Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Киргил өлүктээх тиит

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Киргил өлүктээх тиит

K
edersaas.ru Категорията суох
14.08.2019 20:00
Саас. Хаардаах ардах сэллиэх курдук гына-гына тохтообокко түһэ турара. Көтөр бииһин-ууһа быраты кэлэн, күөллэр араас саҥанан-иҥэнэн оргуйан олороллоро. Бааска сааскы куска бииргэ бултуур кыттыгаһын Уйбааны кытары сыл аайы кустуур Куба оҕолоох диэн күөллэригэр тиийэн кэлбиттэрэ. Үүтээн иһин-таһын ыраастаан баран, оттук мас бэлэмнии тыаҕа тахсыбыттара. Өрдөөҕүтэ өрт уота салаан ааспыт куруҥ тыатыгар онон-манан куруҥах мастар хороһон тураллара. Киргил, тоҥсоҕой тобулута тоҥсуйбут биир бэрт суон, хаппыт тиитин “Дружба” эрбиинэн охторон түһэрбиттэр уонна тимир оһоххо батар гына эрбээн, утары саһааннаан испиттэрэ. Эмискэ эрбии сыаба көөбүлү кытары хап-хара түүнэн ыһыахтана түстэ. Ону кытары кубарыйа куурбут уҥуохтар бырдаҥаласпыттара. Ол курдук уонча кэрчиги быһыахтарыгар диэри мас көҥдөйө түүнэн, ханнык эрэ көтөр уҥуоҕунан симиллибит этэ. Онтон, уолаттар сөҕүөхтэрин иһин, мас көҥдөйүттэн бүүс-бүтүн, саҥа ирэн эрэр киргил өлүгэ түһэн кэлбит. Ону олус дьиктиргээбиттэр. «Арааһа, киргиллэр хоргуйан, эбэтэр кырдьан өлөллөрө кэлбитин биллэхтэринэ, наар биир көҥдөй маска киирэн өлөр эбит буоллахтара», — диэн тойоннообуттара. Ол аата бу киргиллэр кылабыыһалара эбит дии санаабыттара. Айылҕа араас дьиктитин сөҕөн эрэ кэбиспиттэрэ. Ити итинник ааспыта. Уолаттар, астына бултаан, дьиэлэригэр барардыы тэриммиттэрэ. Аттарын тутан баайбыттара, кустарын бэрэмэдэйдэригэр хаалаабыттара. Ол сылдьан Бааска күөлтэн чугас маар көлүйэтигэр баар дурдаҕа харыга баанар чаһытын умнан кэбиспитин өйдөөбүтэ. Хайыай, чаһытын ыла ыстаммыта. Киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, ыллык суол устун сүүрэр-хаамар икки ардынан дэгэһийэн испитэ. Бу иһэн, эмискэ өйдөөбүтэ, суола-ииһэ суох куруҥ тыанан баран иһэр эбит этэ. Уол соһуйбута, ыксыы быһыытыйбыта. Хайа түбэһиэх суолун көрдөөн, туора-маара хаампыта. Муммут буоллаҕына, чугаһынан тыраахтар суола уонна солооһун ааһыахтааҕа. Дьиҥэр, кини бу тыанан элбэхтик сылдьан, хас маһын ааҕа билэрэ. Санаатыгар, күн аҥаара куруҥу кэрийэн, суолун даҕаны, көлүйэтин даҕаны булбатаҕа. Биирдэ өйдөөбүтэ, били, куруҥах маһы охторбут сирдэригэр кэлэн турар эбит. “Чаһы буоллар хааллын” дии санаат, этин сааһа арыллан, бу сиртэн түргэнник тыас хомуммута. Үүтээнигэр тиийэн иһэн, Уйбаан: “Күн аҥаара ханна сүтэ сырыттыҥ?” – диэн кыыһырара буолуо дии санаабыта. Киһитэ: “Хата, түргэнник кэллиҥ дии. Чаас да буолбатыҥ”, — диэбитигэр, соһуйан тиэрэ эрэ баран түспэтэҕэ. Итэҕэйбэккэ, Уйбаан чаһытын көрбүтэ, күн оройо да буола илигэ. Бааска, дьэ, өйдөөбүттүү: “Иччилэри аһаппакка бараары гыммыппыт,” – диэн, уот оттон, арыы уулларан, килиэп, буспут кус этэ булкуйан, уокка куппута. Ууллан оргуйа сылдьар арыы умайан өрө күлүбүрүү түспүтэ. Бааска уоту аһатарыгар тугу эрэ ботугуруур этэ да, Уйбаан кыайан истибэтэҕэ. Ити түгэни Бааска күн бүгүнүгэр диэри адьас умнубат. Умнуо да суоҕа. Уонтан тахса сыл устата кини туох турукка киирэ сылдьыбытын өйдүү, тобула сатыыр даҕаны, билигин да быһаара илик. Виктор ВАСИЛЬЕВ.
edersaas.ru сайтан