Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэрэчээнэ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэрэчээнэ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
23.01.2017 19:15
Өндүрэйгэ төрөөбүт күнүгэр доҕотторо кыттыһан массыына ыытарга үөрэнэр сертификаты бэлэхтээн кэбистилэр. Кини массыына ыытыан баҕарбат, бэл, төрөөбүт күнүн да ылыан баҕарбатаҕа. Отут үс сааска, киһи да кыбыстыах, сааһыран баран төрөөбүт күннээбит да диэн!. Ангелина Васильева-Дайыына, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru Ону баара доҕотторо бэйэлэрэ рестораҥҥа остуол сакаастаан, бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан, Өндүрэйдэрин кыбынан (истибэтигэр кистээн эттэххэ, үлэ күнүн кэнниттэн сылайдаҕа аатыран тапталлаах дьыбааныгар тарайан сыттаҕына, түҥ-таҥ таҥыннаран баран, күүстэринэн массыынаҕа симпиттэрэ), төрөөбүт күннүү кэлбиттэрэ. Ким билэр, баҕар, сылтах буолуо. Хаһан эрэ бииргэ үөрэммит атастара бары кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, бииргэ түмсэн «аһыыллара» да ахсааннаах буолан турар. Арай, Өндүрэй мэлдьи соҕотох. Кини куорат гимназиятыгар саха тылын, литературатын үөрэтэр учуутал. Куорат киинигэр биир хостоох квартиралаах. Оскуолата дьиэтиттэн чугас турар. Уонча мүнүүтэ сатыы хаамар. Кэнники кэмҥэ билбитэ эрэ – үлэтэ уонна дьиэтэ. Кини олоҕо биир уулуссанан эрэ муҥурданан хаалбыт курдук. Оо, олох! Сыл-күн, дьыл-күн эргимтэтэ түргэтээн истэҕин ахсын, киһи барахсан олоҕун суолугар сүтэртээн иһэр ээ, эдэр саас доҕотторун, оҕолуу ыраас тапталын, үрдүккэ талаһыытын, модун баҕарыытын!.. Ханна баалларый?.. Ханнык тоҕойго састылар? Курустук сайыһа хаалбыттарын кини тоҕо өйдөөн көрбөтө, төннөн кэлэн сүрэҕэр сыһыары туппата? Харда суох… Үлэһит буолан баран, ийэлээх аҕатын көмүс уҥуохтарын көтөхпүтэ. Биир эдьиийдээҕэ хоту олорор, элбэх оҕолоох. Куоракка кэлэрэ да ахсааннаах. Хаһааҥҥы эрэ элбэх атастара-доҕотторо бары ыал-күүс буолан, сорохтор арахсан баран иккиһин кэргэннэнэн, интэриэстэрэ уларыйан, хайдах эрэ тэйэн хаалбыт курдуктар. Биирдэ өйдөммүтэ, Өндүрэй турар бэйэтэ соҕотох туран хаалбыт эбит. Өйдөнөн да, хайыай. Биир күдьүс күппүлүү көтөр күннэрин кутуруктарыттан тутуспутунан, тыал үрэрин, сүүрүк илдьэрин хоту устан иһэр буолаахтаатаҕа. Күнү быһа оҕолору кытары эриһэн баран, киэһэ хойут дьиэтин аттынааҕы улахан маркетка киирэн ас атыылаһар. Онто үксэ микроволновка оһоххо сылытыллар бэлэм буспут ас, бэрэски, пицца, хот-дог, гамбургер, бэлимиэн буолар. Бэйэтэ астаммат буолбута ыраатта. Сатаан курдаммат буолуор диэри ыга симинэн, тото аһаан баран, туох да туора санаата-оноото суох телевизорын иннигэр сытар, сороҕор кинигэ ааҕар. Интернеккэ киирэн ол-бу сонуну көрбүтэ буолар уонна сылайан, утуйан хаалар. Маннык олох туох аанньа буолуой, хаһааҥҥы эрэ көбүс-көнө дьулугур уҥуохтаах уол уойан, истэнэн, самыыта ласпайан, бэһис этээскэ тахсарыгар аҕылаан тахсар буолла. Бу курдук күнтэн күн субуллан иһэр. Киниэхэ маннык олоҕор туох да уларыйыы наадата суох курдук… Барыта баар, быһыыта. Массыына да наадата суох. Бачча чугас сатыы сылдьар эрээри, тугун массыынатай? Массыынаҕа сылаас гараж наада, аны алдьаннаҕына, саппаас наада, биир эрэй. Тыл үөрэхтээҕэ буолан, тиэхиникэҕэ сыстаҕаһа суоҕа сыттаҕа. Ол да буоллар, хайыай, бачча босхо кэлбит бэлэх таах хаалыа дуо, барарыгар тиийэр. Баҕар, хаһан эмит наада буолуо. Эчи, үөрэхтэрэ сыаната да бэрт. Маны мүччү туттаҕына, кырдьык да, этэллэрин курдук,
«лох» буоларыгар тиийэр, аны хаһан үөрэниэ биллибэт. Дьэ, онон Өндүрэй үлэтин кэнниттэн ыксыы-ыксыы оптуобуска симиллэн, үөрэнэ барар буолла. Үлэ чааһа бүтүүтэ оптуобуска дьон, эчи, элбэҕин! Сылдьа үөрэммэтэх киһиэхэ, итиитэ, анньыһыыта, дьон хаҕыс сыһыана, бэл, сыта-сымара да сүрэ бэрт. Өндүрэй итииттэн көлөһүн-балаһын алла-алла, ойоҕоһун анньалларын аахсыбакка, туманныран хаалбыт ачыкытын сотто сатыы, харалҕан хараҕынан симириктии-симириктии, оптуобус кэлин өттүгэр туран эрэ сахсыллар буолла… Суол быраабылатын син удумаҕалатар эбит, учуутал ааттаах киһи, хатылаан аахтаҕына, син өйдүүр курдук. Ол гынан баран, сотору кэминэн массыына ыытарга үөрэтиэхтэрэ үһү. х х х Өндүрэй уруогун солбуйтаран баран, автодромҥа айаннаата. Куорат кытыытыгар, кини хаһан да үктэммэтэх чиэски сиригэр баар эбит. Төлөпүөнүнэн болдьоһон баран, массыынатын булан, кэлин аанынан иһирдьэ киирдэ. Киниэнэ киниэнин курдук, саатар, уопуттаах, массыынаны биэс тарбах курдук билэр эр киһи инструкторы көрүөм дии санаабыта, биир кыһыл кууркалаах нуучча кыыһа олорор эбит. Биһиги киһибит, кэрэ аҥардарга урут-уруккуттан көһүүн, тоҥуй сыһыаннаах буолан, хайдах эрэ кинилэри олох атын, туспа планетаттан түспүт дьон курдук көрөрө. Кинилэр эмиэ киһи курдук икки илиилээхтэр, икки атахтаахтар, толкуйдууллар, саҥараллар, ол гынан баран, хайдах эрэ атын баҕайылар, кинилэри киһи сатаан өйдүүр дуо?!. Били аат ачыкыта эмиэ сиигирэн хаалла. Линза кэтэр кэм кэлбит дуу, сах!. Кыыс кыратык кэпсэтэ түһээт, массыына ис өттүн, күөх уотунан умайар араас прибордары көрдөрө-көрдөрө кэпсээн барда. Өндүрэй өйдүүр курдук кэҕих гына-гына истэн олордо, ол гынан баран, араас ырычаахтар, прибордар ааттара, туохха аналлаахтара мэйиитигэр иҥнибэккэ, сиитэҕэ сууйуллубут кумах курдук тута сайҕанан истэ. — Все в порядке? Вы поняли? – биирдэ өйдөммүтэ, кыыс инники олбохтон кини диэки эргиллэн, кинини уун-утары көрөн олорор эбит. — Аа? Да-да, – диэн эппиэттэһэ охсорго тиэтэйдэ, туох эрэ куһаҕаны оҥоро олорон тутуллубут курдук, симитиннэ. — Ну, смотрите, надо сразу спросить, если не поняли. Вам лучше записывать, – диэн баран, мичээрдээн, муус-маҥан тиистэрэ сандаарбытыгар, мэктиэтигэр массыына иһэ сырдыырга дылы гынна. Дьэ, субуу-субу түгэҥҥэ били кынаттаах эрээри сыгынньах аанньалбыт (дьаабалбыт да диир ордуга дуу? Уоран кэлэ-кэлэ дьон сүрэҕин ытыалыыра туох аанньа буолуой?) кыһыны кыһын диэбэккэ, ханна эрэ саһан чыппайан олорон, кыҥаан-кыҥаан баран, ох саатынан ытан саайбыта, Өндүрэй сүрэҕэр кэлэн саалла түстэ быһыылаах. Дьэ, буолар да эбит… Бастакы көрүүттэн таптал баар, эн оннукка түбэһиэҥ диэбиттэрэ буоллар, Өндүрэй олох итэҕэйиэ суох этэ. Ону баара, били оруобуна киинэҕэ ойуулуулларын курдук, кулгааҕар туох эрэ музыка куугунаан иһиллэргэ дылы гынна, тулата барыта уларыйан хаалла, аан дойдуга баар кэрэттэн кэрэни, дьиктиттэн дьиктини аан бастаан булан көрбүттүү абылатан, ханна баарын, бэл, ким буоларын умнан, аппайан олордо. Киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук, хайдах эрэ тулата барыта бытааран, сырдаан хаалбыт курдук буолла. Кини хараҕар
кыыс барахсан сирэйэ сандааран, илэ аанньал түһэн олорорун курдук көһүннэ… Субурхай хойуу хаастарын, иэдэһигэр чох хара куруһуба оһуор курдук ойууланан түһэр уп-уһун хойуу кыламаннарын, кырыылаах чочуонай муннун, хара чүөмпэ харахтарыгар чаҕылыйар тэбэнэттээх уоттарын, уурбут-туппут курдук обуйук уостарын, санныгар долгуннуран түспүт хараҥа баттаҕын, оннооҕор кып-кыһыл кылабачыгас лаахтаах тыҥырахтаах кыракый илиилэрин, кылгас дьууппата саппатах, бачча тымныыга чараас чуккулаах дьоҕус тобуктарын… барытын иһигэр киллэрэ, сөбүлүү көрө олордо. Кыраһыабай дьону айарыгар Таҥара, дьэ, кэмчилээбэт, хадаҕалыыр да буолар эбит! Туох да омсолоох, мөкү баара көстүбэт, барыта ураты, чочуонай, кыраһыабай. Бэл, ити кэчигирэс муус-маҥан тиистэр киһи аайы баар буолбаттар ээ!.. Сороххо баҕас саатар ити муос тиистэри кэччэйэн, олдьу-солдьу, саһаран хаалбыт барахсаттары кэккэлэппитин, киһи киһиэхэ көрдөрүөн да кыбыстар… — …Вы слышите меня?!. — Аа, да-да, – иккиһин итинник эппиэт иһилиннэ. Дьэ, накаас. Ол эрэн, киһибитин сиилии охсорго тиэтэйимиэх. Кини урукку үөрүйэх эйгэтиттэн арахсан, сүгэнэн сүнньүгэ бэрдэрбит курдук дөйөн олорор эбээт. Быһата, халлааҥҥа дайа сылдьар. — Вы где работаете? — А? В школе, учителем якутского языка и литературы. — А вот я не знаю якутского. Саха тыл… бильбят… – диэн олуттаҕастык саҥарбытыгар, тоҥ нуучча буолбатах, бааһынай дуу диэн санаан аһарда. Бу кэнниттэн суоппар миэстэтигэр көһөн, массыына ыытан көрдө. Бастаан сыыһа-халты тутунна буолан баран, өйдөөтөххө, син чэпчэки эбит. Ускуораһын булларан баран, туормаһын, гааһын баттыы-баттыы олороҕун. Онон автодрому хаста да эргийдэ, тохтуурга, хоҥнорго үөрэннэ. Эр киһи элээмэтэ буоллаҕа, син үөрэниэх эбит. Инньэ гынан, инструкторыттан хайҕанна: «Для первого раза неплохо», – диэн буолла. Итинэн бастакы дьарыктара бүттэ. Сарсын эмиэ кэлиэх буолан болдьоһон, кыыс ууммут кумааҕытыгар илии баттаан баран, быраһаайдаһан тахсан барда. Кумааҕытын биэрэригэр соруйан кыыс хараҕын утары көрөн дьоллонон ылла… Кыһыҥҥы кылгас күн номнуо саҕахха саһан, хараҥаран эрэр. Арай арҕаа саҕах кытара кыыһан, хаптаҕас уутунан сирэйин суунан баран, хараҕын симэн утуйан эрэр кыыс иэдэһигэр маарынныыр буолбут эбит. Кыыс, кыыс… Кыыс уонна Кэрэ. Дьүөрэлии да тыллар! Хараҕы эрэ манньытар буолбатахтар, дууһаны сылыталлар, үтүөҕэ, үрдүккэ кынаттыыллар… Оптуобус тохтобулугар баран иһэн, кини икки иэйиигэ тырыта тыыттара истэ. Бииринэн, хараҕар хойуу хара кыламан сапсыммахтыыра көстөр, ураты сырдык иэйии түөһүн үөрүүнэн толорон, туох эрэ биллибэт күүстэн өрө көтүөх, эккириэх, көрбүтүн барытын кууһуох, күлүөх-үөрүөх санаата кэлэр. Дьэ, дьикти да буолар эбит. Ити иэйии киһи сыҥааҕын ытыстаһыннарбакка, букатын икки аҥы ыыра тардан кэбиһэрэ дьиктитин. Онон уостара ыпсыбакка, мичээрин бу хараҥа халлааҥҥа, лаампа уотуттан кылабачыйар хаар кыырпахтарыгар, ыраах кыламнаан көстөр куорат уоттарыгар бэлэхтии истэ. Аллара кыраһалаабыт хаар кыычыргыыр, сибиэһэй салгын тыҥаҕа толору кутуллан киирэн, илиини-атаҕы эрчимирдэрэ үчүгэйин! Күөгэйэр күнүгэр сылдьар уола хаан ис-иһиттэн кычыгыланан, этэ-сиинэ быыппастан, хаарга ойуолаан, буурдаан
ылбахтаата. Онтон «ким эмит көрүө» диэбиттии, тула өттүн эргим-ургум көрүнэн ылла… Ол эрэн, туох эрэ күлүк санаа үөмэн кэлэн үөрүүттэн толугуруу мөхсүбүт сүрэҕин быһыта кымаахтыыр, ыарахан таас буолан быарыгар сөҥөн, аллара баттыыр курдук. Ама, ити бэйэлээх кэрэчээн киһи киниэхэ тэҥнээх буолуо дуо? Хаһан да, хаһан да, Кэрэчээнэ (иһигэр итинник ааттаан кэбистэ) кини диэки эйэргии көрүө суоҕа, күндү таас кэриэтэ сыаналаах тапталын утары уунуо суоҕа… Оччоҕо кини хайдах буоларый? Соҕотоҕун бу соһуччу тапталынан тугу гынарый? Таптал хардата суох буоллаҕына, соҕотох киһиэхэ туохха нааданый? Кэбис, билэ-билэ эрэйгэ тэбиллиэх кэриэтэ, эрдэттэн куотуммут ордук буолбатах дуо? Ити мучумаан, өй-сүрэх бүппэт мөккүөрэ бу күнтэн ыла Өндүрэйгэ букатыннаахтык олохсуйда. Х х х Биһиги киһибит үстэ-түөртэ автодромҥа эрчиллибитин кэннэ, аны куоракка тахсар буоллулар. Бу дьарыктарга кини сүрэҕин сутуругар суулаан, эрдэттэн оҥостон, букатын кыһаллыбат, долгуйбат курдук оҥостон тиийэр. Болҕомтотун массыына ыытарга эрэ хатыы сатыыр. Ол эрэн кэрэттэн кэрэ мөрсүөнү көрөн манньыйыан, хараҕын сымнатыан, одуулуу олорон омсону булбакка сөҕүөн-махтайыан баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Уруулу аргыый аҕай эрийэ олорон, иннин диэки көрбүтэ буолан баран, хараҕын кырыытынан дьоҕус тобуктары, чочуонай сотолору бобо ылбыт уһун остоох соппуоскалаах атахтары, улахан кэтит төлөпүөн үрдүгэр үҥкүүлүүр кылабачыгас лаахтаах кыракый тарбахтары олус да астына, дуоһуйа көрөн ылара, ама, буруй буоллаҕай? Тохтоон быһаарар кэмигэр умнан кэбиһэн, аһаҕастык одуулуу олороруттан бэйэтэ соһуйан, «бабат» дии түһэр. Оччоҕо сутурук быыһыттан сүрэх обургу субу тахсан барыах курдук өрүтэ тэбиэлиир… Куоракка тахсыы эмиэ да кутталлаах, эмиэ да умсугутуулаах эбит. Урут суоппардары ураты дьон диэн көрөрө, оттон бэйэҥ уруулу тутан, массыыналар кэккэлэригэр киирсэн, тэбис-тэҥҥэ барсан иһэриҥ, ураты иэйиини, киэн туттууну үөскэтэр. Ол эрэн уулуссалар быһа охсуһууларыгар быраабыланы ситэ билбэтэ, дук-дах туттара, бытаарара мэһэйдиир эбит. Атын балаһаҕа туоруур уотун холбообокко халыйан хаалан, светофорга күөх уокка туормастаан кэбиһэн, онтон да атын буруйга Кэрэчээнэтиттэн мөҕүлүннэ. Ыксаллаах түгэҥҥэ инструктора уруулун бэйэтэ эрийэн, көннөрөн биэрэр. Ол онно илиилэрэ таарыйсан, сып-сылааһынан даҕайсан ылаллара, ама туохха тэҥнэһиэй! Онон Өндүрэй сороҕор ол сып-сылаас илии даҕайарын өссө төгүл билээри, соруйан сыыһара да баар суол. Ону баалаамаҥ дуу… Оннооҕор, сороҕор кыыс уран уоһуттан хоччоххой үөхсүү тыллара төлө көтөн тахсаллара да ураты амтаннаах, минньигэс курдук эбээт! Бэл, уһун-синньигэс сыаналаах сигаретатын сыта да, табах тардыбат киһиэхэ минньигэстик дьаралыйан киирэр буолар эбит! Дьэ дьикти! Урут табах сытын ыла-ыла абааһы көрөр буолара… Бүгүн Кэрэчээнэ ыйан биэрэн истэҕин ахсын, куорат киин уулуссаларынан барытынан сырыттылар. Онтон биир саҥа тутуллубут элбэх этээстээх дьиэҕэ тиийэн тохтотто. Кыараҕас баҕайы олбуорга массыына бөҕө араастаан симиллибит. Нэһиилэ кыбыллан киирэн, миэстэ булан тохтоотулар. Өндүрэй эргиллэн тахсарбар аны сыаналаах массыыналары таарыйан кэбиһиэм диэн, куттана саныы олордо.
Кытыы подъезтан икки дьахтар тахсан, кинилэр массыыналарыгар кэллилэр. Биирэ саастаах, биирэ эдэрчи. Иккиэн сахалар. Эдэрэ Кэрэчээнэҕэ майгынныыр эрээри, сахата баһыйбыт. Үөрүйэх баҕайытык массыынаҕа киирэн олорунан кэбистилэр. Кэрэчээнэ: «Мама» дии-дии кэпсэттэ. Тутуу матырыйаалларын туһунан кэпсэттилэр, онтон биир маҕаһыыҥҥа илтэрдилэр. Бу кэннэ чаастара бүтэн, Өндүрэй оптуобус тохтобулугар түһэн хаалла. Хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолла. Кэрэчээнэ саха эбит! Саха ийэлээх, нуучча аҕалаах эбит буоллаҕа. Кини быдан чугаһаабыт курдук буолла. Сахалыы сатаан саҥарбата, чэ, туох буолуой! Оччолоох пааралар бааллар дии… Х х х Дьиэтигэр кэлэн баран, уолбут букатын Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин оҥордо. Биир хостоох кыараҕас соҕус квартирата, холостуой эр киһи ордуута буоларынан, ырааһынан өҥнүбэтэ чахчы. Урут ийэлээх эдьиийин бэлэмнэригэр үөрэммит уол ыйга биирдэ-иккитэ дьиэтин сууйбута буолара. Кирдээх иһитин араакабынаҕа мунньан-мунньан баран, ыраас иһит тиийбэт буоллаҕына эрэ, кыһалҕаттан сууйар. Таҥаһын сууйуута биир оннук. Ону тэҥэ араас хаһыаттар, сурунааллар, эргэ таҥас мунньуллубутун этэ да барбаккын. Дьиэтин хаһан быыллаабытын да өйдөөбөт. Муннун анныгар ыллыы-ыллыы дьиэтин аанын аһан киирэн баран, саҥа өйдөммүттүү тулатын көрүннэ. Дьиэтин иһэ хайдах эрэ олус боруоран көһүннэ. Кини ис туругар сөп түбэспэт курдук. Онон тирээпкэ, биэдэрэ ылан, ыллыы-ыллыы дьиэтин сууйан-сотон барда. Хамсаннаҕын ахсын өссө эрчимирэн истэ. Кэппэт буолбут эргэ, кыччаабыт эҥин таҥастарын, ол иһигэр син сэнэх соҕустары, быраҕаттаары туспа пакекка хаалаата. Уруккута буолар, ол сэнэх таҥастарын аһынан быраҕыа суох этэ. Оттон билигин саҥа таҥас ылыныам диэн, сапсыйан кэбистэ. Эргэ хаһыаттары, уопсайынан, мунньуллубут бөҕү-саҕы хомуйан ылан, хаста да кырынан, аллара бөх кутар иһиттэргэ түһэрдэ. Кирилиэс үктэллэрин иккилиини көтөн, аҕылаатар да, сүүрүүнэн сырытта. Ол кэннэ дьиэтин сууйан-сотон кылбатан кэбистэ. Дьиэтэ салгынныын ырааһырбыкка, сырдаабыкка, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолла. Үчүгэйиэн!.. Санаа сааһыланнаҕына, дьыала-куолу табылыннаҕына, тулалыыр эйгэ ырааһырдаҕына – олох олорор да судургутуйар эбит! Таарыйа этин-сиинин эрчимирдэр эрчиллиилэри оҥорон, тиргиллэн ылла. Тиритэн-хорутан, этэ-сиинэ тэнийэн, душка суунан, бэркэ астынан оронун булла. Мантан ыла олоҕун уларытарга күннэтэ туох эрэ хардыылары оҥорорго сананна. Үүнээйи курдук олорор диэн туох аатай! Киһи туохха эрэ дьулуһарын, тугу эрэ ситиһэрин, оҥорорун, иэйиинэн иэтэрин эрэ тухары толору, дьиҥнээх олоҕунан олорор. Онто да суох күн-дьыл барара түргэнэ дьикти. Күттүөннээҕи тугу эрэ оҥорорго былааннаан, элбэҕи ситиһэ сатыахха наада. Куорат кыараҕас, тыастаах-уустаах дьиэтиттэн арахсан, күөх оттоох-мастаах сыһыыга учаастак ылан, киэҥ да киэҥ, сырдык дьиэ туттан дьэндэтэн кэбиспит киһи ньии! Оо, үчүгэй да буолуо! Бэл, саҥа тутуллубут дьиэ, мас сыта кэлэргэ дылы. Ол сылаас, ыраас дьиэҕэ кып-кыракый атахтар сүүрэн битигирэһиэхтэрэ, оҕо чуораанчык күлүүтэ чугдаарыа, ахтыбыт, күүппүт, күндүттэн күндү киһитэ минньигэс мичээрдээх көрсүө… Өндүрэй ырааһырбыт дьиэтигэр дьыбааҥҥа кэтэх тардыстан сытан, эмиэ бу курдук сырдык, былыта суох ыраас, дьоллоох инники олоҕун ыралыы сытта. х
х х Кэтэһиилээх күн үүннэ. Ол эрэн бу күн Кэрэчээнэ туохтан эрэ ньиэрбинэйдии сылдьара көстөр. Субу-субу төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, сигаретатын уматтан, түннүгүн аһан, табахтаан сыыйар. Ол быыһыгар уоһун быыһыгар үөхсэн да ылар. Төлөпүөнүгэр суруйсан, кими эрэ кытта этиһэр быһыылаах. Хаста да саҥа таһааран: «Дурак!» – диэмэхтээтэ. Өндүрэй диэки эмиэ хаҕыстык көрөн ылбахтыыр, кыыһырбыт курдук туттар. Ол онтон хомойон, оҥорботох да буруйун барытын бэйэтигэр ылынан, үүтүн тохпут оҕо курдук сүөм түспүт Өндүрэй суолга уруулу тутан олорорун да умнан, хас да куруубай алҕаһы оҥордо. — Куда смотришь?! Не видишь, что ли, желтый цвет уже горит? Совсем тупой что-ли!.. Учитель называется! Оо, тыллар! Сороҕор сытыы быһахтааҕар да ыарыылаахтык киһини бааһырдаҕыт эбээт! Ким кинини «аар акаары» диэн үөхпүтэ баарай. Ол аата Кэрэчээнэ кинини киһинэн аахпат, тэҥнээбэт буоллаҕа, тэҥниэ да суоҕа… Сүрэх эппэйэн утуйбатах уһун түүннэргэ чочуллубут курустаал таас курдук күлүмүрдэс уонна кэбирэх ыра санаа хампарыйара кэбэҕэс да буолар эбит!.. х х х Бу кэнниттэн биллибэккэ уонча хонук ааста. Биһиги киһибит санаата түһэн, бэйэтэ эрийбэккэ сырытта. Инструктор да эрийбэт. Биир күн эр ылан, эрийэн көрбүтүгэр, «абонент временно недоступен» диэн буолла. Онтон автооскуолаҕа эрийэн, инструкторын ыйыталаста. «Бачча чааска кэлээр», – диэтилэр. Болдьоммут чааска автодромҥа тиийэн турда. Саас иһэрэ биллэн, күн уһаан, туман сүтэн, чаҕылыйан күн да күн буолбут! Будулҕан туманнаах кыһыҥҥы ыйдар кэннилэриттэн, салгын саймаарыйбыта, халлаан көҕөрбүтэ үчүгэй да буоллаҕа! Бу туран билэр массыынатын көрдүү сатаата да, көстүбэт. Син өр турда. Төлөпүөнүн ылан эрийэн көрдө да, арахса сылдьар. Онтон эмиэ автооскуолаҕа эрийэн ыйыталаспытыгар, «маннык нүөмэрдээх массыынаҕа киир», – диэтилэр. Ол массыыната муннун анныгар турар эбит. Биир уол кими эрэ кэтэһэрдии туттан, төлөпүөнүн хаһа олорор. — Драсьте! Мне сюда, да? — Драсьте, драсьте, заходи. Как зовут? — Подождите, у меня другой инструктор был. Надежда… а вот фамилию не помню… — А, она уволилась. Мне вот твою карту передали. — Как уволилась?! А как она… а как же я?.. — Говорю же, уволилась. Не знаю причин. Значит, так надо было. Ыраас халлаан ортотугар этиҥ эппитин курдук буолла. Аны хаһан да Кэрэчээнэни көрбөппүн диэн санаа төбөтүгэр этиҥнии саалынна. Ол киниттэн мөҕүллэрдээҕэр өссө куһаҕан буолар эбит. Хайдах-хайдах баҕайыный? Тугу гыныах баҕайыный?! Түүл-бит курдук хас да хонук ааста. Кустук өҥүнүү чаҕылыйбыт халлаан тута кырааската суураллан, өлбөөрөн хаалла. Өндүрэй хас да күн үүтүн тохпут оҕолуу хаҕа эрэ сукуҥнаан сырытта. х х х Кылааска киирэн кэлбитигэр, оҕолор аат-харата дорооболостулар. Сорохтор турбатылар даҕаны. Суотабайдарыгар, планшеттарыгар умса түһэн, литературатааҕар быдан интэриэһинэйи булан көрө олороллор. Учуутал миэстэтигэр тиийэн баран, саҥата суох оҕолору болҕойон көрө олордо. Аныгы оҕолору
суруйааччылар айымньыларын аахтарар, кэпсэттэрэр уустук. Ааҕалларын олус сүрэҕэлдьииллэр. Ол оннугар «контактарыгар», «ватсаптарыгар» төһө баҕарар суруйсуохтара. Тылы хайдах баҕарбыттарынан кум-хам тутан, хайдах истэллэринэн суруйан дьаабылыыллар. Бэйэлэрэ туспа тыл айбыт саҕа сананан, ол тылларынан астына кэпсэтэллэр. «Щей баи ди, барааллым, уллааллым, сен бистм, ахайахта бербтм…». Уонна хайдах саҥаралларын курдук өйтөн суруйууну суруйан муҥнаналлар. Дьэ, бу аата тугуй? Бу курдук тылбытын дьаабылаатахпытына, аны сүүрбэччэ, отучча сылынан өбүгэлэрбит үйэлэр тухары харыстаан аҕалбыт баайдара – тылбыт ордуо дуо? Бу оҕолор улаатан баран, бэйэлэрин оҕолорун туохха үөрэтиэхтэрэй?!. Саха тыла кэлэр көлүөнэлэргэ ордон тиийиэн баҕарар буоллахпытына, тыл, литература учууталлара аныгы гаджеттары кытта күрэстэһэн, аныгы үйэ сайдыылаах оҕолорун кытта биир тылы хайаан да булуохпутун наада!.. Учуутал киирэн баран, саҥата суох олорорун дьиибэргээн, оҕолор төбөлөрүн өндөтөн, дьэ, сирэйин-хараҕын манаатылар, паартатааҕы дьарыктарын хаалларан, мух-мах барбыт курдук буоллулар. Арай кэнники паартаҕа олорор икки уол үлүһүйэн оонньуу олорор буолан, аахайбатылар. Кыргыттар бопсубуттарыгар да, маа бэйэлээхтэриттэн арахсыахтарын баҕарбатылар. — Оҕолоор, бары суотабайгытын араарыҥ, – Өндүрэй оргууйдук, ол эрэн чиҥник эттэ. Оҕолор учууталлара уларыйбытын ис имнэринэн сэрэйэ охсон, толорорго тиийдилэр. Бүгүн Алампа айар үлэтин туһунан кэпсиэхтээх. Ол эрэн, хайдах эрэ, бэйэтэ да билбэтинэн, поэт күүстээх тапталын хоһуйбутун, кэргэнэ таҥнаран атын киһиэхэ барбытын, ол онтон кини хайдах курдук эрэйдэммитин туһунан иэйэн-куойан туран кэпсээтэ. Дьиҥэ, бу туһунан программаҕа суох, ол эрэн бу кэпсии туран, хайдах эрэ бэйэтин Алампа курдук сананан ылла… Бэйэтин сүрэҕин ыарыытын таарыйан, абаран-сатаран, олус итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ. Оҕолор хаһааҥҥытааҕар да чуумпуран, болҕойон иһиттилэр. Таптал тиэмэтэ кинилэргэ да чугас быһыылаах. Бэл, кэнники паартаҕа олорор бэдиктэр, оонньууларыттан арахсан, учууталларын иһиттилэр. — Андрей Егорович, оччоҕо Дуня Алампаны олох да таптаабатах эбит дуо? – кылаас үчүгэй үөрэнээччитэ Сандаара бүрүүкээбит чуумпуну үргүтэн, бастакынан ыйытта. Туох диэн хоруйдуоҥуй, бу судургу ыйытыыга? Күн бары дьоҥҥо биир тэҥник тыгар. Кыра, улахан, баай, дьадаҥы диэн араарбат. Ол эрэн, үрүҥ күн аннынан тэҥинэн хаамар дьонтон – ким эрэ дьоллоох, ким эрэ дьоло суох. Ким эрэ тапталтан дьоллонор, оттон ким эрэ тапталтан сордонор. Тоҕо оннук буоларый? Бу орто дойдуга хардата суох таптал диэн тоҕо баарый? Суох, Сандаара, Кэрэчээнэ эмиэ кинини таптаабатаҕа ээ. Таптал диэн бу орто дойдуга суох… Таптал диэн талыллыбыттар эрэ талааннара. Таптыыр диэн талба талаан. Өндүрэй хайдах сатыырынан быһаара сатаата. — Андрей Егорович, таптал диэн баар ээ! Хайдах суох буолуой! – эмискэччи омуннаах-төлөннөөх Шура аймаммытынан туран кэллэ. – Литератураҕа да таптал баарын дакаастыыр элбэх холобур баар дии. Холобур, холобур… Дьиҥ олоххо да таптал баар… – Шура кыбыстан кытаран хаалан баран, уҥа эрээккэ олорор уолаттар диэки кылап гына көрөн ылла. Ол диэкиттэн күлэн кыччыгыныыр
саҥалар иһилиннилэр, ону тэҥэ ортоку паартаҕа олорор уолу ойоҕоско биэрэн кибилиннэрдилэр… — Александрова, ситэри ай лав ю диэ… Дабаай, билинэн кэбис, комон беби!. Саҥа улаатан эрэр кыыс барахсан, сүрэҕэр уйаламмыт чараас иэйиитин мэлдьэһиннэрэн, ыксаан ойон турбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалан, хата, күлүүгэ киирдэ быһыылаах. Тыллаах бэйэтэ тылыттан матан, устуулугар лах гына олоро биэрдэ. Кылааска күүгүнэһии, саҥа-иҥэ, күлүү-салыы элбээн барда. — Тохтооҥ эрэ!.. Андрей Егорович оҕолору кэриччи көрдө. Сүүрбэ биэс паара харах кини диэки соһуйбуттуу, ыйытардыы, үөннээхтик, көрөн олороллор. Бу оҕолор дьылҕалара хайдах суруллан турарын ким билиэй? Ол эрэн биллэр – инники олохторугар кинилэри эдэр саас аргыһа таптал күүтэр. Таптал да араастаах. Ким эрэ омуннаахтык күүдэпчилэнэ умайыа, ким эрэ нарын иэйииттэн долгуйа ууллуо, ким эрэ бастакы хаһыҥтан сүрэҕэ мууһуруо… Ол эрэн таптал – олоҕу хамсатар күүс диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хайдах да буоллун, таптал баар буолан, киһи иэйиинэн иэтэн …. Оҕолору олох олорорго, таптыырга үөрэтэбит дуо, биһиги? Учуутал хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллэн, хараҕа уоттанан, кэпсии-ипсии турда. Кини сүрэҕиттэн улуу күүс тахсан, оҕолору барыларын абылаабыт курдук буолла. х х х Өндүрэй уруогуттан санаата көтөҕүллэн таҕыста. Кэбис, олох манан бүппэт. Махтал, эйиэхэ, Кэрэчээнэ, мин олохпор көстөн ааспыккар, кылгас да кэмҥэ буоллар сырдатан, инникигэ, кэрэҕэ угуйан ааспыккар! Улугурбут, тоҥ сүрэххэ сылаас иэйиини уһугуннарбыккын умнуом суоҕа! Эн, бэйэҥ да билбэккинэн, миэхэ күүс эбэн, инники олох олорорбор күүстээх эрэли биэрдиҥ. Олох салҕанар! Мин инники олохпор хайаан да көрсүөҕүм ыраас тапталбын, аналбын! Олохпун оҥосторго бэйэм хамсаныахтаахпын, сыал туруорунан ситиһиэхтээхпин!. Итинник санааттан харыс үрдээн, дууһалыын сырдаан, чэбдик салгынынан толору тыынан, сааскы куорат элбэх киһилээх, массыыналаах уулуссатынан эрэллээхтик хааман истэ. Ыраас халлааҥҥа күлүмүрдүү турар күн, сирдээҕи араас мучумааны мэлдьэспиттии, хаар-муус дойду биир куоратыгар көмүс сардаҥаларын харыһыйбакка, үөһэттэн куппахтыы, мичилийэ турда. Ол аайы кып-кыракый хаар кыырпахтара эппиэттэһэн, кылабачыһан ылаллар. Үрүҥ күн орто дойдуга барыбытыгар биир тэҥник тыгар. Ким дьолу, ким сору таларын, киһи бэйэтэ эрэ билэр. Санаа түһүүтүгэр бэриммэккэ, хара дьайга кыттыспакка, үтүөҕэ талаһан олороруҥ тухары – эн тыыннааххын, толору олоҕунан олороҕун. Тулаҕын тупсаран үтүө дьыаланы үксэтэриҥ тухары – эн дьолго эрэллээхтик хардыылыыгын… Ангелина Васильева-Дайыына, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru.ru
edersaas.ru сайтан