Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Абааһылыын илии тутуспутум
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Абааһылыын илии тутуспутум
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.11.2020 19:30
Дьиктигэ-дьиибэҕэ хаста даҕаны түбэспиттээхпин, олортон биири кэпсиибин. 1979 сыллаахха ыраах Нуотара үрэҕэр сүөһү кыстатан олорор дьоммутугар тыраахтарынан от тиэйэ тахсыбыппыт, онно мин куруусчут этим. Күнтэн күн үлэ-хамнас үгэнигэр ааһан испитэ. Биирдэ үрэххэ суола суох сиргэ тыраахтарбыт тоҥ талахха муос шлангатын хайа анньан, сэлээркэбит сиргэ тохтон хаалла. Икки ДТ-75-нэн сылдьарбыт, мин олорсон иһэр тыраахтарым алдьанна. Кэннибитигэр тэйиччи А. тыраахтара биһигини батыһан иһэн, үүт-үкчү миэнин курдук эмиэ талахха сэлээркэ барар шлангатын алдьатан, сиргэ олорон хаалла. Ити икки арда 200-чэ эрэ миэтирэ курдук этэ. Ахсынньы 2 күнэ — хабырыттан дьэ тымныы. Хайыахпытый, үһүөн Т., мин, А. төттөрү сатыы төҥүннүбүт. Дьоммутугар төннүөхпүтүн быдан тойук дойду. Чугаһынан киһилээх-сүөһүлээх сир суох, үрэх баһа сир. Арай төттөрү өртүбүтүгэр ханна эрэ бахсылар тахсан кыстаан олорор сирдэрэ баарын истэр этибит. Кинилэри булуохха диэри улахан айан суолугар тахсыахха наада. Күнү быһа хааман хочугурааммыт хараҥарыыта биир үүтээни буллубут. Сүрдээҕин үөрдүбүт. Мас мастаан тимир оһохпутун тигинэччи оттон кэбистибит, дьэ ирдибит-хордубут. Сарсын киэһэ дьонноох сиргэ тиийиэхпитин сөп этэ диэн үөрсэбит. Мин хайдах эрэ тыраахтардар иккиэн биирдик алдьаммыттарын муодарҕыы саныыбын да, таспар таһаарбаппын. Утуйарбытыгар ааммытын иһиттэн туора маһынан олуйдубут. «Чэ, ким уһуктубут оһоҕу оттон, эбэн биэриэ», — дэһэн баран сыттыбыт. Уолаттарым иккиэн наара ороҥҥо, оттон мин ааҥҥа төбөлөнөн сыттыбыт. Тоҕо эрэ уум кэлиэхчэ кэлбэт. Тула им-ньим, арай тимир оһоххо хардаҕастар умайан таһыргыыллар. Оһох эркинэ кытаран, үүтээн иһэ сылааһа, үчүгэйэ сүрдээх. Арай… арай нухарыйыахча буолан истэхпинэ, таһырдьа атах тыаһа хоочугураан кэллэ. «Тыый!» — диэх курдук санаа киирдэ, бүтүннүү кулгаах иччитэ буолан сыттым. Киһи хааман кэлэн үүтээн ааныгар тохтоото, тэбэнэрэ иһилиннэ. «Киһи дуу, абааһы дуу? Сылгылар дуу? Хаһыытыахха дуу?» — чыпчылыйыах түгэнигэр араас санаа киирэн ааста. Куттанан киирэн бардым, баттаҕым туран хаалла, тыбыс-тымныынан сиһим иэнэ кэдэҥнээтэ. Эмискэ ааны тарпыттарыгар олоро биэрдим. Били туора олуйбут маспыт уунан ааҥҥа иҥнэри түһэн хаалла. Аан аппайбытынан иһирдэ тымныы салгын киирдэ. Мин дьоммун уһугуннаран хаһыытаан эрэрим. Эмискэ таһырдьаттан киһи илиитэ хаҥас илиим тарбахтарыттан харбаабытыгар иккис илиибинэн тоҥ муус илиини бэгэччэгиттэн тутан нэһиилэ араардым. Дьонум чүмэчи уматан, соһуйан-айманан турдулар. Уоппутугар мас эбэн биэрдим. Бу сиргэ дьэ итинник хонон турдубут. Сарсыарда эрдэ хараҥаҕа тахсан бардыбыт. Борук-сорук халлаан сырдаан, улахан айан суолун буллубут. Ити күн киэһэ бахсылар сүөһү көрөн кыстаан олорор сирдэригэр тиийбиппит. Нөҥүө сылыгар ыаллыы оройуоҥҥа СПТУ-га үөрэнэ быардым. Эмиэ хонуктан хонук ааһан истэ. Арай биир сарсыарда тураат да, дьиэбэр баран кэлиэх санаа түһэн кэллэ. Тоҕус чаас иннинэ дириэктэртэн ыйыппыппар, биир биэс тыла суох көҥүллүү оҕуста. Бэл, чугас дьиэлээхтэри, араас кыһалҕалаахтары көҥүллээн ыыппатынан кытаанах соҕус киһи этэ. Онон «көҥүллээтэ, бардым» диэбиппин ким даҕаны
итэҕэйбэтэҕэ. Сып-сап хомунан, сатыы түһүнэн кэбистим. Айан суола уһун үрэҕи батыһар, аара суол кытыытыгар киһи уҥуохтара баалларын аастым. Киһи уҥуохтарын диэки көрдөхпүнэ киһи хаама сылдьар, эмиэ уһун уҥуохтаах, хатыҥыр киһи. Хараҕым иирэр дии санаатым. Биирдэ өйдөммүтүм, аттыбар массыына кэлэн турар, киһи туруора сатыыр. Муус буола тоҥмут илиилэрбин хаарынан сотор. Кыайан ириэрбэтибит, кабинаны былдьастыбыт. Киһим: «Оройуоҥҥа балыыһаҕа илдьэбин», — диирин буолумматым. Дьиэбэр бара сатыыбын. Илиилэрим үллэн баран тоҥон хайыта барбыттар, үтүлүгүм баппат, биир да тарбах хамсаабат буолбут. Дьэ, бу эмиэ ахсынньы 2 күнэ, түүн этэ. Били үүтээҥҥэ аан быыһынан абааһы илиитин тутуспут тарбахтарбын төрдүөннэрин быстарбытым, атыттарын «блокада» оҥорон быыһаабыттара. Дьэ, итинник абааһыны кытта «дорооболоһон» турардаахпын. Манна даҕатан эттэххэ, уһун уҥуохтаах киһини эрдэ хаста да көрөн турардаахпын. Ол бэйэлэрэ туһунан дьикти-дьиибэ көрсүһүүлэр этилэр. Өссө муодата, кини курдук бэйэм бөһүөлэкпэр олорор тыыннаах киһини билэбин. Дьокуускайтан И.Г. 1994 сыллаах «Эдэр саас» хаһыаттан, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан