Кэпсээ
Войти Регистрация

Аҕыс сыл (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Аҕыс сыл (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
16.02.2017 22:00
Нэhилиэккэ Ника уонна Юра Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ үөрэхтэрин биир идэлээх бүтэрэн үлэлии кэлбиттэрэ. Иккиэн сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт эдэр ыал, бу дэриэбинэҕэ кэлэллэригэр биир кыыс оҕолоохторо. Никаны ойуулуур буоллахха, сырдык хааннаах, кыра уҥуохтаах, куруутун үөрэ-көтө сылдьар харахтаах, мичээр кэһиилээх кэрэ, нарын кыыс. Кини кэргэнин куруутун бэрийэ-харайа сылдьарын көрөн киһи сөҕөр: «Киһи таптыыр да буолар эбит…», – диэн. Нэhилиэк олохтоохторо сотору кэминэн Юраны сөбүлээн, ылынан, өрө тутан, үлэтинэн үрдэтэн, аҕыйах кэм иһигэр ытыс үрдүгэр сылдьар киһи буола түспүтэ. Ол аайы киһибит киhиргээн өрө барара, дьоҥно наhаалыыра үксээн испитэ. Эдэр киһи көрдөрбүтүнэн уларыйдар-уларыйан испитэ. Ол аайы кыыс кинини батыhа сылдьан өйүүр, арыт ардыгар бэйэтин үлэтин букатын умнан: «Кини эрэ, мин киһим, эр киhим туhа…», – диэн этиинэн барытыгар, ханнык баҕарар үтүө да, мөкү да быһыытыгар киһитин өйүүрэ. Сотору кэминэн ыаллар иккис кыыс оҕолонор дьолломмуттара. Ника оҕолоно куоракка барбытын кэннэ, киhибит аhыы утаҕы амсайан, араас саарбах дьоннуун алтыhан, мэктиэтигэр күнүн да, түүнүн да араарбат буолбут эбит этэ. Ол сылдьан нэһилиэк дьонун мөкү тылыгар-өһүгэр киирэн, олоҕо тосту уларыйбыта. Ол да иһин, кэлин бу нэhилиэккэ хайдах эрэ олохторо, үлэлэрэ табыллыбакка, куоракка көспүттэрэ. Эдэрдэр куорат дьалхааннаах олоҕор тэптэрэн, өссө эбиитин ыал аҕа баһылыга майгыта-сигилитэ тосту уларыйан кэлбит киһи, сылдьар сырыыта кэҥээн, аһыы утаҕы амсайара элбээн, дьиэ кэргэн эйгэтэ кэбирээбиккэ дылы буолбута. Арай биир үтүө киэһэ, Ника кэргэнин суотабай төлөпүөнүгэр алҕас түбэспиччэ арыйа баттаабыта, «ВКонтакте» страница арылла сылдьара. Дьэ, онно «тапталлаах кэргэним» диэн ааттаан-суоллаан кэлбит сэгэрэ олох атын, туора кэрэ аҥаарга сүүрбэ төгүл «Я люблю тебя», – диэн суруйбутун көрөн, саҥа таһааран ытаабыта. Нэһиилэ салгыны эҕэрийэн, илибирии сылдьар, долгуйбут илиитинэн кэргэнигэр эрийэн: «Бу тугуй? Өйдөөбөтүм?», – диэн ыйыппытыгар, киhитэ тохтуу түhэн баран: «Дьиэҕэ кэллэхпинэ, кэпсэтиэхпит», – диэт төлөпүөнүн талыр гына ууран кэбистэ. Оо, ол онно Ника арааһы анааран, туохха сыыстым диэн, ытыыр-ытаабат икки ардынан төттөрү-таары дьиэтин биир гына хаама сырыттаҕына, кэргэнэ тиийэн кэлэн, туох да буолбатаҕын курдук куукунаҕа ааста. Кыыс тугу гыныан билиминэ, сүүрэн тиийэн, кэргэнин күүскэ санныттан илгийэн, бэйэтигэр хайыһыннараат: «Чэйиий, кэпсэтиэххэ?», – диэн хаһыытаабыта. Онуоха эр киһи: «Барыта өйдөнөр батта…», – диэн судургу тылларынан туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтэн барда, өссө эбиитин чугаһаан кэлэн, кууhаан сыллаары гыммытыгар: «Киэр буол!», – диэн ынырык часкыырынан бэйэтиттэн илгибитигэр: «Акаарыгын, акаары дьахтаргын», – диэн кыыһырбыт, кыараабыт хараҕынан нүһэрдик көрөн баран, командировкаҕа барарын туһунан иһитиннэрэн, ааны тыастаахтык сабан тахсан барбыта. Кыыс түүнүн сүгүн утуйбакка, туох-ханнык дьахтар олохпутун аймаан эрэрий диэн сураспыта, арахсыы алдьархайын күөттээччи кэргэнин бастакы таптала, булумньу оҕолоох дьахтар этэ. Маны барытын билэн-көрөн баран, Ника өр ыраҥалаан, арааһы эргитэ санаан, баҕар,
били кыра кэмҥэ «ииримтийии ыарыыта» киирбитэ буолаарай, диэн кэтэһиилээх киһитэ кэлбитигэр иннигэр-кэннигэр түһэн аhаппыт-сиэппит, сууйбут-тараабыт, туох да буолбатаҕын курдук көрсүбүт. Оннук син хас эмэ күн олорбуттар. Биир күн кыыстара Яночка аҕатын төлөпүөнүн тута сылдьарын көрөн, дьахтар барахсан интэриэһиргиир баҕата кыайан, арыйан көрбүтэ, били ииримтийэр ыарыыга курдук ылларбыт дьахтарыгар таптал остуоруйатын кэпсиир кэргэнин илдьитэ өссө элбээбитин, суолтата өссө дириҥээбитин ааҕан, сүрэҕэ хам ылан кыланан хаһыытаабытыгар… им-дьим турбут дьиэ иччилээхтик кыламмыта. Ол быыһыгар оҕолор барахсаттар соһуйан, кырата ытаабытынан, атына сиһин этэ тымныйан ылан, сүүрэн кэлэн ийэтин ууспута…. Илдьит кэпсииринэн, аҕаларын дуома ханнык да командировкаҕа бара сылдьыбатах. Ол туора дьахтарыгар баран утуйан, хонон-өрөөн кэлбитин билэн, кэргэнигэр кэлэйбит санаатын хаhыынан-ыһыынан, иһити-хомуоһу алдьатыынан биллэрбитэ. Онуоха киһитэ: «Мин эйигин олох да таптаабаппын, хаһан даҕаны таптаабатаҕым. Кини мин бастакы тапталым, кинитэ суох сатаммаппын!», – диэбитигэр, хаһаайка барахсан муостаҕа тобуктуу түһээт: «Бар! Икки харахпар көстүмэ», – диэн үүрбүтэ. Онуоха киһитэ: «Барар санаам суох, оҕолорбут туhугар олоробут, ол бу араас буолан кэбилэнимэ, ол эрэн, биир усулуобуйалаахпын. Эн мин барарбын-кэлэрбин туппаккын», – диэн этиитэ өссө ыарыылаах буолбута. Аҕыс сыл устата эн-мин дэсиһэн олорбут эдэр ыаллар мантан инньэ сыһыаннара алдьанан, дьиэ кэргэннэрэ ыһыллан барбыта. Ника чугас дьонуттан сүбэлэтэн, араҕыстахпына сатанар диэн санаатын эппитигэр, эр киһи үлтү үөҕэн баран, үс күн устата сүтэн хаалбыта. Оо, ол үс күн дьахтар олоҕун субуйан, кэрэ киһи өйүн-санаатын ытыйан, араас санааны ыалдьыттаппыта. Онтон бүтэһик санаата баһыйан: «Муударай буоллахпына, бырастыы гыннахпына сатанар», – диэн, дьиэ кэргэнин харыстыыр сыалтан, кэргэнэ кэлбитигэр: – Толкуйданным, киhи олоҕор маннык түгэннэр баар буолааччылар, ол эрэн, эн биhигиттэн барыма, тапталбытын харыстыах», – диэбитигэр, сирэйгэ силлиир кэриэтэ, киһитэ бэлэм аһы ыстыы олорон: – Ол бу араас буолума, арахсабыт диэбитиҥ дии, арахсабыт, эйигин кытта олорор санаам суох», – диэн күлүү-элэк оҥостубута. – Тугуй, ол икки оҕоҕун быраҕан, атын оҕону иитэ барарга сананныҥ дуо? Акаарыгын!, — диэн саҥа таһааран эрдэҕинэ, киһитэ хаһыытаппытынан тахсан барбыта. Манан эдэр ыал олоҕо алдьаммыта… Сурах хоту иһиттэххэ, киһитэ арахсаммын олоҕум көннө дии сылдьар үһү. Маны истэн кыыс олуһун хомойоро, кэлэйэрэ даҕаны. Бу сылдьан биир күн арахсыы төрүөтүн төрүттээбит дьахтары көрсөн, икки оҕолооҕун, аҕыс сыл устата олорбутун туһунан туора дьахтар суобаһын оонньотор сыаллаах саҥа таһааран эрдэҕинэ, биирэ быһа түһэн: «Билэбин, онно тугуй, биhиги сылдьыбыппыт ыраатта. Хата, кыттыһыма эн биһиги олохпутугар», – диэбитэ, тустаах киһиэхэ ыарахан этэ. Бу кэпсээн хас биирдии таптаhар сүрэххэ үтүөнү эрэ сүбэлээтин: «Чугас киһигин хомоппот, кэлэппэт буола сатаа! Атын киhиэхэ ыарыылааҕы оҥоробун диэн бэйэҕэр ынырык ыарыыны ыҥырыаххын сөбүн умнума!» Мария Кобельянова-Тускулаана.
edersaas.ru сайтан