэтэх сиригэр, тиийэн олохторун оҥостуохтар этэ дуо? Сахалар, дойдулаах, олохтоох дьон эрээри, манна даҕаны, Дьокуускайга, тоҕо тугу да быһаарсар кыахтара суоҕуй? Тимир суол кэллэҕинэ, Мансур дьоно ол эйгэҕэ дириҥник өтөн киирэр былааннаахтар. Сахалар сири ходуһа, мэччирэҥ эрэ гыналлар, ону даҕаны нэһилиэк эргиннээҕини. Оттон туһаныллыбакка сытар сир диэн хара баһаам буоллаҕа. Дьэ, итинтэн хайдах эмэ гынан куду харбыыр киһи! Кылаабынайа, бу дойду олохтооҕо ыстаатыстанан бэрэпиискэлэниэххэ. Мансур үс хостоох кыбартыыраҕа бэрэпиискэлээх. Былырыын «Строительнай» ырыынакка обуой-килиэй ыла сылдьар элбэх маллаах саха дьахтарыгар илии-атах буолан көмөлөспүтэ, устунан билсэн, өссө ол дьиэни өрөмүөннэһэн адьас бэйэ киһитэ буолбута. Нарыйаана уолтан уон сыл аҕа саастааҕа, хас да сыллааҕыта эрэ оһолго түбэһэн өлбүт огдообо дьахтар этэ. Үс оҕолооҕо туох буолуой. Арыгы испэт, табах тарпат үлэһит Мансуру таптаан өйө-төйө суох барбыта диэххэ сатаммат эрээри, кырдьа илик дьахтар инчэҕэй эттээххэ наадыйбата кэлиэ дуо. Холбоһон олороллор. Бакаа саахсалана иликтэр. Бүөккэ балай эмэ харчыланнаҕына, түүҥҥү кулуупка тиийэн онтун матайдыыр. Тыаттан кэлбит уол-кыыс онно толору. Туох да күн кыһалҕата суох дьон диэн – кинилэр: кылаабынайа, бүгүн эрэ астына көрүлээн хаалыахха. Баларга туох да кэскиллээх санаа суоҕуттан, кыһыйбытыҥ иһин, тугу гыныаҥ баарай. Маннык суолу тутустахха, туох аанньа буолуоххунуй. Кырдьык даҕаны, бу Мансурдаах курдук бигэ биир санааны – олоҕу оҥостор соругу – туруорунар тоҕо сатамматый? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан