Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Абааһылаах кэпсээн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Абааһылаах кэпсээн
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.08.2021 19:00
Дьиҥнээх олоххо буолбуттан кэпсээн — Абааһыны көрөөрү, биирдэ, иччитэх өтөххө киирбитим, — аҕам кэпсээнин саҕалаабыта. Бэйи эрэ, туохтан сылтаан ити тиэмэҕэ кэллибит этэй? Куорбакы киэҥ нэлэмэн иэнин устун сайыҥҥы сиккиэр тыал хойуу, уһун оттору хамсатан, бугуллар оройдорун сахсатан, кэбиһиилээх оттору эргийэ көтөн, арыы ойуурдар хатыҥнарын, үөттэрин бастарын суугунатан ааһара. Атырдьах ыйынааҕы күн арҕаалаан, куйаас арыый намыраабыта эрээри, сиик түһэ илигэ. Аҕам, балтым Саара, кэргэним уонна кэргэним сурдьа 5-с кылааһы тахсыбыт Владик омурҕаҥҥа тахсыбыттара. Ходуһаттан урут тахсан кыынньарбыт хоруолаах чаанньыкпын, мас тордуогунан тутан аҕалан, намыһах, маҕан күлүйүөҥкэ ыскаатардаах, кырдьаҕас үөт анныгар турар остуолга, хордуон үрдүгэр уурбутум. Улахан хочулуокка буһарбыт соболорбун эмээллээх, нэлэгэр, тимир тэриэлкэҕэ хоторбутум. Итии балык миинин куруускаларга, хойуу хара чэйи ыстакааннарга кутаттаабытым. Ас уурар, туол сабыылаах оҥкучахтан кырыыҥкалаах хойуу сүөгэйи, былаастык бытыылкаҕа кутуллубут үүтү, куруускалаах саһархай арыыны ылан, быылын, буорун сотон баран, остуол ортотун буллартаабытым. Носпуо бэкээринэтин саһарчы буспут килиэбин ылан, биир илии халыҥнаах гына, таайым Уус Боруонньа охсубут саха быһаҕынан кырбастаан тэллэҥнэппиттим. Кытай Федя үүннэрэн атыылыыр огурсутуттан ааспыкка ийэм үс киилэни ылбыт этэ. Онтон аҕалбыт, сырдык күөх, уһун, суон огурсуну биир тэҥник кырбастаан, икки бүлүүһэҕэ тэлгэтэн, собо хоторуллубут тэриэлкэтин икки өттүгэр уурбутум. Огурсу үрдүгэр бөдөҥ тууһу таммалаппыттым. Дьоннорум уруттаамаары, тыын ыла түһэ таарыйа, үөккэ саайыллан турар урукумуонньуктан дьэҥкир таммахтары бырдаҥалатан, сууммуттара-тарааммыттара, хамсалаах табах быстыҥа сытан, олорон ылбыттара. Аҕам кыраабыл тиистээбитэ. Кулуһун буруота сыттаах чэй сойон, куруускалар үрдүлэринэн паар тыргыйара тохтообута. Күөх лууктаах, хоргуннаах собо миинин үрдэ үрүмэтийбитэ. Аҕам кыраабылын туора ууран баран, кулуһун ситэ умайан бүтэ илик мастарын, хаппыт лабаалары уоттан таһаартаабыта: — Аныгыскы омурҕаҥҥа хааллын. Мас хомуйан аҕалар даҕаны үлэлээх. — Умайа сытыа этэ буоллаҕа дии. Аттыбытыгар уот тыһыргыы умайа турара бэрт этэ ээ, — балтым этэн көрбүтэ да, ким да саҥарбатаҕа. — Омурҕанныаҕыҥ, — аҕам остуолга кэлбитэ. Бары остуол тула, сиргэ батары саайыллыбыт мас тоһоҕолорго харбыылынан оҥоһуллубут ыскамыайкаларга олорон, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, аһаан барбыппыт. — Уоттаах буоллахха эһэ-бөрө да чугаһыа суох этэ, — балтым кутаа умуллубутун сөпсөөбөтөҕүн биллэрбитэ. Соторутааҕыта ойуур иһигэр ырааһыйаҕа туттубут балаҕаммытыттан элгээҥҥэ киирэр ыллыкпыт аттыгар кырдьаҕас суолун көрбүппүт. Биир сиргэ «сугун барыанньатын» хаалларбыт этэ. Ити, өрүс уҥуор, хайа кэтэҕэр арҕахтаах тыатааҕы, уу түһэн, уҥуортан туораан кэлэ сылдьыбыт быһыылаах этэ. Онтон ыла аҕам балааккатыгар саатын аттыгар ууран хоноро. Ыппыт Мухтаар түүн балаакка аттыгар утуйара, онон эрэх-турах. Кырдьаҕас кэлэн, балаакканы тиҥсирийээри дуу, ыттыын охсуһаары дуу гыннаҕына, үрдүнэн ытан куттуо үһү. Бултаһар санаата суох этэ. — Балаҕаҥҥа утуйуоххун, кэм арыый хахха буолуо этэ, — аҕабар эппитим. Аҕам ачыкытын устан маҕан ырбаахытын түөһүн сиэбигэр уктубута уонна собо миинин сыпсырыйбыта: — Балаҕаммыт ходуһаттан тэйиччитэ бэрт. Оттон балааккаттан, тураат, окко киирэбин. Арба, иллэрээ күннээххэ балаҕаҥҥа хоммутум. Арай, сарсыарда эрдэ: «Хаппытыан, тур, күн ыраатта!» — диэн дьахтар хаһыытыыр саҥатыттан уһугуннум. — Уой, туох буолуой, ол? – кэргэним Катя, биилкэ төбөтүгэр иилбит огурсутун айаҕар тиэрпэккэ эрэ, куттаммыттыы ыйыппыта. — Урут оннук ааттаах киһи олорбута буолуо. Ону эмээхсинэ туруорар саҥата окко-маска хаалан хаалбыта иһиллэр ини, — аҕам холкутук быһаарбыта. — Оннук буо, — Саара собо тылын араара олорон эппитэ. — Оттон абааһыны көрбүтүҥ дуу? – Владик сүөгэйдээх килиэбин үрдүгэр кииһилэ барыанньатын кыра ньуосканан кутта олорон ыйыппыта. — Абааһыны көрөөрү, бииидэ, иччитэх өтөххө киирбитим, — аҕам кэпсээн барбыта. Бары, «абааһылаах» кэпсээни истээрибит, чөрбөҥнөһө түстүбүт. — Оскуолаҕа Маалыкайга үөрэнэ киирбитим. Интернакка олорбутум. Субуотаҕа дьиэбэр хоно, Мохулуга, балтараа көстөөх сиргэ, сатыы барарым. Аара, суол кытыытыгар, иччилээҕинэн аатырар урукку өтөх баара. Бастаан, ол аттынан ааһарбар куттанан, ырааҕынан эргийэн, сиэлэн бэдьэйэрим эбэтэр сүүрэн тибигирэтэрим. Онтон, бэһис кылааска сылдьан, учууталларым «абааһы суох» диэн кэпсииллэриттэн уонна «Чүөчээскини» ааҕан баран, отой куттаммат буолан хаалбытым. Дьэ, күһүн, балаҕан ыйын ортото, биир субуота күн, дьиэлээн истим. Күнүс, эбиэт кэннэ, интэринээппититтэн Кукаакы, Малдьаҕар холкуостарын оҕолоро ырыа-тойук аргыстаах хоҥнубуппут. Сылаас, чэмэлкэй күннээх. Икки аҥаар дуу, үс дуу чаас хааман, Сыырдааҕы ааһан баран, айан суолуттан хаҥас диэки салаллар, Мохулуга барар суолга туораатым, эмпэрэ курдук чиэстэнэр тайах маспынан табаарыстарбар далбаатаатым. Быһыттаахтар, малдьаҕардар далбаатаан бакаалаһан баран, киэҥ суол устун хаамсан саппарыһа турдулар. Бороҥ диэн киэҥ сыһыыны ааспытым кэннэ, били, иччилээх өтөх баар ырааһыйа кэллэ. Кыра кылаастарга сылдьан, кураанах турар дьиэттэн куттанан, ырааҕынан, кэриинэн эргийэн ааһар этим. Суорун Омоллоон «Чүөчээскитин» ааҕыахпыттан ыла букатын куттаммаппын. Онон өтөх аттынан ааһан истим. Итииргээбиппин, сылайбыппын. — Таак, бээ-рэ, бу дьиэҕэ киирэн, сынньана да түстэххэ! Абааһы баар буоллаҕына – көрүөм, – диэн ботугураат, эргэ балаҕаҥҥа чугаһаан кэллим. Халыҥ хаптаһын халҕаны арыйан, иһирдьэ киирдим. Ыарахан аан иһирдьэ анньан кэбиспитигэр, дьиэ ортотугар баар буола түстүм. Сөрүүн, никсик сыттаах. Тула көрдүм. Көмүлүөк оһох буора көөрөттөн, сиҥнэрэ чугаһаабыт, туруору адарай титириктэрэ сорох сиринэн тахсыбыт. Эркини кыйа нааралар кураанах мастарынан көрө сыталлар. Эргэ, хараарбыт остуол тула чуурка олох мастар тураллар. Манна олорбут ыал холкуос дэриэбинэтигэр көһөн киирбит. Бу дьиэни «абааһылаах» диир буолан, ким да сылдьыбат. Остуолга кэлэн, тайах маспын өйөннөрө уурдум, турбахтыы түстүм, онтон наараҕа олордум. Куулунан оҥостубут сүгэһэрбин устан, ыһык лэппиэскэбин, хаһыатынан бүөлээбит бытыылкалаах чэйбин таһааран, үссэнэ түһэр былааннанным. Ытыс саҕа лэппиэскэбиттэн эмти тутан оһох холумтаныгар уурдум: ити аата, дьиэ иччитин амаҕаччылаатым. Лэппиэскэм аҥаарын ордорон, дьоммор кэһии гынан, былатыакпар баайбыт ттойуу саахарбын кытта куулбар төттөрү уктум. Аһаан баран, сылаам таайан, сыта түһэр санааланным. Наараҕа тиэрэ сытан, тэтэрээппин ылан, бэҕэһээ суруйбут хоһооммун ааҕан бардым. Арай, утуктаабыт эбиппин, сыҥааҕыртым… ,,,Тоҥсуйар тыастан уһуктан кэллим. Халлаан боруҥуйан эрэр эбит. Уҥа түннүк диэки тоҥсуйар тыас иһиллэр. «Абааһы кэллэ», — дии санаатым, бу эргин дьон таарыйбатын билэр буоламмын. — Кимий? – хаһыытаан ыйыппытым иччитэх дьиэҕэ дуорааннанан иһилиннэ. Чуумпу бүрүүкээтэ. Тыал суугунуура иһиллэр. Сүрэҕим тиҥиргиир. Эмиэ тоҥсуйар тыас тобурҕаата. «Абааһы диэн суох дииллэр дии учууталларым. Оччоҕо туох тоҥсуйарый? Тахсан көрүөххэ! Баҕар, ол күтүр баара буолуо. Хайдаҕын көрүллүө», — кытаанах санааны ылынан, сиэри гыннаҕына, охсуһардыы оҥостон, тайахпын ылан, таһырдьа таҕыстым. Ааны тэлэччи арыйан хаахынаттым, саппатым. Маспын туппутунан, тыас иһиллэр сиригэр дьиэни эргийэ бардым. «Дьэ, билигин турар буолуохтаах… Кинигэҕэ ойуулуулларын курдук, туйахтаах атахтаах, кутуруктаах, бүтүннүү түү, оройугар муостаах эбитэ дуу?..» — дии саныы-саныы, аа-дьуо чугаһаан кэлэн, муннук кэнниттэн өҥөс гынным. Арай, туох да суох. «Туох тоҥсуйбут баҕайыный?» — муодаргыы турдум. Ол кэмҥэ күдьүс тыал кэлэн, тиэргэн отун долгулдьута хамсатта. Тоҥсуйар тыас «топ-топ» гынна. Көрбүтүм, түннүк үрдүнэн, холуодаҕа саайыллыбыт хаптаһын аҥаар өттө туллан, биир оскуомаҕа иҥнэн турара, тыалга биэтэҥнээн, истиэнэни саайан, тобургуур тыаһы таһаарар эбит. — Тууй-сиэ! – сиргэ силлээтим, — бу тыаһа эбит дии! Абааһыны көрбөтөхпүттэн хомойбут курдук буоллум, Иһирдьэ киирэн, куулбун ылан таҕыстым. Ааны «лик» гына саптым. «Чкалов» холкуоһум, Мохулу эбэм диэки хаама турдум. Дьиэбэр хараҥаран эрдэҕинэ тиийбитим. Оннук, эдэрбэр букатын куттаммат этим. Билигин айылҕаҕа, абааһы буолбатаҕына, атын туох эрэ баар дии саныыбын. Иччитэх өтөххө сынньана диэн киириэм саарбах. — Дьэ, хорсун эбиккин, оҕо сылдьан, — сөхпүппүн биллэрэн, доргуччу эппитим. Аҕам «абааһылаах» кэпсээнин биһиги бары сүрдээҕин кэрэхсээн истибиппит. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан