Кэпсээ
Войти
Регистрация
Àбааһы мунньаҕа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Àбааһы мунньаҕа
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.07.2019 19:00
Торбос охтубут алааһын дьон-сэргэ бэрт өрдөөҕүттэн “мээнэ сир буолбатах, иччилээх, ыарахан тыыннаах сир” диэн кэпсэтэллэрэ. Ол курдук былыргы дьон кэпсэтэллэринэн, бу бүтэй алааска абааһылар мустан мунньахтыыр үгэстээхтэр үһү. Былыр “ол дьон” мунньахтарын ким көрөн номоххо холообута биллибэт, оттон бу биһиги кэммитигэр абааһылар мунньахтыылларын көрбүт киһи аҕыйаҕа суох, ол арааһа, чахчы дьыала быһыылаах. Абааһылар мунньахтыылларын былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит кэпсииллэринэн билэбит. Уонна мунньахтыыр күннэригэр хотуур суолун таһаардахха, абааһы уола сырсарын эмиэ истибиппит, ол иһин биһиги өбүгэлэрбит абааһы мунньаҕын иннинэ окко киирэн, хотуур суолун түһэрэ сатыыллар. Абааһылар биир күн ханнык эрэ алааска мунньахтыыллар уонна үс сыл иһигэр анараа дойдуга барыахтаах, эбэтэр үс сылынан өлүөхтээх киһини испииһэктээн бараллар, онно өлүөхтээх дьон уруулара эҥин көмүскэһэн, кыратык, аҕыйах сыл бу Орто дойдуга сырыттын диэн көмүскэһэн көрөллөр эбит. Биллэн турар, анараа дойдуга олох баар буоллаҕына, урууларбыт, төрөппүттэрбит Орто бараан дойдуга олоро түһэрбитин туруорсар буоллахтара. Биирдэ, Тураҕастар диэн нэһилиэги систээн олорор халыҥ аймах дьон туохха да кыайтарбат буола элбээбит сүөһүлэригэр оттотоору, үлэтэ суох ырааҕынан аймахтарын Дьокуускай куораттан ыҥыран аҕалбыттар. Ол киһилэрэ туох да оҕото-уруута суох, сулумах киһи эбит. Куоракка элбэхтик сылдьар-тиэстэр дьон кэпсииринэн, бу киһи улаханнык иһэрэ-аһыыра үһү. Ырыганын, уһунун иһин эбитэ буолуо, киһи эрэ бары кинини Чоҥку диэн ааттыыра, дьиҥнээх аатын ким эмэ билэрэ эбитэ дуу, суоҕа дуу. Дьэ, бу киһини, ыраах сиртэн ааттаан-суоллаан кэлбит моой отчуту тураҕастар ыһыктаан-таймалаан Торбос Охтубукка оттото ыыппыттар. Чоҥку, сиэр быһыытынан, тиийбит күнүгэр “дойду иччитин аһатан” ыһык арыгытын испит. Ону көрөн турбут суох, ол гынан баран, сэрэйдэххэ, кытаанахтык испит буолуон сөп. Түүнү быһа итирэ-кутура хонон баран, сарсыарда хотуурун сүгэн, ходуһаҕа тахсан иһэн, охтон хаалбыт. Хоммут дьиэтиттэн баара-суоҕа сүүрбэччэ хаамыы тэйиччи турар эргэ ампаар таһыгар сытан салгыы утуйбут, төбөтө ыалдьан, турар да кыаҕа суох буолаахтыа… Ити быһылаан от ыйын 13 күнүгэр, норуокка биллэринэн абааһылар мунньахтыыр күннэрэ, эбитэ үһү. Ол иннинэ халлаан Бөтүрүөп таҥаратын бэлиэтээн ардаабыт буолан, сир ибис-инчэҕэйэ үһү да, итирик киһи ол аайы кыһалла сылдьыа дуо… Чоҥку ити сыттаҕына, бэрт чугас, ампаар кэннин диэкки кимнээх эрэ кэпсэтэр саҥалара иһиллибит. Отчут кимнээх кэпсэтэллэрин билээри ампаар муннугуттан өҥөйөн көрбүт. Арай, көрбүтэ, доҕоор, киһи бөҕө хонууга олорон тугу эрэ хоҥсуо куоластарынан этиһэн-мөккүһэн айдаан бөҕөтүн таһааран эрэллэр эбит. Саһа сытан сүүрбэттэн тахса киһини аахпыт, сорохторун эргэ хоспох бүөлээн көстүбэттэрэ үһү. Мунньахтааччылар туох эрэ испииһэгин ааҕа-ааҕа куоластыыллар, сороҕор ханнык эрэ аакка тиийэн мөккүөр бөҕөтүн түһэрэллэр эбит. “Бу киһини хаалларыахха, ол оннугар бу дьахтары сотуохха”, “бу кырдьаҕастары соторго уолдьаста, былырыын эмиэ эһиги туруорсаҥҥыт хаалларбыппыт” диэн дөрүн-дөрүн саҥа-иҥэ көөнньөн кэлитэлиир. Мучумаан быыһыгар Чоҥку олус чуолкайдык “Дьалай оҕонньору тохтоторго, сотумуохха, былырыын
уруулара туруорсан, хаалларбыккыт, ыларга сөп буолла” диэн саҥаны истэн хаалбыт. Чоҥку балай эмэ сытан көрдөҕүнэ, дьоно бары туу сүрэҕин курдук үөһээ өттө уһуктаах бэргэһэлээхтэр (төбөлөрүн быһыыта эбитэ дуу?), куулунан тигиллибит курдук моһуоннаах сиэрэй таҥастаахтар, сирэйдэрэ-харахтара чуолкай көстүбэт эрээри, мурун-харах олоруута киһилиигэ дылылар. Түүнү быһа арыгылаабыт киһи улугурбут мэйиитэ олус бытааннык ”хачыгырыы-хачыгырыы” толкуйдаан баран, бигэ түмүккэ кэлбит… “Бу алдьархайы! Абааһылар!” — диэн санаа Чоҥку “өлөттөрбүт” төбөтүн чаҕылҕанныы сырбаппыт. Отчут абааһыларга көстүбэтэрбин ханнык диэн, ампаарынан күлүктэнэн, тыаҕа куотан сылбаҥнаабыт. Арыгы сытынан аҥылыйа сылдьар, дэлби куттаммыт отчут күнүс аймахтарыгар тиийэн тугу көрбүтүн сиһилии кэпсээбит. Ону, биллэн турар, ким да ончу итэҕэйбэтэх. Киһи барыта “куорат отчута оттоомоору албаһырар” диэн тойоннообуттар. Чоҥку оттууруттан мастыы батынан кэбиһэн баран, суол көстүбүтүгэр тута куораттаан хаалбыт. Бэрт сотору Чоҥку кэпсээнэ бөһүөлэккэ барытыгар тарҕаммыта. Кинини үчүгэйдик билэр дьон: «Үөнүн даа-а, буолуо дуо! Бэлэм харчыга босхо арыгылаан дэлбэрийэн баран, куоратыгар төнүннэҕэ», — дэспиттэр. Ол гынан баран, барыта этэҥҥэ буолуоҕун, ол сайын Дьаллай Дьаакып диэн сүүсчэкэ саастаах оҕонньор өлөн хаалбыта эрэ дьикти. Дьиҥинэн, өссө да олорбохтуур кыахтаах этэ. Ама, Чоҥку кырдьык абааһылары көрбүтэ буолуо дуо?. Соччо-Кутукаай Хаартыскалар интэриниэттэн ылылыннылар
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан