Кэпсээ
Войти Регистрация

Хамначчыт кыыс (былыргы үһүйээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Хамначчыт кыыс (былыргы үһүйээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
31.03.2024 09:00
Былыр биир баай ыал олорбут. Элбэх оҕолоохтор эбит. Киэһэ ийэлэрэ, аҕалара кэлбитигэр сонунун кэпсиир: — Сарсын таҥара күнүгэр аҕабыыт тапталы босхо түҥэтиэхтээх үһү. — Дьэ хайаан босхо «таҕыл тапталын» биэрэр —аҕалара тапталы мэлдьи атыылаһан олорбуттуу этэр. — Аҕаа, ол тапталы хайдах атыылыылларыҋ, ото миэхэ хаһан ылан биэрэҕит? — уоннаах кыыстара чобуорхайар. — Абаҕыыт бытыылкаҕа туох эрэ сибэтиэй уу атыылыыр. Уон аҕыскын туоллаххына ылан биэриэм тоойуом. — Ол аҕабыыт бэйэтэ таптыыр дуо? — кыыс эчи ырааҕын диэбиттии туттар. — Оннук, аҕабыыт эйигин ойох ылаары кэтэһэ сылдьара буолуо — эдьийдэрэ күлсэллэр. — Аҕаа, ити Настяҕа, саатар, босхо тапталла ылан биэриэххитин — кыра кыыс тулаайах, хамначчыт кыыстарын диэки ыйар. — Па, кинини ким таптыай, кини баҕас сүөһүлэрин кытта таптаһа сырыттын — ийэлэрэ өс-саҕа буолар. > — Урут кинини эмиэ дьонноро таҥараттан таптал ылан төрөппүттэрэ буолуо эбээт — кыра кыыс туран барар. — Аҕабыыт дьону албыннаан харчы оҥорор ини. Таҕыл таптала бөҕөнү атыылаан, көссүүлэһии бөҕөнү олохтоото. Бэйэтэ да араас дьахтарга оҕо бөҕөнү оҥордо. «Таҥара бэлэҕэ» диэннээх ээ өссө — эһээлэрэ кыйаханан иҥиэттэр. — Үнүр ким эрэ таҥара дьиэтин иннигэр «Кто торгует любовью, тот ответит кровью» диэн суруйан ыйаабыт этэ. Настаа диэн хамначчыт кыыстара. Олус кыраһыабайын иһин, баай киһи кыргыттара күнүүлээн туораталлар, көйгөтүтэллэр. Утуйа сыттаҕына хааһын, кыламанын эҥин кыптыыйынан кырыйаллар. Дэлэҕэ, үчүгэй таҥас кэтэрдиэхтэрэ дуо, суоҕа биллэр. — Дьиҥнээх ыраас таптал атыыламмат ээ — көйгө кыыстара саҥарбытыгар дьон соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыстылар. — Ону эн хантан билэҕин? — Хотонтон ырааппакка сылдьан чобоорбутун. — Ийэм кэпсээбитэ — кыыс ийэтин санаан кыламана сиигирдэ. — Ээйиис ол ийэҥ хантан билэр. Ыраас тапталлаах буолан айах адаҕатын хаалларан моҥуннаҕа дии..—ийэлэрэ кууруссаҕа түһээри гыммыт элиэ курдук кыыска нөрүйэр. Кыыс хоско киирэн ийэтэ тигэн оҥорбут куукалкатын тутан, им-дьим ытаан санна дьигиҥнии олордо… Сарсыныгар баай ыал кыргыттара таҥара дьиэтигэр бардылар. Таптал ылаары дьон бөҕө мустубут. Ыарахан сыаналаах ыраас тапталы улахан кыахтаах атыыһыттар ылан бүтэрбиттэр.»таҕыл, имэҥ» эрэ тапталлара хаалбыттар. Кыргыттар дьиэлэригэр кэлэн кэпсэтэллэр: — Аҕабыыт үлэһитэ эдэр уолан наһаа да үтүө сэбэрэлээх эбит. — Ол гынан баран аҕабыыт имэҥ тапталын иҥэрбитигэр сөбүлээбэтэхтии туттар дии. — Күнүүлээбитэ буолуо — кыргыттар күлсэллэр. — Аҕабыыт наһаа да үчүгэйдик иҥэрэр эбээт, тапталы, хоһугар киллэрэн уураата ээ. — Фуу бытыгынан кычыгалатта хи-хи… — ол кэпсэтэ олордохторуна аҕабыыт үлэһитэ уол киирдэ. Кыргыттар быыс кэннигэр түстүлэр уонна быыһынан көрөллөр. — Дорооболоруҥ, Попова Анастасия манна олорор дуо? — Манна олорор. Туох наадалааххын? — ийэлэрэ ыйытар. — Баачыка ыҥыттарар. — Ол эмиэ тоҕо хамначчыт кыыска бэһирдэ? Таптаһан таралыйар харчыта да, күн иллэҥэ даҕаны суох. — Билбэтим ээ..тоҕо ыҥыттарбытын — уол тахсан барбакка көһүтэрдии олорунан кэбистэ. Ийэлэрэ киһи күүтэн олорорун сөбүлээбэккэ, дьиэ аанын аһаат, таһырдьа үлэлии сылдьар кыыһы дьөлө үөгүлээн ыҥыран ылла. Кыыс киирэн иһэн уолу көрөөт мух-мах буолла. Уол кыыһы көрөн олоппоһо хачыгыраан ылла. — Хатыай, таҥын, барыс, эйигин баачыка ыҥыттарбыт — кыыһы хотуна дьарыйда. Мэлдьи ээҕи кытта сылдьыбыт кыыс, суунан баран хоско киирдэ. Баай кыргыттара уолга иҥээҥнээн, иһит сууйбат бэйэлэрэ остуолга ону-маны гыммыта буоллулар. Настаа ийэтин сундуугун арыйан, баттаҕын тараанан өрүннэ, ийэтин таҥаһын кэттэ. Улахан курдук этэ да, төлөһүйэн оруобуна сөп буолбут. Быыстан тахсыан долгуйар, барсыбаппын диэҕин тыла тахсыбата. Хотуна тоҕо эрэ ыксаппата, кыргыттара ис киирбэх мааны уолу кытта аҕабыыт имэҥи иҥэрбитэ таайан, билсэ сатыылларын быһа түһүөн баҕарбата бадахтаах. Настаа хостон таҕыста. Уол икки кыыс кэпсииригэр, мэлээриҥнии олорон, Настаа тахсыбытыгар хараҕын араарбакка олорон ойон турда. Иккиэн тахсыбыттарыгар кыргыттар иэдэс биэрэн кынчарыйа хааллылар. Тахсан таҥара дьиэтин диэки хааман истилэр. Уол маннык кэрэ кыыс бу түөлбэҕэ баарын саҥа биллэ. Бэйэтэ да соторутааҕыта кэлбитэ. Хааман наскылдьыйдаҕын аайы толбоннурар уһун суһуоҕа тыалга ыһыллаҥныыр. Уол бэйэтин уһуммун дэнэ сылдьыбыта, кыыс өссө кинитээҕэр өндөс быһыылаах. Сүүрүк аты атыылаһаары гыммыт атыыһыттыы кыыһы сирийэ көрөрүн билэн, Настаа кыбыстан имин хаана тэтэрэ кыыста. Уол диэки соһуйбуттуу көрөн ылар. Уол эмиэ устар ууну сомоҕолуур уус тыла уоста кэмчиэрийбит. — Эн таҥара дьиэтигэр сылдьааччыгын дуо? — уол ыйытта. — Суох, онно баран хайыахпыный, ыыппаттар даҕаны. — Аҕабыыт тоҕо миигин ыҥыттарда? — Миэхэ эппэтэҕэ. Уон аҕыһын туолбут, кэлэ сырыттын — диэбитэ. — -Ол уон аҕыспын туоллум да, булгуччу таптаһыахтаахпын дуо? — кыыс уолу буспут моонньоҕон курдук хараҕынан көрдө. Уол кырдьык маннык кэрэ куону, аҕабыыт хоһугар киллэрэн үлбүрүйүөн баҕарбата. — Настя, манна тура түһүөҕүүй — уол кыыһы тохтотон күннээҕи олоҕу кэпсэтэ турдулар. — Хайа, манна хайыы тураҕыт, аҕабыыкка сырыттыгыт дуо?! — Дьэкириэм баай орто кыыһа хантан эрэ баар буолла. — Ээ сылдьан — диэт уол Настааҕа хараҕынан имнэннэ. — Дьэ тугу кэпсиир, туох диэтэ? — Тойоттор-хотуттар бөҕө бааллар, кэлин биллэ сылдьаар диэтэ — кыыс оннугар уол эппиэттиир. — Чэ Настаа, барыах оччоҕо дьиэбитигэр, үлэ бөҕө күүтэр — түбүгүрэ сылдьардыы туттан Дьэкириэм кыыһы илдьэ барда. Бу илдьиккэ кэлбит, таҥара дьиэтигэр үлэлиир уол — атыыһыт оҕото эбит. Соторутааҕыта көһөн кэлбиттэр. Атыыһыт баачыканы билэр буолан үөрэхтээх уолун хамнаска суруксутунан биэрбит. Уол аата Ньукуус диэн. Кини бүгүн кэрэ, нарын сибэкки курдук кыыһы көрсөн, тэҥҥэ хаамсыбытыттан сүргэтэ көтөҕүллэ сылдьар. Аҕабыыкка тиийэн «ол кыыс суох, ханна эрэ барбыт » диэн сымыйалаан кубарытта. Баачыка да сымыйалаан дьоҥҥо таптал сибэтиэй уутун атыылыырын уол биллэ. Кырасыабаҋ дьахтар хараҕын баайан тылынан абылыыр. Уол Настааны хайдах гынан аҕабыыттан тэйитиэн саныыр. Кини киһи кыыһы көрдөҕүнэ, үөннээҕинэн көрөн мичик аллайбыта буолан ымманыйыа. Хоһугар киирэн уутугар туох эрэ бороһуогун кутуо. Ону иһээт, күлэн-үөрэн, бэһиэлэйигэр түһэн, абаҕыыт тылын угаайытыгар барытыгар киириэҕэ. Ол иһин дьоннор баачыкаттан дьиэлэригэр тиийээт имэҥнээх санааҕа куустараллар. Кини дьоҥҥо үчүгэйи оҥорор дии саныыллар. Ньукуус бу сидьиҥ быһыытын кинээскэ тыллыаҕын, кинээс бэйэтэ үнүр ыалдьыттаан даххаһыйан барбыта. Баачыка кинини бэркэ маанылаан атаарбыта. Бүгүн Ньукуус,Настаа алааска ынахтарын хомуйа кэлэрин манаан олорор. Дьэкириэм баай хайдах сүөһүлэрдээҕин уол номнуо билбитэ. Үнүр биир ынаҕы тутан ылан, муоһугар сибэкки дьөрбөтүн хомуска өрбүтүн иилбитэ. Ити кини баарын, кэтэһэрин бэлиэтэ этэ. Ону баара, Настаа оннугар бостуук уол кэлбитэ. Ол кэмҥэ ынах аһыыр кэмигэр оҕус борооскута муоһуттан уол өрбүт сибэккитин туура тардан, кэбийэн ньэмээриппитэ. Ньукуус бүгүн күүппүтэ үһүс күнэ. Бэҕэһээ Дьэкириэм кыыһа ынахха чугаһаабат бэйэтэ, сүөһүлэрин кэлэн үүртэлээн барбыта. Арааһа, тугу эрэ сэрэйэр быһыылаах. «Сэгэрим сыыһа,сүрэҕим сороҕо билигин ханна оҥой-соҥой көрөн олороохтууруҥ эбитэ буолла. Миигин саныырыҥ буолуо дуо» — уол күн аайы кыыһы саныырыттан сүгүн да аһаабат буолла. Баачыка таптал атыылаан дьону абырыыбын диир даа, арааһа, тапталлара диэн бу буоллаҕа дуу… Кини төһө да дьадаҥытын иһин, син биир мин кинини таптыам.. — уол бугул кэннигэр сытан, айаҕар оту уобан, халлаан диэки көрөн, арааһы бары саныы сытта. Эмискэ ким эрэ нарын илиитэ уол хараҕын саба тутта..уонна кыыс күлэрэ иһилиннэ. — Кимминий, таай эрээ… — Настаа, мин эйигин өр да кэтэстим. Уол эмискэ эргийэн көрө түспүтэ, хомойбут дьүһүннээх Дьэкириэм баай кыыһа турар… **** Ньукуус Настааны ынах сылгылыы кэлэрин хас да күн кэтэһэ сатаан баран, Дьэкириэмнээххэ дьиэлэригэр тиийдэ. Мааны атыыһыт уола киирэн кэлбитигэр, дьиэлээх тойон үөрэ көрүстэ. «Бу уол, арааһа, мин кыргыттарбар иҥээҥниир бадахтаах» —диэн күлүгэр имнэннэ. Аҕата Бодойбонон эҥин тэлэһийэн эргинэрин, кыахтаах атыыһытын Дьэкириэм истибитэ. Ыалдьыт уолга остуол тардан аһаттылар. Атыыһыт икки кыыһа үчүгэмсийэ туттан хаамсаллар. Остуолга кэлэн бары олордулар. Ньукуус санаата барыта таҥас сабыылаах хос диэки. Баҕар, Настааны ыҥырдахтарына тахсыа диэбиттии көрүтэлиир. — Дьэкириэм, өссө биир кыыстаах этигит дии? — уол хамначчыт кыыстарын билбэтэхтии ыйытта. Кыргыттар олоппосторо хачыгыраан ылла. Дьэкириэм баай, үрэн бурулата олорбут бүлүүһэлээх итии чэйин мүччү тута сыста. Аҕала сатаан сөтөллүбүтэ буолаат: — Ол тулаайах сордоох кыыс. Сүөһүттэн ордубат. Ынахтарын көрдүү барбыта — диэт иҥиэттэн кэбистэ. Ньукуус бүгүн онно кыыһы маныы барбатаҕыттан кэмсиннэ. — Дьэкириэм, чэ тугу онон-манан эргитиэмий. Мин ити иитиэх кыыскын таптаатым. Кэргэн ыйытыахпын баҕарабын — Ньукуус баай уолун сиэринэн эмискэ малтаччы ыйыппытын, кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Дьэкириэм истибэтэҕин истэн, сирэйэ кыһыл чуоҕурданна. Кыргыттар чааскыларын тыастаахтык уураат, таһырдьа ойдулар. Эмиэ да «аҕабыт туох диир эбит» диэбиттии төптөрү киирдилэр. Дьэкириэм көхсүн этиппэхтээт, өссө чэй куттараары, эмээхсинигэр чааскытын тыастаахтык куду аста. Ньукуус киһитэ мух-мах буолбутун көрөн,тонолуппакка одуулаата. — Хайа атыыһыт оҕото кумалаан кыыһы ыйыппыта баарай. Дьоҕойон оонньоон эттиҥ ини. — Кырдьаҕас, баалаама, ол кыыһы мин көрөөт да сөбүлээбитим. Барахсан дьүһүннүүн кэрэ бэйэлээх —Ньукуус Настааны бу көрөн олорордуу мичик гынан ылла. Чобуота киирбитин бэйэтэ да сөхтө. — Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ буоллаҕай — Дьэкириэм улахан кыыһа хараҕын уута субурус гыммытын көрөн кыйахаммыттыы эттэ. — Дьэкириэм, кыыс энньэтин төһө көрдүүргүнэн биэриэм — уол эппитигэр Дьэкириэм сирэйэ сырдыырга дылы буолла. Ону сэрэйэн кыргыттара эмиэ халҕаны хайа быраҕан таҕыстылар. Настаа, атыыһыт уола кинини наһаа истиҥник көрөрүттэн уонна кэпсэтэ, билсэ сатыырыттан, эмиэ өрүү кини туһунан саныыр. Ньукууска тэҥэ суоҕуттан санааргыыр. Кыыһы кытта ийэтэ өлүөҕүттэн, ким даҕаны истиҥник сыһыаннаспатаҕыттан, баҕар, уолу чугастык ылыммыта дуу, эбэтэр тапталлара диэн манныга дуу… Кыыс ынахтарын аҕалтаан баайталаата. Настаа, Дьэкириэм кыыһа Суоппуйа ынахтартан сиргэнэр бэйэтэ, тоҕо ынах сылгылыы барарын өйдөөбөтөҕө. Настаа ыаҕайатын ыла дьиэҕэ киирэн эрдэҕинэ, Суоппуйа утары таҕыста. Туохтан эрэ кыыһырбыт дьүһүннээх. — Ынахтаргын аҕаллыҥ дуо? — Аҕаллым, ыаҕайабын ылыам. — Тохтоо, билигин таһаарыам — Суоппуйа дьиэҕэ төптөрү киирдэ. Настаа дьиктиргээбиттии көрөн, туран хаалла. Суоппуйа чачархай баттаҕын икки гына өрүммүт, сырдык эрээри, эбирдээх сирэйдээх. Сахаҕа орто уҥуохтаах кыыс. Настааны үнүр атыыһыт уолун кытта таҥара дьиэтигэр хаамсыахтарыттан ыла, була сатаан үөхсэр идэлэммитэ. Ынах ыыр ыаҕайатын таһаарбытыгар, Настаа ынахтарын ыы олордо. Имигэс илиилэр тардыалаатахтарын аайы, үүт сиинньигэстик тыган сүүрэн түһэр, күүгэннирэн төптөрү тэйиэккэлиир. — Настаа, үтүө күнүнэн — диир саҥаттан кыыс соһуйан, хайыһа түстэ. Ньукуус үөрбүт сирэйин көрөн, кэҕис гынан дорооболосто. Настаа лабыай буолбут ийэтин былааччыйатын кэтэн олороруттан, кыбыстан умса көрдө. Маннык эрэ көстүөм дии санаабатаҕа. — Ол биир ньирэйиҥ эмэн эрэр дии! — Суоппуйа саҥата умайыктанна. Хаһааҕа биир ынах сыстан биэрбитигэр, ньирэйэ эмэн чомурҕатар, айаҕыттан үрүҥ күүгэн таммалыыр. — Хайдах көрбөккүнүй, тугу саныы олороҕун —Суоппуйа бу эргин быкпат бэйэтэ, бүгүн кыһаллара киирбит. Настаа иннинэ Ньукуус тиийэн ынаҕы тэйиччи баайда. — Хайыы, бу бачча элбэх ынаҕы Настя соҕотоҕун ыыр дуо? — уол сөҕөн саҥа аллайар. — Ыыр буоллаҕа дии, ханна барыай. — Софья, эн көмөлөһүө эбиккин. — Ээйиис бэйэтэ ыатын ээ. Хамначчыт кыыс дии —Суоппуйа иэдэс биэрэр. — Саатар түптэтэ оҥоруохха буоллаҕа дии, бырдаҕа бэрт эбит — Ньукуус түптэ оҥорор түбүгэр түстэ. — Аҕал эрэ бэйэм да ыам — Суоппуйа Настаа ыан баран үүтүн атын иһиккэ кутан босхолообут ыаҕайатын ылла. Биир өрүөстээх ынаҕы ыары олордо. Ол кэмҥэ Настаа атын солуур таһааран, Маҕаачайын ыата. Суоппуйа ынах эмиийин холурдук тардыалыыр. Ол аайы ынах атаҕын көтөхпөхтүүр уонна кутуругунан Суоппуйаны сирэйгэ сырбатта. Онуоха кыыһыран өссө күүскэ тардыалаата. Ынах атаҕын көтөҕөөт, биэдэрэ иһигэр батары биэрээт, туора хаһыйда. Суоппуйа олоро түстэ, үүтэ үрдүгэр тоҕунна. Кыыһыран охсурҕаланан, кыыс дьиэтигэр киирдэ. Ньукуус маны эрэ күүппүттүү Настаалыын кэпсэттэ. Ынахтарын ыан бүтэрэн кыыс дьиэҕэ киирээри гыммытын уол тохтотто. — Ньукуус, мин эйигин кытта уонна кэпсэппэтим буолуо. — Тоҕо Настя? — Суоппуйа кыыһырар быһыылаах дии. Уонна мин эйиэхэ тэҥим суох. — Миэхэ кинилэр баайдара наадата суох. Миэхэ эн эрэ күндүгүн. — Суох, суох, дьонуҥ да сөбүлээбэттэрэ биллэр. — Аҕам миигин, соҕотох уолун хаһан да утарбат. Кини сөбүлэһиэҕэ. Мин уонна эйигин Дьэкириэмтэн ыйыттым. — Ону туох диэтэ? — Маҥнай кэтэмэҕэйдиэх курдук буолан иһэн, төлөбүрүн эппиппэр сөбүлэһиэх курдук… — Настаа, киир эрэ чэ!! Тугу гынаҕыный? — күүстээх саҥаттан кыыс дьик гынна. Суоппуйа тахсан өттүк баттанан турар эбит. *** Настаалаах Ньукуус, Суоппуйаттан кистээн көрсөр идэлэннилэр. Кыыс дьон көрбөтүгэр дьиэрэҥкэйдээн тэбэр, киҥинэйэн ырыа ыллыыр идэлэннэ. Ньукууһу биир күн көрбөтөҕүнэ, сатаныа суох курдук буолла. Уол сыллаан-уураан бардаҕына дьикти иэйии абылаҥа иилии кууһар. Этин-хаанын устун дьикти итии сүүрээҥҥэ уйдарарын манньыйа саныыр буолла. Ол оннук икки сүрэх тапталын абылаҥа туоҕунан дьиэлийэн тахсарын санаатаҕына, эмиэ да куттанар. Дьиэтин олоҕо уруккутунааҕар өссө ыараата. Суоппуйа кыраттан тымтар, Настааны буулуур идэлэннэ. Ньукууһу аҕата соһуччу улуус киинигэр ыҥыттаран ылбыт. Аҕыйах кэмҥэ, уолун биир соҕурууттан үөрэхтээх киһи кэлбитигэр үөрэттэрэр буолбут. Саатар, Настааҕа эппэккэ барбыт буолан, кыыс күүтэ сатаан мунаарда. Ынах көрдүү бардаҕына, соһуччу Ньукуус мичээрдээбитинэн тыаттан тахсан кэлээрэй диэн эргиччи көрүтэлиир да, уол мэлигир. Уол сүппүтэ ый буолуута, Настаа ынах ыы олордоҕуна, Суоппуйа туохтан эрэ үөрбүттүү туттан кэллэ. — Хайа, дьэ Ньукуускун күүтэҕин аҕай дуу? Эн курдук чаҕар, кулут кыыска наадыйыа диэҥҥин иҥээҥниигин дуо? — Мин иҥээҥниэм дуо, бэйэтэ кэлээччи дии. — Бэйэтэ кэлээччи дии…Эчикийэ, маҥан субалаах мааны куо хайыаххыный. Сураҕа, куоракка атын баай кыыстаах үһү дииллэр. Онно сытара буолуо… Ити ойоҕумсах аҕабыыттан туох уратылаах үһүө. Күүтэн эрэйдэнимэ. Хата, эйиэхэ кэлэн бэрт — Суоппуйа сымыйалаан кубарыттым дии санаммакка, кынчарыйан ылаат, дьиэтигэр барда. Настаа хараҕа уунан туолла. Ээл-дээл турдаҕына, тарбыйаҕа кыыс тарбаҕын эмэн чомурҕатар. «Оо, саатар мин бу ньирэй саҕа дьолум суох. Кини оннооҕор ийэлээх. Миигиннээҕэр дьоллоох. Бүтэһик эрэммит киһим аны суох» — кыыс тоҕо эрэ эриэн ситии быаны илиитигэр ылла. «Хайа миигин ыабаккын дуо» диирдии Маҕаачайа батыһа көрөн хаалла. Кыыс Ньукуустуун көрсөр аарыма бэстэригэр тиийэн кэллэ. «Күүтэн эрэйдэнимэ, хата, эйиэхэ кэлэн бэрт» Суоппуйа эппит тыллара кулгааҕар ыарыылаахтык хатыланар курдуктар. Кыыс икки сэргэстэһэ үүммүт тиит икки ардыгар Ньукуус суон сиэрдийэ уурбутун көрдө. Уол кыыһы итиннэ олордон хаачыаллата оонньуура. Дьоллоох да кэмнэр эбиттэр. «Чэ Ньукуус, бырастыы. Суоппуйа баҕата туолуоҕа. Уонна биһиги хаһан да көрсүөхпүт суоҕа. Аҕыйах кэмҥэ дьолу биллэрбиккэр махтал». Кыыс эриэн ситии быаны моонньугар иилиннэ. Аллараттан суон мутуктаах аарыма бэскэ ытынна. Бу мас мутугуттан кинилэр ыстана оонньууллара. Бу бүтэһик ыстаныыта буоларын кыыс билбэккэ сылдьыбыта. Быатын төрдүн мутукка баайаат, кыыс ыстанан кэбистэ. Ньукуус куораттан аҕыйах кэмнээҕи үөрэҕин бүтэрээт, ыксаан кэллэ. Настаатын ахтан аҥара эрэ хаалбыт. Үнүр аҕатыгар тулаайах кыыһы таптаабытын эппитэ. Аҕата бастаан сөбүлэммэтэҕэ. Онтон уола эппитин энчирэппэтин билэн, сөбүлэһэригэр эрэ тиийбитэ. Настаа билигин ынаҕын ыыр кэмэ диэн, уол сиирэ-халты аһаат, Дьэкириэмнээххэ барда. Супту ынах ыыр титииккэ тиийдэ. Суоппуйа эрэ баарын көрөн дьиктиргээтэ. — Дорообо Софья, Настя ханна баарый? — Билбэтим, бэйэм сүтэрдим. — Ынахтара барыта бааллар дуо? Баҕар, көрдүү барбыта буолаарай. — Билбэтиэм, баҕар, буолуо, ханна дьэллигирэ сылдьарын хантан билиэхпиний! Ньукуус Настаа ынах көрдүүр алааһыгар барда. Сайыҥҥы киэһэ арыый кыра боруҥуйбут. Мэлдьи көрсөр сирдэригэр тиийбитэ, Настаа сытар эбит. Моонньугар эриэн ситии ыга киирбит. Мутук тостубута баалла сылдьар. — Настаа…Настяя, хайдах буоллуҥ? — уол хаһыыта чуумпу киэһэни аймаата. Кыыс моонньуттан быаны сүөрбүтүгэр, тыынын ыла сатаан, салгыны эҕирийдэ. Ньукуус кыыһы көтөҕөн, түөлбэ диэки тэбиннэ. Сынньанан тохтуур кэмигэр Суоппуйа кэллэ. — Суоппуйа, бу, арааһа, эн үлэҥ…Настябын өлөрө сыспыккын. — Мин ол кинини моҥнон өлөөр диэбитим дуо? — Эн кинини сүгүннээбэккин. Мин Настябын илдьэ барабын, эһиэхэ уонна биэриэм эрэ суоҕа. — Ээйиис, кумалаан кыыһын ылаҥҥын күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр бар! -Барыллыа. Күллүннэр, элэктээтиннэр. Таптаатахха тайахтаахха да барыаҥ диэни билбэккин дуо? — Акаары, эн син-биир ити ойоҕумсах аҕабыыт курдук эбиккин — Суоппуйа тылын көрдөрөөт, бара турда. — Мин кинилиин билигин үлэлээбэппин. Сымыйа тапталы атыылаан, дьону албыннаабытын сууттатыам — атыыһыт уола Ньукуус хаһыытыы хаалла. Настаатын соһон-сыһан, дьиэтигэр аҕалла. Ийэтэ эмиэ уруккута дьадаҥы буолан, кыыһы аһына көрүстэ. Настаа дьэ өйүгэр кэлэн, ситэ өйдөөмүнэ олордо. Аҕалара уолларын маннык буолуор дылы таптыыр кыыһы сөҕө көрдө. Саҥата суох сөбүлэһэригэр эрэ тиийдэ. Сарсыныгар Дьэкириэмнээхтэн баран ыйытан, сүгүннэрэн аҕаллылар. Мааны бэйэлээхтик таҥыннаран аҕалбыттарыгар, Настааны Суоппуйа сонургуу, күнүүлүү көрдө. Настаалаах Ньукуус улуус биир бастыҥ ыала буолбуттара. Иэримэ дьиэни иччилээн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн, быр бааччы олорбуттара. Родион Данилов-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан