Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ким харчылаах — ол тойон (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ким харчылаах — ол тойон (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
27.01.2017 21:00
Мотуор (киһи хос аата) сибиэһэй салгыны күүскэ, иҥсэлээхтик эҕирийбэхтээтэ. Сүрэҕэр сылаас иэйии илгийдэ. Хаайыыттан саҥа тахсыбыт киһи хараҕар айылҕа барахсан тырымныы-дьиримнии кыыһан барыах курдук. Көҥүлгэ сылдьар үчүгэй даҕаны! Тугу саныыргын, баҕараргын барытын оҥоруоххун сөп. Үс сыл устата күлүүс хаайыытыгар симиллэн сыппыта сүрэҕэр ыар баттык буолан аала сылдьар. Түүлүгэр киирэн ынчыктатар-хаһытатар. Дойдутугар таптала, олоххо дьуулуура эрэ киниэхэ күүс-көмө, тирэх буолтара. Өлөн-охтон, сынтарыйан биэрбэккэ тыыннаах эргиллэн кэллэҕэ. Айылҕаттан бэриллибит күүһэ-уоҕа, өйө ыар түгэҥҥэ да сүтэн-оһон хаалбакка өлөрүөхсүттэргэ, уоруйахтарга, бандьыыттарга бэйэтин түһэн биэрбэтэҕэ. Кэлин өссө кинилэргэ биригэдьиирдээбитэ… Кини оннук хараҥа ыйаахтаах киһи этэ дуо? Тоҕо дьылҕа хаан кинини куһаҕан хараҕынан көрбүтэй? Мотуор 23 сааһыгар тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, хотугу оройуоҥҥа кылаабынай зоотехнигынан ананан барбыта. Билиигэ-көрүүгэ тардыһар, күүстээх-уохтаах эдэр киһи иннигэр саҥа суол арыллыбыта. Ити 1986 сыл этэ. Коммунистическай партия бүтэһик күүһүнэн-уоҕунан төлө мөхсө сылдьара. Оччолорго тойоттор бары партиялаах этилэр. «Кырсалаах» совхоз директора Николай Николаевич Семенов кинини коммунист буолбатах эбиккин диэн хара бастааҥҥыттан туората көрбүтэ. Оҕо курдук хамаандалаан сүүрдэ сылдьыан баҕарбыт уола сытыы-хотуу, дьаһаллааҕын билэн, аны мин дуоһунаспын былдьаһыа дии саныыбыта быһылааҕа, муостаах туйаҕын көрдөрөн суоһарҕанан барбыта. Бааһынай хаһаайыстыбата тэриниэҕин диэн этиитин ыстыыкка түһэрэ көрсүбүтэ. «Эн совхоһу ыһа кэлбит ыччат эбиккин», — диэн улахан мунньахха, элбэх киһи истэн олордоҕуна айаҕын муҥунан хаһытаабыта. Мотуор саҥа, сонун хайысхалаах саҕалааһыннарын барытын туора садьыйан испитэ. Табаны уотуу биригээдэтин тэрийэн, комбикорманан аһатан уотары олох сыыһанан ааҕан ха6ыаттыы сылдьыбыта. Эдэр киһини чаҕытаары сотору-сотору туундараҕа таба ыстаадаларыгар кыйдыыра. Николай Николаевич коммунист тойоттор эрэ күннүүр-күөнэхтиир кэмнэрин курдук саныыра. Ол и6ин бэйэтэ кэлии киһи эрээри, биир дойдулааҕын өйөөбөтөҕө. Обком салайааччыларыгар эрэ бэрт буола сатыыра. Кинилэри көрдө даҕаны албыннаһан ньылаҥнаһан барара. Куораттан кэлбит тойотторго куулунан балык, таба этэ, тыс, күндү түүлээх куду анньан биэрэрэ. Мотуор эдэркээн олоҕор хара күннэр үүммүттэрэ. Саатар саҥа кэргэннэммит кылаабынай зоотехникка дьиэ биэрбэтэхтэрэ. Сылы быһа тылларынан эрэ саататаллара. Ойоҕо Клара куорат ыалын соҕотох мааны кыыһа этэ. Хоту тиийэн үлэлиэн баҕарбатаҕа. Онон дьиэ суоҕар үөрэн таҥараҕа махтанара. Төрөппүттэрин бэлэмигэр атаахтыы-атаахтыы учууталлыы сылдьара киниэхэ быдан барыстааҕа, үчүгэйэ. Клара Мотуорга төлөннөөх тапталын уота-күөһэ сыыйа симэлийэн эрэр курдуга. Бастаан утаа суругунан «ахтабын, сотору тиийиэм» диэн үөрдэ-көтүтэ суруйталаан баран, кэнникинэн телефоннаатаҕына эрэ кулур-халыр кэпсэтэр буолбута. Кэргэнэ директорын кытта сатаспатын билэн; «успеха суох сордооххо кэргэн тахсыбыппын» диэн муҥатыйбыта. кыраһыабай буолан кини тула эр дьон элиэтиир этилэр. Олортон баай, кыахтаах дии санаабыттарын кытта куодуруһан барбыта. Маамата да утарбат этэ. «Оҕом сыыһа, эдэр саас иккистээн эргиллибэт. Олох биэрэрин ылан иһиэххэ наада» диэн кигэн биэрэрэ. Клара маамата эрдэ сэрэппитин утаран Мотуорга эргэ тахсыбытыттан абаккаран ытамньыйара. Мотуор кылаабынай зоотехнигыттан уһуллубута.
Ол оннугар бэйэтэ бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, таба ыстаадатын биригэдьиирэ буолбута. Салайар, дьаһайар дьоҕура, дьэ манна тилэри арыллыбыта. Кини эдэр, күүстээх-уохтаах организма тыйыс усулуобуйаны холкутук тулуйбута. Сатабыллаах биригэдьиири табаһыттар сөбүлээбиттэрэ. Мөлтөх аатыран соһулла сылдьыбыт ыстаада бастыҥнар кэккэлэригэр сөрүөстэ түспүтэ. Мотуор таах быраҕылла сытар таба муостарын хомуйтаран ылбыта. Дьокуускайга балык, түүлээх илдьэн эргинэр буолбута. Сотору кэминэн кини хас биирдии үлэһитэ туспа бураннаах буоларын ситиспитэ. Аны сабыс саҥа омук болохторун (вагончик дьиэ) булаттаабыта. Летчиктары кытта быһа кэпсэтэн, вертолетунан наадалаах таһаҕастарын ыстаадатыгар тиэйтэрэн аҕалбыта. Онон сылын аайы кыаҕырдар кыаҕыран барбыта. Оннооҕор Москваҕа тиийэн омук фирмаларын кытта дуогабар түһэрсэн, «Йомаха» бураннары аҕалталаан соһуталаабыта. Табаһыттара кинини таҥара курдук ытыктыы, сүгүрүйэ көрөр буолбуттара. Бааһынай хаһаайыстыба ордуга биллэн тахсан, Мотуору ССКП райкомун бастакы секретара Семен Николаевич Спиридонов кабинетыгар ыҥырбыта. «Дьаһаллаах ыччат эбиккин. Чэ, бааһынай хаһаайыстыбаҕын өссө сайыннар. Мантан ыла мин өйүөҕүм»,— диэн үөрдүбүтэ. Кырдьаҕас бөрө уолу бэйэтигэр сыһыаран аатын-суолун хаҥатыныан баҕарбыта. Коммунистическай система түөрэҥкэйдиир кэмигэр саҥа суоллары көрдүнүөххэ наада этэ. Сахаларга ким эрэ өрө көтөөрү гынна да ордурҕаан, сабыта баттыы сатааһын курдук куһаҕан кэмэлдьи баар. Бу да сырыыга Мотуор суолун туора тура сатааччылар көстө охсубуттара. Кини сүрүн өстөөҕө Семенов оройуон тойоно бэйэтинэн ыҥыран кэпсэтэ сылдьыбытын билэн, кыһыытыттан остуолун охсуолаабыта. Ханнык эрэ чолоҕор кинини үтэйэн үрдүкү былааска тарбачыһан эрдэҕэ. Иккиттэн биирбит буолуо диэн сааммыта. Ити күнтэн ыла Мотуору моһууратын көннөрүөн баҕата олордубат-туруорбат буолбута. Араас хара санаалар быыстала суох элэҥнэспиттэрэ. Мотуору өлөттөрөн баҕарбыта. Ол эрээри ыт курдук ытан кэбиһэр аһара судургута. Арай ааттаах атаһын Пепеляйы өлөттөрөн баран, ону Мотуорга түһэрдэҕин сатаныыһык. Оччоҕо кини хаайыыга киириэ уонна хаһан да өрө көрбөт гына самнары түһүө. Семенов хара санаатын Мотуор оннугар кылаабынай кылаабынай зоотехнигынан үлэлээн эрэр Трифон олоххо киллэрбитэ. Директорын бирикээһинэн Мотуор болоҕуттан кини карабинын уоран, Пепеляй табаларын маныы сырыттаҕына төбөҕө ытан өлөрбүтэ. Сааны төптөрү биригэдьиир болоҕор илдьэн бырахпыта. Буранынан бөһүөлэккэ көтүтэн тиийбитэ уонна милицияларга Мотуор бэйэтин көмөлөһөөччүтүн өһөөн, саанан ытан өлөрбүтүн түбэһэ түһэн көрдүм диэн тыллаабыта. Дьиҥэ ити барыта эргэ система тобохторо, эдэр эрчимнээх саҥаны саҕалааччыны, эрдэ-сылла түрмэҕэ кистии охсорго куомуннаһан турунуулара этэ. Ол да иһин кинилэр хааннаах былааннара табыллыбыта. Мотуору сымыйанан буруйдаан хаайыыга олордубуттара. Семенов үөрэн өттүгүн тосту түһэ сыспыта. Аны кини дуоһунаһыгар тарбачыһыах киһи чугаһынан суоҕа. Ол эрээри сотору кэминэн Семенов улаханнык сыыстарбытын өйдөөбүтэ. Табаһыттар кинини баһылык быһыытынан билиммэт, тылын да истибэт буолбуттара. Талбыттарынан көччүйэллэрэ, аат эрэ харата үлэлээбитэ буолан сүөдэҥнэһэллэрэ. Совхоз былаанын толорбокко, иэскэ-кууска киирэн улахан ночоокко тэбиллибитэ. Мотуор эрэ ньымата сөптөөх курдуга, ону директор өсөөн туран утарара. Совхоз ыһыллар турукка киирбитигэр Семеновы үлэтиттэн ууратан кэбиспиттэрэ. Үлэтэ суох хаалбыт
ыарахан кэмигэр, мас курдук эрэнэр обкомнааҕы тойотторо киниттэн туора хайыспыттара. «Николай Николаевич дьэ бырастыы гынаргар тиийэҕиҥ. Бэйэбит да хайдах буоларбытын билбэккэ сылдьабыт» дэспиттэрэ. Тус хоту тойон буолан көҥүл айбардыы сылдьыбыта биирдэ хоос гынан, сир-халлаан икки ардыгар туран хаалбыта. Хайыаҕай, ойоҕун илдьэ Дьокуускайга тэскилииргэ күһэллибитэ. Антах сөптөөх үлэ көстүбэккэ эрэйдээбитэ. Тиһэх уһугар, ойоҕун быраата оскуола директора буолан, учууталлаан пенсияҕа тахсыбыта. Мотуор сымыйанан балыллыан да иннинэ хара балыырга түбэһиэн сөбүн сэрэйэр буолан, омук фирмаларын кытта эргинэн булбут харчытын Дьокуускайга саҥа аһыллыбыт «Якуталмазэргиэнбанк» коммерческай бааҥҥа уурдаран испитэ. Кэлин ол үбэ өр сытан, быраһыана үллэн-баллан үтүмэн халыҥ хапытаалга кубулуйбута. Мотуор ыстаадатын табаһыттара: «Биһиги биригэдьиирбит атаһын өлөрбөтөҕүн билэбит. Хаарыан киһибитин сүгүн үлэлэппэтилэр» диэн айдааран-куйдааран, олохтоох тойотторун буруйдууллара. Биригэдьиирдэрин суохтаан, сүбэ-ама ылаары сытар хаайыытыгар кытта тиийбиттэрэ. «Мантан ыла хайдах буолабыт, сүбэлээ», — диэн көрдөспүттэрэ. Мотуор кинилэр кэпсээннэрин болҕойон истэн баран: «Мин тугу дьаһайарбын барытын толорор буоллаххытына үчүгэй. Бэйэм оннубар биригэдьииринэн Пепеляй быраатын Байакууну аныыбын. Тугу гынаргытын барытын быһааран киниэхэ сурук ыытыаҕым. Онон кини тугу этэрин барытын толорон иһиэхтээххит», — диэбитэ быһаарыылаах куолаһынан. Бары сөпсөһөн тоҥхоҥноспуттара. Мотуор ити күнтэн ыла, хайыыга сыттар да, бэйэтэ тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбатын дьаһайан, үлэлэтэн киирэн барбыта. Кини соҕотохсуйар, курутугар түгэннэригэр биир долгуйа ахтар, сылаастык саныыр, сүрэҕэ ууллар, уйадыйа таптыыр аанньаллааҕа. Сааскылаана диэн таба хараҕын курдук чоҕулуччу көрбүт сырдык хааннаах кыыс кинини сөбүлүү көрбүтэ. Бастаан утаа оҕо диэн ааҕайбат этэ. Биирдэ ардахтаах киэһэ Мотуор биригээдэтин аһын-үөлүн булаары бэйэтин уазигынан бөһүөлэк устун элээрдэ сылдьыбыта. Маҕаһыынтан бородуукта атыылаһан авиапорка вертолекка илдьибитэ, онтон төннөрүгэр ардахха баттатан тураах оҕотун курдук илдьи сытыйбыт Сааскылаананы аара суолга көрсөн олордубута. Дьиэтигэр диэри илдьэн биэрбитэ. Ити кэнниттэн кыысчаан кинини суолга тоһуйар идэлэммитэ. Иккиэн даҕаны хайдах эрэ түргэн баҕайытык өйдөспүттэрэ. Кинилэр сотору-сотору көрсүһэллэрэ, бииргэ сылдьаллара дьон хараҕар быраҕыллыбыта. Уһун тыллаах дьахталлар обургулар сымыйанан оҥорон көрө-көрө хоп-сип бөҕөнү хообурҕатан, араастаан омуннаан-төлөннөөн биэрэн тарҕаппыттара. Биирдэ да уураһан көрбөтөх барахсаттары түүн аайы хоонньоһон утуйар курдук ыһа-тоҕо кэпсииллэрэ. Бэл оройуоннааҕы хаһыакка «Мотуор оскуола оҕотун күүһүлээтэ» диэн ыстатыйа таһааттарбыттара. Анал бэрэбиэркэ эрэ ити олоҕо суох дойҕох буоларын бигэргиппитэ. Үөҥҥэ эрэ тиллэр хобуоччу дьахталлар: «Мотуор быраастары атыылаһан ылбыт» диэн сурах-садьык ыыта, куһаҕаны барытын сыбыы сатаабыттара табыллыбакка айаҕалыы сатаан: «Ойоҕо күүлэйдьит», — диэн сирэй-харах сыҕайбыттара. Клара кырдьык, эриттэн арахсан, Дьокуускайга көҥүл-босхо күүлэй тэбэн, эмискэ үлүгэр кавалера кыймаҥнас буола түспүтэ. Ол эрээри эрэлэ суох бөтөстөр буолан биэртэрэ. Тоҕо эрэ туһанан, көччүйэн баран, сүтэн хаалаллара. Кинини көргө-нарга эрэ наада курдук көрөллөрө. Сымыйа, көндөй таптал тылларынан ыһыахтанан, хоонньоһуон баҕалаах өрүү элбэх буолара, онтон ойох ылыы боппуруоһа күөрэйэр кэмигэр тыал курдук көтөн хаалаллара.
Бука ол иһин буолуо, Мотуор улахан бизнесмен буолбутун телевизор сонуннарыттан билэн, урукку кэргэнигэр төннөргө быһаарыммыта. Хаһан да харахтаан көрбөтөх тус хоту дойдутугар бэрт суһаллык аттаммыта. Итиннэ кинини биллэн туран, «оҕонньорун» баайа эрэ абылаан илдьибитэ. Мотуор кинини күүскэ таптыырын билэрэ, онон кини төбөтүн таах эргитиэм дии саныыра. Клара Мотуор хаайыыга киириэн эрэ иннинэ тиийбитэ. Хомуньуустар кырык санаалаах үөрдэрэ күүстэрин түмэн, эдэр биригэдьиири умса баттаары бэлэмнэнэ сылдьаллара. Кини онно көмөлтө куоһурунан буолбута. Сымнаҕаска, баайга эрэ баҕарар мааны хотуну бэрт түргэнник бэйэлэригэр кучуйан ылбыттара. Мотуор ойоҕун туһунан санаабакка оскуола оҕотун өйүн иирдэ сылдьыбытын туһунан суукка тыл этиттэрбиттэрэ. Клара кинини ытыс үрдүгэр тоһуйа көрсүбүт оройуон чөмчөкөлөрүн кытта күүлэйдээн барбыта. Кыра бөһүөлэккэ кини ити «аньыылара» биллибэккэ хаалбатаҕа. Онон хайдахтаах хотууска буоларын бэйэтэ көрдөбүтэ. Бу да сырыыга кини олохтоох тойоттору таах тарбаҕын төбөтүнэн эргитиэх буолбута эмиэ табыллыбатаҕа. Мотуор баайын-дуолун мэҥэстэр туһуттан кэрээниттэн тахса дьүһүлэммитэ да туһалаабатаҕа. Олох диэн ыарахан устуука. Кыайан ситэ өйдөммөтө үгүс. Ардыгар үөһэттэн ким эрэ салайа олорор курдук буолар. Ол эрээри биллэн турар ити барыта сымыйа. Ким олох имиитин-хомуутун тулуйар, бэйэтин иннигэр туруоруммут сыалын-соругун ситиһэр — ол чахчы киһи аатырыан сөп. Мотуор олох араас өлөр-тиллэр түгэннэргэ түбэһиннэрэн, «дьэ хайдах буолар эбит» диэбиттии чинчийэн көрөн эрдэҕэ. онно тыыннаах хаалар кыһалҕаттан хайдах быһыыламмытын улахан оруолланан тахсар быһыылаах. Мотуор хаайыыга сытан олох очурдарын туһунан үгүстүк эргитэ санаабыта. Эрэйи-кыһалҕаны муннунан тыыран кэлбит буолан, дьон кыһалҕатын өйдүү үөрэннэ. Сахалар аҕыйах ахсааннаах омук эрээрибит бэйэ-бэйэбититтэн бэрт былдьаһан, өйдөспөккө өстөһөн, өрө көтүөхтээх дьоммутугар көмөлөһүөхтээҕэр бэйэбит атахтыы сылдьар буоллахпыт. Оо, хаайыыга араас бэйэлээх дьоҕурдаах саха бастыҥ ыччаттара симиллэн сыталларыттан санаата алдьанар, тыйыс көрүҥнэнэр. Саха маннык суолу тутуһан айаннаатаҕына кэхтэр эрэ кыахтаах. Айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕурдаах дьоно суох общество инникилээх буолуон сатаммат эбээт! Итини тоҕо ким да сүрэҕэр-быарыгар түһэрэн өйдүү сатаабатый? Абааһы уолунуу арбайбыт баттахтаах Мотуор киһини өлөрдөҕүнэ да ымыр гыныа суох тыйыс көрүҥнээх. Суох, кини эдэр сылдьан уол оҕо бэрдэ этэ. Үчүгэйгэ, кэрэҕэ эрэ тардыһар ыраас дьэҥкир харахтааҕа. Ону силистэри-мутуктары туура тардан ылан, кутун-сүрүн улаханнык аймаатылар. Майгыта-сигилитэ кыыллыйан барыах курдук буолуталаата. Хайыыга өр сыппыта буоллар өйдүүн-санаалыын тыйыһырыа эбитэ буолуо. Хата дьолго эргэ система эмэҕирэн сууллан түһэн, кини дьыалатын иккистээн көрөн, амнистияҕа түбэһэн, болдьоммун сылларын аҥарын да олорбокко босхолонон таҕыста. Ол да буоллар хаайыыга олорбута суола-ииһэ суох хаалбата. Ордук өйүгэр-санаатыгар сымыйаттан кэлэйии хара дьайа хаһан да сотуллуо суохтук хатанан хаалла. Хара балыырга хадьырыллыбыта оспот баас буолан сүрэҕэр иҥнэ. Күүстээх киһи мөлтөөн ылар түгэннэрин сатаан кистиир. Кыһалҕатын эрэйин барытын таһыгар таһаарбат. Мотуор Дьокуускайга кэлэн, наадалаах сирдэрин кэрийтэлээн баран, сибиэһэй салгыҥҥа хаамыталыы, санаатын аралдьыта түһээри
пааркаҕа барда. Көҥүл олоххо эргиллэн иккистээн төрөөбүт курдук санана сылдьар. Киниэхэ билигин бары барыта баар курдук. Сааскылаана курдук эдэр, кыраһыабай ойохтоох, үс саастаах уолчааннаах. Дьиэ-уот харчы да баар. Бааһынай хаһаайыстыбата кыаҕыран аҕай турар. Ол да буоллар мунньуммут хапытаалын олох оҥкулугар оҕустарбыт саха дьоҕурдаах ыччаттарын биир сомоҕоҕо түмэргэ туттарга сорунар. Кинилэргэ анаан туспа тэрилтэ тэрийиэн баҕарар. Хаайыыга сыта сылдьыбыт киһи обществоттан туора көрүллэрин бэйэтин этинэн-тириитинэн бэркэ билэр. Саҥа суоллары көрдөнөргө сөптөөх кэм кэллэ. Оннооҕор хайыыга олорон саха уран тарбахтаах уолаттара быһах бастыҥын оҥороллор, дьахталлартан да хаалсыбат бастыҥ хаачыстыбалаах таҥас баайаллар. Кинилэри биир сиргэ мунньан, иилээн-саҕалаан көнө суолга үктэннэрдэр бэрт этэ. Ити санаатын олоххо киллэрээри куоракка кэллэ Бу өйдөөтөҕүнэ, кини сааһын тухары дьону көҕүлээн үлэлэтэр биригэдьиир эбит. Дьикти баҕайы. Айыы Тойон кинини итинник дьылҕалаатаҕа буолуо. Үгүстэр хараҥа дьыаланан байа сатыыллар. Пахай даҕаны! Сахаҕа итинник өйдөбүл суох буолуохтаах. Син-биир хайыыга симиллиэн турдаҕа дии. Онно эдэр киһини түргэнник бүдүрүтэр бөтөстөр көстүөхтэрэ. Оччоҕо бу сордоох айылҕаттан бэриллибит дьоҕура туһата суох тумаҥҥа көтүө турдаҕа. Эмискэ хараҥаран эрэр ойуур саҕатыттан хара күлүктэр барыһа түстүлэр. Мотуору арыгылаан быччаҥнаспыт уолаттар көтүөккэлэһэн кэлэннэр төгүрүйэ турунан кэбистилэр. Кинилэр тэлэллэ түһээттэрин кытта хаайыыга олоро сылдьыбыт, мээнэ лэбээрбит элбэх саҥалаах киппэ көрүҥнээх Собо Мотуорга ыган кэллэ. Сирэйэ-хараҕа турбутуттан сылыктаатахха, зонаҕа үтүрүллэ-хабырылла сылдьыбыт абатын киниттэн иэстэһиэн баҕарбыт чиҥчилээх. Бөтөстөрүгэр эрэнэн, атамаан курдук туттан-хаптан дорҕолдьуйбут. Сэниээбит хараҕынан үөһэттэн аллараа батары көрдө. — һэ-һэ, биригэдьиир Мотуору соҕотохтуу көрсөр күннээх эбиппин ээ! Сынньалаҥҥын мэһэйдээбиппитигэр бука диэн бырастыы гын. Бу мин паханнарым. Бээрэ, тоҕо бары эн тыйыс көрүҥҥүттэн куттаналларый, ээ. Ол эн оччо өҥнөөххүн дуо?! Мин эйигиттэн, төрдө-төбөтө биллибэт кэрэдэктэн төрүкү куттаммаппын. Мин билигин эйигин к-кырбыам! Биригэдьиир да буол, мин онно чихал диибин! Киэптээбиккин билигин көрдөрүөм!, — дии-дии сиэҕин ньыппарынна. — Сөп, биир бииргэ охсуһар буоллаххына по понятием. Чэ, саҕалаа! Мотуор охсуһарга бэлэмнэнэ тутунна. Собо бөлтөрүспүт сүүнэ сутуруктарынан харса суох кулуппаайдаан барда. Дьиҥэ, бастакы охсуутунан хайа баҕарар эр бэрдин сууллара саайан түһэрэр буолара. Ону баара Мотуор кини күүстээх охсууларын холкутук уйунна. Собо онтон киҥэ-хаана холлон, илиитэ-атаҕа бааллыбыт курдук буолла. Хоттороору ыксаан, хоонньуттан бэстилиэтин ойутан таһаарда. Мотуор хараҕа уоттана түстэ, сүр түргэнник өстөөҕүн илиитин кэдэрги тутта. Киһитэ тобуктуу түстэ, бэстилиэтин ыһыктан кэбистэ. Ыарыыта бэрдиттэн кытара үллүөр диэри хатаннык орулаата. Төгүрүччү үмүөрүһэн турар бэдиктэр баһылыктара бэрт кэбэҕэстик кыайтаран хаһытыы эрэ сылдьар буолбутуттан улаханнык куттанан, хайыахтарын да билбэккэ титирэһэ турдулар. — Б-бырастыы гын, х-холуочуйбучча… — Собо ыарыытын тулуйбакка ааттаһарга күһэлиннэ. Кини баандатын эдэр бөтөстөрүттэн көмөлөһүөх баҕалаах көстүбэтэ. Баһылыктара сөһүргэстии түспэтэҕэ буоллар, бары саба түһэн үнтү кырбаан барыа эбиттэрэ буолуо. Ону баара
кинилэрдээҕэр быдан күүстээх-уохтаах боотурга түбэһэн, өлөрөр-өһөрөр кыдыьыктара көтөн хаалла. Бары сиргэ дьөлө түһэн хаалыахтыы нүксүччү түһэн, салгыы туох буоларын кэтэһэн турдулар. Ыйдаҥалаах киэһэ буолан, куттаммыт, ыгылыйбыт сирэйдэрэ илэ-бааччы көстөр, сорохтор субуруйан тахсыбыт сыыҥтарын өрүтэ сыҥсыйаллара иһиллэр. — Собо, эн бу бырааттары батыһыннаран миигин өлөрө кэлбитиҥ буолбат дуо?! Тоҕо бачча эдэр сааскар хараҥа дьыалаҕа кыттыһарга соруннуҥ?! Инники дьылҕаҕыҥ тоҕо тымтыктанан көрбөккүнүй? Хаттаан хаайыыга киирээри ыксаатыҥ дуо? Ол иэдээннээх дойдугун аҕынныҥ дуо?. Антах эйигиннээҕэр кыахтаах, ходуот уолаттар тулуйбакка сордоноллорун бэйэҥ билэҕиҥ. — Убаай, билэбин… Ыыт… Чахчы кыахтаах эбиккин дьэ биллим… — Хаайыыга олорон тахсыбыт дьону манна ким да киһинэн аахпат. Бары куттаналлар, үлэҕэ да ылбаттар. Онон бэйэбит сомоҕолоһон сылдьыахпытын, туспа «УРААҤХАЙ» диэн тэрилтэ тэриниэхпитин наада. Оччоҕо барыта табыллыа диэн эрэннэрэбин. Биһиги урааҥхай сахалар буоллахпын дии. Мантан ыла эһиги «аҕаҕыт» мин буолабын. Собо, ону эн өйдөөтүҥ дуо?! — Убаай, өйдөөтүм… Аны эн тылгыттан тахсыам суоҕа… — Чэ, сөп. Өйдөөбүт буоллаххына үчүгэй, — Мотуор түөрт атах буола сылдьар Собону өйөөн туруорда. Сиэбиттэн киппэ көпүүрдэри ойутан таһаарда. — Мэ, икки буокката, пиибэлэрдэ уонна сокуускаларда атыылаһан аҕала оҕус. Инники былааммытын базардаһыа (кэпсэтиэ) этибит. — Ыык, — Собо улгумнук хардараат, тилигир гынан хаалла. Баандатын уолаттара хайдах буолуохтарын билбэккэ, соһуйбуттуу көрөн турдулар. Баанньа убайын Мотуору көрө охсуон баҕаран кэллэ. Онноҕор Чечняҕа сэриилэһэ да сылдьан ахтара, саныыра эбээт. Хата хаайыыттан босхолонон тахсыбыт. Бука киһи билбэт гына уларыйда буолуо. Бэйэтин эрэ өйүгэр, кыаҕар эрэнэр буолан, элбэх атаһа-доҕоро суоҕа. Кинини охсуһарга үөрэппит бастакы учуутала этэ. Бастаан утаа бэйэтин тэҥнээхтэригэр да кыайтаран ытыыра-соҥуура. Оччоҕо убайа уп-улахан боксерскай бэрчээккэ кэтэрдэн лапа оҕустарара, араас сүбэ-ама биэрэрэ. «Быраатым маладьыас, эн кыаххар эрэнэбин» диэн киһиргэтэн биэрэрэ. Чахчы, сыыйа утарсааччыларын барыларын кыайталаан ытатар буолбута. Сэрии Баанньа кутун-сүрүн тыйыс хааннаата. Хаһан да кыраттан кыыһырбат бэйэтэ онноҕор хаадьы тылтан кыйытта түһэр буолла. Оо, Чечняҕа элбэх да боевигы өлөрдө-өһөрдө. Билигин ол аньыыта-харата таайан, түүн кыайан утуйбат буолан хаалла. Утуйдаҕына күүскэ баттатан, хаһытаабытынан көлөһүн-балаһын аллан уһуктар. Кини үгүс бойобуой доҕотторо итинник иэдээнтэн арыгы эрэ иһэн быыһаналлар. Онтон кини аймахтарын, доҕотторун, бииргэ үөрэммит оҕолорун көрсөн аралдьыйыан баҕарар. Баанньа аймахтарыгар сылдьан, Мотуор Дьокуускайга барбытын биллэ. Үөрэн ыстаҥалаан ылла. Ол аата ийэтэ сэрэйэн этэринии арыгылаары атах балай барбатах эбит. Өйдөөх убай хайдах оннук халы-мааргы дьүһүлэниэҕэй? Баанньа убайын көрсөөрү Дьокуускайга кэллэ.Гостиницаны түргэнник булла. Хоһугар киирэн сытынан кэбистэ. Убайа телефонун арааран кэбиспит. Чэ, иллэҥсийдэҕинэ быраата эрийбитин көрөр ини. Кэтэһэ таарыйа куораты кэрийэргэ быһаарынна. Тоҕо эрэ сүүрүөн-көтүөн, хамсаныан-имсэниэн баҕаран кэллэ. Ол эрээри олохтоохтор уонна мотоциклынан көтүтэр ыччаттар өйдүөхтэрэ суоҕа диэн туттунна. Арай киэһэ паарка хараҥа ойууругар тиийэн
тыынын таһаарда. Дьарыктанан бүтэн бараары туран: «А-аа, быыһааҥ, өрөһүйүҥ!!…» — ханнык эрэ кыыс тыын былдьаһа хаһытыырын иһиттэ. Баанньа иэдээн тахсан эрэрин сэрэйэн, хаһыы хоту ыстанна. Ханнык эрэ эрэстииннэр, төлө туттаран куотаары өрө мөхсө сытар кыыһы күүһүлээри хам баттыы сыталларыгар кэтиллэ түстэ. Эр бэрдэ сүүрэн тиийэн ыраах эһиллиэхтэригэр диэри түҥнэритэ тэбиэлээн кэбистэ. Уһун уол хаһытаабытынан ойон турда. Мааҕыын гостиницаҕа кинини кытта биир хоско түспүт уола эбит. Киниэхэ өйдөнөр түгэни биэрбэккэ сыҥаахха охсон, дөйүтэн түһэрдэ. Аан бастакынан аарыма бэс мас аттыгар тиэрэ таһыллыбыт кыра уҥуохтаах модьу уол саха быһаҕын ойутан таһаарда. Өстөөҕүн өлөрөрдүү анньан эрдэҕинэ, Баанньа үөрүйэх хамсаныынан илиитин эрийэ тутта. Уҥуох тыаһа хар гына түстэ. Били адьарай бэрт кэбэҕэстик уҥан тойтос гынан хаалла. Быыһаабыт кыыһа өлөрдүү куттанан, ытыы-ытыы титирэстии олордо. Онтон өй ылан, өрүһүйбүт киһитин кууһа түстэ. — Ханна олороҕун? Мин дьиэҕэр диэри атааран биэриэм, — диэтэ Ньургун. — О-он-но, — диэнс титирэс буолбут тарбахтарынан соҕуруу диэки ыйда. Туран хааман иһэн туохтан эрэ иҥнэн охтон эрдэҕинэ күүстээх илиилэр сүр чэпчэкитик көтөҕөн ыллылар. Баанньа сарсыарда сырдыар диэри саҥа билсибит нарын кыыһын таас квартиратыгар сэлэһэ олордо. Онтон убайын көрсүөхтээҕин санаан, гостиницатыгар барарга тиэтэйдэ. Таҥас ыйыыр көкөҕө тиийдэ. Кууркатын кэтэн баран кыыһын кытта бырастыыласта. Ол эрээри Саргылаана үчүгэйкээн харахтарынан сайыспыттыы көрөрүттэн тохтуу биэрдэ. Хайдах эрэ сүрэҕэ ууллан хаалла. Эмискэ билбэт кыыһын уоһуттан уохтаахтык уураата. Баанньа сүүрэ-хаама гостиницаҕа тиийэн хоһугар убайын көрсө биэрдэ. — Хайа быраат, дьэ тиийэн кэллиҥ дуу. Ханна сүтэ сырыттын? Мин эйигин көрдөөн, түүнү быһа куораты биир гына кэрийдим. Манна кэлбиппэр ханнык эрэ кырбаммыт уолаттар эн ааккын истэн титирэһэ түстүлэр. Онтон бууттара быстарынан таһырдьа ыстаннылар. дьэ, үчүгэйдик куттаталаабыккын ээ, быһыыта. Эн чахчы эр бэрдэ буолбуккун, һэ, һэ. Чэ, быраат, биир крутой дьыала баар. Уолбар «Сузуку-эскудо» японскай массыына тэбэн биэрэбин. Сибилигин миигин кытта Аллараа Бэстээххэ навигацияҕа барсаҕын. Эйигин биригэдьиир оҥороммун таһаҕас тиэйиитигэр нэдиэлэ курдук үлэлэтиэҕим. Икки баарса кэлиэхтээх, ону үчүгэйдик сүөкээттиҥ да, эскудо эйиэнэ. Ону таһынан өлгөм харчы, дефицит ас-үө ылыаҕыҥ. Оттон мин «Урааҥхай» диэн саҥа тэрилтэ тойоно буолуохпун сөп. Хайа, буойун быраат, убайын хайдаҕый? — диэн баран Мотуор быраатыгар саҥарар да бокуой биэрбэккэ үүйэ-хаайа тутан джибар илдьэн олордон кэбистэ. Куор. Кэпсээни батсааптан ыллыбыт. Ааптар арпагыраапыйата тутуһулунна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан