Кэпсээ
Войти Регистрация

ХААЙЫЫЛААХ (дууһа кыланыыта)

Главная / Кэпсээн арааһа / ХААЙЫЫЛААХ (дууһа кыланыыта)

K
edersaas.ru Категорията суох
11.02.2017 21:00
Мин төһө да орулуур отутум эрэ буоллар, биир киһи сырыытын сырыттым диэххэ сөп. Олохпор араас ыарахаттары көрүстүм. Ийэбин, аҕабын өйдөөбөппүн. Сураҕа, ийэм оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир уолтан хат буолбут. Ол саҕана, оскуола оҕото оҕолонуута улахан саат-суут буолара. Ол иһин, оҕолоноот да, миигин тулаайах оҕолор дьиэлэригэр биэрбит этэ. Улаатан баран ийэбин көрдүү сатаабытым. Оҕо дьиэтин үлэһиттэриттэн тиийэн сураһан билбитим, ийэм Дьокуускай куоракка ускул-тэскил сылдьар үһү. Онон ийэлээх аҕабын көрдүүрбүн тохтоппутум. Икки сааспар орто кыахтаах эдэр ыал иитэ ылбыта. Кинилэр биэс сыл бииргэ олорбуттарын тухары, кыайан оҕоломмотохтор этэ. Ол иһин миигин иитэ ылбыттар. Бастаан утаа күннэрэ-ыйдара миигиттэн эрэ тахсара. Олус күүскэ таптыыллара. Эһиилигэр иитиэх ийэм хат буолбута. Сотору кэминэн кыыс оҕо күн сирин көрбүтэ. Оҕоломмуттарын кэнниттэн, миэхэ сыһыаннара тосту уларыйбыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына эн иитийэххин дии-дии сирэй-харах анньаллара элбээн барбыта. Үөрэнэрбин олус сөбүлүүрүм, кыһалларым. Оскуолабын бүтэрэн баран, үрдүк үөрэххэ туттарсан киирбитим. Иитийэх дьонум миэхэ наадыйбат да этилэрэ. Харчыбын үөрэҕим быыһыгар үлэлээн булунарым. Оннук устудьуоннаан, үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн, үлэһит буолбутум. Үлэбэр сирдэрбэт этим. Хамнаһым да үрдүгэ. Инникитин чааһынай тэрилтэ арынар санаалааҕым. Ыал буолар туһунан санаабат да этим. Биирдэ хойукка диэри үлэлээн бүтэн, сэргэхсийэ, сынньана дьиэбэр баран истим. Дьиэбэр туоруур суол таһыгар тиийиибэр эмискэ кыыс хаһыытыыра иһилиннэ. Элбэҕи толкуйдуу барбакка хаһыы хоту сүүрдүм. Тиийбитим, эр киһи эдэр кыыһы сиргэ охторон баран тэбиэлии турар эбит. Кэнниттэн сүүрэн кэлэн сууллары саайан түһэрдим. Киһим сымса баҕайытык ойон туран сиэбиттэн уһуктааҕы таһааран мин диэки туһаайда. Илиитин суумка быатынан эрийэ быраҕан баран, өттүктээн түһэрдим. Сууллараат даҕаны быһаҕы былдьаан ыллым. Киһим аллараа сытан сыҥаахха саайан түһэрдэ. Туймааран тиэрэ баран түстүм. Киһим сонно тута мин үрдүбэр баар буола түстэ. Оннук туста сылдьан киһим куһаҕан баҕайытык хаһыытаат, куота турда. Өйдөөн көрбүтүм, илиим барыта кыа хаан буолбут. Киһибин быһаҕынан түөскэ анньыбыппын өйдөөтүм. Киһим аҕыйах хардыыны оҥороот умса баран түстэ. Туран туох буолбутун ырыҥалыы турдахпына, милииссийэ массыыната тиийэн кэллэ. Эмсэҕэлээбит кыыс охсуһа сырыттахпытына ыҥыртаабыт эбит. Өлбүт уол дьоно кыахтаах, улахан тойоттор эбит. Ол иһин сонно тута миигин үҥсэн, соруйан өлөрүүгэ түбэһиннэрбиттэрэ. Көмүскэспит кыыһым биирдэ кэлэн махтанан барбыта. Киниттэн сылтаан дьылҕам маннык салаллыбытыгар бэйэтин буруйданар. Суут уурааҕынан 12 сылга кытаанах режимнээх хаайыыга киирдим. Бу түүнүгүрбүт түөрт эркиннээх түрмэҕэ алтыс сылбын олоробун. Бэйэбин кыанар буоламмын, атаҕастаппаппын. Тулабар элбэх киһи баар. Хаайыыны тутан олоробут. Санаан көрдөххө, таска миигин туох да күүппэт. Иитийэх дьонум хайыһан да көрбөттөр. Болдьоҕум бүттэҕинэ салгыы тугу гынарбын да билбэппин. Билигин бэйэбин атын киһини көрөр курдук көрөбүн. Уруккум буолбатах, уларыйдым. Манна киһи майгыта-сигилитэ олус алдьанар эбит. Миигиттэн үчүгэй киһи тахсарын билбэппин. Бэйэм бэйэбиттэн куттанар
курдукпун. Бу күн сиригэр төрөөбүппүн да кэмсинэр курдукпун. Туох да үчүгэйи көрбөтүм… Аата суох.
edersaas.ru сайтан