Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: түүҥҥү ыалдьыттар

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: түүҥҥү ыалдьыттар

K
edersaas.ru Категорията суох
12.12.2019 19:00
90-с сыллар саҕаланыыларыгар илин эҥэр баар улуус түгэх нэһилиэгэр үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит кыргыттар учууталынан ананан тиийбиттэр. Эдэр дьону саҥа тутуллубут учууталлар уопсайдара күүтэр, мууска-маска эрэйдэниэххит суоҕа диэн мончууктаан ыҥырбыттар. Кыргыттар олох киэҥ аартыгар саҥа үктэммит буолан, олохпутун оҥостуохпут, үлэ үөһүгэр сылдьыахпыт диэн санаалаахтара. Суола суох, ыраах да ыраах дэриэбинэҕэ бэрт эрэйинэн, күн аҥаара айаннаан тиийбиттэр. Кыргыттары оскуола дириэктэрэ көрсөн чэйдэтэн, олохтуур дьиэтин көрдөрө барбыт. Били кыргыттары эрэ күүтэн турбут саҥа тутуллубут учууталларбыт дьиэлэрэ, этэргэ дылы, сыта да суох эбит. Ол оннугар дэриэбинэ бэрт кытыытыгар, маһа дэлби хараарбыт, ону ааһан сиик сыттаах кып-кыараҕас дьиэҕэ төрдүөннэрин олохтообуттар. Кыргыттар дириэктэрдэриттэн саҥа дьиэни ыйыппыттарыгар, бэрт холкутук “эһиил тутуллуоҕа, былааҥҥа баар” диэн кэбиспит. Эдэр дьон ону санаа оҥостубатахтар. Кылгас кэмҥэ олорор дьиэлэрин сууйан-сотон, быыллаан, малынан толорон, саҥалыы тыыннаабыттар. Дьиэ иһигэр баар эргэ ыскаап малын-салын кууллаан, дьааһыктаан бөххө бырахпыттар. Өр иччитэх турбут дьиэ сандааран, дьиэ да дьиэ буола түспүт. Саҥа дьиэлэммит дьон быһыытынан, кыргыттар хас да хонон баран малааһын оҕотун тэрийбиттэр. Былырыын кинилэр иннилэринэ үлэлии кэлбит икки уолу ыҥыран бырааһынньыктаабыттар. Түүн остуолларын, астарын-үөллэрин хомуйан, утуйардыы оҥосто сырыттахтарына ааны тоҥсуйбуттар. “Уолаттар туохтарын эрэ умнубут буоллахтара дуу” диэн санаан, ыйыппакка эрэ арыйбыттар. Арай, күүлэҕэ оҕонньордоох эмээхсин тураллар эбит. Ыалдьыттар биир-биэс тыла суох дьиэҕэ киирэн, остуолга ааспыттар. “Ыаллыы олорор дьоммут түүн айдаарбыппытын сөбүлээбэтэх буоллахтара дуу” диэн кыргыттар буруйдаах курдук туттан остуол аттыгар турбуттар. Эмээхсин остуолга олоппос аҕалынан олорбут, оттон оҕонньор эргэ ыскаап малын-салын одуулуурга дылы буолбут уонна: “Манна турбут хаартыскалаах альбому ханна гынныгыт? Ону көрдөөн кэллибит”, — диэбит. Кыргыттар дьиэни хомуйалларыгар ыскаап малын көрө да барбатахтарын, барытын хам-түм тутан бөххө бырахпыттарын кэпсээбиттэр. Дьэ, онно түүҥҥү ыалдьыттар кыыһыран, айдааран турбуттар уонна тахсан барбыттар. Ол түүнтэн ыла кыргыттар төрдүөн баттатан сатаан утуйбат буолбуттар. Түүн буолла да дьиэҕэ дьон хаамарын, отур-ботур кэпсэтэрин, иһит-хомуос тыаһыырын истэр буолбуттар. Кыргыттар күнтэн күн доруобуйалара айгыраан, төрдүөн ыарытыйар буолбуттар. Өр баҕайы ыалдьан үлэлээбэтэхтэрин иһин, оскуола дириэктэрэ билсэ диэн кыргыттар дьиэлэригэр тиийбит. Онуоха кыргыттар дьиэлэригэр туох эрэ баарын, биир түүн ыҥырыллыбатах ыалдьыттар кэлэн барбыттарын кэпсээбиттэр. Дириэктэр кыргыттар балаһыанньаларын уонна куттаммыттарын көрөн, ол киэһэ бэйэтин кыра дьиэтигэр көһөртөөбүт. Кыргыттар ол дэриэбинэ уолаттарыгар утуу-субуу кэргэн тахсан, олохсуйа хаалбыттар. Кэлин олохтоохтор кэпсииллэринэн, эдэр учууталлары бастаан оҕонньордоох эмээхсин олорбут дьиэлэригэр олохтообуттар эбит. Кырдьаҕастар дьиэлэрин наһаа таптыыллар эбит, онон өлөн да баран, ыалдьыттаан аастахтара, ол эрээри, хаартыскалаах альбом быраҕыллыбытыттан хомойон, кыргыттары дьээбэлээбит буолуохтарын сөп диэн быһаарбыттар. edersaas.ru саайтка анаан Аанчык.
edersaas.ru сайтан