Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Үс түбэлтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Үс түбэлтэ

K
edersaas.ru Категорията суох
05.09.2019 19:00
Бу түбэлтэ өрдөөҕүтэ буолбута. Мин түөрт-биэс саастаахпар. Аҕам сэриигэ барбытын кэннэ, Чапаевка Арыылааҕар олорбуппут. Биир киэһэ, күһүн быһыылааҕа, ыйдаҥата бэрт буолан, дьиэ иһэ сырдык баҕайы этэ. Утуйбакка, ийэм оронун атаҕар олорон, түннүккэ оонньуу олорбутум. Дьонум утуйан эрэргэ дылы этилэр. Эмискэ этим тардыбытыгар эргиллэн көрбүтүм, оһох таһыгар туох эрэ хара турара. Өр одуулаан олордохпуна, били харам, иҥнэҥнии-иҥнэҥнии, улам чугаһаан кэллэ. Онно өйдөөн көрбүтүм, барыта түү, харахтара чоҥолуһа сылдьаллара. Куттанан хаһыытыы түһээт, ийэм хоонньугар ыстанным. Дьонум бары соһуйан уһукта биэрдилэр, оттон мин суорҕан иһигэр киирэн баран, устунан утуйан хаалбытым. Аны бу түбэлтэ 1970 сыллар саҕаланыыларыгар буолбута. Саас кус ытыыта көҥүллэммитин кэннэ, Боруллуолаах Уранайдааҕа диэн сиргэ Егор Тоноев, Алексей уонна мин буолан кустуу барбыппыт. Биир сарсыарда кустаан баран, балааккабытыгар Егорбын кытары утуйа сыттыбыт. Мин эрдэ уһуктан баран сыттым. Ол сытан иһиттэхпинэ, арай, аттаахтар дибдигирэтэн кэлэн, арыы тыа саҕатыгар тохтоотулар, үүннэрин тыаһа кылыгыраан олорор. Онтон ыҥыырдарын уһулан, сиргэ быраҕаттаатылар быһыылаах. Ити күн биһиэхэ Е.Н. Михайлов, П.Ф. Николаев кэлиэхтээх этилэр. Тоноев Егорум олоро түстэ да: “Арааһа дьоммут кэллилэр быһыылаах, туруохха”, — диэтэ. Тахсан көрбүппүт, хаар бөҕө түһэ турар. Арыы диэки көрбүппүт – туох да суох. Олус дьиктиргээтибит. Ити күн Ньукуолун этэ. Дьоммут киэһэлик кэлбиттэрэ, бары Ньукуолуннуу дьиэбитигэр тахсыбыппыт. Кэлин санаатахха, кинилэр бэриэччиттэрэ сылдьыбыттар быһыылаах. Бу түбэлтэни улуус биир бөдөҥ хаһаайыстыбатын тутаах үлэһитэ кэпсээбитэ. Кини билигин суох, олохтон эрдэ туораабыта. Бэс ыйын сырдык түүнүгэр балыйтаран, уолаттары кытары адьас хойукка диэри мээчиктээбиттэр. Кини Хоросоохобо диэн диэн ааттаах соҕотох олорор эмээхсиҥҥэ олорор эбит. Дьиэтигэр кэлбитэ, ким да суох үһү, оннун оҥостон утуйар аакка барбыт. Арай ол сыттаҕына, киһи саҥата: “Эн мантан бар!” — диэбит. Уол соччо кыһаммакка сыттаҕына, хаста да хатылаабыт. Ким эрэ дьээбэлиир диэн, дьиэ иһин барытын чүүччэйэн көрбүт да, ким да суох эбит. Ол иһин хат сытан утуйарга санаммыт. Нуктаан эрдэҕинэ, кинини ким эрэ көтөҕөн ылбыт уонна аҕалан оһох таһыгар бырахпыт. Уол олус ыксаабыт уонна, хайыай, таһырдьаны былдьаспыт. Атын ыалга тиийэн хоммут. Туох бадьыыстаабытын кыайан быһаарбатах этэ. Яков Сергеев. Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү,
edersaas.ru сайтан