Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Дьылҕа дьоно
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Дьылҕа дьоно
K
edersaas.ru
Категорията суох
03.05.2020 19:42
Бу түбэлтэҕэ 30-40-с сыллардаахха Уус Алдан оройуонун Бороҕон нэһилиэгин Тумул бөһүөлэгин олохтооҕо Аржаков Алексей Николаевич бултуу сылдьан түбэспит. Оччолорго тиийбэт-түгэммэт дьылларга куобах мэнээктээн дьон улаханнык абыраммыта үһү. Күһүөрү сайын от-мас хагдарыйан куобах балайда маҥхайан эрэр кэмэ этэ. Өлөксөй куолутунан дьиэ таһынааҕы үлэтин бүтэрэн, туһахтарын көрө тахсыбыт. Үрэҕи батыһа баран истэҕинэ, биир эмис баҕайы маҥан куобах иннигэр киирэн хорос гына түспүтэ. Куобаҕа ытыахча-ыттарбакка иннигэр уонча хаамыыны бара-бара олорон күүтэн кулгааҕа чөрөҥөлүүр, субу ытаары гыннаҕын ахсын, куотан туора ойон иһэр. Кыһыйа-кыһыйа кыҥыыр да, куобаҕа ыттарыахча ыттарбат. Ол курдук оҕонньор уутугар-хаарыгар киирэн көс курдук сири батыспыт. Куобаҕа алаас саҕатыгар арыы ойуур иһигэр киирэн элэс гынан хаалбыт. Ол быыһыгар халлаан хараҥаран борук-сорук буолан барбыт, ол да буоллар Өлөксөй куобаҕын эккирэтэн бара турбут. Арай, ойуур иһигэр ырааһыйа ортотугар кутаа оттуллубутун көрө түспүт. Ол тула улахан баҕайы дьон иттэ олороллор эбит. Төгүрүччү мастарга тиити төргүү мутугунан үрдүктээх тураҕас аттар бааллан тураллар үһү. Оҕонньору көрөөт, уһун ньолбоҕор сирэйдээх кубаҕай киһи кэккэлэһэ олорор эдэр киһиэхэ: «Бар, көр», — диэбит. Ол киһи ойон туран Өлөксөйгө кэлэн, айаҕын атытан тылын көрөн баран ытыһын тоһуйбутугар биэстээх алтан харчы курдук туох эрэ төкүнүс гына түспүтүн хаба охсон ылбыт. «Бу туох да аньыыта-харата суох киһи эбит», — диэбит. Онуоха били улахан киһи бэйэтин таһыгар ыҥыран ылбыт уонна мас-таас курдук этэн барбыт: «Биһиги илдьиппитин баай Барааскапка тириэрт, бар дьонун сордуур, онон киниэхэ ыалдьыттаан ааһыахпыт. Ыар ыалдьыттары күүттүн. Таһыйан, дьонун хараҕын уутун киниэхэ амсаттарыахпыт. Уонна Торуой Ардьакыапка тиийэн сэрэт, кыра-хара (дьонун) норуотун алыс атаҕастыыр, ону булгуччу тохтоттун! Ахсаан атын буолуо! Илдьиппитин тириэрдибэтэххинэ бэйэҕиттэн бэйэҥ сэрэнээр», — инньэ диэтин кытары, аттарын үрдүгэр олоро биэрбиттэр. Арай Өлөксөй көрдөҕүнэ, мастар төбөлөрө холбоһо түспүттэр да, үрэл гынан хаалтар. Били аттаах дьоно ханна да баартара биллибэккэ, биирдэ мэлис гыммыттар. Эмискэ хараҥа ойуур уу чуумпу буола түспүт. Өлөксөй, кыһыны быһа Дьылҕа дьонун илдьиттэрин баайдарыттан толлон, эппэккэ сылдьыбыт. Сааһыгар тиийэн суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар гына улаханнык ыалдьыбыт. Өлөөрү ыксаан, эмээхсинигэр оҕуһун көлүттэрэн, сыарҕаҕа тиэллэн, илдьит этэ дьэ бараахтаабыт. Тиийэн Баай Барааскап били эппиттэрин курдук, улаханнык таарымталанан ыалдьыбыт, эт-этэ онон-манан, киһи таһыйбытын курдук көҕөртөлөөн тахсыбыт. Оҕонньор илдьиттэри этээт, харахтан сыыһы ылбыт курдук, үтүөрэн хаалбыт. Бу курдук орто дойду олоҕор Дьылҕа Дьоно өтөр-өтөр ыалдьыттаан, кыра-хара өттүлэрин көмүскээн, баттыгастаах өттүн суон дьүүллэрин дьүүллээн ааһаллар эбит. Ол Улуу дьон ытык сирдэргэ тохтоон ааһаллар үһү. Итинник сирдэр хас улуус, нэһилиэк аайы бааллар. Ханнык баҕарар киһи, омук бэйэтэ биир үҥэр айыылаах, биир көрдөһөр, көмүскэнэр, сүгүрүйэр бүөм сирдээх. Биһиэхэ, саха дьонугар, оннук сири айылҕабыт бэйэтэ бэлэхтээбит. Өлүөнэ очуос хайалара, Өлүөнэ эбэ
уйгулаах уута, модун халлаан, Ийэ сир силбэспит киинэ! Ама, киһи барыта сүгүрүйэн, киэн туттар, мантан ордук сирэ баар дуо?! Бу очуос хайаларга, бу дойду силбэспит киинигэр киһи тыына кэҥиир, санаа уһуур, күүс түмүллэр. Манна айылҕа сөҥ күүһүгэр, модун кыаҕар, кэрэ дьикти алыбар угуттанан кэҥээн, холкутуйан, сайҕанан, чэпчээн бараҕын. Өйгөр өй, күүскэр күүс эбиллэр, дуоһуйа сынньанаҕын. Ытыктыаҕыҥ, ытыгылыаҕыҥ бэйэбит дойдубут араҥаччылыыр күүһүгэр. Биһиги, норуот быһыытынан, тус бэйэбит айылҕабытын маанылыыр, кинини кытта сибээстэһэр, түмүллэр ытык-мааны сирдээх буолуохтаахпыт. Мин санаабар, Өлүөнэ остуолбалара сахатын дьонун санаатын үллэстэр, үҥэр-сүктэр Ытык сиригэр саамай сөптөөх табыгастаах сир. Н.Иванова, 1994 сыллаах «Эдэр саас» хаһыаттан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан