Кэпсээ
Войти
Регистрация
Икки сурааһын (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Икки сурааһын (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
31.01.2017 20:08
Сыыйа икки кыһыл сурааһын тахсан кэллэ. Сардаана хараҕа көрбүтүн итэҕэйбэтэхтии, ол сурааһыннары батары көрбүтүнэн, таалан турда. Төбөтүгэр: «Эс, ама, кырдьык дуо?» диэн биир санаа эргийэр. Ангелина Васильева-Дайыына, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Икки сурааһын. Кини олоҕун төрдүттэн уларытыахтаах, сана, хаһан да буола илик дьайыылары күөрчэхтии ытыйыахтаах икки сурааһын. Туох эрэ улахан суолталаах уонна, хайдах эрэ кутталлаах баҕайы, икки сурааһын. Ол аата, кини ийэ буолар анала, чааһа тирээн кэлбит… Урут кини бу түгэни өйүгэр олох атыннык оҥорон көрөрө. Бу түгэн хайаан да үөрүүнэн уонна муҥура суох дьолунан толору буолуохтааҕа. Дьиҥ олоххо барыта атын, ураты да эбит. Үөрүү уонна дьол, ханна баалларый билигин? Соһуччута бэрт. Тоҕо эрэ Сардаана кулгааҕар эбэтэ: «Сэрэппэккэ сиэтэ!» диэн этэр эҕэлээх тыллара иһиллэргэ дылы гыннылар. Чэ, кэбис, туох да биллэ илигинэ, уолуйар, ыксыыр сатаммат. Толкуйдуурга бириэмэ баар. Арба да, соһуйбутун омунугар, Сергей туһунан адьас умнан кэбиспит. Хайдах ылыныай, кини? Үөрүө дуо? Сардаана бу туран ааспыт ыйга кэпсэппиттэрин санаан кэллэ. Сергей убайа командировкаҕа баран, босхоломмут квартираҕа кыыһын аҕалбыта. Ол онно, биир нэдиэлэ устата кинилэр ыал-ыал курдук олорбуттара. Ол онно кыыс аан бастаан дьахтар буолар абытай ыарыытын билбитэ. Ол онно таптыыр киһи сылааһыгар сууланан, хаһан да билэ илик имэҥ куйааһыгар буспута, дьол утахтарын ыймахтыы испитэ. Уопута суох буолан эбитэ дуу, харыстанар эҥин туһунан толкуйдаабатах. Дьиҥэр, уоггуттаах соҕус киһи Сергей толкуйдуон сөп этэ да, ол саҕаттан туспа сорунуулаах эбит, бу санаатахха. Сардаана биир күн «үөрэххэ киирдим!» диэн үөрэн-көтөн кэлбитэ. Кини орто үөрэҕи бүтэрэн баран, Москва куорат биир биллэр үөрэҕин тэрилтэтин тутар хамыыһыйатыгар докумуоннарын туттаран кэбиспитэ. Дьиҥэр, соҕуруу үөрэниэҕин кыра эрдэҕиттэн баҕарара. Ол ыра санаата туолан эрэриттэн олус үөрбүтэ. Оттон Сергей ити сонуну сэргии истибэтэҕэ. Көннөрү сэнээрбитэ эрэ буолбутуттан, кыыс иһигэр хомойо санаабыта. «Ол аата миигиттэн барар буоллаҕыҥ дии», — диэбитэ оргууй, кыыс баттаҕын имэрийэ сытан. Хос иһин уулусса лаампатын уота имик-самык сырдатара. Таптаспыт уохтара хараан, иэйии сылаас суорҕаныгар сууланан, ыга куустуһан сыталлара. «Эс! Онно букатыннаахтык барбат буоллаҕым дии. Каникул аайы кэлэ сылдьыам, уонна оттон, суруйсуохпут, кэпсэтиэхпит буоллаҕа дии. Эн уоппускаҕар миэхэ тиийэ сылдьыаҥ, гостиницаҕа олоруохпут, Москва устун күүлэйдиэхпит», — диэн кыыс ыралыы сыппыта. «Биэс сыл диэн наһаа уһун! Ол кэмҥэ олоххо туох барыта буолан хаалыан сөп», — диэбитэ Сергей. «Үчүгэйдик олордоххо, биэс да сыл түргэнник ааһыа». «Ыыппаппын! Бу курдук кууһан баран сытыам!!! — диэн баран, кырдьык-хордьук, күүскэ да күүскэ кууһан ылбыта. — Оттон, арай, бэриэмэннэй буолан хааллаххына, барбат буоллаҕыҥ дии. Сыбаайбалаан, ыал буолан олоруохпут». «Аны киһини бэриэмэннэй оҥороору гыммыккын дии! Онон тутаары гынаҕын дуо? Оччоҕо үйэ-саас тухары бырастыы гыммат буоллаҕым дии», —
диэн кыыс охсурҕаламмыта. Ити кэпсэтии кэнниттэн дьиксинэр санаа күлүм гынан ааспытын улахаҥҥа уурбатах эбит. Кырдьык да, харыстамматах буоллахтарына, оҕо үөскүүрэ — олох сокуона буоллаҕа дии. Дьэ, ыра санаата туоларыгар туорай буолан сытар икки сурааһын: дьол сурааһына дуу, сор дуу? Олох тоҕо маннык ыарахан холоон көрүүнү, иккиттэн биири талыыны аныыра буолуой? Олоҕу билэ илик сүүрбэ сааска, ыарахан соҕус «экзамен» буолбатах дуо? * * * Сергей! Мин эйиэхэ биир улахан да улахан сонуннаахпын… — Ол туох, чыычаах? — Суох, телефонунан кыайан эппэппин. Бүгүн били сирбитигэр кэлэр кыахтааххын дуо? — Ты меня заинтриговала. Кырдьык, туох эрэ буоллуҥ дуо? — Ээй, суох… ээ, буолан… Туох… Чэ, кэллэххинэ этиэм, сөп? — Чэ, этиий! Эт, эт! Туох эрэ буолбуккун быһыылаах. Отуо мин мантан киэһэ кыайан үлэлиэм суох. — Мин бэриэмэннэй буолбуппун быһыылаах… Чочумча соҕус уу-чуумпу буолла. — Алло! Истэҕин дуо? — Ол… Кырдьык дуо? Хантан биллиҥ? Тестэнниҥ дуо? — Аһаа, тест икки сурааһыны көрдөрдө… — Баҕар, сыыһара буолуо. Үксүн сыыһар диэччилэр дии. Өссө тестэниэххин наада. — Сергей! Оттон эн… үөрбэтиҥ дуо?!. — Чыычаах, чэ тиийдэхпинэ кэпсэтиэхпит, сөп? — диэн баран, туруупкатын арааран кэбистэ. Сардаана хомойон, хараҕар уу хачылыйда. Таптыыр уолуттан атын соҕус харданы күүппүтэ. Хайыай, киэһээҥи сибидээнньэҕэ тугу кэтэн барарын толкуйдаан, сыымайдаан барда. «Били сирбитигэр» диэн кинилэр сөбүлээн сылдьар, күүлэйдиир, көрсүһэр сирдэрэ. Биэрэк кытыытыгар турар, сымыыт курдук быһыылаах пааматынньык. Манна күүлэйдиир олус үчүгэй. Куорат бу муннуга тупсан, киэркэйэн, тапталлаахтарга анаммыт курдук буолбут. Загс, таҥара дьиэтэ да мантан чугас тураллар. Киэһэ диэкинэн телефонугар СМС кэллэ: «Извини седня не могу подойти чмок-чмок». *** Быйыл ураты сылаас кыһын. Улахан тымныы түһэ илик. Арай, Саҥа Дьыл иннинэ, буоларын курдук, куорат будулҕан туманынан бүрүнэн кэбистэ. Болуоссаттар аайы киэргэммит сүүнэ улахан харыйалар, маҕаһыыннар уоттара көстүбэккэ, барбах кыламнаһаллар. Сардаана туман быыһынан маҕаһыыннарга сылдьан, дьонугар кэһии, бэлэх ылаттаата. Дьиэҕэ олоро сатаан баран, аралдьыйыам диэн, дьонуттан көрдөһөн куоракка киирбитэ. Ийэтэ ыытымаары бэркэ саараан баран, бииргэ төрөөбүт балтын арыалдьыт гынан, тэрийэн ыыппыта. Били, өйөөн—убаан илдьэ сылдьыах, суумка тутуһуох буолан эрэннэрбит киһибит, хата, кутуруга куйаарга. Биир—икки маҕаһыыҥҥа сылдьыспыта буолаат, бэйэтэ дьыалалаах аатыран, элэс гыммыта эрэ баар. Хата, телефон баар буолан, сибээстэһэ сылдьаллар. Бүгүн үс чааска автовокзалга көрсүһүөх буолбуттара. Болдьоспут кэмин иннинэ арыый эрдэ кэлэн баран, автовокзал иһинээҕи маҕаһыыннары кэрийэ сырытта. Балтыгар эрийээри, телефонун хасыһа туран, хараҕа бэркэ билэр нүөмэригэр иҥиннэ. «Арай…» диэн санаа төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүм гынан ылла. Илиитэ барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Тыыммакка да туран, сүүс тыһыынча да киһиттэн ураты, истиҥ куолас «Алло!» диэбитин истээт, сүр түргэнник телефонун арааран кэбистэ. Суох, барыта бүппүтэ, ааспыта. Аны
кэлэн, тугу да уларыппаккын, эргиппэккин. Тоҕо да нүөмэрин сотторбокко сылдьыбыта буолуой? … Бастакы улахан кыыһырсыылара хаһан буолла этэй? Ыарахан буолбутун истээт, Сергей хайдах эрэ буолан, хас да хонукка сүтэн хаалбыта. Ол онтон Сардаана олус да хомойбута! Түүннэри ытаан, сыттыгын илитэн хоноро. Ол сытан: «Сергей тоҕо итинник гынарый? Кини миигин кэргэн ылыам диирэ, оҕолонон, сыбаайбалаан, ыал буолан олоруохпут диэн ыралыыра. Уонна билигин кэлэн, тоҕо наадыйбатый? Ол аата албыннаан эппит эбит. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, наадыйбат, таптаабат эрээри…» диэн саныыра. Кыыс аны өсөһөр санаата киирэн, эрийбэт, кэпсэппэт буолан хаалбыта. Сергей эрийдэҕинэ, телефонун арааран кэбиһэрэ. «Көрсүөххэ!» диэн этэ сылдьыбыта эрээри, туох эрэ мэһэйдээн, көрсүбэтэхтэрэ. Биир үтүө күн Сардаана «дьүөгэтэ»: «Сергей кыыстаах сылдьарын көрдүм» диэн үлүннэрэн, эбэн—сабан кэпсээбитэ. Сардаана кыһыйан: «Бырастыы—быраһаай, аны санаама, оҕо суох, түһэртэрбитим» диэн СМС ыыппыта. Эппиэт суох этэ… Онтон кыыс күһүөрү дойдулаан хаалбыта. Кыра оҕолор курдук, бэйэ—бэйэлэриттэн өсөһөн, куттаан, бэрт кыраттан арахсан хааллахтара. Кыра оҕолор… Оттон дьиҥнээх кырачаан киһи ийэтин иһигэр күннэтэ улаатан иһэр. Тэбиэлэнэн бэйэтин биллэрэр буолбута ыраатта. Сардаана бастааҥҥыттан даҕаны, түһэртэрэр туһунан санаабатаҕа. Аньыы даҕаны, бүтүн киһини хайдах суох гынан кэбиһиэй?!. Кыыс бастаан, Сергейи буруйдуур этэ. Кэлин санаатаҕына, улахан дьон курдук быһаарсан, кэпсэтэн кэбиһиэхтэр эбит. Ким кими өйдөөбөтөҕөй? Чэ кэбис, наадыйбыта буоллар, уол киһи кэлэн кэпсэппитэ, быһаарсыбыта быданнаабыт буолуо этэ… Сардаана ону—маны санаан, хараҕын уутун сотто олордоҕуна, балта кэлэн, ууга—уокка түһэрдэ. Чаас анарын быһа эрийэ сатаабытын, телефонун араарбытын эҥин туһунан айдаарда. Автобустарыгар хойутуу сыһан, анньыһан—үтүрүһэн киирэн олордулар. Сана Дьыл, өрүү да буоларын курдук, соһуччу баҕайытык кэлбитэ эрэ баар буолла. Түбүк—садьык, сүүрүү—көтүү. Оскуолаҕа оҕолор маскарааттаан бүттүлэр. Аны ас астыахха наада. Сардаана урут саамай сөбүлүүр бырааһынньыга Саҥа Дьыл этэ. Ый инниттэн бэлэмнэнэн, киэһээни былааччыйа тиктэрэн, бэлэх бөҕөтүн атыылаһан, куоракка бырааһынньыктаан баран, дьонугар тахсара. Оттон билигин барыта ээл—дээл, аат эрэ харата. Ас астыыртан, бүппэт түбүктэн сылайар буолбут. Сардаана салаат этин кырбыы олордоҕуна, дьиэлэрин таһыгар массыына кэлэн тохтоото. Кыыс ойон туран, түннүгүнэн көрөөрү өҥөҥнөөтө даҕаны, саһаан мэһэйдээн, туох да көстүбэт. Тоҕо эрэ долгуйан, сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээн ылла. Ону кытта иһэ хам тутан кэбистэ. Иһин туттубутунан олоппоско лах гына олоро түстэ. Аан аһыллан, дьиэ иһигэр туман бургучуйан киирдэ. Арай… аан аттыгар Сергей турар эбит. Илиитигэр нкки улахан суумкалаах, онтун оргууй сиргэ уурда. Хараҕа кыыс биллэ улааппыт иһигэр хатанан ылла. — Сардаана… дорообо. Кыыс иһиттэн саҥата тахсыбакка, хараҕын кип— киэҥник диэличчи көрбүтүнэн, таалан олордо. Арай, хараҕын уута иэдэһин устун икки сурааһын буолан субуруйан түстэ… Ангелина Васильева-Дайыына, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан