Кэпсээ
Войти Регистрация

Симиэбийэ «чөчүөккэтэ»

Главная / Кэпсээн арааһа / Симиэбийэ «чөчүөккэтэ»

K
edersaas.ru Категорията суох
02.11.2021 18:30
Симиэбийэ «чөчүөккэтэ» (Дьиҥнээх олохтон кэпсээн) Бу  өрөбүл күннэргэ быыс булан, Максим Ксенофонтов дьиҥнээх олохтон кэпсээнин ааҕыҥ.  Бу 1960-ус сылларга Ньурба тыатыгар буолбут түбэлтэни 1979 сыллаахха Маалыкайдааҕы почта отделениетын монтёра, телефониһа (оччолорго оннук идэ баара) Хаптасов Н.Н. кэпсээбитэ. 1979 сыл сааһыгар, Николай Николаевич биһикки дэриэбинэттэн уонча биэрэстэлээх Нуһугур диэн сиргэ, биир дурдаҕа олорон, кус манаабыппыт. Киэһэ, кус көппөт буолбутугар, тыа кэриитигэр тахсан, кулуһун оттон чэйдээбиппит. Ини-бии Николай Васильевич (Экэнэмиис Ньукулай) уонна Василий Васильевич (Эһэ Баһылай) Фёдоровтар биһиги олорор уубутуттан чугас, Ардьаах Уута диэн күөлгэ кус маныы сыталлара. Кинилэр кэлэн, көххө чэйдэһэн, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ аһыы олорбуппут. Ол кэмҥэ биһигиттэн чугас, бэбээрбитинэн, биир хабдьы көтөн тирилээн кэлэн, кэриигэ, тиит алын мутугар олоро биэрбитэ. Хаптааһап Ньукулай аттыгар маска өйөннөрө уурбут «Спутник» саатын хабан ылан, ытан саайбыта. Куруппааскы маҥан түүтэ бурҕас гынаат, сиргэ эһиллибитэ. Ньукулай түргэн туттуутун, бэргэн ытыытын хайҕаан саҥа аллайбыппыт. Ньукулай бултаабыт көтөрүн ылан аҕалан, түүтүн көннөрөн баран, хатыҥ төрдүгэр уурбута. Салгыы чэйдээн барбыппыт. Ити иннинэ куобах булдун туһунан кэпсэтэ олорбуппут. Николай Николаевич  кэпсээн испит сэһэнин салгыы кэпсээн барбыта: — Оччолорго, куобах элбэх этэ. Дьон күһүн куобаҕы хото бултаан, идэһэ туттуллуор диэри сиир эттэрин булунан, абыранар этэ. Биирдэ, хас да кыттыгас куобахчыт Марха өрүс уҥа кытылынан, Малдьаҕартан Ньурба диэки туһаайыынан бултуу сылдьыбыппыт. Киэһэ буолуута, айан суолугар турар симиэбийэҕэ кэлэн, хонордуу тэриннибит. Кэрийэн, тарааннаан, биэстии-алталыы табысхааны «булууланан», санаабыт көммүт дьон, кутаа оттон, чэй оргутан, куобах буһарынан, аһыырдыы тэриннибит. Арай, тыа иһигэр оҕо ытыыр саҥата кыыкынаан иһилиннэ. Биһиги, тугу да өйдөөбөккө, сирэй сирэйбитин көрсөн кэбистибит. — Туһахха куобах иҥнэн ньааҕыныыр дуу? – Испирдиэн ыйытта. — Эс, туох буолбут куобахчыт түҥ тыаҕа, дэриэбинэттэн хас эмэ көстөөх сиргэ туһахтыыр үһү?! – Ньукулай Ньукулаайабыс Лэппириэнэп саба саҥарда. Арай, иһиттэхпитинэ, оҕо ытыыра чугаһаан иһэр. — Хара тыа ортотугар туох оҕото кэллэҕэй? – диэтим мин мунаарбыттыы уонна дьоммун көрдүм. Миисэ Паабылап, биһигиттэн саамай эдэрбит, куттаммыт көрүҥнээх: — Абааһы буолуо дуо?.. – диэн сибигинэйэ былаан ыйытта. — Туох билиэй?! – диэн хардарда аҕыйах саҥалаах Николай Николаевич Иванов, буҕаалтыр. Ньукулайдар үспүт. Сатахха, бары Ньукулаайабыстарбыт. Ытаан кыыкыныыр саҥа лаппа чугаһаата, биһиги туспутунан кэллэ. Бары да ыксаатыбыт. «Түҥ тайҕа ортотугар туох оҕото кэлиэҕэй, бука, туох эрэ моһуоктаары гынна быһыылаах», — диэн, дьиксинэн бардыбыт. Харса суохпун киллэрэн, «көстүбэт» күтүрү кытта күөн былдьаһар ньымалары саныы сатаатым. Бу саба барыйан кэллэҕинэ, уоттаах чоҕунан сирэйигэр ыһаллар үһү. Кытарбыт чохтон олус куттанар дииллэрэ… Ону баара, кутаабыт уота сөҕүрэн, чоҕо да хаалбатах, барбах, күл анныгар кылаҥныыр. Киһи «куһаҕан тыыны» куттуур чоҕо орпотох курдук…  Эбэтэр, таҥара күлүгүн – икуонаны – сууйбут уунан саба ыһаллар диэччилэр… Ойуурга ким икуонаны укта сылдьыбыта баарай, суох буоллаҕа дии! Арба, саа уоһун үтүлүгүнэн саба бүөлээн баран ыталлар диэччилэр. Онтон эмиэ куттанар үһү, ол баҕайы… Саабын ыллым, хаҥас бэрэстээҥкибинэн уоһун саба кэтэртим, уонна, аа-дьуо туран, туох баар эр хааммын ылынан, ытыыр саҥа хоту бардым. Дьоннорум, алааран хаалан, олорон хааллылар. Арай, онтон, Ньукулай Лэппириэнэп, ойон турда: «Бардыбыт!» — диэтэ, саха быһаҕын саппыкытын сототугар угунна, саатын ылла. Миисэбит кэннибититтэн кириэс охсон сапсыйа, алгыы: «Бо иимэ ассаа и сыына и сибэтиэгэ дууха…» — диэн ботугуруу хаалла. Кини, хомсомуол бэрдэ уол, ыксаан мэлииппэлээтэҕэ, бука… Дьэ, биһиги, икки Ньукулайдар, симиэбийэ ампаар дьиэтин кэннинэн, хойуу талахтар диэки, сэрэнэн, тыаһаабатарбыт ханнык диэн, үөмэн истибит. Онтон, доҕоор, талахтар кэннилэригэр… биэс саастаах, кугас баттахтаах кыыс оҕо… ытыы-ытыы хааман иһэрин көрдүбүт. Куттанан сүрэҕим айахпар таҕыста: — До-ор, Ньукула-ай… арааһа, бу, били, чөчүөккэ диэннэрэ илэ кэринэ сылдьар бадахтаах, — диэн ботугураатым, куура хаппыт уостарбын салбанным. — Бээ, бээ… хайыыбытый? – киһим сибигинэйэн ыйытта. — Ытан көрүүм… — бэрэстээҥки үтүлүгүнэн устубуола сабыллыбыт доруоппун өндөтөн, кыҥаан бардым. Санаабар, ама да абааһы буолбутун иһин, син этэ аһыйан, дьүгэлийиэхтээх. — Тохтоо, доҕор, ытыма! Арай, дьиҥнээх оҕо буолан хааллын?! – Лэппириэнэп саам уоһун аллара баттаата уонна кулгаахпар сипсийдэ. — Эс, хара тайҕа ортотугар туох оҕото кэллэҕэй?! – диэтим мин. Ол кэмҥэ кыра оҕо ытаан кыыкыныы-кыыкыныы, биһигини билбэккэ, сүүрбэччэ эрэ хаамыылаах сиринэн ааһа турда. Дьэ, мин ойон турдум уонна симмэр түһэн: — Ээй, кимҥиний?! Абааһы буоллаххына аас! Киһи буоллаххына кэлэн кэпсэт! – диэн доргуттум. Оҕо, сарылыы түһээт, иннин хоту ыстанна. Онтон, силистэн иҥнэн умса баран түстэ. Ньукулай Лэппириэнэп сөхпүттүү: — Тыый! Оҕо дии! Абааһы буолбатахха дылы! – диэн саҥа аллайаат, кыысчааҥҥа ыстанна. Мин, сэрэххэ, саабын бэлэм тутан турдум: арай, чөчүөккэ буолан хааллын, киһибин ытырдын, тыҥырахтаатын?! Ньукулай аҕыйахта ыстанан тиийэн, оҕону көтөҕөн ылла. Кыысчаан сирэйэ-хараҕа дэлби дарбайа иһиэр диэри ытаабыт, мутукка сиритэ-хайыта тардыбыт. Чараас таҥаһа онон –манан тырыттыбыт. Кугас баттаҕа дэлби бураллан, иилистэн хаалбыт. Ытаан-ытаан, күөмэйэ бүтэн, барбах кыыкыныыр эрэ… Мин «абааһы» дии санаан, саанан ытаары гыммыппын тохтоппутугар Лэппириэнэпкэ улаханнык махтаммытым. Оҕону дэҥнии сыспыппыттан сүрдээҕин куттаммытым. Кыысчааны көтөхпүтүнэн симиэбийэҕэ, дьоммутугар кэллибит. Дьоммут оҕону көрөн, туох да аһара соһуйдулар, сөхтүлэр, айманнылар. Ыйыталаһан билбиппит, Ньурбачаан оҕото эбит. Мунан сылдьаахтыыр эбит. Эдьиийдэрин кытта тыаҕа тахсыһан баран, мунан, сирэйин хоту бара турбут эбит. — Көрүүй! Хас да көһү хааман кэлээхтээбит дии! – Ньукулай Уйбаныап дьулайбыттыы, сөхпүттүү баһын быһа илгиһиннэ. — Эбэм Сүөкүлэ этэр буолара: «Муммут кыра оҕо, сэниэтэ эстэн охтуор дылы, сирэйин хоту бара турар», — диэн. Уруут-урут, кини үөскээбит түөлбэтигэр Чаачыгырдар диэн ыаллар олорбуттар. Биэс оҕолоохтор эбит. Биирдэ, күһүн, ийэлэрэ Настаайа кыратын, түөртээх уолун, илдьэ чугас ойуурга отоннуу тахсыбыт. Уола аттыгар сылдьыбыта үһү. Онтон, моҕотойу сырсан, тыаҕа киирбит. Настаайа, бастаан утаа, «чугас сылдьар ини, сотору кэлиэ» диэх курдук санаан, өлгөм отону булан, ыаҕайатыгар ылгыы олорбут. Онтон, өйдөнөн, уолун ыҥырбыт. Арай, тулата уу-чуумпу үһү… Туран, тула сүүрбүт, оҕотун көрдөөбүт… уола суох… Ыксаан, балаҕаныгар кэлэн, дьонугар тыллаабыт. Бары тахсан, көрдүү сатаабыттар. Булбатахтар. Оннук, ол оҕо көстүбэтэх… уҥуох-тирии сүппүт… ууга киирэн түспүтэ дуу, кыыл аһылыга буолбута дуу, биллибэтэҕэ… Настаайа муҥнаах, уолун аһыйан, иэдэйээхтээбитэ үһү…- Миисэ санаан кэлэн, кэпсээтэ. — Ээ, сөп, били Ньыкаанырдаах бырааттара… — диэтэ Испирдиэн, ити быһылаан туһунан урут истибит буолан.   …Биһиги сарсыҥҥы күнүгэр Малдьаҕары таарыйан, Маалыкайдыахтаах этибит. Хайыахпытый, дьиэлиирбит оннугар, сарсыныгар оҕону Ньурбачааҥҥа илдьэн биэрдибит. Суол-иис оччолорго быстар мөлтөх. Аныгы курдук дулҕатын анньан эҥин, көннөрбөт этилэр, дулҕа анньарга тиһиликтээх улахан булдуосар-тыраактар да суоҕа. Кыысчааны дьонугар туттарбыппытыгар үөрбүттэриэн эриэхсит! Отой да атын, тиэрэ сиргэ көрдүү сылдьыбыттар эбит. Онон, «чөчүөккэ» диэбиппи, оҕо буолан хаалбыта. Хаптааһап Ньукулай кэпсээнин бары кэрэхсээн истибиппит. Ол муммут кыысчаан, билигин, бука, ыал ийэтэ, эбэтэ буолан олордоҕо. Олоххо эҥин араас түбэлтэ баар буолар. Хата, дьоллооҕуҥ, ыраахтан буруо сытын ылан, чопчу булчуттарга тахсан кэлэн быыһаммыт эбит. Дьэ, итинник, «симиэбийэ чөчүөккэтин» туһунан кэпсээни урут истэн турардаахпын. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан