Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Иччилээх ырбалар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Иччилээх ырбалар
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.08.2019 20:00
Күһүн. Балаҕан ыйа саҥа саҕаланан эрэр кэмэ. Күн ахсын ардаан отчуттары эрэйдээтэ. Бугуллары куурда сатаан эргитэн-урбатан биэрэллэр да, сиик иҥэн, куура охсон биэрбэт. Сопхуос биир төһүү отчута Дьэримиэй сай үтүөтүн звеноҕа оттоон баран, күһүн от саһарбытын кэннэ кэтэх отун оттоору, өбүгэлэрин өтөҕөр кэлэн оттообута нэдиэлэ буола охсубут эбит. Кинини кытта эдьиийин уола, тохсус кылааска тахсыбыт, Кириискэ уол күүс-ҕөмө буола сылдьар. Эрдэ оттоон бүтүөх дьону ардах обургу мэһэйдиир. Дьэримиэй дьиэ оһоҕун оттон чэй өрөн баран, утуйа сытар Кириискэни уһугуннарда: “Тур, от кээһиитэ буолуо суох, бүгүн ардаабатаҕына сарсын кээһиэхпит. Билигин кустуу барыахпыт,” – диэн саҥаран бүтэ да илигинэ уола үөрүүтүттэн ойон турда. Булт диэн баран муннукка ытаабыт уол Кириискэ буолар. Саас, күһүн куһу-хааһы элбэҕи сууһарар буолара. Кыһын кырынааска, солоҥдоҕо чааркаан иитэрэ. Былырыын Байанай киис биэрэн, уол булчут аатырбыта. От үлэтиттэн салҕа быһыытыйбыт Кириискэ уол аҕатын саатын ылан, тутан-хабан көрдө уонна: “Таай, ханнык күөллэргэ барабыт? Кулуһуннаах диэки дуу, Боруллуолаахха дуу?” — диэн ыйытта. “Кулуһуннаах күөллэрэ ыраахтар даҕаны уонна онно тыы да суох. Онон, Боруллуолаахха барыахпыт. Мин аара дүөдэлэри кэрийиэм, эн буоллаҕына Быһыттаах үрэҕинэн Боруллуолаахха тиийээр. Үрэх элгээннэригэр кус баар буолуохтаах”, — диэн Дьэримиэй уолга быһаарда уонна чэйин оһохтон таһааран аһаатылар. Сотору чэйдээн бүтэн ботуруон, өйүө бэлэмнэнэн, сааларын, үрүксээктэрин сүгэн таһырдьа таҕыстылар. Сииктээх, ыраас салгыны эҕирийэн, уһун остоох саппыкыларынан ууну чаллырҕаччы кэһэн, кураанах сиргэ түөм-чүөм үктэнэн, мастар быыстарынан киирэн хаама турдулар. Кириискэ таайыттан араҕан оргууй оту-маһы тосту үктээбэккэ, саатын бэлэм тутан, үрэх хас биирдии талаҕын аннын кэтии-маныы истэ. Күөс быстыҥын аҥаара хаамта да, биир чыркымайтан ордук бултуйбата. Онтон таайын саатын тыаһа дөрүн-дөрүн “дор” гынар тыаһа иһиллэр. Уол булт тосхойботуттан салҕа быһыытыйан: “Чэ кэбис, бу сис тыаны быһа түһэн Боруллуолаахха барыахха, муммат инибин”, — диэн түргэнник күөлгэ тиийэн, кус ытаары харса суох түһүннэ. Сис ортотугар олус суон хаппыт тииттэр үүнэн туралларыгар хараҕа хатанна. Олор быыстарыгар биир сөҕүмэр улахан, суон тиит мутуктарын саратан адаарыйан турар. Тумнан ааһа барыах курдук гынан иһэн, киниттэн саһаан курдук үрдүк сиринэн былыргы суоруллубут, киһи ытыһын саҕа бэлиэни өйдөөн көрдө. Сыныйан одууласпыта, суоруу хабыллар хаба ортотугар үс киһи тарбаҕын саҕа мастар чороһон көстөллөр эбит. Чөҥөчөҕү түөрэн ылан, хатаастан таҕыста уонна болҕойон көрбүтэ ох саа оноҕосторо батары түһэн тураллар эбит. Уол быһаҕын кыыныттан хостоон син өр астаһан былыргы тимир ырбалары ороон ылла. “Дьэ, хата оскуолам мусуойугар күндү экспонат буолсу”, — диэн уол үөрэн күлүгэр имнэннэ уонна кичэйэн өрбөххө суулаан үрүксээгэр угунна. Боруллуолаахха тиийэ охсоору тиэтэллээхтик хааман сулугулдьута истэ. Халлаан былыттаах буолан, хайысхатын сэрэйэн көрөн хаамта. Ол иһэн, били, хаппыт тиитигэр эргийэн кэлбитин дьэ
өйдөөн эргичиҥнии түстэ. Муммутун билэн, хайа хайысхаҕа барарын толкуйдуу турдаҕына оройун үрдүгэр суордар халаахтыыр саҥалара иһилиннэ. Үөһэ хантайан көрбүтэ, үс суор тиит чыпчаалыгар хороһон олороллор эбит. Кириискэ онно наадыйбакка суола-ииһэ суох хара тыаны ортотунан хааман истэ. Тоҕо эрэ били үс суор батыһан, үөһэнэн көтөн даллаахтыыллар. “Хуух-хаах” дэһэ-дэһэ мастан-маска олоро-олоро көтөллөр. Эмискэ тохтуу түһэн, хараҕын соттон көрбүтэ, били хаппыт тиитэ бу иннигэр адаарыйан турар эбит. Үс хара суор эмиэ тиит мутуктарыгар кинини таҥнары көрөн олороллор эбит уонна: “Ох саа ырбаларын оннугар уурбатаххына бу сиртэн барыаҥ суоҕа”, — диэбиттии хааҕырҕаһаллар. Уол олоро түһээт, өрбөххө суулаабыт ырбаларын ылла уонна тииккэ тахсан оннуларыгар уган, чиҥник кыбытан кэбистэ. Хаппыт мутуктары кыһан оноҕос оҥорон батары аста. Суордар дьэ уоскуйбут курдук өрө көтөн тахсан үрдүнэн элиэтээн, мастар чыпчаалларынан даллаахтаан сүттүлэр. Кириискэ суон муҥураат тиити көрөн турбахтыы түһэн баран, бу сырыыга кэлбит суолун көрдүү хаамта. Халлаан күһүҥҥү киэбин кэтэн киэһэрэн, хараҥаран эрэр эбит. Бу иһэн эһэтэ Охоноос айылҕаҕа сылдьан ону-маны, былыргы сэби-сэбиргэли тыыппат буол диирин өйдөөн кэллэ уонна сөпкө гыммыт эбиппин дии санаата. Сотору алааска тиийэр суолугар киирдэ. Онтон күн лаппа киэһэрбитин кэннэ, оттуур алааһыгар кэлэн чарапчыланан көрбүтэ үүтээн буруота тыргыллан тахсан иһэн күөлгэ таҥнары сатыылаабыт эбит. Буспут алаадьы сыта таныытын кычыгылатта. Таайа хайыы-үйэҕэ кэлэн, ас астаан ырааппыт эбит. Кириискэ бу түбэлтэни эһэтигэр Охонооско кэпсээбитэ. Ону эһэтэ: “Былыр ол оҕу ыппыт кыргыс дьонун дууһалара суор буолан сырыттахтара, төттөрү аспытыҥ сөп”, — диэн сиэнин хайҕаата. Айтал Васильев.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан