Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Айылҕа дьикти күүһэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Айылҕа дьикти күүһэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
07.08.2019 20:00
Бу кэпсиир түбэлтэм эмиэ бу өтөххө буолан турардаах. Биир күһүн, тайах бултанар кэмигэр, Уйбаан уонна Славик диэн чугас доҕотторум тайахтыы, мин бултуур сирбэр, Халыма үрэҕэр «УАЗ» массыынанан айаннаабыттар. Киэһэ борук-сорук буолуута Халыма үрэҕи булаллар. Тумус тыаны быһа түһэллэрин кытта, Ыарҕалаах өтөҕө көстө түһэр. Уйбаан иччитэх балаҕан уоттааҕын, турбата буруолуу турарын көрөн соһуйан: “Ол өтөххө дьоннор бааллар эбит”, — диэн саҥа аллайа түспүт. Онтон, баҕар, элбэхтэ бииргэ бултаһа сылдьыбыт Тарабукин Мэхээлэм баара буолаарай, кинини аһаттахпына сатанар дии санаан, атаһын балаҕан аттыгар тохтууругар соруйар. Массыына өтөх иннигэр баран тохтуур, ол тухары балаҕан уота-күөһэ сандааран олороро үһү. Уйбаан массыынаттан түһэн арыгытын хонноҕун анныгар уктар уонна дьиэ диэки барар. Тиийэн, дьиэ аанын аһан иһэн көрбүтэ, хаар түһүөҕүттэн киһи сылдьыбыт суола көстүбэт үһү. Онтон ааны аһан өҥөс гыммыта дьиэ иһэ хабыс-хараҥа эбит. Соһуйан чинэрис гынарын кытта, укта сылдьыбыт арыгыта мүччү түһэн, алдьанан хаалар. Бу кэмҥэ Славик кэлэн, эмиэ дьиэҕэ ким да суоҕуттан соһуйар. Иккиэн массыыналарыгар олороор, барыахтаах сирдэрин диэки айанныы тураллар. Балачча айаннаан баран тохтоон, массыына иһигэр олорон аһаабыттар. Сынньанан, аһаан-сиэн баран, дьоммут утуйа иликтэринэ тиийэ охсуохха диэн айанныыллар. Саҥардыы айаннаан иһэн, били өтөхтөрүгэр кэтиллэ түһэллэр. Уолаттар соһуйуу бөҕө буолаллар. Уйбаан киһитин ханан-ханан айаннаатыҥ диэн мөҕөр уонна уруулу бэйэтэ ылар. Суолларын-иистэрин төрүт буккуйан кэбиһэллэр, син биир өтөхтөрүгэр эргийэн кэлэ тураллар. Онтон ыксаан биир сиргэ тохтоон, олорбутунан утуйан хаалбыттар. Халлаан сырдыыта уһуктан иннилэрин-кэннилэрин өйдөөн көрбүттэрэ, арыы тыаны түүнү быһа эргийэ сылдьыбыттар. дьэ, суолларын төрдүн булан салгыы айаннаабыттар. Айылҕаҕа дьикти күүс баар. Уйбаан бу элбэхтик хоммут-өрөөбүт дьиэтэ, өтөҕүн иччитэ хоммотоҕун иһин күүһүнэн хоннордоҕо ол. Онон эдэр дьон айылҕаҕа таҕыстаххытына, сиэри-туому тутуһа сылдьар буолуҥ. Василий Аргунов. 2006 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан