Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох оонньуута (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох оонньуута (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
22.11.2022 18:30
Үүт-тураан сайыӊӊы нуурал киэhэ. Киирэн эрэр күн саhар5ата, бүгүӊӊү күннээ5и үлэбин барытын дьэ бүтэрдим диэбитии, уоскуйан-дуоhуйан, налыччы халлаан арӄаа ɵттүгэр тилийэ кыыhар. Түптэ күɵх буруотугар бигэнэн, ыаммыт ынахтар кɵхсүлэрин иhигэр «пуус» гынан тыынан кэбиhэ-кэбиhэ кэбинэн кирдиргэтэллэр. Дэриэбинэӄэ саӊа-иӊэ а5ыйаабыт, кэлии-барыы тохтообут, тыас-уус намтаабыт. Арай ханна эрэ оройуон кииниттэн кэлэн барар автобус бүтэhик сырыыта буолан, тɵннɵɵрү тиэтэйэн, тиӊкир-таӊкыр айаннаан гаастаан бирилэтэрэ иhиллэн ааhар. Дьон күннээ5и түбүктэн босхолонон, киэhээӊи аhылыктарын тото аhаан, утуйуох иннинэ, суунан-тараанан тыын ылар, ааспыт күнү ырытыhар, кэлэр күнү былаанныыр кэмнэрэ. Уурбут-туппут курдук дьып-дьап тупса5ай оноhуулаах Баhылайаптар тиэргэннэригэр эмиэ уу-чуумпу. Дьиэ кирилиэhигэр күнү быhа күн уотугар сыламнаабыт куоска киэhээӊи ɵлүү үүтүн иhэн, тотон, илиилэрин-атахтарын саланан ыраастана олорор. Тэйиччи илин атахтарыгар тɵбɵтүн кыӊначчы уурунан, дьиэ харабыла, Баатыр, сүрэ5элдьээбиттии ситэ кириллэ илик уӊуоӄун кирбит киhи дуу, суох дуу диэн оӊой-соӊой кɵрɵ сытар. Хаhаайыттар, Кэтэриинэлээх Бүɵтүр, утуйуох иннинэ, сɵрүүккүү таарыйа, дьиэлэрин аанын аттыгар баар ыскаамыйаӄа буолары-буолбаты кэпсэтэ олороллор. Киэhэ аайы итинник олороллорун кинилэр астыналлар. Дэриэбинэ иhинээӄи сонуну түɵрэ тэбэhэн, сарсыӊӊы күн туох то5ута кɵтүллүɵхтээ5ин быhааран тириилэрин тэниттиэхтэрэ, онтон күн мыраан кэннигэр саhыыта: «уу, бириэмэ ырааппыт, утуйа охсуох» диэн буолуо, иккиэн эйэ дэмнээхтик ороннорун булан утуйан бырылатыахтара. Бүгүн да ол үгэс кэhиллибэтэ. Киэhээӊи астарын кэннэ ыскамыайкаларыгар тахсан олордулар. Кыыстара Вера веранда иhигэр аhаабыт иhиттэрин хомуйан тилигириир-талыгырыыр. Дьүɵгэлэрин кытта хаамса бараары ыксал. Эбэлэрэ сыппыта ыраатта, кини киhи эрдэ сытар, эрдэ турар. — Хатыай, аргыый тилигирээ! Иhити иhит онорумаары гынна! – Кэтириис мɵӊүттүбүтэ буола – буола былаатынан кɵлɵhүнүн соттор. Киирэн эрэр күн саhар5атын одуулаамахтаан олороот эригэр эргиллэр: — До5оор, отуҥ үлэтэ улахана бүттэ дии. Сарсын Вера биhиккини Бала5аннаах ɵтɵ5ɵр быраӄан биэрбэккин ээ?! Дьэдьэннээн кɵрүллүɵ этэ. Дьахталлар күн аайы суксуруhуу бɵ5ɵтɵ. Дьэдьэни кыайдылар быhылаах. Уйбаан Огдоото бэҕэһээ туох баар аармыйатын хомуйан тахсан биир биэдэрэлээх киирбит диэтилэр… — Оо, барахсаттар! Ол 3 лиитирэлээх о5о биэдэрэтин 10 лиитирэлээх мондуруонай биэдэрэ курдук кэпсээтэхтэрэ ээ. Ол ыы — кырбас биэстээх-алталаах уу ньындьыраан аармыйа хомуйбута диэхтээн, — Бүɵтүр мас сыыhынан тииhин быыhын анньына – анньына күлэн күһүгүрэтэр. — Кэпсээн абыран! Эйиэнэ барыта киhиттэн таhынан… Уонна кыhын барыанньа сиэн дэлбэрийэргэр атын саӊа буолуо! — Сɵп. сɵп! Быраӄыллыа. Тугу гынаргыт баарай? Таарыйа Хомустааӄым күрүɵтүн тутан кэбиhиэм. Сылгы үɵрэ була илигинэ. — Хата инньэ диэ. Ɵссɵ тугу быhаарсабыт диэбиттии саӊата суох олорбохтоотулар. Ити бириэмэ5э тиэргэӊӊэ киирэр калитка аана кыыкыр гынан аhыллара иhилиннэ. Чуумпуран сыппыт Баатыр ойон тураат, үрэ-үрэ аан диэки ыстанна. — Чот! Бу ыт киhини сиэри гынна?! Киэр буол!… Бачча киэhэ киммитин а5алла? — Кэтэриинэ чарапчылана-чарапчылана олбуор аанын кыӊастаста. Ааӊӊа уhун курбуу уӊуохтаах, аӊар санныгар үрүсээк сүгэhэрдээх эдэр уол киириэхчэ буола-буола, ыттан куттанан, аантан тутуhан турар. — Васильевтар манна олороллор дуо? – диэн хаhыытаан ыйытта. — Манна, манна! Киир, киир! Ити ыт ытырбат, хаhаайымсыйбыта буолар! — Бүɵтүр туран, ытын дьарыйа-дьарыйа уолга утары барда, Кэтириис, билиэн-кɵрүɵн ба5ата батарбакка, сыыhа-халты үктэнэн кэнниттэн түhүстэ. — Дорооболоруӊ! – уол иhирдьэ атыллаата, Бүɵтүргэ илиитин уунна. Эр дьон кытаанахтык илии тутустулар. Уол тургутардыы Кэтириистээх Бүɵтүрү хардары-таары кɵрдɵ уонна: — Мин Дьулус Баhылайап диэммин, — диэтэ. — Хайаларын о5ото эбитин буолла? Хара5ым сɵбүлүү кɵрɵр да билимээри турабын – диэн Кэтириис саарбахтаабыттыы унаарытта. Уол дириӊник үɵhэ тыынна уонна аны истиэхтэрэ суо5а диэбитии, ɵрүсүһэн биир тыынынан кутан кэбистэ: — Мин Петр Игнатьевич о5ото үһүбүн. Миигин ийэм а5а5ын булаар диэбитэ, ол иhин кэллим! — Туох даа? – Кэтириис истибитин итэ5эйбэккэ саӊа аллайда. Кэргэнин диэки саӊа кɵрбүттүү чыпчылыӊнаата, харда эрэйэрдии эргичиӊнээтэ. Бүɵтүр соhуйан кэтэ5ин тарбанна, кэлиэх — барыах сирин билбэтэхтии биир сиргэ тэпсэӊнээтэ, тоӄо эрэ нэлэккэйдэммит ырбаахытын кичэллээхтик үɵһэттэн аллаараа диэки тимэхтэнэн кэбистэ, тылыттан матта… Тɵhɵ ɵр маннык даллаhан туруохтара эбитэ буолла, верандаттан Вера кыыс ɵрɵ умайыктаммыт саӊата табыгаhа суох чуумпуну аймаата: — Мама! Тоӄо тура5ыт?! Крыловтар козалара хаппыыстаны сиэн эрэр! Саӊата суох, биир сиргэ тоhо5оломмукка дылы турбут дьон, биир хамаанданы истибит дьон курдук тэбис-тэӊӊэ о5оруокка ыстаннылар. Эдэр-эдэр курдук, Дьулус уол күрүɵ үрдүнэн кɵтɵн, коза аттыгар биирдэ баар буола түстэ. Тугу гыныан билбэккэ, козаны муоhуттан харбаан аан диэки соскойдооччу буолла. Коза соhуйан бээ5иниии туhээт, хара күүһүнэн уолу муоhунан силэйэн олордьу анньан кэбистэ. Тилэх баттаhа сүүрэн кэлбит Кэтириистээх Бүɵтүр ый — хай бɵӄɵтүн түһэрэн о5уруоттан козаны үүрэн таhаардылар. Дьукку астарбыт илиитин имэринэ-имэринэ Дьулус туран кэллэ, эргим-ургум кɵрдɵ. Хаhан Бүɵтүр бүтэйи бүɵлүɵр дылы, Кэтириис уол аттыгар кэллэ: — Уу, сатана сүɵһүтэ сорбутун сордоон эрэр. Хата улаханнык тыыппатах быhылаах. Хайыа, эн илиигин быhа түстүн дуо? Ыл кɵрдɵр! Маннык гыннаххына ыалдьар да? Суох да? Тостуу суох быhыылаах. Чэ, хата халымыр со5ус эбит. Барыах, сууйан баран дьуоттаан кэбиhиэхпит. Ийэтэ билбэт уолун батыhыннаран киирбититтэн, Вера соhуйан тэрбэччи кɵрдɵ. — Вера, аптечканы булан а5ал уонна чэйдэ тарт. — hэ, билигин эрэ аhаан бүттүбүт буолбат дуо?— дьүɵгэлэригэр ойоору турар Вера аӊар түүпулэтин кэтэн булумахтанарын быыhыгар. — Тиэтэй! – ийэтэ утарылаhар туhата суоӄун биллэрэн, куолаhын сонотто. Вера, били күɵх оту тосту үктээбэт, мэлдьи күлэн мыччыста сылдьар ийэтин саӊата кытааппытыттан туох эрэ бɵрүкүтэ суох дьыала тахсыбытын ɵйдɵɵтɵ, түүпүлэтин турута тэбиэлээт, аптечка кɵрдүү ыстанна. Ити бириэмэӄэ аӄалара киирэн, остуол биир уhугар саӊата суох олорунан кэбистэ. Кэтириис Вера а5албыт аптечкатын хаhан, водород сурадаhынын таhааран, уолу илиитин бааhын сууйда, дьуоттаан кэбистэ: — Чэ, сыбаайба5ар диэри оhуо… — диэтэ, илиитин суунан, иhит бэлэмнии сылдьар кыыhыгар кɵмɵлɵһɵн барда. Дьулус турбут сиригэр хамсаабакка балайда турда, хайдах эрэ табыгаhа суох ба5айытык сананна: олорунан кэбиhиэн – кини манна хаhаайын буолбатах, тахсан баран хаалыан – сыал-сорук гынан кэлбит дьыалатын тиhэ5эр тиэртэ5инэ табыллар. Уол сирэйэ куhа5ан буолбутун кɵрɵн, Вера ааhан иhэн, уол үрүсээгин хап гынан ылла, а5атын утары олоппоско «олор» диэн имнэннэ, рюкзагы илдьэн таӊас ыйыырга ыйаан кэбистэ. Дьулус илиилэрин ханна гыныа5ын билбэккэ тэлэмнэттэ уонна ыйбыт олоппосторугар олороругар тиийдэ. Кэмниэ-кэнэ5эс бары миэстэлэрин булан олордулар, ол тухары саӊа-иӊэ суох. Ким да саӊарбатыттан бэркиhээн дуу, дьаhайар санаата батарбакка дуу Кэтириис бастакынан тыл ыhыгынна: — Хайа, айан киhитэ, сылайбытын буолуо?! Итиитэ киллэр уонна онтон туох сыаллаах-соруктаах кэлбиккин то5о тэбээн кэбис! Уол иэдэстэриттэн, са5алаан сыыйа кулгаахтарыгар диэри кытар гынна, сыпсырыйбыт чэйин тыастаахтык ыйыстан «кылк» гыннарда, чааскытын тɵттɵрү уурда, илиитин холбуу тутунна уонна тарбахтарын имитэ-имитэ, быhыта-орута кэпсээн барда: — Мин Дьулус Васильев диэммин. Мединститутка иккис кууруска үɵрэнэбин. Ол иннинэ медколлеһы бүтэрбитим. Ийэбинэн Бүлүүбүн. Ийэм бу саас суох буолбута, бараары сытан хайаан да а5а5ын булаар, диэн тылбын ылбыта уонна маны биэрээр диэбитэ… — Дьулус ырбаахытын сиэбиттэн кумаа5ыга сууламмыты ылан Бүɵтүргэ уунна. Бүɵтүр то5о эрэ илиитин утары ууммата, буруйдаммыттыы умса кɵрдɵ, илиитин остуол анныгар симтэ. Дьулус илиитэ салгынна ыйанан хаалла, тɵттɵрү тардыах курдук буолан истэӄинэ, Вера эhэ тардан ылла уонна харса суох аhан хачыгыратан барда. Дьулус былдьаhыахча буолан иhэн, сапсыйан кэбистэ, буолар буоллун диэбиттии олоппоhугар сэниэтэ суохтук олорунан кэбистэ. Вера кумаа5ыттан бастаан, о5о кɵтɵӄɵн олорор дьахтар хаартыскатын ороон таhаарда: — Ыы, быллайа-быллайа бу эн дуо? эп-эмис эбиккин дии? Онтон бу ийэҥ дуо? Отой кырасаабысса эбит дии, суhуо5а уhунуун! Уой, бу кимий? Папа дии… Эдэр ба5айы, куударалаахпын диир. Мама, бу кɵр! – Вера хаартыскалары ийэтигэр үӊүлүттэ, бэйэтэ суругу тэнитэн ааӄан барда: — «Күндү, Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар кɵрдɵhɵбүн! Оло5ум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэӄим…» Тугу да саӊарбакка истэн олорбут Кэтириис кыыhыттан суругу хаба тардан ылла, тутан олорбут хаартыскаларын холбуу тутаат эригэр куду аста, кыыhын харытыттан харбаат дэллэритэн илдьэн таhырдьа аста, кэнниттэн түүппүлэлэрин кыыратта уонна: — Эн, бар, күүлэйдээн кэл! – диэн хаhыытаата. — Ханна — а ? – Вера барыан ба5арбатын биллэриэхчэ буолтун, хара5ынан кынчыатаан саӊарыахтаа5ар саӊарбатах оӊордо. Вера кэннин хайыhа-хайыhа калитка диэки дайбаата, уулуссаӄа тахсан ɵр күүттэрбит дьүɵгэлэрин кытта аймалаhан саӊаларын дор5ооно ыраатан сүтэн хаалла. Кэтэриинэ тɵннɵн кэлэн дьонугар эбии чэйдэрин толорон биэрдэ: — Эhиги ыксаабакка наллаан олорон кэпсэтиҥ! Мин теплицэбэр уу кутарбын умнубуппун. Уонна атын да түбүк элбэх. Бүɵтүр, ыалдьыккар чэйин кутан биэрэн иhээр, — диэт сибэкки ойуулаах халаатын тэллэ5э тэлээрэн теплицэтин диэки дайдара турда. Эр дьон бэйэлэрэ эрэ олорон хааллылар. Дьулус чэйигэр саахар куппутун бэрт ɵр буккуйа олордо: «Таах сибиэ кэлэн дуу?! А5ам, ээ, Бүɵтүр, сɵбүлээбэтэ быhылаах… То5о да саӊаран быстыбата буолла? Кэргэнэ, хата, ɵйдɵɵх дьахтар быhылаах, хаhыытаан-ыhыытаан, үүрэн-үтүрүйэн кɵрсүбэтэ. Киhилии бэрэбээскилээн, чэйдэтэн игин… Хата кыыстара сытыы киhи, саӊаран -иӊэрэн, кэлэн-баран… Итинник балтылаах киhи барытыгар бииргэ сылдьыллыа этэ, кɵмɵлɵсүһэн, ардыгар мɵккүһэн… Олох чуӊкуйуохтара суох этэ…» Бүɵтүр биэрбит кумаа5ыларын барытын бобуччу тутан олорбохтоото, онтон хара5а хаартыска5а иӊиннэ, сүрэ5э «мɵ5үл» гынна, эмискэччи тиӊиргэччи тэбиэлээн барда: «Маайыс барахсан! Суhуо5а субуллан, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн… Таптыыр да этэ… Кини лыӊкыначчы күлэрин истээри үс биэрэстэни үс биэрэстэ диэбэккэ күн аайы оттуур сириттэн тэппит ата5ын кɵннɵрбɵккɵ тэбэн кэлэрэ. Тапталла5ын кытта дуоhуйа күүлэйдээн, күн тахсарын кɵрсɵн баран тɵттɵрү түһүнэрэ. Дьоллоох да кэмнэр этэ… Бу орто дойдуга кинилэртэн ордук дьоллоох таптыыр, таптаhар дьон суо5а… Биир түүн этиӊнээх ардахха баттатан кэбиhиилээх от анныгар хонон турбуттара. Ньылбы сытыйбыт таҥастарын киэр илгэн иккиэн кыбыстыбыттыы бастаан кɵхсүлэринэн сыстан сыппыттара, онтон саӊата суох эргиллэн уос уостара бэйэ-бэйэлэригэр сыстыбыттарын билбэккэ хаалбыттара…Сарсыарда иккиэн дьоллоох ба5айытык куустуhан, уураhан арахсыбыттара. Субуота күн Бүɵккэ биригэдьиириттэн кɵҥүллэтэн, ытыар дылы ыга киэргэнэн, ийэтин батыhыннаран, Маайыс дьонугар Уордаахаптарга кэргэн кэпсэтэ тиийбитэ. Ийэтэ барахсан тугу эрэ этиэхтии сотору – сотору ɵрɵ тыынарын аахайбата5а. Долгуйара оччо дии санаабыта. Дьиэ5э киирбиттэрэ: дьиэлээхтэр бары чээйдии олороллоро. Ким да дьон киирдигит диэн хайыhан кɵрбɵтɵ5ɵ. Арай Маайыс ытаабыт-соҥообут сирэйдээх нэhиилэ Бүɵтүр диэки кылап гына кɵрɵн ылбыта. Бүɵтүр туох наадалаа5ын саҥа таhааран быhааран истэ5инэ, дьэбин уоhуйбут сирэйдээх Маайыс а5ата күргүйдээн то5о барбыта: — Хонууттан булуллубут ыт сиэмэтэ! Мин со5отох кыыспын холооно5ум диэн тэӊнэhээри кэлэн турбут буола-буола! Киэр буол! Икки харахпар кɵстүмэ! — Туохтаахпын диэн миигин гынна уруур5аhаары чарапачыстын, хотон холоӊсото! – диэн аны бэйэтэ да сэрэнэн-сэрэнэн илибириии турар ийэтин барахсаны кэлэн түҥнэритэ анньыалаабыта. Бүɵтүр хара5а хараҥара, тыына кылгыы түспүтэ… Хайдах гынан бэйэтиттэн үс тɵгүл улахан киhини түҥнэри саайбытын ɵйдɵɵбɵт… Хаhыы-ыhыы, аймал5ан быыhынан ийэтинээн таhырдьа анньыллыбыттара. Маайыс батыhан, сүүрэн тахсан истэ5инэ, убайа суhуо5уттан сулбу сɵрɵɵн, дьиэ5э соhон киллэрбитэ. — Кɵрдɵɵбүккүтүн ыллыгыт дуо? Аны кэлэ сорунаарын эрэ! Уолаттар тыыҥҥытын иhиллиэхтэрэ. – диэн сыыбыр5аабыта ийэлэрэ буолуохсут. Киhиттэн киhи ата5астанара диэн баар кыhыылаах-абалаах суол! Бүɵтүр олох да хаста да ɵрүскэ киирэн дагдайбат гына умсан хаалыан ба5арталаабыта да, ийэтин эрэйдээ5и санаан тохтообута. Ийэтэ барахсан тугу да саҥараахтаабата, уолун тула хачыгырайарын уураппата5а. Олох да охтон хаалыах киhи о5ом туhа диэн санаа күүhүнэн уйуттан сылдьыбыта. Ити үлүгэри дэриэбинэ хобороонньолоро сыыска-буорга түhэрбэтэхтэрэ: ситими ситимҥэ тиhэн, тылы тылга холбоон остуол ыаhа5а, ыстыыр ыас оностубуттара. Били үɵр ыт биир мɵлтɵххɵ саба түhэрин курдук, бары саба түспүттэрэ, кɵмүскэhэр биир да киhи кɵстүбэтэӄэ. Ытыктабыллаах нэhилиэк бас-кɵс киhитин дьиэтигэр киирэн кырбаатылар, үɵхтүлэр диэн 24 чааhы биэрбиттэрэ. Хайыахтарай, дьиэлэрин дуомун түннүгүн туора–маары саайбыта буолан баран, сарсыарда күн тахсыан иннинэ күрээн эрэр курдук олбуордарыттан тахсан барбыттара. Дэриэбинэ са5атыгар тиийэн ийэтэ эргиллэн бырастыылаhаары гыммытын, Бүɵтүр эргилиннэрбэтэ5э: — Түɵн да са5а кыра үтүɵ санаа иӊмэтэх сириттэн баран эрэбит, ийээ! Эргиллимэ! Куhа5аны батыhыннарыма! — диэт санныттан сэмээр ɵйɵɵн иннин диэки сиэтэн дэллэритэн илдьэ бара турбута. Ол суолларарыгар биир тоӄойго тохтоон сынньаммыттара. Ийэтэ барахсан үгэhинэн сиригэр алаадьы уурбута, уолун хата5алыы сатаабыта. Онно Бүɵтүр ийэтин икки иллиитин ыга тутан ньилбигэр умса түһэн, кыра эрдэ5инэ о5олору кытта боруоктаhан кэлэн баран ытыырын курдук, уйа-хайа суох ытаабыта. Ийэ барахсан санна ибигирээн тэӊӊэ саӊата суох ытаспыта, уолун тɵбɵтүн, саннын уоскуйуор диэри имэрийбитэ. Онтон аргыый саӊа таhаарбыта: — Тоойуом, Бүɵтүккэ, кɵр эрэ, күммүт сандаара таӄыста. Кɵр, кɵр, тулаӄын. Кэрэтиин! Бүɵтүр уу хаар баспыт хара5ынан тулатын кɵрүммүтэ: чахчы да айыл5а барыта уhуктан, киэркэйэн, сырдаан, күлүмүрдээн араас ɵӊүнэн ыhыахтана оонньоон эрэрэ. — Чыычаах, хараӊа түүн кэнниттэн Орто дойду араӊаччыта буолбут аламай маӊан күн хайаан да тахсар. Ол курдук куhа5ан эмиэ тɵһɵ да ыар буоллар ити түүн курдук эмиэ ааhар. Эн санаа5ар куhа5аны тутума, иэстэhиэм. ɵлɵрүɵм,ɵһүɵннүɵм дии сананнаххына киhи буолбакка кии буолуон, онтон кэрэ5э, сырдыкка эрэ дьулуhар күүстэннэххинэ киhи киhитэ буолуон. Таӊара баар, барытын кɵрɵр, барытын тэӊниэ. Мин оӄом тулуурдаах – саха саарына буолуо! — хаhан да итиччэ элбэ5и саӊарбатах ийэтэ эппититтэн-тыыммытыттан Бүɵтүр чахчы соhуйбута. Ийэтин сүүhүттэн сыллаан ылбыта уонна кууhан олорон: «ийэм барахсаны аны хаhан да хомотуом суо5а, кини туhугар үлэлиэм, олоруом, тугу барытын ситиhиэм!» диэн бэйэтигэр анда5айбыта. Син инчэ5эй тирбэӄэ быстыбатынан куораты булан, арыт олбуор харбааччылаан, арыт тутууга оробуочайдаан, онтон суоппардаан, кэлин отой да кэтэхтэн үɵрэнэн, тыа хаhаайыстыбатын объектарын тутууга тос курдук тойон буола үүммутэ. Барыны-бары сатыыра, барыны-бары кыайара, ол гынан баран кэргэннэнэр туhунан биирдэ да толкуйдаабата5а. Саар тэгил уӊуохтаах, куудара баттахтаах, ис киирбэх саха саарынын ымсыыра кɵрɵɵччү кэрэ аӊар элбэ5э да, киhилэрэ дьилэй эттээх, тоӊ сүрэхтээх буолан биэрбитэ. Куоракка олоруохтарын ийэтэ тыа сирин ахтара бэрдиттэн, бу илин энэри булан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үлэтин билэр, сɵбүлүүр, сирдэрбэт. «Биhиги Кынаачайабыспыт» а5ай буолан сыдьар. Урукку олоӄо түүл буолан умнуллубута, хаhан да ахтыллыбата. Уонна, дьэ, бу бүгүн этиҥ эппитин курдук, Уордаахаптар сыдьааннара кини боруогун атыллаата5а үһү! — Араспанньаҥ то5о Уордаахап буолбата5ый? Эмискэ ыйытыыттан Дьулус соhуйан ходьох гынна. — Ээ… Эн мин эhэбин билэ5ин дуо? — Билэр этим… Хаhан эрэ, эн саастыыта сылдьан дуу, ɵссɵ эдэрим эбитэ дуу… Дьэ хата хайаан Уордаахап сиэнин мин курдук киhийдэххэ кɵҥүллээн ыытта? — Эhэбин мин билбэппин ээ. Ɵлбүтэ ыраатта, мин кыра эрдэхпинэ, ɵйдɵɵбɵппүн. Эбээни эмиэ ɵйдɵɵбɵппүн. Ийэм миигин кинилэргэ хаhан да илдьибэтэ5э. — Хантан тугу да ɵйдɵɵбɵт киhи баар буола түстүн ээ?! — Бүɵтүр бэйэтиттэн ыйытара , уолтан ыйытара эрэ биллибэккэ саҥа таhаарда, сурукка умса түстэ. «Күндү, Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар кɵрдɵhɵбүн! Оло5ум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэӄим… Петя, туох да диэ, ба5ар үɵх, баӄар кыраа… Мин сүрэхпэр таптал уотун умаппыт, ол уотунан угуттаан ɵр сылларга олох олорорго күүс-уох биэрбит – эн эрэ. Эйигин таптыырым күүhүнэн ɵссɵ да олох олоруом, о5обун ата5ар туруоруом эбитэ буолуо да, дьыл5а-хаан кытаанах: куhа5ан ыарыы ылан баран эрэбин. Ол иhин бу сурук суруйарга сананным. Ɵйдүүбүн, мин дьонум эhигини дьон аатыттан аhарбыттарын кэннэ, эйигиттэн тугу да кɵрдɵhɵр кыа5ым да, быраабым да суо5ун…Ол гынан баран, итэ5эйэбин, эрэнэбин бу кɵрдɵhүүбүн быhа гыныа суоӄа диэн. Бу сыллар тухары кимиэхэ да эппэккэ биэбэйдээн улаатыннарбыт уолум – эн биhикки тапталбыт туоhута. Бу суругу тиксэрбит о5о – эн уолуҥ! Дьахтар буолбут үрдүк ааппар биир о5ону таптыыр киhибиттэн тɵрɵттɵ5үм. Дьолум диэн ол буолла5а! Ата5ар турарыгар, киhи буоларыгар кɵмɵлɵс дуу, дурда-хахха буол! Үҥэн-сүктэн кɵрдɵһɵбүн. Турар бэйэтэ со5отох хаалаахтаата. Анараа дьону кытта билиhиннэрбэтэ5им, кинилэр да аата-суола барбыт кыыстарын кытта ыксалаhыахтарын ба5арбатахтара. А5ам ɵлɵɵтүн кытта уолаттар иhэн-аhаан муспут баайын дуолун ый ыhыа5а онорбуттара, ийэм тулуhа сатаан баран куоракка киирэн миэхэ олорсоору гынан иhэн, ыалдьарбын билэн икки ата5ынан куоппута. О5ом барахсан ыарыылаан бачча5а кэллим. Дьүһүнүнэн да майгытынан да эн курдук: кыра5а үɵрүнньэҥ, аhа5ас сүрэхтээх, кɵнɵ. О5ом суо5ар сурукпун боочойобун. Сэниэм эстэн, сынньана-сынньана… Петя, дьиҥэр, эн куоракка бааргын истэн, уолум тɵрɵɵбүтүн кэннэ, дьонум үɵ5үүлэрин тулуйа сатаан баран, ба5ар эйигин булуом диэн бэрт эрэйинэн куораты булбутум. Тоӄо эрэ туспар дьыл5а мин диэки мичик гыммата5а. Ал5аска да кыайан кɵрсүбэтэ5им. Санитаркалаан, медсестралаан син килиэппитин булунан олорбуппут, хаhан эрэ а5абыт киирэн кэлиэ диэн бигэ эрэллээх… Ол эрэлбит биир күн курустаал тастыы хампы ыстаммыта… Сатаан килиэйдэммэт гына… Ол күн роддомтан выпискаланар дьахтар элбэ5э. Быыc биэрбэккэ бииртэн биир аймах саҥа тɵрɵɵбүт о5олорун долгуйа кɵрсɵн, сибэккинэн симээн илдьэ бараллара. Сиэстэрэлэр уочаратынан дьоллоруттан алааран хаалбыт а5аларга кырачааннарын илдьэн илиилэригэр кɵтɵхтɵрɵллɵрɵ, биирдэстэрэ хампы тутан кэбиhиэм диэбитттии куттанан хамсаабат да буолан хаалаллара. Мин биир кыыс о5ону суулаан, а5атыгар биэрээри утары хааман иhэн, охто сыспытым. Утары сибэкки тутуурдаах, дьоллоох сирэйдээх эн иhэриҥ! Мин маскалаах буоланммын, билбэтэӄиҥ, сибэккини биэрэн махтанан, о5о5ун ылан баран кэргэӊӊин батыhыннаран тахсан барбытыҥ. Мин сүүрэн тиийэн түннүккэ сыста түспүтүм уонна эhиги хас хамсаныыгытын аа5а кэтээбитим. Массыынаттан ийэӊ барахсан туораххайданан түһэн, кийиитин сыллаан ылбыта, сиэнин илиитигэр ылбыта. Эн сэрэниин-сэрэнэн кэргэӊӊин массыына5а киллэрбитин, о5отун кɵтɵхтɵрбүтүн, ийэҕин кɵтɵӄɵн ылан аттыгар олордубутун, тугу эрэ кɵрдɵɵӄү кэпсии-кэпсии уруулга олорон, тахсар аан диэки тэптэрэ турбутуҥ. Мин эн биэрбит сибэккигин тутан ɵр да ɵр олорбутум. Санаабар, сибэккигэ эн илииҥ сылааhа биллэрэ. Ытаабата5ым. Соннук сибэккибин бобуччу туппутунан дьиэлээбитим. Хайдах эрэ ити мин оло5ум киинэ5э кɵстɵн ааспытын курдуга. Мин оло5ум, мин дьолум, аттыбынан сып-сылаастык илбийэн ааспыта. Мин үɵрбүтүм: эн бааргыттан, эн дьоллооххуттан, эйигин чугас дьонуӊ тулалыылларыттан. Мин дьыл5абар махтаммытым – миигин кытта олоххун холбоон кыhал5аны билбэтэххиттэн. Уонна хаhан да эн олоххун аймыа суох буолан тылбын биэрбитим, онтубун бу кэhэн эрдэ5им… Ол күн сарсыӊӊытыгар үлэбэр тиийэн кэргэниҥ карточкатын булан, аадырыскытын, ааккытын-суолгутун устан ылбытым. Бу буоларбын билбит курдук. Петя, быраhаай! Хом санаама! О5обутун харыстаа, эрэнэбин, со5отохтуу хаалларыма! Маайыс.» Бүɵтүр ыган кэлбит хара5ын уутун кыатаммата, сүрэ5ин имэриммэхтээтэ: — Кэл, эрэ, до5ор, бу диэки… Ата5ым уйбат курдук, — диэтэ. Дьулус а5атыгар чугаhаан, а5атын икки илиититтэн ылла, иннигэр тобуктаан, уу- хаар баспыт харахтарын кистээн тɵбɵтүн а5атын ньилбигэр аста уонна иhиллэр – иhиллибэттик: «А5аа, дорообо», — диэтэ. А5ата уолун тɵбɵтүттэн сылаан ылла, түɵһүгэр ыга тутта… Күн киирэн, сɵрүүдүйдэ. Верка сибиитэрэтэ суох тахсан, тоӊон, дьиэтигэр тɵннɵргɵ сананна. Дьонум утуйдулар буолуо диэн, калитка аанын тыаhаппакка сабан, сэмээр үктэнэн теплица аттынан ааhан иhэн, ийэтэ олорорун кɵрɵн соhуйан хаhыытаан иhэн айа5ын саба тутунна. Ийэтэ салба5ырбыт сирэйин кɵрɵн, били маа5ын кэлбит уолу ɵйдɵɵн кэллэ. «Туох абааhы уола кэлэн, дьоммун үрүɵ-тараа тутта», — дии санаата. Ийэтэ шаль былаатын ылан кыыhын санныгар бырахта уонна: — Вера, эн биhикки эмиэ биэрэк диэки хаамсан кэлиэх, — диэтэ. — Онтон сарсын эрдэ дьэдьэннии барыах буолбуппут дии? – Вера кэннин хайыhа – хайыhа ийэтин батыста. — Дьэдьэн буоллар хааллыын-хааллын! – Ийэтэ кыыhын санныттан кууhан биэрэк диэки хаамыстылар. Биэрэккэ ким да суох. Ууттан сɵрүүн тыал илгийэр. — Хата, ким да суох эбит! Вера, манна олоро түhүɵх… онно кэпсэтэллэр… Эн биhикки эмиэ кэпсэтиэх… — Мама, эн туох буоллун? Күн аайы кэпсэтэр курдукпут дии! Уонна ити туох уола кэллэ, вообще? — Ити мээнэ уол буолбатах быhылаах… А5аӊ уола быhыыта. Умса уур, тиэрэ уур отой а5аӊ мэтириэтэ… Хаhан эрэ син биир маннык буолуохтаа5а… — Хайдах ол папам атын кэргэннээх этэ дуо? Туох буолуохтаа5ай? — Кэргэннээх эрэ кэргэнэ суох эрэ, хайа эрэ Маайыс баара… Утуйа сытан ханнык эрэ Маайыhы ыӊыран тахсаахтыыра. — Онтон ыйытыаххын ханнык Маайыhы ыӊыран тахсаӄын диэн? Эбэтэр эбээттэн ыйытыаххын? — Оннук ыйытар бырааптаах үһүбүн дуо, чыычаах? Барыта оннук чэпчэки буолбат… Вераа, эн эмиэ улааттыҥ, эн эмиэ билиэхтээххин… Бүɵтүр эн а5аӊ буолбатах… — Туох даа? Онтон Васильева Вера Петровна диэн мин буолбатахпын дуо? — Мин эмиэ хаhан эрэ эн курдук эдэр, акаарычаан этим. Ийэтэ, а5ата суох киhи баhым ханна саллайарынан сылдьарым. Оскуоланы бутэрээт куораты булбутум. Дьиӊэр үɵрэхпэр куhа5ана суо5ум, үɵрэххэ льготнайынан да киирэр кыах баара. Оннук ɵй угар киhи суоӄа. Тыа о5отун куорат кɵр- нар оло5о иилэ тардан ылбыта. Барыта бырааhынньык курдуга. Үс сайыны быhа кɵрүлээhин… Саша диэн куорат уола до5ордоммутум. Наhаа күүскэ таптаабытым. Кинилэр дьиэлэринэн, дачаларынан кɵӊүл кɵтүү… Биирдэ уhуктубуппут – хос иhигэр мааны да мааны дьахтардаах эр киhи тураллара… Дьонноро уоппускаттан кэлбиттэр этэ. Таӊнан аан хоско тахсыбыппытыгар: «Саша, киир манна», — диэн ийэтэ уолун кухняҕа ыӊырбыта. Мин батыhаары гыммыппар, а5алара соммун ылан кэтэрпитэ уонна аан диэки ыйбыта. Тахсан истэхпинэ сиэппэр харчы укпута уонна: «Аны манна кэлимэ», — диэбитэ… Со5отох мааны уолларыгар тулаайах сордоо5у тэӊнээбэтэхтэрэ. Мин онно хат буолбут этим… Сашаны кытта бэйэтин кытта кɵрсɵн кэпсэтээри ɵр да ɵр манаабытым. Сайын ааhан күһүн обургу тымныы тыала мин чап-чараас кууркабын курдары үрэрэ. Биир сарсыарда муп-моднай аляска курткалаах Сашам со5ото5ун тахсан кэлбитэ. Мин утары сүүрэн тиийэн кууhа түспүтум. Ɵрүһүспүттүү таптыырбын, о5о күүтэрбин то5о тэбээбитим. Уолум миигиттэн тэйбитэ, сиргэммиттии курткатын тэбэммитэ уонна: «ол эн хас уоллуун утуйбуккун мин хантан билэбин?» — диэт тииhин быыhынан силлээн «чыырк» гыннаран баран бара турбута. Мин үрдүбэр халлаан сууллубутун курдук буолбута. Хас да күн аhаабата5ым, тоӊмутум, барыта эбиллэн, хайдах эрэ буолтум. Хабыс хараӊа ииӊӊэ түhэн эрэр курдугум… Суолга тахсан массыына утары хаампытым… Туормас хачыгырыыр тыаhын кытта, сып сырдык уот кэлэн сааллыбытын ɵйдүүбүн уонна суох. Балыыhа5а ɵйдɵнɵн кэлбитим, аттыбыр кып- кыра хатыӊыр эмээхсин олороро. Мичээрдээбитэ, кɵрɵн-истэн барта. «Кимӊиний?» диэбиппин — «эбээ5ин хайдах билбэккин?» — диэбитэ. Хайдах эрэ ону мин итэ5эйбитим. Хата биир чугас киhилээх эбиппин диэн үɵрэ санаабытым. Нэдиэлэ курдугунан уолун илдьэ кэлбитэ. Мин кини массыынатын анныгар киирбит эбиппин. Оhо5остоох авария5а түбэспит буолан патологияга тɵрүɵхпэр диэри сыппытым. Миэхэ ол үчүгэй курдуга… ханна барыахпыный уонна? Онтон эмээхсиннэх дьээдьэм күнү кɵтүппэккэ кэлэ турбуттара. Тɵрɵɵн баран улахан моhуокка ыллардым, хайдах буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына Бүɵтүр кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылаа5а. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир биэс тыла суох биhиэхэ тахса5ын диэбитэ, барытын тэрийэн тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үɵрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым… Биир түүн туран Бүɵтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сɵбүлэспэтэ5им. Эн а5аламмытын, мин кэргэннэммитим… Бүгүӊҥэ диэри… — Уой, мама, эн хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна хайдах мин папам мин папам буолуо суо5ай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох биhиги папабытын биэрбэппит. Барыах! Аахсыахха! — Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүɵнү эрэ онорбут дьоӊӊо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии… — Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыан? Кэл! Кэлэ о5ус! – чугас Бүɵтүр хаhыыта дуораhыйда. Кэтириис кыыhынаан утары сүүрдүлэр. Бүɵтүр а5ылыырын кыатана-кыатана кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардан дьиэлэрин диэки дэллэриттэ, кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска а5алан: — Кɵр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, онтон бу балтыҥ Вера саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ – диэтэ. Дьахталлар ытаhа түһээт куустуhа түстүлэр. — Оо, бу да дьон ардах суо5ар арда5ы а5алан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон сыллаан-уураан дьиэлэригэр киллэрдэ. Били утуйа сытар диэбит эбээлэрэ хата кириэhилэ5э чɵмчɵйɵн олорор: — Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhан турбутунан уол о5олоннугут дуу? — диэн күллэртээтэ. — А5ыйах ыйынан ба5ар үһүстэниэхпит да5аны, — диэн саайда ийэлэрэ. — Кырдьык даа? — Бүɵтүр кэлэн Кэтирииин кууhан, сыллаан ылла. — Бэрт дии бэлэм ньээнькэ баар, — Дьулус аны кыттыста. — Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээнькэлээбэппин, уочарат – Вера бэрээдэги олохтоото. — Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуоҥ! Киhини утуттуоҥ! – эбээлэрэ сыттыгын кыбынан хоhугар дьɵгдьɵруйдэ. — Дьулуска бүгүн пока мансарда5а орон оноруохха, сарсын быыс быhан туспа хос оӊоруохпут. – Кэтириис быhаарда. — Мансарда5а кумаар утутуо суо5а. Убайдаммыт үɵрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэбин биир күн. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрээ! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ. — Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта хобугунаhа түhүɵхпүт. — Секреттэhэ диэ, — Вера малын хомунан эбэтин хоhугар дьылыс гынна. — Чэ, чыычаах, эн да сылайдын буолуо киирэн утуй, — диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн саӊа кɵрсүбүт дьон курдук ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар, истиӊник мичээрдэстилэр уонна хосторугар киирэн саптан кэбистилэр. Айсаана, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан