Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Тиис суола (дьиҥнээх олохтон)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Тиис суола (дьиҥнээх олохтон)
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.01.2020 20:00
Күһүҥҥү борук-сорук этэ. Дьиэ иһэ улам хараҥаран барбыта. Соруйан уоту аспакка, остуол тула чээйдии олорбуппут. Тыаттан куоракка кууруска үөрэнэ кэлбит отуччалаах дьахтар баара. — 1990 сыллаахха этэ, — диэт, кини номоҕон хараҕа өссө ордук номоорбукка дылы буолбута. Үөһэ тыынан ылбыта уонна кэпсээнин саҕалаабыта. – Кэргэмминиин холбоһоот да, сотору билигин олорор бөһүөлэкпэр (улуус киинигэр) иччитэх турар эргэ дьиэҕэ көспүппүт. Үгүс ыал курдук киэһэ сытарбытыгар ааммытын хатанар этибит. Ол үрдүнэн хоско сытан иһиттэхпитинэ, куукунабытыгар ким эрэ илэ хаамарга, иһити-хомуоһу хомуйарга дылы тыаһыыра. Сибиэннээх эбит диэн сэрэйбитим. Аны харахпар көстөн, хоспор киирэн кэлиэ диэн олус салларым. Сотору эһээхэйдэммиппит. Киниэхэ аралдьыйан тыаска оччо кыһаммат буолан барбытым. Оттон… биирдэ… түүн үөһэ туох эрэ имнэммитин курдук уһуктан кэлбитим. Арай көрө биэрбитим, доҕоор, оҕом аттыгар кумааҕы курдук маҥан сирэйдээх, кып-кыһыл харахтаах дьахтар миигин көрө сытар. Хайдах турбуппун билбэппин. Биирдэ өйдөөбүтүм: “Ба-ар! Киэр буол! Бу мин оҕом!” – диэн сарылаабытынан хайдах да буолуохпун билбэккэ били дьахтар баттаҕар түһүөх курдук сарайбытынан ыстанан эрдэхпинэ, кэргэним миигин кууһан ылла: — Хайдах буоллуҥ? Хайдах? – бэйэтигэр ыга тарта. — Абааһы! Абааһы! Бу сытар! – орон диэки төлө көтө сатыыбын. Ол быыһыгар дьахтары үүрэн хаһыытыыбын. — Киэр бу-ол! Киэр! — Тугу этэҕин? Суох ээ, туох да суох. — Бу! Көрбөккүн дуо? Дьахтар сытар дии! Абааһы! Кып-кыһыл харахтаах! Кумааҕы маҥан! Наһаа ынырык. Мин ол курдук өр баҕайы сарылаабытым. Кэргэним “суох ээ, суох” дии-дии сылдьыбыта. Баҕар, уоскуйдун диэн, көрбөтөх буолбута да буолуо. Ол былаһын тухары били дьахтар кып-кыһылынан көрөн баран сытта ээ. Онтон эмискэ сүтэн хаалбыта… Мин онтон олус уолуйбутум, дууһам уйуһуйбута. Кэргэммин ханна да ыытыахпын баҕарбат буолбутум. Дьиэҕэ кинитэ суох хаалыахпын, оҕобун хоско соҕотох сытыарыахпын олус куттанар буолбутум, санаабар туох эрэ кэлиэх курдуга. Билиҥҥэ диэри ол түүнү умна сатыыбын, түлэкэдийдим, түһээтим ини диэн аралдьытынан көрөбүн да туһа суох, кумааҕы маҥан сирэйдээх дьахтар кып-кыһылынан көрө сытара харахпар мэлдьи бу баар. Ол түүн кэнниттэн кэргэним балтараа ыйынан оһоллонон өлөн хаалбыта. Мин дөйүөрэн хаалбытым. Дьон саҥатын, тыаһы-ууһу хуу-хаа курдук истэрим. Дойдубуттан аймахтарым кэлэн аралдьыта сатаабыттара да, син биир этим. Кинилэр барбыттарын кэннэ да, түҥ-таҥ сылдьыбытым. Арай биирдэ… хоспор олордохпуна, кэннибэр атах тыаһа хааман көхсүбэр кэлбитэ. Кэтэхпэр киһи тыына биллибитэ, эргиллэн көрүөхпүн, этим тарпыта. Куттанан иһиллээн, хамсаабакка олорбутум. — Хайа, билбэтиҥ дуу? – кэргэним саҥата иһилиннэ уонна санныбар илиилэр тайаннылар. Соһуйан ах баран хааллым. — Оҕобун көрө кэллим ээ. Кырдьыктаммаккын дуу? Оччоҕо бэлиэ хаалларыам, — диэтэ. “Хайаары гыннаҕай?” – санаа элэс гынан ааста. Ол икки ардыгар хаҥас илиим былчыҥын ытырда. Мин көрүмээри куттанан уҥа диэки хайыстым. Наһаа ыарыйда,
нэһиилэ тулуйдум. Хаһыытыы сыстым. Атах тыаһа миигиттэн тэйэн антах барда. Куукунаҕа тиийдэ. — Хайа, наһаа үчүгэй ас баар эбит дии, — эмиэ кэргэним саҥата иһилиннэ. Мин баахыла астаан остуолга хаалларбыт этим. Ону ыстыыр курдук хачырҕатта. Ол кэмҥэ мин дьэ эргиллэн, хос аанын быыһынан көрдүм. Кэргэним ойоҕоһунан турар. Көмүллүбүт көстүүмүнэн сылдьар. Устар курдук хааман таһырдьа тахсар аан диэки баран иһэн, сүтэн хаалла. Түүл дуу? Илэ дуу? – диэн бэйэбин кымаахтанан көрбүтүм. Ээ, арба, ытырда этэ дии. Өйдөөн, былчыҥмын арыйан көрбүтүм. Тиис суола баар. Кэргэним илин биир тииһэ суох этэ. Оруобуна онон тиис суола суох… Бөһүөлэккэ экстрасенс дьахтар кэлбит. Дьиэ сибиэнин үүрэр үһү диэн сураҕы истибитим. Ол дьахтары булан дьиэбэр аҕалбытым. — Маннык дьиэҕэ хайдах олороҕун? Наһаа элбэх абааһылаах. Биир улахан үөр киһи уҥуоҕун диэкиттэн иһэр. Итини истэн этим “дьар” гыммыта. Өйдөнөн ыйыппытым: — Хайдах үөрүй? Ону, таҥаһын-сабын, сирэйин-хараҕын, туттардыын-хаптардыын мин кэргэммин ойуулаабыта. Кини атын сиртэн кэлэ сылдьар. Мин кэргэммин билбэт дьахтар этэ. Түргэнник көһөрбөр сүбэлээбитэ. Мин тута, бу дьиэттэн куттанабын, сатаан олорбоппун, уопсайга хосто биэриҥ диэн көрдөһөн-ааттаһан нэһиилэ тылбын ылыннарбытым, көһөр хоспун экстрасенска көрдөрбүтүм. – Бу дьиэ иччитэ аһыныгас дьахтар эбит. Уотуҥ иччитин аһатар буол, оччоҕо араҥаччылыа, — диэбитэ. Билиҥҥитэ куттуу илик. Быдан холкутуйдум. Эргэ дьиэбэр кэлин олох утуйбат буолбутум. Нуктаатарбын эрэ, баттат да, баттат буоларым. Дьүөгэлэрим эмиэ: “Ол дьиэҕэр кыайан утуйбат, олус куттанар, баттатар этибит. Бу дьиэҕэр үчүгэйдик утуйабыт”, — дииллэр. Хомнуо-хойут биир киһи эттэ: — Сөпкө көспүккүн. Ити дьиэҕэ олорбут ыал бастаан аҕалара, онтон утуу-субуу өлөн-эстэн иһэн куотааччылар. Наһаа абааһылаах дииллэр этэ… Күһүҥҥү киэһэ өссө хараҥарбыта. Ити кэпсээни истэ олорон, остуол тула олорооччулар көхсүбүтүгэр ким эрэ турара буолаарай диэбиттии кэдэҥнэспиттэрэ, сэрэммиттии кэннилэрин эргиллэн көрбөхтөөбүттэрэ. Уол тоҕо үөр буолла? Көмүү, тоҕус хонук, түөрт уон хонук сиэрдэригэр-туомнарыгар туох эрэ сыыһа оҥоһуллубута буолаарай? Эбэтэр бу дьиэттэн барыҥ, сүгүн олордуо суоҕа диэн куттаата дуо? Атах тыаһа, иһит-хомуос тыаһа, кып-кыһыл харахтаах кумааҕы маҥан дьахтар, тиис суола… Барыта абааһы дуо? Уйбаан Удун. 1993 сыллааҕы “Эдэр саас” хаһыаттан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан