Кэпсээ
Войти Регистрация

Абый умнуллубут бэйиэтэ Григорий Дохунаев

Главная / Кэпсээн арааһа / Абый умнуллубут бэйиэтэ Григорий Дохунаев

K
edersaas.ru Категорията суох
13.02.2017 21:12
Бэйиэт уонна учуутал Григорий Алексеевич Дохунаев (Григорий Элгэс) Абый оройуонун Муҥурдаах нэһилиэгин Сыаҥааннаах бөһүөлэгэр 1936 сыл тохсунньу 28 күнүгэр төрөөбүтэ. 1957 сыллаахха Абый оройуонун киинэ Дружина орто оскуолатын бүтэрбитэ. Икки сыл холкуоска үлэлээн баран, 1959 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетыгар саха тылын уонна литературатын салаатыгар туттарсан киирбитэ. Устудьуоннуур кэмиттэн литератураҕа хоннохтоохтук киирэн испитэ – айымньылара “Хотугу сулус” сурунаалга, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэллэрэ. 1962 сыллаахха биир дойдулааҕа Людмила Ребровалыын ыал буолбуттара. Эһиилигэр, 1963 сыллаахха, Дохунаевтар кыыстара Оксана күн сирин көрбүтэ. 1964 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар үрдүк үөрэхтээх саха тылын уонна литературатын учуутала, биллэн эрэр бэйиэт буолан, кэргэннэнэн-оҕолонон эргиллибитэ. 1965 сыл сааһыгар уола кыра Гриша төрөөбүтэ. Бэс ыйын саҥатыгар кустуу сылдьан тымныйан, саха биллэн эрэр эдэр лиирик бэйиэтэ, учуутал Григорий Дохунаев күөгэйэр күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ… Aан маҥнай… Саҥа турбут көлүччэни Дьырдырҕата туораатым… Сааһым ситэн таптал диэни Дьэ биллим, атастарым… Куттанабын, сэрэнэбин Аны мууһум тостуоҕа… Кэбис, наһаа эрэнэбин – Аана кыыс хомойуоҕа… Ортотугар чугаһыыбын, Аны дьэ, уйуо суоҕа… Кытыылыахпын саарыыбын – Тиийэр кэмим ааһыаҕа… Өлөр-тиллэр диэннэрин мин Адьас умнан тураммын… Бөөлүүн турбут көлүччэбин Аан маҥнай туораатаҕым… Хаһан мууһум кытаатан Уҥуор турар фермаҕа Куттаммакка мин, атастар, Туоруомуй күнү ааҕа?.. Саҥа турбут көлүччэни Дьырдырҕата туораатым… Сааһым ситэн таптал диэни Дьэ биллим, атастарым… Эбээн кыыһа Халлаан – эбээн кыыһын Хоруоҥкалаах былаата… Хараҥа түүн кини Хааргын саҕынньаҕа. Арай, кырдьык, билигин Мааны дьэ эбээн кыыһа Аргыый аҕайдык миигин Куустун маннык ый быыһа. Мин кинилиин оргууй Сибигинэһэн кэпсэтиэм, Нарын, чараас уостарын Минньигэстик убуруом. Кууһан ылан хаар тэллэх Уорҕатыгар олордуом, Ама, таптаһар дьоҥҥо Онно тымныы буолуо дуо? Түүҥҥү халлаан, оо, кэрэ Иэйиилэрбин тириэрдиҥ – Холуон сүрэх баҕатын, Эбээн кыыһа, эн истиий… *** Хомойбут доҕор хараҕыныы Кыһыҥҥы күн тыйыс, тымныы – Хойутаан баран сэгэрбин аҕынным, Киниэхэ айыыбын-харабын саныы… Оо, дууһабар олус дириҥник Ырайым чыычааҕа иҥмиккин, Ону мин ааһар алыпка дөбөҥнүк Ылларан умнубут эбиппин… Хомойбут доҕор хараҕыныы Кыһыҥҥы күн тыйыс, тымныы, Хойутаатарбын да тапталым диэҥҥин, Бырастыы гыныаҥ дуо эн миигин? Хотугу муораҕа санаа Муора маҥан баарыстарын Эмиэ тиирэ тардынна, Оо, ханна, ханна айаннаары Мэҕилгэстик дьэ тыынна?! Кинини үйэ тухары Дьаҥхарбыт Байҕал мууһа Өрүү үтэрин-анньарын Сөбүлээбэккэ харсыһар… Күн-дьыл көтүө, көрөөрүҥ, Хайаан да кини кыайыа, Хойут астына сөҕөөрүҥ Айылҕа манна уларыйыа! Муоралар манна элбэхтэр, Кинилэр модун күүстээхтэр, Дьэ кытаатыҥ, күүһү мунньан Дэбилийэ устуҥ, тоҕо анньа. Киирбэт күн Түүн хоспор уоран киирэн Аламай маҥан күнүм, Таптыыр кэргэним кэриэтэ, Сылаастык убураата. Атаҕын төбөтүнэн Оргууй сыбдыйан хаамта, Уйгуурдумаары сэрэнэн Хоспуттан тахсан барда. Сылайан кэлбиппин билэн Уһуктарбын өр күүттэ, Сардаҥа уот иннэтинэн Оһуор анньа
сырытта. Оо, эн түүннэри маннык, Киирбэт Хотугу күнүм, Элбэх да сыл аҕынным Эйиигин ыраах сылдьан. *** Халлааҥҥа саһыл-албынныы Дьүкээбил уота сырбаҥалыыр, Хаһан эмэ миигин аны Санаан ааһарыҥ эбитэ дуу?! Сурук туппатах хас сыл буолтун Бэйэҥ билэҕин, арай, сэгээр, Урукку тапталбыт уотун Төлөнө ахтыллыа дуо, эгэ… Сүрэх эрэ билэр эн үөрэнэн Эргиллэргин өр күүппүтүн, Сэгэриҥ эйиигин үөрүүнэн Утары көрсүһүөх буолбутун. Халлааҥҥа саһыл-албынныы Дьүкээбил уота сырбаҥалыыр, Хаһан да күүтүмэ диирдии Хараҥаҕа симэлийдэ дии?! Этиҥ Этиҥ баһырхай былыт хайаттан, Чубуку буолан, токур муоһунан Тайыыланан, чыпчаал үрдүттэн, Түстэ уот сарадах курбууланан. Кини кэнниттэн булчут саата Сатарыйа тыаһаатаҕа буолуо дуу?! Ой дуораана буолан, алаата, Дуораһыйдаҕыҥ лүһүгүрүү?! Харса суох самыыр-доруобунньук Хайа иэдэһэр түһэн батыгыратта… Чубуку таастан тааска өлгөмнүк Сурулуу турда, быыратта. Григорий Дохунаев хоһооннорун бөлөҕө “Чолбон” сурунаал 2017 с. 2-с №-гэр тахсыахтара.
edersaas.ru сайтан