Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тугун соһуччутай?!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тугун соһуччутай?!
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.06.2019 11:09
Таня лоскуй кумааҕыланан, харандаастанан бэрт дьоһуннаахтык туттан-хаптан, хаһыат лииһин арыйа-арыйа тугу эрэ бэлиэтэннэ. Онтон хап-сабар төлөпүөнүн хаба тардаат, бокуойа суох эрийтэлээн барда. “Алла, извините, я по о-объявлению, да-да, на счет работы...”, — диэн истэҕинэ, “уже брали”, “больше не нуждаемся” диэн тимир-тамыр эппиэттээн, өссө да тугу эрэ ыйытан абыраныах киһини туруупканы ууран ханыннаран истилэр. — Үрдүк үөрэхтэнэн да диэн. Саатар, биир куһаҕан үлэ көстүбэт... Хайыах баҕайыбыный? – диэн санаа-оноо бөҕөҕө түстэ. — Бастаан утаа үчүгэй үлэ көстүөр диэри дьиэ сууйар да үлэтэ булун ээ, хамнаһа кыра буолуо да, хайыаххыный... – диэн олордор эмээхсинэ туох да сатамматаҕын көрөн сүбэлээбитэ буолла. — Дьиэ сууйар даа?! Оскуоланы “биэс да биэс” бүтэрэн, биэс сылы быһа үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, омуктуу биэс тарбах курдук саҥарар эрээри дуо... Эчи, кыһыыккатын. Саатар, туох эмэ кыра үлэ көстүбэт, — диэн Таня умса туттан олорон хараҕын уутун сотунна. Ол икки ардыгар таһынааҕы ыаллара дьахтар киирдэ. Ыаллар уку-суку олороллорун көрөн: — Тыый, туох буоллугут? Ыарыйдыгыт дуу? – диэн олоруох баҕайым дуу, суох дуу диэбиттии аараан турда. Эмээхсин настарыанньата суоҕун көрөн: — Хайа, Таня үлэ буллуҥ дуо? – дьахтар туоһуласта. Кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ үксэ бу тиэмэҕэ буолааччы. Онон кини үлэтэ суоҕун эмээхсиҥҥэ сылдьар дьон бары билэллэр. Бүтүн үрдүк үөрэхтээх киһи үлэ кыайан булбатыттан кэнникинэн бэркиһээн да бардылар. Бу көстүө, ити көстүө диэн бу эмээхсиҥҥэ иитиллэн олорбута төрдүс ыйыгар барда. Саатар, аймаҕа да буолбатах, олох туора киһи. Эрэйдээҕи сыччах аһынара бэрдиттэн эмээхсин илдьэ олорор. Хайа уонна кыаммат буолан эдэр киһини сорук-боллур оҥостоору, аһын астатаары, дьиэтин хомуйтараары, быһата көмөлөһүннэрээри. — Таня, бииргэ үлэлиир дьахтарым кыыһа биир баай ыалга дьиэ үлэһитинэн сылдьан баран бу соторутааҕыта уурайбыт. Онон ол ыаллар үлэһитэ суох хаалбыттар. Сураҕа, үчүгэйдик төлүүллэр үһү. Хата, ону ыйыталаһабын дуо? – диэт, кыыс сирэйин-хараҕын манаата. — Билигин сирэр-талар кэм буолбатах. Үчүгэйдик төлүүр буоллахтарына, ыйыталас. Атын киһини ылан кэбиһиэхтэрэ, ол бииргэ үлэлиир дьахтаргар сибилигин субуоннаа, — диэн эмээхсин туох эрэ көстөөрү гыммытыттан үөрэ быһыытыйда. Ыаллара дьахтар хап-сабар төлөпүөннэһэн нууччалар дуу, сахалар дуу, кимнээҕин-туохтарын, төһөнү төлүүллэрин, тугу үлэлиэхтээҕин, төлөпүөннэрин эҥин бүтүннүү ыйыталаһа оҕуста. Кыыс соччо сэҥээрбэтэхтии биир сири көрөн олордо. — Мэ, Таанньа, бу баар төлөпүөннэрин нүөмэрэ. Субуоннаа. Атын киһини ылан кэбиһиэхтэрэ, чэ, кытаат, — диэн дьахтар үчүгэйи гыммыт киһи киэбинэн саҥата өссө хойдон өрө хабыалана олордо. — Чэ-чэ, ол ыаллар ииктэрин-саахтарын ыраастыы сылдьаргын ким көрүөҕэй. Кимиэхэ да кэпсээмэ да бүттэҕэ ол дии. Кылаабынайа, харчылана түһүөҥ буоллаҕа дии. — Оннук-оннук... Миэхэ олороруҥ иһин төлүөҥ дии. Харчыҥ суоҕун иһин баччааҥҥа диэри тугу да көрдөөбөккө олортум. Бу ырыынак үйэтигэр киһини босхо
олордубаттар. Буолаары буолан куоракка... – диэт, эмээхсин табаҕын уматынна. — Үлэлээтэрбин эрэ хайаатар да төлүөм, — өссө тугу эрэ саҥарыа диэбиттии, түргэн үлүгэрдик хоһугар барда. Бачча сааһыгар диэри дьон иитимньитигэр сылдьарыттан кыбыстан ытыах санаата кэллэ. Түүппэҕирэн түһэн, тугун куһаҕанай! Үчүгэй үлэ булуом, баҕар, сатаннаҕына, дьолбун көрсүөм диэн куоракка таласпыта. Ханна баарый, дьол көстүөхтээҕэр, саатар, биир куһаҕан үлэ көстүбэт. Санаатыгар, куоракка бары-барыта ыһылла сытар курдуга: үөрэхтээх эрэ буолларгын, ханнык баҕарар үлэҕэ киириэххэ, хачыгырас харчылаах эрэ буолларгын, талбыт дьиэҕэр олоруохха сөп диэн толкуйдуура. Олох кини саныырыныы биэстээх кэппиэйкэ курдук судургу буолбатаҕын, кимэ да, туга да суох буоллаххына, өссө ордук ыараханын куоракка кэлээт билбитэ. Ол аһыытын билиҥҥэ диэри соччо итэҕэйиэн баҕарбат. * * * Ол мин ыалга дьиэ сууйа сылдьарбын, кырдьык даҕаны, ким көрөн турбут үһү дии санаат, сарсыарда эрдэ туран, били баай ыалын аадырыһын ылан барда. “Саатар, биир да оптуобус сылдьыбат сиригэр, олох куорат таһыгар турар эбит буолбат дуо” диэн кыйытта санаата. Мастар быыстарынан мунан-тэнэн тиийбитэ, үс этээстээх таас коттедж буолан биэрдэ. Олбуор аанын аһан судургутук киириэм диэн, ааны анньыалаан көрбүтэ, туох да иһин аһыллан биэрбэтэ. Ол мучумааннана турдаҕына, тимир ааҥҥа сыстан турар быыкаа араадьыйа курдуктан киһи саҥата иһилиннэ: — Туох наадалааххытый? — Ээ, онтон ити, үлэ..., дьиэ хомуйааччы үлэтэ баар үһү диэн кэллим ээ, — диэн соһуйан өрө ходьох гына түстэ. Саҥа: “Киириҥ”, диэтин кытары били тимир аана дьэ аһылынна. Олбуор иһигэр киирбитэ, аны сүрдээх улахан ыт үрэн баргыйда. “Хайыы, бу туох айылаах сиригэр кэллим...” диэн кутталыттан биир сиргэ тэпсэҥнии турдаҕына, харабыллара быһыылаах, биир пуормалаах киһи тахсан: — Манна кэл, — киһи кэллэ диэн дорообото-дыраастыйа суох бирикээстиир былаастаах эттэ. Хайыаххыный, баайдар дьиэ үлэһитин киһинэн да аахпат буоллахтара. Дьиэҕэ киирбитэ, омук сериалларыгар эрэ көстөр дьиэ курдук. Киирээти кытары – улахан да улахан холл, ортотугар тирии дьыбааннар, ол икки ардыларыгар сыаналаах сурунаал остуола турар. Түннүгэ, эчи улааппытын, сырдыгын. Онно-манна үрүҥ көмүс атахтаах бэспиэһинньиккэ чүмэчи бөҕө. “Былыргы дворяннар дьиэлэригэр дылы буолан” диэн сүөргүлүү санаата. Киһитэ аны хоско ыҥыран киллэрдэ. Улахан остуол нөҥүө арааһа, дьиэлээх хаһаайын быһыылаах, сүүнэ киһи туох эрэ кумааҕытын суруйа олорор. Харабыл кэлбит киһини киллэрдим диэн сибис гыммытыгар, дьэ биирдэ төбөтүн өндөттө. — Кимҥиний, хантан сылдьаҕын, бу иннинэ ханна үлэлии сылдьыбыккыный? – диэн сөҥ куолаһынан доппуруостаан эрэр курдук ыйыталаһан барда. — Тихонова Татьяна диэммин. Үрдүк үөрэхтээх учууталбын. Бу иннинэ дойдубар оскуолаҕа английскай тылы үөрэтэ сылдьыбытым. Сирбин уларытаары куоракка кэлбитим да үлэ кыайан булумаары гынным, — диэн. Кирик-хорук тутта-тутта хап-сабар эппиэттии оҕуста. — Ол дойдубар диэн ханна? — Муомаҕа... — Резюмеҕын аҕаллыҥ дуо?
— Аҕалан, бу баар, — диэт кумааҕытын ылан биэрдэ. — Дьахтар буолан баран дьиэни, таҥаһы сатаан сууйар, аһылыгы астыыр инигин. Быһата, дьиэ ис-тас үлэтин барытын үлэлиигин, аһылыгы астыыгын, оҕолору көрөҕүн. Ол тэлгэһэҕэ турар дьиэҕэ олоруоҥ. Хамнаһыҥ күҥҥэ сүүс дуоллар. Биир күн өрөбүллээххин. — Манна үрдүгэр олорор буоллахпына үчүгэй, айанныырга табыгаһа да суох курдук. — Оннук, сарсыарда биэстэн-алтаттан үлэлээн бараҕын. Сөбүлэһэр буоллаххына, бүгүҥҥүттэн да үлэлээн барыаххын сөп. Мин Николай Александрович диэммин. Кэргэним Наталья Дмитриевна диэн. Холга тахсан олорон эр, хаһаайкаҥ сотору түһүө. * * * — Чыычаах, турууй, служанкаҥ кэллэ. Уруккута учуутал үһү. Соторутааҕыта тыаттан кэлбит. Түһэн тугу үлэлиэхтээҕин, ханна олоруохтааҕын барытын көрдөр, — били сүүнэ киһибит куолаһа иһиллэр. — Туох айылаах эрдэ кэлэр баҕайыный?! Дэриэбинэттэн кэлбит диэтиҥ дуу, сор да буолар эбит. Тыаттан эҥин араас акаары кэлэр. Эмиэ унитаһынан да, бааннанан да сатаан туттубакка ньиэрбэбин сиирэ буолуо. Бу сырыыга үнүргү курдук илээт буоллаҕына, оройун хаһа түһэн бэриллиэ. Тыа дьахтара аймахтарым эҥин дии-дии сүүрэкэлиэҕэ, —диэн кэлбит киһини “миэстэтин булларардыы” сорунан билсиһэ түстэ. Таня дьиэ хаһаайката солко пеньюарын иилинэн, мин аҕай диэбиттии өрө хантайан, хараҕын кырыытынан көрөн, кирилиэһинэн түһэн иһэрин көрөөт, тута соччото суох дьахтар быһыылаах дии санаата. Чугаһаабытыгар сыаналаах духуутун сыта саба биэрдэ. Сыаналыырдыы, сиргэммиттии атаҕыттан төбөтүгэр диэри өрө көрөн хантаарытан таһаарда. Уонна ханна эрэ көрбүт сирэйим диэбиттии, чочумча соҕус одуулаан турда. Таня дьахтар көрөрө-истэрэ, туттара-хаптара сүрүттэн симиттэн, хайыан да булбакка, мөҕүллүбүт оҕо курдук умса тутунна. — Учууталбын диэтиҥ дуу? Ол аата үөрэхтээх буоллаҕыҥ дии, дьэ, ол үчүгэй. Манна эҥин араастар кэлээччилэр. Хантан сылдьабын диэтиҥ? — Муоматтан... — ¤ы, ол иһин даҕаны..., ким диэҥҥиний? – ханна көрдүм этэй диэбиттии толкуй бөҕөҕө түстэ. – Мин эйигин ханна эрэ көрбүт курдукпун ээ. — Тихонова Татьяна диэммин. Уруккубунан Степанова диэммин. — Били, биһиги Степанова Танябыт дуо? Таня эн дуо? – диэн дьахтар халыҥ халтаһата саба түспүт хараҕа дьэ аһыллан, быччаччы көрдө. Куоластыын уларыйа түстэ. Таня соһуйан, дьахтар диэки көрбүтэ, били оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Силэпсиэбэ Натааһа эбит. Хараҕар оскуолатааҕы урукку кэмнэрэ хартыына буолан элэҥнээн көстөргө дылы гынна. Ол иһин да... Хаһан эрэ Силэпсиэбэ баай киһиэхэ эргэ тахсыбыт үһү диэн истибиттээҕэ. — Уой, Наташка, эн эбиккин дуу?” – диэн үөрэ-көтө дорооболоһон иһэн, анараата үөннээх хараҕын көрөн ах барда. — Тыый, эн саҕа үөрэхтээх, актыбыыс суохха дылыта дии. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэн эҥин баран, тоҕо прислугалыы сылдьаҕын? Эйигин ханна эрэ үөһэ хотун дуу, учуонай дуу буолбута буолуо диибин ээ. Олох сүтэн хаалбытыҥ дии. Ханна сырыттыҥ? — Үөрэхпин бүтэрэн баран, кэргэн тахсан кини дэриэбинэтигэр олохсуйбуппут. Онно омук тылын
учууталынан үлэлээбитим, кыайан оҕоломмотохпут, киһим иһэр-аһыыр буолан барбыта. Ол иһин арахсан манна кэлэн сөптөөх үлэ көрдүү сатаан баран тугу да булбатым. Бэҕэһээ ыалбыт дьахтар кыыһым үлэлии сылдьан баран уурайбыта диэн кэпсээбитэ. Ол иһин онуоха-маныаха диэри үлэлиир инибин диэн, бу үлэни көрдөөн кэллим... — Ол иһин да, көрөөт даҕаны ханна эрэ көрбүт дьахтарым быһыылаах диэн толкуйдаабытым. Эн эбиккин дии. Хайдах маннык буолуохха диэри түстүҥ? Дэлби уларыйан хаалбыккын... Конечно, өйдүүбүн ээ, олоҕуҥ ыарахан буолан буолуо... Ол эрээри акаарылар эрэ эн төбөҕүн туһаныа суохтарын сөп. Кылааһыҥ оҕолоруттан кими эмэ көрсөҕүн дуо? Олох кыайан итэҕэйбэппин, — дии-дии, бииргэ үөрэммит дьонугар кэпсии охсоору быһыылаах, төлөпүөн диэки көрүтэлээтэ. — Наташа, баһаалыста туһугар, мин манна үлэ ыйыталаһан кэлэ сылдьыбыппын кимиэхэ да кэпсээмээр, наһаа кыбыстабын, — диэт, тахсан сүүрэ турда. — Таня, Танечка! Тохтоо эрэ. Тохтоо.... – диэн Натааһа кэнниттэн үөгүлүү хаалла. * * * “Булан-булан кэлбит сирим да баар. Мин тэтэрээппиттэн устан оскуолатын бүтэрбит баллаас Силэпсиэбэ маннык байан-тайан олороро буолуо диэн түһээн билиэм баара дуо?! Дьэ, билигин кылааспыт оҕолоругар барыларыгар төлөпүөннээн эрдэҕэ дии. Бу сааты-сууту... иһигэр төһө эрэ үөрдэ”, — диэн абарбыт омунугар бэйэтэ-бэйэтин кытары саҥара-саҥара оптуобус тохтобулун диэки сүүрүү-хаамыы былаастаах дьулуруйа турда. Хас да күн ааспытын кэннэ, Таня били көрсүһүүнү умнуохча буолан эрдэҕинэ, эмискэ төлөпүөнэ тыаһаата. Ылбыта, били бииргэ үөрэммит кыыһа Натааһа Силэпсиэбэ буолан биэрдэ. — Таня, Танечка, хата, төлөпүөҥҥүн буллум дии. Тоҕо үнүр абааһыттан куотар курдук сүүрэн хааллыҥ?! Мин эйиэхэ, бииргэ үөрэмит кыыспар, көмөлөһөөрү гынабын ээ. Английскайдыы көҥүллүк саҥараҕын дуо? — Саҥаран, кэпсэтэбин... — Оччоҕо биһиги хампаанньабытыгар тас дойдулары кытары сибээстэһэр, английскайдыы көҥүллүк кэпсэтэр киһи наада. Онон эн бүгүн хайаан да кэл. Хамнаһыҥ дуолларынан буолуоҕа. Сотору-сотору тас дойдуга барыаҥ-кэлиэҥ. Сөп дуо, онон бүгүн эбиэт кэннэ биһиэхэ кэлээр, — диэн баран этэр да бокуой биэрбэккэ туруупкатын ууран кэбистэ. Дьэ буоллаҕа. Тугун соһуччутай?! Итиччэ сэнэбилгэ түбэһэ сылдьан баран хайыах баҕайыбыный? Хайдах буолабын? СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан