Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Лина, махтал, бырастыы” (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Лина, махтал, бырастыы” (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
27.01.2017 12:57
Өрүс ортотугар араас дьэрэкээн дьураалаах кууркалаах кыыс турар. Учаастактарыгар кини эрэ маннык сырдык кууркалаах. Онон ким буоларын тута ыраахтан билэллэр. Төһө да кубулҕаттаах кулун тутар ый диэтэллэр, халлаан туран биэрдэ. Чаҕылыччы тыган, күн да күн. Кыыс илин диэки хайыстаҕына, мэктиэтигэр хараҕа саатар. Лада, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/ Бу 15 саастаах Лина кыыс, ыал соҕотох оҕото. Ийэтэ кырдьар сааһыгар оҕолонон хаалбытыттан, иһигэр үөрэ саныыр. Кыыһы билбэт дьон ыал соҕотох оҕото атаах, мааны диэн өйдүүллэр. Ол эрээри, ыкса ыаллара, чугас эргин олорор дьон истэригэр аһына саныыллар. Соҕотох буолан, туох баар дьиэ ис-тас үлэтэ барыта кини үрдүнэн барар. Бүгүн бээтинсэ. Баскыһыанньаҕа кэлиэх, сэрэнэ сылдьыах буолан тылын биэрэн, кинилэр нэһилиэктэриттэн 80-ча килэмиэтирдээх дэриэбинэҕэ дьүөгэтигэр ыалдьыттыы баран эрэр. Ийэтэ кыыһын төһө да соҕотохтуу ыытыан куттаннар, дьиэтин ааныгар тахсан, оптуобуска киирэрин кэтээн турда. Антах тиийдэҕинэ оптуобус тохтобулугар тоһуйуох буолбуттара. Күнүс Аанчык ийэтэ, аҕата син көрө сылдьаллар ини. Элбэх оҕолоох ыал оҕото буолан, анараа кыыс сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт бэйэлээх. Түүннэри эрэ сылдьыбаталлар. Соҕотох оҕолоох буолан, Варя дьаарханара элбэх. Ийэтэ кыыһын ыалдьыттата ыытар манньатыгар уонна салгыннаабакка туһаҕа бардын диэн хас даҕаны хааны, быары, икки бааҥка сүөгэйи уган биэрдэ. Хара, өҥө букатын баран хаалбыт, түгэҕинэн түөрт муннуга элэйбит суумка, ыйааһына бэрдиттэн мэктиэтигэр тутааҕа быстыах курдук. Лина кэтэһэр да оптуобуһа мэлигир. Уонча мүнүүтэ тура түһэн баран, оптуобус араспысаанньыйата уларыйбыт, бүгүн кэлбэт күнэ буоллаҕа дуу, диэн иһигэр ыксаан барда. Антах биэрэктэн түһэн иһэрин көрөн дьэ “һуу” дии санаата. Ити оптуобуһу хайа да бэйэлээх массыынаны кытта бутуйбаккын, кытаран ыраахтан көстөр. Өр буолбата, кэлэн Лина иннигэр бу хорус гына түстэ. Кыыс ыарахан бэйэлээх суумкатын тутан, киирэн олордо. Хата миэстэ баар эбит. Күн тыгар өттүгэр олороот, өр буолбата, халтаһалара улам ыараан бардылар. Хараҕын симээт, утуйан хаалла. Дьон саҥатыттан уһуктан кэлбитэ, номнуо дэриэбинэҕэ киирэн эрэллэр эбит. Лина бу дэриэбинэҕэ кэллэҕинэ тоҕо эрэ бэйэтин наһаа чэпчэкитик сананар. Бу кыараҕас уулусса, бу үүнэн турар аарыма харыйалар араҥаччылыыр курдуктар. Айылҕаҕа улааппыт буолан, бу дэриэбинэҕэ куттуун-сүрдүүн курдары таттарар. Тоҕотун бэйэтэ да билбэт. Бээтинсэ буолан, өрөбүллэригэр ыалдьыттыы кэлбиттэр быһыылаах, дьон элбэх эбит. Оптуобустан тахсаатын кытта, дьон быыһыттан дьүөгэтин Аанчык куолаһа иһилиннэ: — Лина, привет! — Привет. — Хайдах айаннаатыҥ? Оптуобуһу наһаа өр кэтэстим. Кэлбэт дуу, дии санаатым ээ. Хаста даҕаны дьиэбэр бара сыстым. Дьон баарын эрэ иһин турдум. Букатын утуйан хаалбыппын. Дэриэбинэҕэ киирэн эрэ баран уһугуннум. Сарсын табаһыттар сөлүөттэрэ буолар. Онно сылдьыахпыт. Чугастааҕы нэһилиэктэр бары кытталлар үһү. Хата, оруобуна кэллиҥ – диэн дьүөгэтэ дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри кэпсии-ипсии, сонунун үллэстэ истэ. Сарсыныгар сөбүгэр туран, суунан-тараанан баран аһаатылар. Аанчык ийэтэ барахсан наһаа да
минньигэс тиэптэли буһарар. Лина кини тиэптэлин сөбүлүүрүн билэр буолан, кыыс кэллэҕинэ куруук буһарар. Горох миинэ диэни эмиэ аан маҥнай кинилэргэ испитэ. — Лина, түргэнник. Аҕабын кытта массыынанан барсыах, – диэн Аанчык холку бэйэлээх дьүөгэтин тиэтэттэ. Кыыс түргэн үлүгэрдик тобуктанан хаалбыт джинсытын кэттэ. Сиэбиттэн үтүлүгүн орообута, ынах сааҕын сытынан аҥылыс гына түстэ. Тиэтэйэн мааны үтүлүгүн кэппэккэ кэлбит эбит. Онтуттан кыбыстан, тас өттүнээҕитин ороон баран, иһинээҕи үтүлүгүн сиэбигэр төттөрү уган кэбистэ. Өрүскэ киирбиттэрэ дьон-сэргэ мустубута быданнаабыт. Таба диэн маннык буолар, сылгытааҕар, ынахтааҕар быдан кыра эбит дуу, диэн одуулуу турда. Чугаһыан куттанна. Ол турдаҕына Аанчык убайа кэлэн: Лина, табанан хатааһылыаххын баҕараҕын дуо? Кэл, олор, – диэтин кытта Лина кыра сыарҕа оҕотугар олорунан кэбистэ. Табаны аан маҥнай көрөр, табаһыттар сөлүөттэригэр бастакытын сылдьар. Онон киниэхэ барыта сонун. Баран биир эргиир хатааһылаан кэллилэр. Кинилэр кыһыны атаарар бырааһынньыктарыгар майгынныыр эбит эрээри, ат оннугар табаны сүүрдэллэр. Итиэннэ маамыкта быраҕыыта, наартаны ыстаныы эҥин диэн оонньуулаахтар эбит. Ол сырыттаҕына, хантан эрэ дьүөгэтэ баар буола түстэ: “Баран аһыахха”, — диэн ыҥырда. Хас даҕаны сиргэ ас атыылыы туралларыгар тиийэн, бэрэски, муорус ыллылар уонна кытыы соҕус булдьозер чөмөхтөөбүт хаарын аттыгар туран, кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаабыта буоллулар. Кыратык кэрийэ, оонньууну көрө түһэн баран дьиэлээтилэр. Киэһэ дискотекалыы барыах буолан сүбэлэстилэр. Лина ийэтэ “түүннэри ханна да барыма” диэбитин өйдүү биэрэн: — Ийэм… — Ийэм диэмэ. Мин эдьиийдэрим, убайдарым бары бараллар. Бары бииргэ сылдьыахпыт эбээт, – диэн дьүөгэтэ саҥардыбата даҕаны. Киэһэ дискотекаҕа тиийбиттэрэ уот-күөс бөҕө. Кыргыттар үҥкүүлээн ырааппыттар, уолаттар үгүстэрэ саала икки кытыытынан истиэнэҕэ өйөнөн тураллар. Уҥуоҕунан бөдөҥ-садаҥ буолан, уолаттар улахан кыыс диэтилэр быһыылаах, билсэ сатаабыттарын Лина куота көтө сырытта. Кыыс дьүөгэтин дэриэбинэтигэр ити бүтэһик сырыыта буоларын, Аанчык ийэтин бүтэһиктээҕин көрөрүн букатын түһээн да баттаппатаҕа. Икки күн устата бэркэ сынньанан кэлбитэ. Кыыс итинтэн саас үөрэҕэр умса түспүтэ. Оскуоланы бүтэрэр эксээмэннэр олус уустуктар диэн куттууллар. Ол аайы дьиэ үлэтиттэн быыс буллар эрэ, эбии дьарыктана сатыыр. Саха классик суруйааччыларын айымньыларын үксүн ааҕан бүтэрбитэ. Билигин Николай Якутскай “Төлкө” арамаанын ааҕа сылдьар. Ол олорон эмиэ Аанчык убайын саныы биэрдэ. Ааспыкка ити табанан хатааһылата сылдьан, тоҕо кууспута буолуой диэн санаа үүйэ-хаайа тутар буолла. “Чэ, эмиэ төбөбүн атыҥҥа үлэлэтэн эрэбин. Билигин үөрэх, үөрэх, үөрэх”, — иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр ботугураан ылаат, санаатын атыҥҥа аралдьыта сатаата. Ити кэмтэн ыла икки сыл биллибэккэ ааһа охсубута. Дьүөгэлиилэр почтанан суруйсаллара. Нэдиэлэҕэ үстүү-түөртүү суругу туталлара. Лина өрөспүүбүлүкэ атын оройуонун оҕолорун кытта эмиэ доҕордоһоро. Кинилэртэн эмиэ сурук тутара. Аны Оренбург куоракка олорор Наташа Барзенкова диэн кыыһы кытта билсибитэ. Наташа маҥнайгы суругар Оренбург куорат туһунан кэпсээбитэ. Лина Саха сирэ олус кэрэ айылҕалааҕын, кыһын
50-тан тахса кыраадыска тиийэ тымныйарын туһунан суруйан, кыыһы улаханнык сөхтөрбүтэ. Лина — Наташаны, бииргэ үөрэнэр кыргыттара Оренбург атын оҕолорун кытта суруйсаллара. Кинилэр аадырыстарын биир үтүө күн кылаастарын салайааччыта Алла Сергеевна биэрбитэ. Хантан булбута эбитэ буолла, бука, үөрэнээччилэрим нууччалыы суруйа үөрэниннэр диэн кыһаллан эрдэҕэ. Лина оскуоланы бүтэрэр кэмэ бу тирээн кэллэ. Эксээмэннэрин барытын ситиһиилээхтик туттаран, дьоллоно сылдьар. Оччолорго эксээмэн туттарар билиҥҥи курдук буолуо дуо, бэрт судургу эбит. Учууталлара сорох оҕолору көрөн, өрө тардаллара. Банкет, поход, абитура биллибэккэ ааспыта. Үрдүк үөрэххэ туттарсан көрбүтэ да, баала хапсыбакка ортоҕо киирбитэ. Салгыы кэтэхтэн атын үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Билигин куорат тэрилтэтигэр, биир тарбахха баттанар исписэлиис. Оскуоланы бүтэрэн баран, оҕо сааһын саамай чугас дьүөгэтин Аанчык туһунан соччото суох сураҕы истэрэ. Оскуола кэнниттэн ханна да үөрэххэ туттарсыбакка, кулуупка остуорастыы хаалбыт этэ. Дьон иһэр эҥин диэн кэпсииллэрин иһин, Лина үлэһит буолан да баран, улаханнык суруйа сатаабатаҕа. Билигин кэлэн кэмсиммит иһин туох кэлиэй?! Биир үтүө күн “Туймаада” маҕаһыын аттыгар оптуобус кэтэһэ туран, сааһыра барбыт, кирдээх таҥастаах дьахтарга хараҕа хатана түспүтэ. Ойоҕоһуттан көрдөҕүнэ, кими эрэ санатар. Ол эрээри, чопчу кини диэн этэр кыаҕа суоҕа. Ол курдук, биэс мүнүүтэ кэриҥэ турда. 25-с нүөмэрдээх оптуобуһа кэлэн тохтообутугар да аахайбата. Дьахтар бэттэх диэки хайыспытыгар, Лина тута биллэ. Кини, кини… Оҕо сааһын саамай соҕотох, саамай истиҥ доҕоро Аанчык илэ бэйэтинэн турар эбит. Ама, кини дуо, чахчы кини дуо?! Баҕар, алҕаһыырым буолаарай, диэн санаалар киирэн ылбыттара. Ити дьүөгэтин билбэтэҕиттэн буолбатах, хайдах да итэҕэйиэн баҕарбатыттан этэ. Дьон бары Аанчыктан тэйиччи тураллар. Таҥаһа-саба да чараас быһыылаах. Тоҥумаары атаҕын соспутунан, эргэрэн тырытта барбыт туруору саҕалаах халтаҥ сонун иһигэр моонньун киллэриэҕинэн киллэрэн баран, тохтобул биир уһугуттан иккис уһугар диэри хаамыталыыр. Онтун быыһыгар биир сиргэ тэпсэҥнээн ылар. Ити курдук, Лина дьүөгэтин туораттан балачча өр одуулаан туран баран, туох баар күүһүн мунньунан, аттыгар тиийэн: — Аанчыккын дуо? — диэн аргыый аҕай сибигинэйэ былаастаан ыйытта. — Аанчыкпын. Эн кимҥиний? — Билбэтиҥ дуо, Линабын дии. Мин эйигин тута биллим, — диэн дьонтон төһө да кыбыһыннар, инньэ диэн хардарда. Кини иннигэр уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалбыт, аһыы сытынан аҥылыйар, сааһыра барбыт дьахтар турара. Сирэйин одуулаан көрбүтэ, кир иҥэн хаалбыт баайыы бэргэһэ аннынан, бэрт улахан шрам көстөрө. Лина уулуссаҕа сылдьар “бомж” диэнтэн атыннык ааттаабат дьонноруттан сиргэнэ саныыра, билигин хайдах даҕаны оннук санаа киирбэтэҕэ. — Аанчык, дойдугар баар буолбатах этиҥ дуо? Хайдах манна кэлэн хааллыҥ? — Былырыын күһүн кэлбитим. Дьонум тыыннаахтарына, аймах бөҕөлөөх курдук этибит да, кыһалҕа тирээтэҕинэ, бары туора хайыһар эбиттэр. Бу буолан сылдьабын. Эйигин ханнык эрэ тэрилтэҕэ хотун буолан олорор диэбиттэрэ. Ама хайаан миигинньиги кытта айах
атан кэпсэттиҥ? — диэн устунан куолаһын улаатыннарыах курдук буолан барда. — Аанчык, ама хайаан кэпсэтиэм суоҕай. Ол дьиэ ойоҕоһугар барыах – диэн дьиэлэр быыстарыгар илтэ. — Бука, дьонтон кыбыһыннаҕыҥ буолуо. Маннык сылдьар күннэрбэр билэр да дьон билбэт, көрөр даҕаны дьон көрбөт аатыраллар. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ доҕор бөҕөлөөх этим. — Билигин мэлигир, – диэн оччотооҕу уоттаах харахтара номнуо уостан хаалбыт кыыс, дьонтон кэлэйбит санаатын, истэр киһи көһүннэ эбээт диэбиттии, биирдэ тоҕо тэбээтэ. Бу тухары Лина биир да тылы ыһыктыбакка, быһа түспэккэ саҥата суох аһыммыттыы истэн турда. Оҕо сааһын дьүөгэтэ бу айылаах буолбутугар бэйэтин эмиэ кыттыгастаах курдук сананар. Баҕар, туора суолга турбутун истэн баран, саатар уруккулуу сурук суруйан сүбэ-ама биэрбитим, төлөпүөнүнэн кэпсэппитим буоллар, туох эмэ тахсыах эбитэ дуу. Устудьуоннуур кэмнэрбэр доҕор-атас элбэх, аралдьыйарым да үгүс этэ. Аанчык туһунан санаан ыллахпына, ааспыт кэм дуу, түүл дуу курдук улахаҥҥа уурбат этим. Аанчык, миигин кытта барыах. Мин икки хостоох бэйэбэр сөрү-сөп кыбартыыралаахпын, соҕотохпун, – диэбитигэр, анарааҥҥыта ээҕи кытта сөбүлэстэ. Лина түргэн үлүгэрдик такси тохтотон, дьүөгэтин кытта массыына кэлин өттүгэр олордо. Хайалара даҕаны саҥарбат. Ону эрэ кэтэспиттии, таксист бэйэтин омугун тылынан ырыаны холбоон кэбистэ. Тоҕус мэндиэмэннээх дьиэ иннигэр кэлэн массыына тохтоотун кытта, Лина харчытын биэрэ охсоот, баҕар, ким эрэ көрүө диэбиттии тиэтэллээхтик подъезд иһигэр киирдэ. Онтон биирдэ өйдөөтө – дьүөгэтэ атаҕын соһон хаамарын. Аанчык Лина куота барбытыгар саарбахтаан аҕыйах сөкүүндэ тура түһэн баран, чэ синим биир диэбиттии салгыы таҕыста. Ити тухары биир даҕаны тылы ыһыктыбатылар. — Аанчык, киир, аас. Бу мин дьиэм. Ипотекаҕа киирэн ылбытым. Сыгынньахтан, ваннаҕа киирэн суун. Билигин соттор, ыраас таҥас биэриэм. Эн суунан тахсыбытыҥ кэннэ чэйдиэхпит. Мин онуоха диэри ас тардыам, – диэн дьүөгэтин кытта дьэ үөрэ-көтө кэпсэттэ. — Махтанабын, Лина. Оптуобус тохтобулугар кэлэн кэпсэппиккэр эмиэ атыттар курдук сиилиэ, үөрэтэрэ киириэ диэн куоласпын улаатыннарбытым. Бырастыы гын, – диэн баран буруйдаах оҕолуу умса тутунна. — Чэ, ити хааллын, – эрэ диэн кэбистэ, Лина. Дьүөгэтэ сууна киирбит кэмигэр холодильниктан ас таһааран сылытта. Чэй оргута уурда. Итиэннэ эбии халбаһыы, сыр, фрукта таһааран, остуолун тарта. Аҕыйах мүнүүтэнэн бэрт чэпчээбит, бэл дьүһүннүүн сырдаабыт киһи тахсан кэллэ. — Кэл, чэйдиэх. Итиннэ олор, Аанчык. Мин бу курдук олоробун. Үөрэхпин бүтэрэн баран тута биир тэрилтэҕэ үлэ булан үлэлии сылдьыбытым. Хамнаһа кыратын иһин, дьүөгэм кэргэнинэн кэпсэтиннэрэн, көмүһү кытта сибээстээх улахан тэрилтэҕэ үлэлии киирбитим. Билигин онно баарбын. Улахан хотун буолбатахпын. Тутаах салаа начальнигабын. Үлэҕэ умса түһэн дуу, дьолбун көрсө иликпин. Эн туох сонуннааххын? — диэн ыйытан баран, ускул-тэскил сылдьар киһи туох сонуннаах буолуон ыйыттахпыный дии санаата. Аанчык туохтан саҕалыыбыный диэбиттии олоро түһэн баран,
очурдаах олоҕун кэпсээн барда. — Били, эн кэлэн барбыт бүтэһик сылыҥ кэнниттэн, эһиилигэр ийэм, ыарыыта бэргээн, бараахтаабыта. Оскуола кэнниттэн үөрэххэ туттарса кэлэр харчым суох буолан, Дьокуускай диэки кэлэ да сорумматаҕым. Аҕам, ийэм өлөөтүн кытта, нэһиилэ түөрт уон хонугун эрэ аһарбыта, атын дьахтары ойох ылан, туспа нэһилиэккэ көспүтэ. Уруккуттан билсэллэр эбит, бу өйдөөтөххө. Командировкаҕа барар аатыран, хастыы да хонук сүтэн хаалара. Ийэм барахсан, ону барытын билэр эрээри, биһиги истэрбитигэр биир даҕаны тылы ыһыктыбатаҕа. Ол курдук, бэйэбит эрэ хаалан, таптаабыппытынан олорбуппут. Убайдарым улам иһэр буолан барбыттара. Биир эдьиийим кэргэн тахсан көспүтэ, иккис эдьиийим букатын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыал буолбута. Мин убайдарбыттан хаалсыбатаҕым. Дьиэбитигэр дэриэбинэ иһэр-аһыыр дьоно бары мусталлара. Ол сылдьан, саас, били, оҕо сааһым тапталын Коляны кытта хайдах эрэ чугасыһан хаалбыппыт. Ол эрээри, миэхэ эрэ наадыйбат буоллаҕа. Сайыҥҥы сынньалаҥар кэлэригэр Ньурба кыыһын сүгүннэрэн аҕалбыта. Мин хат буолбуппун билээт, тута, арыгыны иһэрбин аҕыйаппытым. Улахан бырааһынньыкка эрэ иһэрим. Атын кыыһы ойох ылбытыгар, Коля миигин төһө да бэйэтигэр тэҥнээбэтэҕин иһин, эрэнэ сылдьыбыт санаам соҕотохтуу сүппүтэ. Испэр баар оҕом эрэ туһугар олорор курдугум. Ол сылдьан, икки күнү быһа иһим түгэҕэ ыалдьан, балыыһаҕа көрдөрүнэ тахсыбытым. Быраастар көрөн баран, тута төрөтө илпиттэрэ, оҕобун нэһиилэ быыһаабыттара. Өссө аҕыйах чаас хойутаабытыҥ буоллар, оҕоҥ тумнастыах эбит диэбиттэрэ. Остуораһым харчытын сыыһа кыра буоллаҕа, эбиитин үчүгэйдик аһаабат буолан, үүтүм да суоҕа. Чугастааҕы ыалларым үүт бэрсэн абырыыллара. Оҕобун онон аһаппытым. Онтон сыыйа убаҕас мааннай хааһыга көһөрбүтүм. Аны доруобуйата мөлтөх этэ, онно эмиэ эмт-томп наада буолбута. Хантан да харчы булар кыаҕа суох ийэ, биир үтүө күн Коля дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр эрийбитим. Төлөпүөнү кэргэнэ ылбыта, хаста даҕаны ууран кэбиһээри гынан баран, барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ эрэ буолан, кэпсэтэрбэр тиийбитим: — Алло, Коля баар дуо? — Ким ыйытарый? — диэн баарын-суоҕун эппэккэ, тута бэйэбиттэн ыйыппыта. — Аанчыкпын, – эрэ диэн хардарбытым. — Суох, үлэтигэр сылдьар, – диэн баран туруупканы ууран кэбиспитэ. — Испэр абара, хомойо санаатарбын даҕаны хайыамый?! Арааһа, мин туспунан Коля бииргэ төрөөбүттэрэ номнуо кэпсээбиттэр быһыылаах диэн сэрэйдэҕим эрэ. Абаран сарсыныгар убайбар “кэһиилээх” кэлбит атастарыттан туора олорботоҕум. Эмиэ хас даҕаны күн биллибэккэ ааспыта. Биир сарсыарда туран остуолга кэлбитим, килиэп тоорохойдоро эрэ сыталлара итиэннэ чаанньык түгэҕинэн уу баара. Оҕом барахсан иик-саах ортотугар ытаан бэбээрэ сытара. Ону көрөн, аһыммытым даҕаны. Бэйэбин буолбакка, аҕабын, убайдарбын, эдьиийдэрбин, бэл туох да буруйа суох былыр сах ииҥҥэ киирбит ийэбэр кытта мөҥүттэ санаабытым. Оннубун булларбат, олохпун оҥорбот эрээри, орто дойдуну көрдөрбүттэригэр абаккаран турбутум. Сиэркилэ иннигэр туран баттахпын көннөрүнэ түһээт, эмиэ ыкса ыалбар үүт көрдүү тахсыбытым. Хата, туох да саҥата-иҥэтэ суох,
лиитирэлээх иһиппэр үүт кутан биэртэрэ. Үс күн устата өйө-төйө суох сырыттахпына, кинилэр киирэн оҕобун көрбүттэрин, дьиэлэригэр таһааран аһатан киллэрэллэрин туһунан кэлин дьонтон истэн кыбыста санаабытым, – диэн баран Аанчык иэдэһинэн сүүрэр таммахтары туора садьыйа олорбута. Уу иһэн, уоскуйа түһэн баран кэпсээнин салҕаабыта. Ол курдук олордохпуна, били, Коляҕа төлөпүөннээбитим кэнниттэн ый курдук ааспытын кэннэ, биир үтүө күн оҕобун аһата олордохпуна Коля киирэн кэлбитэ. «Төлөпүөннүү сылдьыбытыҥ дуо»? – туох даҕаны дорообото суох ыйыппыта. «Ээх», – эрэ диэн хардарбытым. «Туохха?» «Оҕобун эмтэтэргэ харчы наада этэ», – оҕобутун диэхпин тылым тахсыбатаҕа. — Бэйэтэ да билэ-көрө сырыттаҕа, кини оҕото буоларын. Саас кэлэ сырыттаҕына, хат буолбуппун билбэт этим. Барбытын кэннэ биирдэ билбитим. Онтон сайын номнуо кэргэннээх кэлбитэ. Ол иһин этэ да сорумматаҕым эрээри, дьон тугу кэпсээбэтэҕэ баарай?! Итиэннэ уолум үүт-үкчү аҕатын курдук. Бэл диэтэр, кулгааҕын аттынааҕы мэҥэ кытта майгынныыр. — Төһө нааданый? — Икки тыһыынча – диэн хардарбытым. Харчы көрдүө диэн сэрэйдэҕэ эбээт. Саҥата-иҥэтэ суох сиэбиттэн таһааран биэрбитэ. Уонна хайдах киирбитэй да, оннук тахсан барбыта. Мин оҕобун аһатаат, тута хаһааҥҥыта эрэ быраастар суруйбут ырысыаптарын хасыһан булаат, аптекаҕа ойбутум. Тиийэн тыһыынчаттан тахсаҕа эмп ылбытым. Ол курдук, син ыал тэҥинэн олорбуппут. Онтон сааһыары эмиэ уустук кэмнэр саҕаламмыттара. Кыралаан иһэр буолан барбытым. Устунан нэдиэлэни нэдиэлэнэн өйө-төйө суох сылдьыбытым. Биир күн оннук сырыттахпына, Коля киирэн кэлбитэ. Табах буруотун быыһыгар, эр дьон ортотугар соҕотоҕун арыгылыы олорорум. Дорооболоруҥ. Аанчык, тахсан кэпсэтэ түһүөх эрэ, – диэбитэ. Мин үөрүүбүттэн олоппоспуттан хайдах ойон турбуппун да өйдөөбөккө хаалбытым. Санаабар, кэргэммиттэн араҕыстым, ыал буолуох, диирин кэтэһэрим. Кэргэнин кытта сыл курдук олорбуттара да, оҕолоро суох этэ. Ол иһин, бу акаары санаабар, оҕотун туһугар миэхэ кэлиэ диирим. «Туох ааттаах буоллуҥ?! Дьон өйдөммөтөҕө нэдиэлэттэн орто диир дии. Оҕоҥ туһугар тоҕо кыһаммаккын»?! — диэн кытаанахтык саҥарталаан барбыта. Туох баар хорсуммун киллэрээт: “Мин эрэ оҕом буолбатах эбээт. Эн эмиэ оҕоҥ. Эн эмиэ оҕоҕор тоҕо кыһаммаккын?”— диэн бэйэтиттэн ыйытааччы буолбутум. — Ол иһин оҕобун быстах кэмҥэ мин ылан көрөөрү кэллим. Өйдөнөн баран тиийээр,– диэт дьиэҕэ киирэн ытыы олорор оҕону көтөҕөн тахсыбыта. Маҥнай утаа оҕо көрөр киһи көстүбүтүгэр үөрбүт курдук санаабытым. Ким да тутар киһим суох буолан, көҥүл олоҕум эмиэ саҕаламмыта. Икки нэдиэлэ курдук ааспытын кэннэ биир сарсыарда ыкса ыалым эмээхсин киирэн: “Аанчык, тоҕойуом, тур. Орто дойдуга киһи олох олороору, оҕо төрөтөөрү, төрдүн ууһатаары кэлэр. Оҕоҕун Коляҕа тоҕо биэрдиҥ. Сураҕа, ийэ быраабын быстаран, бэйэлэрин ааттарыгар суруйтаран эрэллэр үһү дии. Бу үйэҕэ биир да тылынан эйигин куһаҕаннык саҥарбатаҕым. Этэр тылбын иһит. Өйгүн-төйгүн булун. Кэлин кэмсинэ сылдьыаҕыҥ”, — диэбитэ. Мин саҥата суох истэн сыппытым. Тахсыбытын кэннэ
ааспыт олохпун эргитэ санаан, кырдьык даҕаны, бары миигин үөрэтэр-такайар, мөҕөр эрэ ааттаахтар. Бэл, бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим киэр хайыстылар. Өрүүчэ эрэ эмээхсин саҥата суох көрдөһүүбүн ылынар эбит. Оҕобун, ама, мин көҥүл биэрэ иликпинэ бэйэлэрин ааттарынан суруйтараллара буолуо дуо, диэн санаалар эмиэ кииртэлээн ылбыттара. Сарсыныгар суунан-тараанан, сирэйбин-харахпын оҥостон баран Колялаахха тиийбитим. Оҕобун Коля ойоҕо көтөҕөн олороро. «Дорооболоруҥ. Оҕобун ыла кэллим», – диэбитим. Коля кэргэнигэр имнэнээтин кытта, оҕобун илдьэ таһырдьа тахсыбыта. Мин дьиэҕэ хаалбытым. «Аанчык, дьон барыта билэр, эн хастыы да күн арыгылыыргын. Сокуон — эйигин утары. Оҕоҕун бэйэҥ иитэр кыаҕыҥ суох. Итинник табах буруотун быыһыгар, арыгы бытыылкатын ортотугар улааппыт оҕо туох үчүгэй доруобуйалаах буолуой? Бэйэҥ да толкуйдаан көр. Биһиги билиҥҥитэ оҕобут суох. Димишок биһиэхэ хаалан эрдин. Арыый улаата түспүтүн, сүүрэр буолбутун кэннэ кэлэн ылаар. Настя олус оҕомсох. Туора оҕо курдук туппат. Бэйэҥ көрдүҥ», — эҥин диэн сороҕор мөҕөр, сороҕор албыннаһар былаастаах үгүс тыллары эппитэ. Эбиитин оҕобутугар өрүү көмөлөһүөх эҥин буолан эрэннэрбитэ. Мин үйэбэр саамай улахан алҕаһым ол – оҕобун кинилэргэ хаалларбыт чааһым. Биирдэ эмэ өйдөннөхпүнэ баран оҕобун көрсөн кэлэрим. Ону даҕаны сылга иккитэ-үстэ эрэ этэ. Кэлин оҕом миигин атыҥырыыр, куттанар курдук буолан барбыта. Ону билэн, оҕобун ылабын, үлэ буллум диэн баран ааттаһан-көрдөһөн көрбүтүм да, аккаастан атыны истибэтэҕим. — Онтон тэптэрэн, букатын буорайбытым. Санаабар, арыгы истэхпинэ умнар курдугум. Үлэбиттэн үүрүллүбүтүм. Аҕыйах сыл иһигэр киһи аатыттан ааспыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Билигин кэлэн, кэмсиммитим иһин туох кэлиэй?! Аны кэлэн тугу уларытыамый?! Оҕобун миигин утары туруоран, уулуссаҕа көрсө түстэхпинэ да абааһыны көрбүттүү куотар. Ол курдук, хас да сыл тулуйа сатаан баран, аймахтарбыттан харчы көрдөһөн, былырыын бүтэһик массыынанан Дьокуускайы булбутум. Үлэ көрдөһө сатаабытым да, прописката суох киһи туох үчүгэй үлэни булар үһү. Ханна түбэһиэх үлэлээн, оннук доҕоттору кытта булсубутум уонна бу буолан сылдьабын. Мин саҥата суох истэн олорон баран, арай, атаҕа туох буолбутун кэпсээбэтэҕин өйдүү биэрэн: “Оттон атаххын туохха өлөрбүккүнүй?” — диэбиппэр. Дэриэбинэбэр, бырааһынньыктыы сылдьан эмиэ бэйэбит курдук дьону кытта хатааһылыы диэн ааттаан сыыр үөһэ тахсан баран, массыыналыын-баҕастыын төкүнүйбүппүт. Биир киһи суорума суолламмыта, үгүстэр атахпытын-илиибитин тоһуппуппут. Мин балыыһаҕа барбатаҕым, онон уҥуоҕум сыыһа оспут. — Салгыы туох былааннааххыный? Маннык сылдьарыҥ табыллыбат буоллаҕа. Оннугун буллаххына, табылыннаххына, оҕоҕун да ылыаҥ этэ… — диэн эрдэхпинэ. — Билигин кэлэн Коля оҕотуттан аккаастаммат буоллаҕа. Уолум да миигиттэн тэйбит. Букатын туора киһи курдук көрөр. Колялаах бэйэлэрэ кэлин икки оҕоломмуттара. Оҕо ханыы тардар диэн итини эттэхтэрэ. Оттон мин суох соҕотох бу буолан сылдьабын. Аны оҕолонор да кыаҕым суох, – диэн баран саҥа таһаарбакка эрэ, бэйэтин аһыммыттыы санна ибигирии олордо. — Хайыахпытый, Аанчык, өссө да
эдэргин, сэнэххин. Миэхэ олоро түс, күүстэ эбин, сынньан. Онтон сыыйа-баайа үлэ көрдүөхпүт. Прописка диэтэхтэринэ, миэхэ оҥорторуохпут, – диэн дьүөгэбин тылбар киллэрбит, уоскуппут курдук буолбутум. Аанчык оҕо эрдэҕиттэн бэрт минньигэстик астыыр. Мин үлэбэр эбиэттиир киһи, күнүс дьиэбэр кэлэр буолбутум. Киэһэтин киинэлэринэн, тыйаатырдарынан сылдьарбыт. Онтон биир киэһэ отчуот туттаран, үлэбиттэн хойутаан аҕай кэлбитим. Дьиэм уота суоҕун көрөөт, тута сэрэйбитим. Арай, остуолга тэтэрээт илииһигэр суруллубут аҕыйах тыллаах сурук сытара барытын кэпсээбитэ. «Лина, махтал, бырастыы»… Лада, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/ Уруһуй интернеттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан