Кэпсээ
Войти Регистрация

Эн дьоллоох буол, миигинэ суох… (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Эн дьоллоох буол, миигинэ суох… (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
04.10.2023 10:00
Сиэркилэ иннигэр туран, хаһан да көрбөтөх киһи курдук, сэбэрэбин көрүнэбин. Килэркэй таас иһиттэн муус-маҥан сирэй туналыйар. Эттээх төгүрүк иэдэстэрдээх, оттомноохтук көрбүт киэҥ харахтардаах, боллоччу туттубут уостардаах, икки өттүнэн намылыйан түспүт уһун суһуохтаах кыыс миигин одуулуур. Дьэ, ити эттээх иэдэстэрим — мин эрэйим. Уончалаах эрдэхпиттэн иэдэстэрбин абааһы көрөбүн. Ый курдук төп-төгүрүк сирэйдээх буолан, бэйэбин олус бүрэ, марба кыыс курдук сананарым. Икки илиибинэн иэдэстэрбин хам туттан, санаабар, синньэтэ сатыырым. Сиэркилэҕэ икки омурпун омурдан эрэ баран көрүнэрим. Дьэ, олус да эрэйи көрбүтүм. Бэйэм даҕаны эттээх соҕус этим. Улаатан баран, оскуоланы бүтэрэр сылбар, хайаан да ырарга сыал туруоруммутум. Тэриэлкэбэр ийэм куппут аһын хайа охсубут аҥаарын ыт аһылыгар кутарым. Ийэм утарсан көрбүтэ да, өһөстөхпүнэ иннибин биэрбэт майгыбын билэр буолан, кэлин бэйэтэ кыраны кутар буолбута. Спортивнай саалаҕа сүүрэр, баскетбол, волейбол оонньуур буолбутум. Хоспор муусука холбоон баран үҥкүүлүүрүм. Онон сыл иһигэр уонтан тахса киилэни быраҕан, ким да өйдөөн көрбөт, дьон кэннигэр саһа сылдьар кыбыстанньаҥ кыыстан уһун синньигэс, ыраас хааннаах, уол хараҕа хатанар кыыһыгар кубулуйбутум. Арай иэдэһим оннунан хаалбыта. Күллэхпинэ, уҥа өттүбэр өссө «ямочка» тахсар этэ. Уолаттар өйдөөн көрөн, эрийсэ сатыыр буолбуттара. Дьэ, ол гынан баран, оскуолаҕа сылдьан кими да чугаһаппатаҕым. Көннөрү дискотека кэнниттэн сиэттиһэн баран хаамыылар, иэдэскэ сыллаһыылар бааллара. Ол диэн таптал үһү дуо? Мин дьиҥнээх тапталы күүтэрим. Оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн, үөрэххэ туттарсыбыппыт. Мин баҕалаах медицинскэй институппар киирэн, үөрэнэн барбытым. Устудьуон бэһиэлэй олоҕо күөрчэхтии эргийбитэ. Саҥа билсиһиилэр, саҥа доҕоттор, барыта сонун этэ… Онтон биир күһүҥҥү күн Кинини көрсүбүтүм. Дьүөгэбин кытары катокка хаҥкылыы барбыппыт. Мин үчүгэйдик сатаабат этим. Онон санныбыттан эрэ кыратык өндөс Катяны хонноҕун анныттан ылан, соһуллар икки, сүктэрэр икки ардынан аргыый баран испиппит. Эмискэ хараҕым утары сүүрэн иһэр уолга хатана түспүтэ. Кини хара халтаҥ сонноох, баайыы бэргэһэлээх, саарпыгын хас да хос эриммитэ түмүгэ салгыҥҥа тэлээрэрэ. Уол олус түргэнник, биһигини көрбүтүнэн уун-утары уҥа-хаҥас дайбаан, тирэнэр-тирэммэт көтөр курдук дайан иһэрэ. Хас дайбаныыта, хас хамсаныыта бэйэтигэр эрэллээҕэ, кистэлэҥ күүстээҕэ, ханнык эрэ хартыыҥкаттан түһэн кэлбит курдуга. Ону абылатан көрөн турдахпына, субу элээрдэн кэлэн, хаҥас диэки туоруох курдук буолан иһэн, сатаан салайа охсубакка, миигин түҥнэри көтөн кэбиспитэ. Иккиэн тутуспутунан мууска охтубуппут. Күлбүт-үөрбүт харахтар субу чугас чаҕылыспыттара, күүстээх илиилэр тутан ылбыттара. Хайдах эрэ тула барыта сүтэн, тохтоон хаалбыт курдук буолбута. — Бырастыы… — диэн биир тылы эппитэ уонна күлэн муус-маҥан тиистэрэ сандаарыспыттара. Айабыын, букатын «красавчик» дии! Мин эмиэ оскуолатааҕы сиэрэй кутуйах оруолугар киирэн хаалбытым уонна били абылаҥҥа куустарбытым симэлийэн, мантан ыраах куотуохпун баҕарбытым. Муус да анныгар тимирэргэ бэлэм этим. Уол ойон туран, илиитин биэрэн туруорбута. Уҥуоҕунан миигиттэн лаппа үрдүк этэ. Үгүс билсэ сатыыр уолаттар миигиттэн кыра эрээри, эрийсэ сатаан эрэйи көрөөччүлэр. Тоҕо эрэ кыра уҥуохтаах уолаттар уһун кыргыттары көрөллөр ээ. Мин харахпар уһун уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, хойуу хаастаах, киэҥ харахтаах уол көстөөччү. Ол идеал уолум бу иннибэр турарыттан олус кыбыстыбытым. — Билсэн кэбиһиэх, Айтал диэммин. Оттон эн? – диэн бэрт судургутук ыйыппыта. Кэлин билиммитинэн, кини миигин эрдэттэн таба көрбүт уонна соруйан билсээри сүүрэн кэлбит эбит. Ити күнтэн ыла Айтал мин өйбүн-санаабын бүтүннүү баһылаабыта. Бииргэ киинэҕэ, катокка, кафеҕа сылдьар буолбуппут. Күн аайы, киэһэ үөрэх кэнниттэн тиийэн кэлэрэ. Кыра да буоллар, куруук кэһиилээх буолара – сакалаат, чупа-чупс, сибэкки… Кыра оҕо курдук «Киндер-сюрприһы» сөбүлүүрбүн билэн, онон хатаҕалаабыта. Оонньуурдарын мунньан иһэрим. Саҥа дьылы кини доҕотторо уонна мин дьүөгэлэрим буолан олус үчүгэйдик ылбыппыт. Кини ол түүн миэхэ тапталга билиммитэ… Мин саҕа дьоллоох киһи суоҕа! Миэхэ барыта сонун этэ. Уол тапталга билинэрэ, болҕомтолоох истиҥ сыһыана, бастакы уураһыы, бастакы аптаах түүн… Саас үөрэх дьылын түмүктээн баран, арахсар кыаҕа суох буолан, ыһыахха диэри куоракка хааларга, бииргэ сылдьарга тылбытын бэрсибиппит. * * * Аатырар Туймаада ыһыаҕа. Хаһан да маннык улахан тэрээһиҥҥэ сылдьа илик буолан, олус сөхпүтүм. Тыһыынчанан киһи мустан бииргэ үөрэллэрэ-көтөллөрө олус ураты, кэрэ этэ. Ырыа-тойук дьиэрэйэрэ. Астына аһаан, кэнсиэр, күрэхтэһии көрөн дуоһуйбуппут. Айтал атах оонньуутунан уруккуттан да дьарыктанар буолан, «Тыгын оонньууларын» олус сэргээн көрбүтэ. Күнү көрсөргө элбэх киһи мустан, илин диэки хайыһан илиилэрин уунан тураллара. Дьон быыһыгар омуктар эмиэ көстөллөрө. Алгысчыт саҥата микрофонунан дуорайан иһиллэрэ. Күн кытара ойон тахсан, утары ууммут илиилэри, эрэлинэн туолбут сирэйдэри сырдаппытыгар, үөрүү-көтүү төлө мөҕөн тахсан, байҕал баалыныы түллэҥнээбитэ. «Уруй! Айхал!» хаһыы сатараабыта, тыһыынчанан дьон үөрүүтэ, өрө көтөҕүллүүтэ бииргэ холбоһон, биир дохсун долгун буолан сүрэхтэн сүрэххэ тарҕанан, кыырай халлааҥҥа өрө көтөн тахсыбыта. Дьон хас да хос түһүлгэни төрүттээн, бары биир санаанан оһуохайдаан барбыттара олус да долгутуулаах этэ! Күнү көрсүү сиэрин-туомун кэнниттэн, дьиэбитигэр сынньана тахсыбыппыт. Киэһэлик эмиэ көрсүөх буолан, арахсыбыппыт. Утуйан туран баран, кырааскаланан, оҥостон бүтэн, Айталы кэтэһэн олордохпуна, арай, төлөпүөнүм тыаһаабыта. Билбэт куолаһым: — Аленаҕын дуо? Бу Айтал убайа эрийэбин. Айтал эйиэхэ баран иһэн, аварияҕа түбэспит… Мин дөйбүт курдук буолбутум. Саҥарар да, толкуйдуур да кыаҕым суоҕа. Тугун куһаҕанай? Бу курдук киинэҕэ этээччилэр дии. Өссө онно кылаабынай героиня уҥан түһүөхтээх… — Алена, истэҕин дуо? Билигин реанимацияҕа сытар, эпэрээссийэлииллэр. Олус айманыма, быраастар үчүгэй буолуо диэбиттэрэ. Чэ, билсэ туруохпут… Кылгас гудоктар мин төбөбүн өтүйэнэн охсон эрэр курдук чыҥырҕаабыттара. Тыыным хаайтарбыта, хараҕым хараҥаран, атаҕым кыайан уйбакка, охтон түспүтүм быһыылааҕа. Эдьиийим сүүрэн кэлэн, аймаммыта, дьыбааҥҥа сытыарбыта. «Скорайы» ыҥырбыта. Быраастар кэлэн укуоллаан барбыттара. Туох эрэ эми эдьиийим хааппыланан кутан иһэрдэр быһыылааҕа. Утуйан хаалбытым. Бэрт ыараханнык, баттата-баттата утуйбутум. Түһээн ханна эрэ бара сатыырым, Айталы ыҥырарым. Кини ырыых-ыраах баран иһэр курдуга. Атах сыгынньаҕын бадарааҥҥа охто-охто сырса сатыырым да, атахтарым ыбыс-ыарахаттар, саҥам да испиттэн тахсыбат этэ… Хас да күн ааспыта. Айтал убайыгар эрийэрим. Реанимацияттан уопсай палаатаҕа тахсыбытын истэн баран, субу элээрэн тиийиэх курдук буолбутум. Убайа миигин тохтоппута: — Алена, өйдүүгүн дуо, кини ыарахан туруктаах. Мэйиитэ доргуйуулаах, сирэйигэр баастаах уонна… сиһин өлөрбүт, хамсыа суохтаах. Алена, кини эйигин билигин кэлбэтин диэбитэ… Итини истэр олус ыарахан этэ. Таптыыр киһим көрүөн баҕарбатыттан олус хомойбутум. Хайдах эрэ, миигин көрдөҕүнэ, өрүттүө дии саныырым. Ол эрэн, бириэмэ аастаҕына, арыый кэҥэттэҕинэ, хайаан да көрсүөхпүт диэн уоскуйбутум. Күн аайы убайыгар эрийэрим. Кэнникинэн киһим сүгүн кэпсэппэт, солото суох аатыран ылбат, арааран кэбиһэр идэлэммитэ. Биирдэ «балыыһаҕа барабын дуо» диэн ыйыппыппар, чочумча тохтуу түһэн баран: — Эн олус эдэргин, олоххун саҥа саҕалаан эрдэҕиҥ дии. Өссө да атын киһини көрсөн, олоххун оностуоххун сөп. Айтал сиһин тоһуппут, аны хаамара биллибэт. Кэлээскэҕэ олорор инбэлиит киһилиин олоруом дии саныыгын дуо? – диэбитэ. — Мин таптыыбын ээ, кинини… — нэһиилэ ыган таһаарбытым. — Таптал ааһар буоллаҕа дии. Бастаан эрэ үчүгэй. Олорон бардахха, ыарахан буолааччы. Ыарыһах, сытар киһилиин олорор өссө ыарахан. Онон эрдэтинэ умнарыҥ ордук буолуо… — Суох! Умнар кыаҕым суох! Инбэлиит да буоллун!.. Уу-чуумпу сатыылаабыта. — Алена, утарылаһан да туһа суох. Айтал бэйэтэ эйигин «кэлбэтин, умуннун» диэн эппитэ. Көрүөн баҕарбат, өйдүүгүн? Умун, кинини. Чэ, бүттүбүт… Мин Айталы бэйэтин көрсөрүм наадатын өйдөөбүтүм. Төһө да ыарыылаах буоллар, ити тыллары бэйэтиттэн истибитим ордук. Көрүһүннэриэхтэрин баҕарбат буоллахтарына, атын суолу көрдүөххэ наада. Сарсыныгар балыыһаҕа тиийэн, ханнык палаатаҕа сытарын билэн баран, маҥан халааппын кэтэн, аргыый ааны аһан киирбитим. Уһун синньигэс палаатаҕа түөрт буолан сыталлара. Миигин көрөөт, эр дьон тахсан биэрбиттэрэ. Айтал кубарыйан, хараҕын анна көҕөрөн хаалан баран, хараҕын симэн сытара. Сирэйэ синньээн хаалбыт этэ. Уһун кыламаннара ибир-ибир хамсыыллара. Мин аҕалбыт бакыаппын сэрэнэн туумбаҕа ууран баран, устуулга олорбутум. Бакыат хачыгыраабытыттан буолуо, уһуктан кэлбитэ. Миигин көрөөт, соһуйан, чыпчылыҥнаан ылбыта, хараҕа кэҥээн хаалбыта. — Өлөөнчүк, эн?.. – куолаһа олус бүтэҥи, нэһиилэ ыган таһаарар курдуга. Ол да буоллар, бу куолаһы мин ханнык да көмүс күөмэйдээх ырыаһыт куолаһыгар биэриэ суох этим. Кини үөрбүтэ, долгуйбута сырдаабыт сирэйиттэн, куолаһыттан биллэрэ. «Өлөөнчүк» диэн иэйдэҕинэ, атаахтаттаҕына ааттааччы. Мин хараҕым хачылыйан эрэрин билэн, сымыһахпын быһа ытырбытым. — Привет, Айтал! Бу фрукта эҥин аҕаллым, көҥүллэнэр дуо? – Мин соруйан кыһамматах, күн аайы балыыһаҕа кэлэр киһи курдук тутта сатаабытым. Ороҥҥо олорон, суорҕанын көннөрбүтүм. — Эн тоҕо?.. Убайым эппэтэҕэ дуо?.. — Кэлбэтин диэн дуо? Эппитэ. Дьэ, ону билэ кэллим. Тоҕо кэлиэ суохтаахпыный? — Өлөөнчүк, мин… Аны туохха да туһата суох киһибин… Орон бөҕө буоллум. Оннук киһи эйиэхэ тоҕо нааданый? Эн дьоллоох буолуоххун баҕарабын. Эн дьоллоох буол, Өлөөнчүк… миигинэ суох… — Айтал, мин оннук киһи буолбатахпын. Ыарахан кэмҥэ доҕорбун быраҕар киһи буолбатахпын! Эн үтүөрүөҥ, көрөөр да эрэ! Айтал, мин… мин… — Аленка, эн өйдөөбөккүн… Быраастар аны туран хаамарыҥ саарбах диэн эппиттэрэ… — Буоллун! Мин бэйэм быраас буолуом, бэйэм эмтиэҕим, сөп дуо? Эйигин бырахпаппын! Мин… эйигинэ суох олорор кыаҕым суох… Үүрүмэ, баһаалыста… — Тулуйарбын ааһан, ытаан барбытым. Хараҕым уута ньилбэкпэр сэниэтэ суох сытар илиилэрбэр таммалаабыта. Эмискэ илиибин сып-сылаас илии тутан ылбыта. — Өлөөнчүк… Ити биир эрэ тылга тапталлааҕым муҥу көрбүт эрэйэ, дууһатын ыарыыта, саарбахтааһына, харыстыы сатаабыт санаата, үөрүүтэ, дьоллонуута барыта иһиллибитэ. Мин ону сүрэхпинэн сэрэйбитим. Умса түһэн, уоһуттан уураабытым. Мин хараҕым уута аны кини сирэйигэр кытта таммалаабыта. Эбэтэр, кини эмиэ ытыыр дуу?.. Барыта үчүгэй буолуо! Мин онно эрэнэбин. Таптал баар буоллаҕына, бары ыарахаттары кыайыахпыт!..
edersaas.ru сайтан