Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Куорат да абааһылаах

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Куорат да абааһылаах

K
edersaas.ru Категорията суох
04.09.2019 20:00
2007 с. Дьокуускайга техникумҥа үөрэххэ киирбитим. Бэрт эрэйинэн уопсайга миэстэ көрбүттэрэ. Биир хоско төрдүө буолан олорбуппут. Ол эрээри ахсынньы ортото эдэр уолаттар баппаккабыт, бэрээдэги кэһэн кэбиһэн, уопсайтан үүрүлүннүбүт. Онон дьиэ куортамнаһарга күһэллибиппит. Кыһын ортото буолан, дьон бары олохтоохтук дьиэлэнэн олорор буоланнар, куортамныыр кыбартыыра булбакка эрэйдэннибит. Ол да буоллар, хата, «Туймаада» стадион утары турар мас дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыраны булбуппут. Сыаната да бэрт удамыр этэ. Ыксал буолан, ол күн көһөн киирбиппит. Кыбартыырабыт, биллэн турар, бэрт эргэ. Утуйар хоско биир эргэ ороннооҕо, саалаҕа – эмиэ эргэ дьыбаан, ыскаап, куукунаҕа – остуол, олоппос. Аҕыйах күн олорон бараммыт, бары дойдуларбытынан Саҥа дьыллыы тарҕастыбыт. Бу күннэр тухары дьиэбитигэр туох даҕаны дьикти баарын бэлиэтээбэтэхпит. Тохсунньу ортото сынньанан, куоракка бастаан мин кэлбитим. Киэһэ этэ. Дьиэм таһыгар кэлэн, такситтан түһэн, малбын соһон, подъезпар киирбитим. Онтон иккис этээскэ тахсан, ааммын арыйан, дьиэ иһигэр үктэнэн иһэн, саала диэки хайыһан көрбүтүм, арай түннүк таһыгар хара күлүк турарын хараҕым кырыытынан көрдүм. Хайыһан көрбүтүм, хап-хара, уп-улахан киһи турар эбит! Соһуйбутум бэрдиттэн хаһыытаатым. Ол икки ардыгар киһи сүтэн хаалла. Уоту холбоотум – ким да суох. Куттанным аҕай. Бэйэм бэйэбин уоскутуна олордум, хараҕым алҕас хараҥаҕа балыйтаран көрдөҕө дии санаатым. Аҕыйах хонон баран, Саҥа дьыллаан, сынньанан уолаттарым кэллилэр. Көрсүһүү үөрүүтэ буолла, аны устунан кулууптуу бардыбыт. Ол сылдьан уолаттарбын кытта сүтэрсэн кэбистибит. Кистээбэппин, аһыы утаҕы испиппит. Уолаттарбын көрдүү сатаан баран, сөп буоламмын, түүн түөрт саҕана дьиэбэр кэлэн, ороммор охтон хааллым. Саҥа утуйуохча буолан истэхпинэ, ким эрэ эрийэн, төлөпүөнүм тыаһаабытыгар таҥаһым быыһыттан ону көрдүү сатыы олордум. Ол олорон хараҕым кырыытынан көрбүтүм, саалабыт аанын таһыгар биир киһи турар эбит. – Кимҥиний?! – диэтим, “ааммын хатаабатах буоллаҕым дуу” диэн ытырыктата саныы-саныы. Ол икки ардыгар киһим туох да саҥата суох уун-утары сүүрэн кэллэ даҕаны, үрдүбэр ыстанна. Эмискэ сирэйбэр тымныы салгын охсулунна, этим сааһа аһыллан дьар гынна. Хайдах эрэ, утуйа сытан уһуктубут, эбиитин тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Илиим-атаҕым баайыллан, сатаан хамсаабат буолан хаалла. Онтон устунан кутталбыттан титирээн бардым. Уоппун холбоотум, суорҕанынан ыбылы сабынным уонна уолаттарбын күүппүтэ буоллум. Ол олорон утуйан хаалбыппын. Сарсыныгар эбиэт саҕана нэһиилэ уһугуннум. Этим-сииним барыта ыалдьыбыт, көһүйбүт курдукпун. Төбөм ыалдьар, сиһим хам туппут. Инньэ гынан нэдиэлэни быһа ыарыйдым. Кэлин уолаттарбар тугу көрбүппүн кэпсээбиппэр итэҕэйбэтилэр. «Түһээбитиҥ буолуо», — диэн күлэн кэбистилэр. Инньэ гынан аны кэпсээбэтэҕим көнө диэн, тугу да токкоолоһо барбатым. Ол оннук умнуллан хаалбыта. Үтүөрэн бараммын, ити дьиэттэн көспүтүм. Уолаттар үөрэх сыла бүтүөр диэрит олорбуттара, туох да дькитини көрбүттэрин туһунан кэпсээбэтэхтэрэ. Уйбаан.
edersaas.ru сайтан