Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Түүлүгэр өтө көрөр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Түүлүгэр өтө көрөр
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.09.2019 20:00
Бүлүү бөлөх улууһун биир биллэр-көстөр дэриэбинэтиттэн төрүттээх өтө көрөр киһи баарын туһунан истибитим. Кини учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт буолан, учуутал идэтин толору баһылаан, билигин оскуоланы салайсар биир тутаах үлэһит буолан олорор. Оҕо эрдэҕиттэн уот харахха түһүүрүн истэбин уонна билэбин. Биирдэ бу киһи аҕатын кытта ойуурга, куобахха диэн ааттаан, кэрийэ барар сарсыардаларыгар, улары түүлүгэр көрбүтүн кэпсээбит. Кырдьык, ол күн улары көрбүттэр. Аны саас туһахтары көрө бараары олорон, уола аҕатыгар “түүлбэр куобах көрдүм, суолбутун туора сүүрэн ааста” диэн кэпсээннээх буолбут. Кырдьык, ол күн суолларын куобах быһа сүүрэн ааһан соһуйбуттар. Уол, чахчы, туох эрэ айдарыылааҕын, илэ түүлү көрөрүн дьоно, дьэ, итэҕэйбиттэр. Биирдэ уол: «Соҕуруу дойду куораттара түүлбэр көстөллөр”, — диэн соһуппут. Ол оннук ааспыт эрээри, аҕыйах хонон баран, «оскуолаттан соҕуруу барарга биирдии оҕону ыытаҕыт” диэн сонун кэлбит. Уоллара онно түбэһэн, үйэтигэр хатыламмат дьикти-кэрэ сирдэринэн күүлэйдээн кэлбиттээх. Сыл-хонук ааһан, уол улааппыт, ону кытта киһи куһаҕан буоларын түһүүр буолбут. “Ити киһи өлбүтүн түүлбэр көрдүм, ити киһи бэйэтин дьаһаммыт, ити киһи хайдах эрэ буолбут”, — диэн этэрэ элбээн испит уонна ол эппитэ туолан иһэрэ дьону куттуур, аймыыр буолбут. “Тугу түүлгэр көрдүҥ?» – диир дьон элбээн барбыт. Биирдэ бииргэ үөрэммит доҕорун эдьиийин кыыһа куһаҕаннык өлбүтүн уот харахха этэн, аҕатыттан мөҕүллүбүттээх. Ол, хомойуох иһин, эмиэ туолбута. Айдарыылаах уол хараҕын саппакка эрэ утуйар кэмнэригэр, илэ туолар түүллэри түһүүр. Билигин ол киһи хомуһуннаах тыллаах хомусчут, хоһоонньут, дьикти ураты сахалыы куоластаах бэрдэ буолан үлэлии-хамныы сылдьар. Сааһынан эдэр. Ханнык эмэ уһуйааччыга сылдьан, дьикти идэтин сөптөөхтүк таба туһанара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Айылҕаҕа дьикти талааннаах араас дьон баарын билэбит, ааҕабыт-көрөбүт, кини кэмэ кэлэ илик дуу диэн сыаналыыбын, эппиккэ дылы, бириэмэ көрдөрүөҕэ. Киргиэлэй.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан