Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал таҥнарыыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал таҥнарыыта

K
edersaas.ru Категорията суох
15.10.2023 09:00
Ардах курулаччы түһэр. Этиҥ лүһүгүрээн, түннүк илииһин илигирэтэр. Чаҕылҕан саҕыллан, уотунан курбуулуур. Сайыҥҥы боруҥуҋ түүҥҥэ, түннүккэ маҥан субалаах, арыы саһыл хааннаах, номоҕон сэбэрэлээх Ньургуйаана турар. Эдэр дьахтар быраҕыллыбыт абатыгар хараҕын уута таммалыыр. Күүстээх ардах ибиирэн, өстүөкүлэ илииһи курдаран, түннүк арааматынан сүүрэн таммалыыр. Ньургуйаана санаатыгар ардах эмиэ кинилиин ытаһар курдук. Кини урут этиҥ эттэҕинэ, чаҕылҕан чаҕылыҋдаҕына куттанан саһар бэҋэтэ, билигин баардылаабат. Барыта туман курдук. Бу ардахтаах куһаҕан халлаан курдук да буоллар, кини этиҥ курдук тыас уус таһаарбат. Быраҕаттаммат, силбиэтэммэт. Доҕорун сүтэрбит туруҋалыы, иһигэр дууһата кыланар. «Мин атыны таптыыбын»— диэн этиллибит тыллар, бу этиҥ тыаһынааҕар ахсымнык иһиллэн, ыарыылаахтык курбуулаабыттара. Тугу даҕаны саҥарбакка киһитэ хомунан баран эрэрин,  ээл-дээл көрөн олорбута. Хараҕа уунан туолан, бөтө бэрдэрбитэ. Араҋ алта ыҋдаах оҕолоро, аҕата баран эрэрин билбэккэ, көтөхтөрөөрү даллаахтыыра. Үөрэн чаҕаарара. — Суох тоойуом. Папа суох. Кини барда —Ньургуҋаана оҕотун сыһыары көтөҕөн, санна дьигиҥниир. Оҕото өҋдөөбөтөхтүү ийэтин көрөр. Ийэтин иэдэһинэн мөлбөрүйэн түһэр хараҕын уутун кырачаан тарбахтарынан ыйар:»пу, пу» — тугу эрэ этээрии гыммыттыы саҥа таһаарар. Ытаары мэрбэҥниир. Ньургуйаана оҕотун көтөхпүтүнэн балкоҥҥа тахсан, баран эрэр аҕаларын көрдүлэр. Киһитэ тахсыбытыгар массыынаҕа биир дьахтар күүтэн олорор эбит. Утары таҕыста. Кэпсэтэллэрэ иһиллэн турар. — Хаҋа ойоххор эттиҥ дуо? — халыҥ халтаһатын ыраахтан көрдөххө киэҥ харахтаахха, холуурдуу кырааскаламмыт этиргэн дьахтар көбүөлүүр аҥардахтык ыйыта тоһуйда. — Эттим, эттим — аҕалара билигин аҕай кэргэнигэр арахсарын туһунан «командировкаҕа бардым» диэбиттии чэпчэкитик этэн тахсыбыта. Уонна көрсүү дьахтарын кытта дьоллоохтук, омук массыынатыгар олорсон айанныы турдулар. Кинилэргэ чэпчэки курдук.Онтон манна оҕолоох иҋэ, таптыыр киһитэ атыҥҥа баран эрэриттэн төһөлөөх хоргута, хомойо хаалбыта буолуой? Оҕото баран эрэр массыынаны көрөн «оо, паа, оо паа»—диир. Ньургуйаана түүн этиҥ тыаһыттан уһуктубут оҕотун аттыгар баран сытта. Таптал диэн сымыйа да буолар эбит. Төһөлөөх истиҥ тылы киниэхэ эппитэ буолуой? Сыбаайбалара да ньиргиччи ааспыта. Соторутааҕыта эрэ уһун маҥан былааччыйа кэтэн, кини саҕа дьоллоох суоҕун курдук, киһитин кытта вальстаан кубалыы дайаллара. Дьон араас алгыс, истиҥ тыл бөҕө эппиттэрэ. Ол барыта ханна барда… Таптал. Бу этиҥинэн лүһүгүрээн, чаҕылҕанынан дапсынан ааспыт ардах курдук буолуо дуо ама. Кинилэр тапталларынааҕар  харчы , квартира, күндү омук массыыната, сыаналааҕа буолуо дуо ама? **** Ньургуйаана оҕотун кыбыммытынан, нэһилиэккэ ийэтин ааҕар көһөн кэлбитэ. Биллэн турар, төрөппүттэрэ кыыстарын туох эрэ туттар мал курдук күтүөттэрэ туһанан баран бырахпытын сөбүлээбэтэхтэрэ. Үҥсүһэн алимент төлөтүөх буолбуттара. Ньургуҋаана соторутааҕыта армияттан кэлбит быраата, бу кэпсэтиини истэн, күтүөтэ буолуохсукка таала кырыылана олордо. Куоракка уолаттарга эрийэн, туттарыан саныыр. Бэйэм куоракка киирэн кэпсэтиэм диэн быһаарынна. Таһыгар тугу да саҥарбата. Дьонноро биллэн турар,итинник холус кэпсэтиини утараллара биллэр. Уол эдьиийэ дьонугар үҥсэргии кэпсээбэтэр да, сирэйэ-хараҕа улаханнык санаарҕаабыт көрүҥнээҕин аһына санаата. Күтүөтүн кыратык үөрэтэ түһүөн санаан, сутуругун сүһүөхтэрэ лачыгырыар диэри күүскэ ыга тутта. Таптал таҥнарыыта, тустаахха хайдах ыарахан буоларын, уол армияҕа сылдьан билбитэ. Биир уол кыыһа атын уолга иирбитин билэн баран, «антифриһи» иһэн өлбүтэ.  Онон эдьиийигэр төһө ыараханын, этинэн-хаанынан сэрэйэр. Кини эдьиийэ быраҕыллыан иһин, үтүө майгылаах мааныта, сэбэрэлээх үтүөтэ буоллаҕа. Хаһан эрэ улуус күрэхтэһиитигэр кырасаабыссаларга бастаан турардаах. **** Дьокуускай куорат. Икки уол массыынанан, биир курутуой иномарканы кэнниттэн батыһан иһэллэр. Ландкрузер тоҕус этээстээх дьиэ аттыгар тохтоото. — Манна тохтоон күүтүөх —хара тирии сонноох уол, ыытан иһээччитигэр этэр, ыга тута сылдьар бэрэчээккитин мускунар . —Ол таҕыстылар. —Мда. Эн эдьиийгэр тиийбэт эбит. Тугун сөбүлээн, ити бырахпыта буолуой? —Баайын туһугар ыллаҕа дии. Эрэ контракка Дагестаҥҥа баран төннүбэтэх. Ньургуйаана быраата, урукку күтүөтүн көрсүүтэ дьиэҕэ киирбитигэр массыына диэки хаамта. Атаһа кэнниттэн барда. Уолаттар иккиэн крузак иннинээҕи икки түннүгүн нөҥүө-маҥаа өҥөс гыннылар. — Оба, наа крассава, хантан маннык тачкаланныҥ? — Доо, тахса сырыт эрэ манна! — Тоҕо,на? — Хаҋдах тоҕо диэн, тоһоҕону кытта кэпсэтэр курдук буоллаххыный — үскэл уол күтүөтү уолугуттан ылан, массыына иһиттэн сулбу тардан таһаарда. Ньургуйаана быраата саҕатыттан харбаан ылла. Дэллэритэн аҕалан массыына капотугар сүүһүнэн саайда. Ол кэмҥэ дьахтар саҥата кыланна. —Массыынабыаан! —Оо, һо, һо.Көр, доҕор, бывшай күтүөт! Сабыс-саҥа ойоҕуҥ, эйигин аһыммакка, массыынатын аһынар дии —диэт, быарга охсоот, чэ барыах, билигин, баҕар, полиция кэлиэ. Уолаттар массыыналарын диэки тэбиннилэр. Күтүөт быарын харбаммытынан, тобуктуу түстэ.Тыынын ыла сатаан ыгыһынна. *** Ньургуйаана быраата Марат доҕорунуун массыынанан айаннаан иһэллэр. —Эн эдьиийгин оннооҕор мин иҥсэрэ көрөөччүм. Маннык красаабысса хайа эрэ дьоллооххо түбэһэр дии санааччым. Ити киһи «иһэ тотон» эҥин араас буолан, баайын туһугар атыҥҥа дураһыйбыт — атаһа кыйыттар. — Бииринэн эмиэ арахсыбыта үчүгэй. Аакка сүрэҕэ суох киһи. Санаатыттан үлэлээн испэт. Барыта киниэхэ бэлэм наада. Сайын оттоспокко гынан баран, эти, арыыны босхо ыла үөрэммит. Сөпкө таһылынна. Эдьиийим куһаҕана буоллар, өссө улаханнык иэстэһэ сатыам суох этэ. — Марат, мин Ньургуйаананы уруккуттан сөбүлүүбүн ээ. Сэрэйээччиҥ суох дуо, эйиэхэ кэлбитэ буолан иҥээҥниирбин, һэ, һэ — доҕоро Эдик аһара эмискэ эппититтэн күлбүтэ буолар. — Чэ бүт эрэ. Бу да киһи. Эдьиийим билигин оҕолоох эҥин ди. —Буоллунууй доҕор, таптаа даҕаны… — Чэ теманы уларытыахха .Тугу темалыыбыт, хайа диэки барабыт? —Марат Эдик тугу эрэ этэн эрдэҕинэ быһа түстэ. ***** Марат урукку күтүөтүгэр «ыар ыалдьыт» буолуоҕуттан ый курдук ааһыыта куоракка кэллэ. Уазигынан сылдьан дьыалаларын ситтэ. Дьонун сакааһын, үлэҕин барытын ылла. Бииргэ армияҕа сулууспалаабыт уолун көрүстэ. Киирэн кыратык барга олоро түһүөххэ диэн буолла.Уруулга сылдьар буолан, иһиэн төһө да салыннар, доҕорун хомотумаары иһистэ. Уолаттар кыратык чэпчээн, айахтара аһыллыыта, били күтүөт кини эдьийин уларытан барбыт дьахтара киирэн, чугастааҕы остуолга олордо. Эдэрчи дьахтар пиибэ иһэрин Марат кыҥастаһан көрөр. Били үнүргү сырыытын, баҕар, кэлэн аахсыа диэн эмиэ кэтэнэр. Уол көрөрүн билэн, дьахтар эмиэ кылап гынан ылар. Өссө мичээрдиэх курдук туттар. Марат үнүр улахан хара ачыкылаах уонна барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолбут буолан, арааһа, уолу билбэтэх быһылаах дии санаата. — Тугуй да Марат, ити чүөчэни сөбүлүү көрдүҥ дуо?—атаһа сэрэйэн эттэ. — Да —эрэ дииригэр тиийдэ. Уол күтүөтүн саҥа ойоҕун, тургутан көрүөн баҕарда. Пиибэтин туппутунан  аттыгар тиийдэ. — Үтүө киэһэнэн. — Привет крассавчик —дьахтар кыраадыстааҕы иһэн, имэ тэтэрэ кэйбит. — Олоруохха син дуо? —Пожалуйста. — Чэ давай, Марат, өссө билсэ сылдьыахпыт. Мин бардым, звони гыныам — атаһа мэһэйдээмиим диэбиттии барарын этэ. — Чэ давай, пока — Марат илии тутуста. Олорон арааһы кэпсэттилэр. Кэнникинэн дьахтар: «Эн кыыстааххын дуо»?—диэн ыйытта. — Баар — уол төлөпүөнүгэр эдьиийин Ньургуйаана хаартыскатын көрдөрдө. — Тыый, кырасаабысса эбит ди. — Оннук, кырасаабыссалар күрэхтэрин кыайыылааҕа. — Хаҋдах эрэ, хараҕа эйиэхэ майгынныыр дии. Уонна ханна эрэ көрбүт курдукпун. — Маҋгынныыр да? Оонньоон эттим, эдьиийим. — Да? — Эн онтон? Ким эмит баар ду эйиэхэ?—уол туох диэн хоруйдуур эбит—диэбиттии көрөр. — Суох. Ким кэлиэй — хата холкутук хардарар буолан биэрдэ. Ол быыһыгар ким эрэ эрийдэҕинэ кэпсэтэр: «Тиийиэм буоллаҕа дии. Ыксаама. Аһылыккын буһардыҥ дуо?»—дьахтар хааһын түрдэһиннэрэн мөҥүттэр. Марат кыратык олоро түһэн баран таҕыста. «Саҥа билсибит» чүөчэтэ төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөбүтүн уол биэрбэтэ. Массыынатыгар олорон айанныы турда. Эҥин араас дьүһүн кубулуйар дьоннор баалларын уол сөрү диэн сөхтө.»Күтүөтэ» билигин, арааһа,»булумдьу «оҕотун көрө олорор да буоллаҕына көҥүлэ.Ойоҕо буоллаҕына, этэргэ дылы, «хоччоххой тэллэҕэ»да суох кэлбит көрсүү эрэ, сонуна ааһан, арыый даҕаны кинини кытта барса сыста. Баай дьахтар бэйэтин билинэн, чааһынай маҕаһыыннарын, үлэһиттэрин кэрийбитэ буола сырыттаҕа. Итинник буоллаҕына «күтүөт» хаһан баҕар холдьоҕулуннаҕына да көҥүл буолсу. Ньургуйаана киһититтэн арахсыаҕыттан сыл буолан эрэр. Эрэ сыл аҥара буолаат, баай көссүүтүттэн  бэйэтэ быраҕыллыбыт. Туох да буолбатаҕын курдук өссө эйэлэһиэххэ диэн эрийэ сылдьыбыта. Куһаҕан түүлү түһээбит курдук саныах уонна барытын умнуох диэннээх. Ол киниэхэ куһаҕан түүл. Ньургуйаана итинниги бырастыы гыммат. Ол кэмҥэ төһөлөөх эрэйдэммитэй. Билигин арыый да мүлүрүйдэ. Эр дьон билсэ сатыыллар да,чугаһаппат. Быраатын доҕоро, Эдик үнүр итирик кэлэн, ытаан-соҥоон, муҥатыйан да биэрбитэ. Уруккуттан таптыырын эппитэ. Ньургуйаана кинини аһынар эрэ. Урут мэлдьи аттыгар буола сатыырын сэрэйээччи. Кыыс тырымнас киэҥ хараҕынан көрөн: «Привет Эдик, туох баарый?»— диэн күлэн чараас уостарын сэгэттэҕинэ, «Ээ таах, бэйэм көннөрү»—диэт уол сирэйэ кытаран дьалты хаамааччы. Ол мунньуллубут, тууйуллубут санаатын үнүр итиригэр эттэ быһыылаах. Эдик уолаттарга муҥур тойон курдук да буоллар, кыыска кэлэн мөлтүүр. Эдигы Ньургуйаана кэргэнин кытта саҥа билсэ сылдьар буолан аахайбат этэ. Көр-күлүү курдук аһардааччы, бу санаатахха тустаахха кыһалҕа буоллаҕа. Өссө үнүр итиригэр тэптэрэн, туох диэтэний ити: «Эн атыҥҥа барбыккар мин бэйэбэр тиийинэ..» Эс, ама хайаан, итиригэр саҥарда ини. Ньургуйаана итинник санаан иһэн, бэйэтин уоскутунар. Ол гынан баран тустаахха ыарахан эбитин, билигин бэйэтэ этинэн-хаанынан биллэ. Кыһыыта диэн киһитэ улахаҥҥа уурбаттыы эппитэ баар.»Бырастыы гын, атыны таптаатым. Киниэхэ барар буоллум»—диэн. Холобура иэстээх киһи, иэскин биэрбэт буоллум, пока атын киһиэхэ төлөөтүм»—диэни даҕаны этиэн тардынар ини. Кыһын. Толору дьон тиэйиилээх УАЗ массыына хаары өрө ытыйан айаннаан иһэр. Ньургуйаана оҕотунаан эмиэ куоракка  барсан иһэллэр. Суоппар эдэр киһи айаҕа хам буолбакка аттыгар олорор уолга тугу эрэ кэпсиир. Ол уола уора-көстө арыгы иһэн иһэр. Суоппар бу дойдуну соччо билбэт эбит. — Хайа, бу атын сиринэн кэллибит дуу, тугуй?—суоппар дьэ «бабат» диэтэ. — Коля билбэккин да? Этиэххин иннигэр олорор киһи — масыына кэнниттэн дьахталлар саҥалара иһиллэр. — Маннык баран иһиэххэ. Бу суол холбоһор буолуохтаах —Коля холуочугар тэптэрэн, аахайбаттыы эттэ. Син өр айаннаан, тыраахтыр от таспыт суолунан көтүтэн, биир ханнык эрэ алааска кэллилэр. Өссө икки эдэр уол баарыттан, ханнык суол буоларын ыйыппыттарын билбэт буолан биэрдилэр. Эбиитин үрэххэ киирэн тааҥҥа түһэн, эриттэрэн, бензиннэрэ да бүтэрэ буолла. Сыыры нэһиилэ тахсыбыттарын кэннэ массыына бензинэ бүтэн, умуллан хаалла. Суоппар кимнээххэ эрэ эрийэ сатаата да, ханна эрэ сылдьар буоллулар. Ким эрэ төлөпүөнэ олорбут, ким эрэ дьоно техникалара суох буолан биэрдилэр. **** Марат куоракка сылдьар кэмигэр ийэтэ эрийдэ. Хантан эрэ массыына булан ыытыахха наадатын, эдьиийин оҕото тоҥуо диэн ийэтэ ыксаабыт саҥатын иһиттэ. Марат билэрдии Эдиккэ эрийэн эттэ. Эдик бөһүөлэктэн массыына ыйыталаһа сатаата. Кыһалҕалаах кэмҥэ бары ханна эрэ сылдьар буоллулар. Сорохтор төлөпүөннэрин ылбаттар. Эдик сыарҕалаах атын көлүйэ оҕуста. Канистрга бензин ылаат, быһа холоон эппит сирдэригэр көтүттэ. *** Суоппар киһи Колялыын арыгы иһэ, кэпсэтэ олороллор. — Хайа, бу тоҕо олороҕут? Субуоннаан массыыната эҥин ыҥырыаххытын! — Оҕо тоҥуо дии —пассажирдара сөбүлээбэтэхтэрин биллэрэллэр. — Күүтэ түһүҥ, билигин өссө эрийиэм. Трубкатын ылбат дии—суоппар хата кыһаммат. Кыһыҥҥы тымныы чысхаана хам ылан, массыына тоҥон барда. Суоппар дьэ ыксаан, эрийэ сатыыр. Төлөпүөнүн сэрээтэ бүттэ. Дьон бары ыксаан бардылар. Сатыы барыахтарын, бытархан тымныы тумана өрүкүйэн, хайа хайысхаҕа бааллара биллибэт. Биир массыына кэлэн иһэн, булбакка төннүбүт сураҕа иһилиннэ. Ньургуйаана оҕотун туһугар ыксаан барда. Барыларын да төлөпүөнүн аккумулятара олордо. Халлаан боруҥуйан, ыксаан олордохторуна, Эдик сыарҕалаах атынан кэллэ. Аттыын бэйэлиин кырыа буолбут. Массыынаҕа бензин куттулар. Өлүү түбэлтэлээх аны аккумулятора олорбут. Суоппар ыксаан тэпсэҥэлиир эрэ. Эрийэн собуоттуохтарын ручката суох эбит. Бары тахсан, оҕолуун дьахтардыын анньан көрдүлэр да, собуоттаммата. Эдик домкрат көрдөөтө, аны домкрата суох эбит. Уол атын сыарҕатыгар, хата, сүгэ баарынан сүллүгэс кэртэ. — Хайа, баран көмөлөһүҥҥүтүүй, тоҕо аппаһан турдугут! — дьахталлар тоҥон хаарга хоочугураһар уолаттарга, сүөлүргээбиттии эттилэр. Уолаттар тиийиилэригэр Эдик бэлиэр дүлүҥ кэрдэн , сүгэн иһэр. Биир илиитигэр чурка кыбыммыт. Ылан көмөлөспүтэ буоллулар. Маны көрөн Ньургуйаана эр дьон уратытын биллэ. Кини эрэ буолуохсут , эмиэ этиттэриитэ суох,биир биэдэрэни тохпот киһи. Домкрат суох буолан, Эдик массыына анныгар чурка укта. Уонна суон дүлүҥүн симэн, онно олуйа баттаатылар. Массыына биир көлүөһэтэ дэгдэс гынна. Массыына кэннэ өндөйүөр диэри көтөҕөн, мас симтилэр. Күлүүһүнэн биир көлүөһэни өһүллүлэр. Эдик атыттан тиийэн, өтүү аҕалла. Көлүөһэтин ступицатыгар  эрийэн баран, массыынаны ускуораска хатаан, эмискэ быаны тартылар. Массыына собуоттанан бырылыы түстэ. Дьон үөрэн айманар. Көлүөһэлэрин кэтэртилэр. Бары өрүһүспүттүү массыынаҕа киирдилэр. Суоппар бары олорбуттарын ыйытан баран, гаастаан кэбистэ. Бу сырыыга ханан барарын дьэ билбитэ. Эдик ыйан биэрбитэ. — Хайа, ити аттаах уолгутугар, муҥар, баһыыбалаатыгыт дуо? — саастаах дьахтар эппитигэр дьэ бары өҋдөнөн «ээ, арба»дии түстүлэр. — Эдэр уол диэтэххэ маладьыас эбит. — Бу тымныыга атынан кэлбит. Ыччакабын, билигин төптөрү айанныа турдаҕа. — Муҥар, домкрата да суох сылдьар — Эдиги хайгыыр, суоппары хомуруйар саҥалар иһиллэллэр. Мааҕын массыына иннигэр олорон, арыгы иһэн испит уол аматыйбыт.Саҥата аҕыйаабыт. «Ээ мин онно сылдьан ону кыайбытым». «Ону баҕас ааһан иһэн»диэн кэпсэнэр аҕай этэ.Наадалаахха кимиэхэ да эрийэн, көмөҕө массыына ыҥырбатаҕа. Онтун билинэн, арааһа, саҥатыттан маппыт. Ньургуйаана оҕотун бэрийэр араллааныгар Эдиктиин кэпсэппэтэ даҕаны. Мэлдьи киниэхэ үтүөнү оҥоро сатыыр уолу аһына санаата. Ыҥыран баран, махталын да эппэтэ. «Билигин хараҥаҕа төттөрү айаннаан эрдэҕэ, тугу дии санаабыта эбитэ буолла»—Ньургуйаана кэнники кэмҥэ Эдиккэ курдаттыы таттарар буолбут. Төлөпүөнүнэн эрийэн этиэҕин, хаппат сиргэ тиийдилэр. *** Эдик дьиэтигэр хойут кэллэ. Көлөһүннүрэн кырыарбыт атын сыбыдахтаан, сойута баайда. — Сылгыларгын көрөн кэллиҥ дуо, тоойуом?—ийэтэ ыйыта тоһуйда. — Сылгыларбар бэҕэһээ сылдьыбытым. Этэҥҥэлэр. Дьоннор массыыналарыгар бензиннэрэ бүппүтүн илдьэн кэллим -Эдик ийэтигэр хоруйдаат, хоһугар киирэн, кэтэх тардыстан сытта. Уол  вахтовай үлэҕэ барыан саныыр. Сир уларытыан баҕарар. Ньургуйаана өйүттэн тахсыбат. Атын сиргэ бардаҕына, баҕар, умнуо. Киниэхэ ылларан, уол дьүдьэйбит да курдук буолбут. «Бу да киһи, кыыс баранан, өссө оҕолоох дьахтарга дураһыйаҕын..»— үнүр биир атаһа эппитигэр, уол иһигэр өһүргэммитэ. Киниэхэ даҕаны иҥээҥниир кыыс элбэх. Кини оскуолаттан ыла Ньургуйаананы сөбүлүүр. Лааҕырга бииргэ сылдьыбыттара. Эдик икки сыл балыс буолан, муҥкук соҕустук туттара. Ньургуйаана тугу эмит сорустаҕына, көрдөстөҕүнэ уол улгумнук толороро. Кыыс быраатыгар Маратка кэлэрэ. Ньургуйаана аттыгар буола сатыыра. Кыыс ону сэрэйбэт этэ. Эдик билигин даҕаны кыыс диэн баҕарар. «Ол дьахтары этэҕин дуо?»— диэтэхтэринэ тириитин таһынан ылынар. Оннук киниэхэ кэрэтийэн көстөр. Билигин өссө тупсубут курдук. Уол бииргэ буолалларын ыраланан, төһөлөөх хараҕар ойуулаан көрбүтэ буолуой. Онтун этээри араас истиҥ тыл бөҕөнү суруйан баран хаста даҕаны соппута. Эдик арааһы саныы сытан устунан нухарыйан барда. Арай, түһээтэҕинэ үнүр айааһаары гыммытыгар тэһииргээн кинини үстэ бырахпыт хаҥыл сылгытын Ньургуйаана мииннибит. Уол бэйэтэ чох хара сүүрүгэр олорсо сылдьар. Алаас устун тамаһыйа сиэллэрэн иһэллэр. Кыыс ыас хара уһун суһуоҕа үрэллэр. Хаар маҥан ат сиэлэ ыһыллаҥныыр. Көрүөххэ кэрэ көстүү. Кыыс тэбэнэттээх харахтарынан уолу көрөр. Ньургуйаана ойутан иһэн, күлэрин быыһыгар: «Эдик эн миигин ситтэххинэ мин эйиэнэ буолабын»— диэн баран атаҕынан тиҥилэхтээтэ. Кубалаҥ маҥан ат, туос бөтөрөҥүнэн ойуолуур, кутуруга сыыйыллар. Уол сүүрүгүн эмиэ кэнниттэн түһэрдэ. Хара Пантерата бүгүллэ-бүгүллэ түспэхтиир да, иннигэр иһэр аттан, буор иһэхтэр эрэ көтөллөр. «Түөрт түөрэм туйахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх сылгы буолуохтаах этэ, туох буолла»— уол атын кымньыылаан курбуулуур. Ата аҕылыы сатаан баран, тылын туора ытырбыт. Кыыс маҥан атынан куота көтүтэн , хараҕар көстүбэт буолла. — Эдик тур эрэ. Аһаан бараҥҥын утуй —ийэтэ туруорда. Саатар түүлбэр да ситтэрбэт эбит. Уол туран аат эрэ харата аһаата. — Хайа тоойуом, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? — ийэтэ уола дьүдьэйбитин көрөн, ыйытар. -Суох ийээ,тугум даҕаны ыалдьыбат. — Аны сайын үөрэххэ туттарсан көрүөҥ этэ. Онно арыый аралдьыйыаҥ этэ. Иҋэтэ аралдьыҋыаҥ этэ диэн уола Ньургуйаананы таптыырын билэр буолан этэр. Уола эрэйи көрөрүн ийэ сүрэҕэ ама сэрэйбэттээх буолуо дуо. — Ийээ, түүлгэ тугу эмэ куоттарар хайдаҕый? —уола олох атыны ыйытта. — Түүлгэ дуо. Түүл да араастаах. Ол тугу куоттардыҥ? — Кубалаҥ маҥан сылгым куотан биэрдэ . — Туттарбата дуо? — Суох. — Билбэтим ээ тукаам, хайдах тойоннууллара буолла. Сороҕор төттөрүтүн тойоннууллар. — Төттөрүтүн диэ..—уол аһаан бүтэн, утуйаары оронун оҥоһунна. Санаатыгар, баҕар, түүлүн иккиһин көрүө. Эдик бүгүн сүргэтэ көтөҕүллэн, санаата көнөн сылдьар. Кини өр кэмҥэ ыра санаа ымыыта,өй-сүрэх мөккүөрэ оҥосто сылдьыбыт таптыыр доҕоруттан Ньургуйаанаттан истиҥ ис хоһоонноох сурук тутта. Устунан төлөпүөнүнэн  хаһан да кэпсэппэтэҕин кэпсэттэ. Онон көрсүөхтээх күннэрин кэтэһэн, атаҕа сири билбэт буола сылдьар. Бүгүн биир атаһа арыгы иһэрдээри ыҥырбытын аккаастанна. Кини билигин дьыалата табылыннаҕына иһиэ да суоҕа. Ийэтэ уола туохтан эрэ үөрэ сылдьарын сэрэйэн, сүрэҕэ сылаанньыйар. Дьэ, көрсүөх буолбут үлэхтээх кэмнэригэр Эдик сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах, кэһиилээх-таймалаах кэллэ. Уон биэс саастаах кыыс, бу биһиги уолбут курдук долгуйара эбитэ дуу. Сүрэҕэ тиргэҕэ иҥнибит кус гиэнинии толугуруу мөхсөр. Имин хаана кэйэр. Эдик биэс этээстээх дьиэ подъеһыгар киирдэ. Кирилиэһинэн үөһэ дабайан истэ. Үөһэ көрбүтэ Ньургуйаана ханнык эрэ киһилиин кэпсэтэ турар. Уол эргиллээт төптөрү түһэн эрдэҕинэ, Ньургуйаана көрө оҕуста. — Ээдиик! —диэбитинэн тоһугурайан түстэ. Уол мух-мах буолан турдаҕына: «Кэллиҥ дуу, чэ кэл тахсыах»— Ньургуйаана дьиэтигэр киллэрдэ. — Уотум бара сырытта, ити электриги ыҥыран оҥоттордум — Ньургуйаана остуол тарта. Күннээҕи олохторун кэпсэтэ олорон аһаатылар. Онтон Ньургуйаана оҕотун утутта. Оҕо утуйбут буолан, ботугураһан кэпсэтэллэр. Хойукка диэри кэпсэтэн, бириэмэни билбэккэ аһардылар. Эдик Ньургуйаананы илиититтэн тутта. Устунан эр ылан, бэйэтигэр эпсэри тардан уураата. Эр киһи чугас сыһыанын умнубут эдэр дьахтар, бас бэриннэ. Туох эрэ дьикти абылаҥнаах күүскэ ылларыан санаан, долгуйа титирэстиир. Нарыннык уурастылар, тулалыыр эйгэлэрин барытын умнан таптастылар. **** Сарсыныгар, Ньургуйаана үлэтигэр барарыгар, Эдик оҕо көрө хаалла. Оҕотун ньээҥкэҕэ көрдөрө сылдьыбыт эбит. Сотору уол ийэтин көһөрөн аҕалыа, ийэтэ оҕо көрүө. Кинилэр иккиэн үлэлиэхтэрэ. Эдик тапталын кыыма уостан, сөҕүрүйэн иһэн төптөрү күөдьүҋбүтэ. Мин тапталым уота-күөһэ уонна хаһан да умуллуо суоҕа — дии санаата, Эдуард. Родион Данилов- Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан