Кэпсээ
Войти Регистрация

Нур Гун (ФАНТАСТИЧЕСКАЙ КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Нур Гун (ФАНТАСТИЧЕСКАЙ КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
09.02.2017 22:04
Ахсыс Хатат, www.edersaas.ru Нур Гун бэҕэһээ киэһэ хойукка диэри виртуальнай эйгэҕэ оонньоон үлэтигэр сыҥааҕыргыы олордо. «Кэбис, аны Үөһээҥҥилэр батан кэбиһиэхтэрэ. Утуктаабыт уһун сирэйин кистээн камераҕа уста охсон, шефкэ үҥсүү суруйан кэбистэхтэринэ, иккиһин быыгабар ылар. Дьэ, оччоҕо, этэргэ дылы, үүрүллэн ити экран нөҥүө «аллараа дойдуга» курулуур буоллаҕа». «Аллараа дойду» диэн ити кини диэн уобарастаан ааттыыр. Ис дьиҥэр ити дьиҥнээх, реальнай дойду. Нур мониторун болҕомтолоохтук өссө биирдэ көрдө. Туох да айдаан тахсыах сибикитэ биллибэт. Бу ФБ-га үлэлээбитэ бэһис сылыгар барда эрээри, үгэс курдук ньим-бааччы. «Микра» компьютер обургу тугу эмит буллаҕына, экран маҥнай саһарыа. Онтон Нур уорбаланааччы ханнык статустааҕын быһаара охсон, тута Үөһээҥҥилэргэ биллэриэ эбитэ буолуо. Нур Гун манна хонтуруоллааччы эрэ. Дьиҥэр, табаарыһа Майк этэригэр дылы, кини манна олорботоҕуна даҕаны, өйдөөх массыына барытын бэйэтэ оҥоруон сөп. Ол эрэн, сокуон этэринэн, икки атахтаах хонтуруоллааччы хайаан да баар буолуохтаах. Ол иһин бу монитордары кыҥастаспыта буола олордоҕо. Нур бэҕэһээ форумҥа бырахпыт тиэмэтин эмиэ хат эргитэн таһааран, судаарыстыба-корпорацияны куорҕалааччылары бултаһарга сананна. Нур көхсүн этиттэ уонна аргыый иһиллэр гына саҥарда: «Компьютер Микра, бэҕэһээҥҥи 18.998.02 рубрикатын көрдөр эрэ». Улахан экраҥҥа баар бытархай хартыыналар халбарыйдылар. Кинилэр оннуларыгар бэҕэһээҥҥи форум таҕыста. «Дьэ эрэ, бүгүн баҕас кимҥин-туоххун биллэрэр инигин 18.998» дии санаата Нур. Тоҕо эрэ бу «уорбаланааччыны» кини иһигэр Ахсыс диэн ааттыыр. Араас-араас никтээх бу Ахсыс виртуалкаҕа киирэн дьону аймыыр үгэстээх. Онон үчүгэйдик үөрэттэххэ табыллыһыы. «Микра, 18.998. досьетын көрдөр эрэ». Компьютер бэрт түргэнник Ахсыс туһунан информацияны иккис экраҥҥа биэрэ оҕуста. «2153 сыллаахха Судаарыстыба Дьокуускай провинциятыгар төрөөбүт. Аҕатын нүөмэрэ 17.425.65. Аҕата 2159 сыллаахха бэрэбиэркэни этэҥҥэ ааспыт. Ийэтэ боротокуола суох. Виртуалкаҕа киирэрэ ахсааннаах. 18.998 оскуоланы 2169 бүтэрбит, үрдүк үөрэҕи Москубаҕа бүтэрбит. Билигин Корпорация үбүн-хаччытын дьаһайар салаа бэһис отделын исписэлииһэ. Куорҕаллыыр быһыыга-майгыга уорбалана илик». Нур ол да буоллар ити Ахсыс ис санаатын кыайан таайа илик. Тылын домоҕуттан иһиттэххэ, иһэ истээх барахсан быһылаах. Дьиэ кэргэнигэр кимиэхэ эмит боротокуола суох буоллаҕына, уорбалыырга өссө биир төрүөт баар. Ийэтэ Виртуалкаҕа киирбэт. Ол аата ити Ахсыс атын олохтоох буоллаҕа. Ийэтин кытта ханна эрэ син дьиҥнээхтик айах атан кэпсэтэн эрдэҕэ. — Дорообо, Сар Дана — диэтэ Нур. Микра компьютер итини түргэн үлүгэрдик чатка бэчээттээн лабыгыратта. — Привет, НР -), — Ахсыс бүгүн настарыанньата бэрт быһылаах. Өссө мичилик (смайлик) ыыппыт. — Хайа, бэҕэһээ Моһуулар Хоһууннары кытта киирсиилэригэр тоҕо киирбэтиҥ? — Ээ, манна, дьыалам-куолум элбэх этэ, — Ахсыс эмиэ сымыйалаата. Бэҕэһээ оонньууга киирбэккэ, 5-с форумҥа санаа атастаһа олорбута. — Биһиги киирсэн бөҕө. Хоһууннары 159 баалынан кыайдыбыт. Онон 5 тыһ. дуоллар барыһырдыбыт. — Чэ, пока, мин бардым, үлэбэр эрдэ баар буолуохпун наада. НР, бэйэҥ
тускунан тугу да кэпсээбэккин дии… Кэпсиир буоллаххына эрэ биирдэ суруйаар. Билбэт дьоммут кытта виртуалкаҕа кэпсэппэппин, дьиҥнээх олоххо кэпсэтэрбин ордоробун. Пока. — Пока! Бирикээһинэн кытаанахтык бобуллар да буоллар, Нур Ахсыс дьиҥнээх олоххо илэ бэйэтин көрүөн олус баҕарар. Хаста да Улахан Харах бырагамааҕа (программа для наблюдения за реальным миром) холбонуон санаата да, толунна. Уорбалыыр эрэ буоллаххына уонна Үөһээҥҥилэр көҥүллээтэхтэринэ эрэ ити бырагырааманан туһаныахха сөп. Аны Нур курдук «бэһис» таһымнаах исписэлиис итинник бырагырааманан баччааҥҥы диэри туһана илик. Атаһа Майк кэпсиирин итэҕэйдэххэ, Үөһээҥҥилэр ити бирикээһи уонча сылтан бэттэх киллэрбиттэр. Нур иннигэр олорбут специалист Улахан Хараҕы туһанан, ханнык эрэ конгрессмен дьиҥ олоххо хайдах дьаабыланарын көрөн, онтон кэлэйэн, бэйэтэ куорҕалааччы буолбут. Маҥнай кинини уорбалаабыттар. Статус биэрбиттэр. Онтон суут нөҥүө ликвидациялаабыттар. Ол иһин Үөһээҥҥилэр көҥүл биэрдэхтэринэ эрэ, дьиҥ олоххо уорбаланааччыҥ сирэйин-хараҕын көрөҕүн. Улахан Харах бырагыраама аан дойдуну барытын хабар. Бэл, чэпчэтинэр сирдэргэ (туалеттарга) кытта турар. Спутнигынан чопчу биир уорбаланааччы ханна халбарыйарын барытын көрө-билэ олороҕун. Улахан Хараҕы биир үксүн Спецтэр биитэр Корпорация Хараҥаччыллара туһаналлар. Кинилэр, бэл, бу дьааһыйа олорорбун бэлиэтии көрүөхтэрин сөп. Хайыаҥый, судаарыстыба-корпорация куттала суох буолуута барыбыт сорукпут. ФБ боломуочуйата Хараҥаччылартан арыый намыһах. ФБ тэрилтэ гражданнар корпорацияҕа төһө бэринилээхтэрин, тугунан тыынан олороллорун билэр соруктаах. Гражданнар 99,8 бырыһыаннара бары Виртуалкаҕа киирэллэр, онно араас интириэстээх группалаахтар, бэйэлэрэ страницалаахтар. Микра курдук сүүнэ комьютердар дьон тугу суруйарын, тугу кэпсэтэрин барытын сиидэлииллэр. Ханнык эмит, бобуулаах тыл, лозунг этилиннэ да, исписэлиискэ тиэрдэ охсон, обработкаҕа ылаллар. Маны таһынан, анал бырагыраама дьон-сэргэ хайдах телефонунан кэпсэтэрин кытта хонтуруоллуур. Ханнык эмит гражданин куорҕалааччыга уорбаланна да туспа статустанар. Ол аата Үөһээҥҥилэр кытаанах хонтуруолларыгар киирэр. Статустаммыт гражданин син-биир туох эмит дьыалаҕа эриллэн, корпорацияны куорҕалааччы быһыытынан сууттанар. Нур өйдүүрүнэн кини кими даҕаны сыыһа уорбалаабатах буолуохтаах. Алҕаһаатын диэн Үөһээҥҥилэртэн туох да диэн боротокуол кэлбэтэҕэ. Нур Гун эмиэ сыҥааҕырдыы олорорун өйдөөн, сирэйин эҥин араастаан мырдыччы туттан, сэрээккэлээбитэ буолла. Турда. Тыыллаҥнаата. Үлэтэ үчүгэй эрээри, наар олорон тахсаҕын. Арай, кинини Хараҥаччы оҥордуннар? Хамнаһа да үс бүк үрдүө этэ уонна дьиҥ олоххо чугас буолуо этэ буоллаҕа. Куорҕаллааччылары кытта тутуһан туран киирсиэ эбит. Ол, маннык монитор кэннигэр саһан олордооҕор, быдан астык. Кытыы монитор эмиэ чыпчыҥнаата. Нур сорудах кэлбитин өйдөөн өрө көтө түстэ. «Төрдүс-бэһис платформаларга сөптөөх информацияны ыыта охсуҥ». Ол аата гражданнар Виртуалкаҕа баар страницаларыгар уонна айфоннарыгар ити сыһыарыллыбыт информацияны киэҥник тиэрдэ охсуохтаах. Нур кэдэс гынна уонна тоҕо эрэ кэннин диэки хайыста уонна саҥа аллайда: «Дьэ, эрэ, Микра хайдах этибитий». Ааспыт ыйга сүүрбэ биэс тыһыынчаттан тахса биллэриини, санаа атастаһыытын быраҕан отделыгар бастаан турар. Арай Майк рекордун эрэ тиийбэтэҕэ. Билигин баҕас атаһын куоһарар ини. Нур бу сырыыга клавиатуратыгар
ытыстарын уурда уонна: «Бардыбыт» диэтэ. Хараҕын иннигэр араас Виртуалка платформалара, биирдиилээн гражданин страницата толоруллан истэ: «Куорҕалааччы Саймон сууттанан баран ликвидацияламмыт. Хаартыскаларын көрүҥ». «9-с уулуссаҕа тахсыбыт саахал техническэй биричиинэнэн тахсыбыт. Видеота манна баар». «Бүгүн мин төрөөбүт күнүм. Ол иһин Корпорация миэхэ анал карточка туттарда». «Сирияҕа буолбут теракка Корпорацияттан ким да эчэйбэтэхэ». «Кырдьыбат туһугар Лакосте креминэн туһан». «Куорҕалааччылар туһунан профессор Амадей маннык саныыр эбит». «РИАН агентство этэринэн дуоллар курса хамныа суоҕа. Онон дуоллар атыылаһарга тиэтэйимэҥ» «Конргесска бүгүн Дьахталлар оҕолорго сыһыаннарын туһунан сокуону иккис ааҕыыга көрүөхтэрэ». «Конргесс бэрэссэдээтэлэ сотору кэминэн 8-с платформаҕа быһа сибээскэ тахсыа. Ыйытыыларгытын бэлэмнээҥ». «Дьылҕаҕын оҥостуоххун баҕардаххынан, гражданин иэһин толороро сэбилэниилээх күүстэргэ тиий». «Бэрик ылбыт Корпорация миниистирэ буруйа өссө да дакаастана илик»… Нур Гун үлэлии олорон хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, экраҥҥа гражданнар уорбаланыан сөптөөх хамнаныылара бэрээдэктэнэн иһэн, эмискэ араҕас буолан сандаарда. Робот обургу тугу эрэ булла быһылаах. Суох эмиэ төттөрү хараарда. «Майкы сиппэт буоллум», — Абара санаата Нур. Наадалаах информацияны барытын сайтарга, страницаларга уган баран, дьэ, уорбаланааччылар хамнаныыларын хат арыйталаата. Суох. Киһи уорбалыан айылаах туох да суох. Арай, бу Ахсыс эмиэ суруйбут: «Корпорация миниистирэ бэрик ылбыт буоллаҕына, туох гынаары маннык бырабыыталыстыба нааданый?». Кэлин: «Мин санаам итинник» — диэн ситэрэн биэрбит. Ол иһин робот уорбалаан араҕаска кубулутан баран, төттөрү тэйиппит эбит. Ахсыс «бэйэтин санаатын эппитэ» буолан эмиэ куотунна. Киитэрэй баара. Ол эрэн, итинник санаалары уончата аһаҕастык эппит буоллаҕына, специалист Улахан Харах бырагырааматын холбуон сөп. Нур Гун көҥүл ылыахтааҕын билэ-билэ, бырагыраамаҕа Ахсыс нүөмэрин суруйтарда уонна «көрдөө» диэн хамаанданы биэрдэ. Чочумча буолаат маҥнай спутник уорбаланааччы субъект ханна сылдьарын кыһыл туочука гынан көрдөрдө. Онтон уопсастыбаннай транспорт иһинээҕи камера холбонно. Оптуобус иһигэр уонча эрэ киһи баар эбит. Камера сыыйа сыҕарыйан, биир чэмэличчи көрбүт хап-хара харахтаах, сырдык хааннаах кыыс хотуҥҥа тиийэн иҥиннэ. Кыыс илиитигэр айфонун имэрийэ олорор. Уоһун кумуччу туттубут, хаастарын түрдэһиннэрбит. Туохтан эрэ кыыһырбыт көрүҥнээх. Нур Гун монитору болҕомтолоохтук маныы олорон көрдөҕүнэ, кыыс кууркатын сиэбиттэн кэннигэр олорор биир ачыкылаах уол кумааҕы сыыһын хостоон ылла. Уоруйах? Уорбаланааччы статуһун биэрэ сыста. Ол эрэн кыыс эргиллэн, уолга тугу эрэ саҥа аллайда. Иһиллибэт. Оптуобус камералара эргэлэр. Кыайан саҥаны-иҥэни устубаттар. Онтон тохтобул кэллэ быһыылаах, кыыс ойон турда, тахсан иһэн тоҕо эрэ камераны утары кэлэн иһирэх-иһирэхтик мичээрдээтэ уонна тахсан барда. Нур сүрэҕэ тоҕо эрэ мөҕүл гынна. Кыыс номоҕон дьүһүнэ уолу долгутта. Ахсыс уорбаланааччы буоларын, кыл түгэнэ умна сыста. Онтон исписэлиис билигин тэҥинэн икки объегы кыыһы уонна ачыкылаах уолу маныырга күһэлиннэ. Таһырдьа баар камералар тымныы кыһынын тулуйбат буолан, үлэтигэр тиийэр диэри сүтэрэ-сүтэрэ Ахсыһы батыста. Онтон ачыкылаах эдэр киһи хантан кэлбитэ биллибэккэ иккис тохтобулга
тахсаат, дьиэ кэннигэр киирэн, камера хаппат сиригэр тиийэн сүтэн хаалла. «Тыый, бу кимий?» дии санаата Нур. Ол да буоллар кини тоҕо эрэ кыыска уорбаланааччы статуһун биэрбэтэ. Компьютерынан Виртуалкаттан ити эдэр киһини була сатаата. Досьета да суох, туга да суох. Ол аата бу киһи Виртуалкаҕа киирбэт. «Бээрэ, оччоҕо ити Ахсыс кимин-тугун үчүгэйдик биллэххэ? Баҕар куорҕаллааччы буоларай?» — Нур Гун эмиэ толкуйга түстэ. Кэбис үөрэтэн баран, биирдэ кыыс статуһун бигэргэтииһи. Сарсын хайаан да «аллараа дойдуга» тахсыыһы. Дьуһуурустубата да бүтэр. Чэ, бээ… Майк киирэрэ чугаһаата. Төһө да табаарыһа буоллар, виртуалкаҕа хаалларбыт суолларын сото охсуон наада. Уол чатка Ахсыска анаан сурук хаалларда: «Сар Дана, сарсын сөбүлэһэр буоллаххына, Талайга көрсүөххэ». (Салгыыта бэчээттэниэ) Хатат, www.edersaas.ru
edersaas.ru сайтан