Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Оҕо дууһата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Оҕо дууһата
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.08.2019 20:00
Бу кэпсээни миэхэ уонча сыллааҕыта тутар этэрээккэ үлэлии сырыттахпытына олохтоох уол кэпсээбитэ. Кэпсиир түбэлтэм 1996 сыллаахха илин эҥээр баар улууска буолбут. Улууһун, нэһилиэгин ааттаабаппын, кэпсээбит уол аатыттан суруйуом. От-мас үлэтэ үмүрүйүүтэ, куораттан сайылыы кэлбит сэттэ саастаах быраатым эмискэ ыалдьыбыта. Туга да ыалдьара биллибэт, арай: “Иһим уонна төбөм ыалдьар” , — диэхтиирэ. Ийэлээх аҕата куоракка үлэлииллэр, төлөпүөн суох. Аны сайын буолан, бырааспыт уоппускаҕа барбыт, сынньана соҕуруу көппүт этэ. Улуус кииниттэн добуочча ыраах турар нэһилиэккэ олоробут уонна суол куһаҕанынан сибээстээн, сатаан бырааска көрдөрбөтүбүт. Ыксал буолла. Медсиэстэрэ идэтигэр үөрэнэр ыаллыы олорор кыыс киирэн көрө-истэ сатаабыта, туох да диэн сатаан быһаарбатаҕа. Быраатым оннук суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппыта үһүс күнүгэр биллэ мөлтөөтө, аһаабат, саҥарбат буолбута. Онон, тыраахтар арыаллаах массыына улуус киинигэр бырааппын илдьибитэ. Онно тиийэн уһаабата, оҕобут тыына быстыбыта. Уолу кистээбиттэрэ 40 хонугар дьоммут бары кини уҥуоҕар тахсыбыттара. Оттон мин тоҕо эрэ барсыбатаҕым. Дьиэбэр соҕотоҕун тэлэбиисэр көрө олордохпуна, оҕолор хосторун диэки атах тыаһыыра иһилиннэ. Мин иһийэрбинэн иһийэн, кулгаах-харах иччитэ буолан олордум. Ол хоско ыскаап үрдүгэр улахан чымадаан баара, ону муостаҕа соһон түһэрэр, сомуогун арыйар, хаһар, салапаан хачыгырыыра иһиллэр. Онтон, арааһа, күтүөтүм кэлэн, тугу эрэ көрдүү сылдьар быһыылаах диэн санаан ыллым. Син балай да хасыһан, тыаһаан-ууһаан баран тохтоон, чуумпуран хаалла. Мин күтүөппүн аатынан ыҥырдым. Уу-чуумпу. Кэтэһэ сатаан баран, хоһу тиийэн өҥөйдүм. Ким да суох. Чымадаан миэстэтигэр, ыскаап үрдүгэр, турар. Мал-сал барыта оннугар турар, ханна да салапаан сытара көстүбэт. Мин эмискэ этим тымныйталаата. Атахха биллэрэн, аан диэки харбыалаһан истэхпинэ, хата, ыаллыы олорор дьахтарбыт киирэн кэллэ. Сирэйим-хараҕым дэлби турбутун, куттаммыппын көрөн: “Хайа, бу туох буоллуҥ?” – диэтэ. Мин: “Ээ, суох…”, — диэн хардардым уонна тугу да кэпсээбэтим. Аны, баҕар, куттанан, төттөрү дьиэтигэр тахсан хаалыа дии санаатым быһыылаах, ону-маны буолары-буолбаты кэпсэттибит. Онтон кэлин билбитим, ол ыскаап үрдүгэр баар чымадааҥҥа быраатым таҥастарын укпуттар эбит. Арааһа, 40 хонугар бүтэһигин кэлэн, малын-салын көрөн барбыта дуу, тугун эмэ суохтаан көрдөөхтөөбүтэ дуу… Айтал.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан