Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыыс ыһыаҕар (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыыс ыһыаҕар (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.01.2017 20:00
Уус Алдан улууһугар Кыыс ыһыаҕа диэн буолааччы. Соҕотох дьону, дьээбэлээн эбитэ дуу, онно сырытыннара сатааччылар. Кырдьык, ыһыахха сылдьан аналларын көрсүбүт дьон элбэх. Оттон биллибэтинэн-көстүбэтинэн дьолун булбут киһи төһөтө биллибэт. Маайа эмээхсин хас сыл аайы кыра уолун ол ыһыахха ыыта сатыыр. Хабырыыс түөрт уонугар диэри холостуойдар хамаандаларын хаҥата сылдьар. Дьиҥэр, киһи сирэр киһитэ буолбатах ээ. Сахаҕа бэртээхэй уол. Бөдөҥө-садаҥа, күүһэ-уоҕа сүрдээх. Тугу да тулуппат үлүгэрэ, оннооҕор модьу тиит төҥүргэһин силистэри-майырдары тоҕута тардыах айылаах. Саха бухатыыра илэ бэйэтинэн. Арай дьүһүнэ хара. Маайа санаатыгар, уола ол ыһыахха тиийдэҕинэ эрэ кэргэннэниэх курдук. Ыһыах бу сырыыга эмиэ буоларын истэн, чэйдии олорон куолутунан уолун «үүрэ» сатыыр. — Хабырыыс, тукаам, саатар, маннааҕы дьону илдьэ таарыйа ыһыахха бара сылдьыаххын, — диэн эмээхсин эйээрэ олордо. — Ийээ, айыка, түксү… Хас сыл аайы киһини ыһыахтата сатаан эрэйи көрөөрү гынныҥ ээ… – диэн уола сөбүлээбэтэхтии илгиһиннэ. – Ыһыаҕа да суох сылдьыллыа. Бу үлэ үгэнигэр ыһыахтаан оонньуу сылдьыам дуо?! — Тэрилтэлээх киһиэхэ дылы ким кыһайбытыгар түүннэри-күнүстэри сылдьаҕын? Сынньана-сынньана сөбүгэр сылдьар баҕайыта. Бачча сааскар диэри соҕотоҕун сорсуйа сылдьаахтыыгын… Саатар, биир эмэ дьахтары кэргэн ылан оҕолонон-урууланан хаалыаҥ этэ. Оҕолоох да дьахтар буоллун ээ. Сиэн диэни көрбөккө хоруоппар киирэрим буолла, — диэн аргыый аҕай тииһин быыһынан сыыйа олордо. — Киһини сүгүн үлэлэт, ийээ… Бу олох ыараан турдаҕына туохпут эмиэ ойоҕой-оҕотой?! Хата, аста бэлэмнээ. Аллараа Бэстээххэ дьону илдьиэхтээхпин. Бүгүн өтөрүнэн кэлэрим биллибэт. — Харчы сырсыытыгар өйүҥ-санааҥ булкуллубут быһыылаах. Оо, дьэ, сылдьаахтаа-сылдьаахтаа… Мин өллөхпүнэ, соҕотох хаалан баран, дьэ биирдэ өйдөнөрүҥ буолуо ээ, — Маайа уола кини тылын ылымматыттан хомойон тыастаахтык өрө тыынна. *** Тиитэбистээх күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстара Аайта былыттаах халлааҥҥа быкпат киһи. Оскуолатыттан кэллэ да дьиэтин иһин дьаһайан баран кинигэ үрдүгэр түһэр. Дьүөгэлэрэ бары эргэ тахсан, оҕо төрөтөн ырааппыттара. Билигин ньир бааччы олороллор. Сорохторун оҕолоро, хата, оскуоланы бүтэриэх курдуктар. Арай Аайталара эрэ кур бэйэтэ кубулуйбат. Сылдьыбытын курдук сылдьар. Кини сылдьар сирэ оскуола уонна дьиэ. Бэл, кэнникинэн кыргыттарыгар да сылдьыбат буолла. Айыка, куруук кинилэр оҕолорун айдаана диэн сөбүлээбэт. Оскуолата бүтээтин, ийэтин кытары Киһилээх хайатыгар баран кэллилэр. Ийэтэ, “бу ытык хайаттан үчүгэйдик көрдөстөххө, баҕа санааҥ туолар үһү” диэни истэн, сааһы быһа “кыыран” кыыһын илдьэ барбыта. Ону даҕаны, сатаан сылдьыам суоҕа диэн албыннаан “арыалдьытынан” барыс диэн. Онтон атын барсыа биллибэт. Хата, кимнээҕэр үчүгэйдик сылдьан кэлбиттэрэ. Ийэлэрэ Ааныс аҕаларыгар, аймахтарыгар, ыалларыгар ыһа-тоҕо кэпсээн-ипсээн бөҕө буолла. Киэһэ утуйаары сытан аҕалара эмискэ ыйытта: — Хайа, Ааныс, кыыһыҥ туһугар ол этэр ытык хайаҕыттан көрдөстүҥ дуо? — Ону эрэ гына барбытым дии… Оҕом сыыһа бэйэтэ да “таптал тааһыгар” өр да өр сыстан тураахтаабыта. Дьэ,
туох эмэ уларыйыы буолара дуу?! — Кэргэннэммэтэр да, саатар, оҕолонон хаалыа этэ… – диэн, аҕата Тиитэбис өтөрүнэн күтүөт көстүө суоҕуттан санаата түһэн үөһэ тыынна. — Дьэ, диэмэ даҕаны. Сарсын Кыыс ыһыаҕа буолар эбит дии. Хайдах эрэ гынан онно ыытан көрбүт киһи, — ийэтэ тугу эрэ толкуйдуурдуу баттаҕын тараана-тараана биир туочуканы көрөн олордо. — Кыыскын билбэккэ дылы, хаһан ыһыахха сылдьыбытай?! – диэн аҕата сапсыйан кэбистэ. — Нинаҕа субуоннуу сылдьыахха баара… Баҕар, тугу эмэ толкуйдуо… – диэт, төлөпүөнү хаба тардан ылла уонна туруупкатын туппутунан күүлэтигэр таҕыста. Сарсыарда Нина Саввична бэрт ыксаабыт куолаһынан Аайтаҕа субуоннаата. “Наталья Петровна суһаллык куораттаабыт, кини оннугар эн Кыыс ыһыаҕар барсан кийиит кыыс буолаҕын” диэн мас-таас курдук этэн кэбистэ. Куруук да бэрээдэктээх Аайта сөбүлэһэригэр эрэ тиийэр. Наталья кийиит кыыс буолан, саха таҥаһын кэтэн киириэхтээх этэ. Инньэ гынан, төһө да иһигэр сөбүлээбэтэр, хайыай?! Ол этэр ыһыахтарыгар барсар буолла. Дьаһалта дьиэтин инниттэн хомуллан, оҕолуун-улаханныын бука бары симиллэн Бороҕонноотулар. * * * Хабырыыс массыынатын көрүнэн баран Бороҕонноото. Онтон атыыһыт дьахтары ылан Аллараа Бэстээххэ аттаныахтаах. Дьахтара Бороҕон иһигэр өр да өр мэскэйдэннэ. Атыытын ыһыахтыыр сиргэ аҕалыахтаах үһү. Инньэ гынан, Хабырыыс ийэтэ этэр баҕалаах ыһыаҕар барар буолла быһыылаах. Таһаҕастарын массыыналарыгар тигинэччи тиэнэн баран, Мүрүлэрин диэки айанната турдулар. “Күнү-күннүктээн бу дьахтар таһаҕаһын сосуһарым буолуо” диэн, салла саныы истэ. Эбии төлөөтөҕүнэ таһыллыа, суох да суох диэн иһигэр санаата. Ол икки ардыгар дьахтара: — Хабырыыс, дьэ, эдьиийгэр көмөлөһөр инигин? Соҕотоҕун хайдах таһыамый?! – диэн Мааппа суоппарын кытары эриһэ олордо. — Эбии төлөһөр буоллаххына, тасыһан бөҕө буоллаҕа дии… – диэн Хабырыыс нэһиилэ тииһин быыһынан сыыйда. — Бу да уол, хамсаабыта барыта харчы буолбут дии. Эчи, сүрүн ньии?! — Олохпут оннук… — Соҕотох дьахтарга көмөлөһүөххэ да баар эбит. Бука, итинник куһаҕан майгылаах буолан соҕотох сырыттаҕыҥ… – диэн, били албыннаһа испитэ сүтэн, кыыһыран дьэбин уоһан олордо. — Ол кэннэ миигин тыыппат буоллаххына, баҕар, тасыһыам даҕаны, — диэн Хабырыыс бэйэтин усулуобуйатын эттэ. Мааппа ытыран баран, ыһыктыбат майгылааҕын билэрэ бэрт буоллаҕа эбээт. — Хата, нохоо, ырааҕынан балтым кэлэн миэхэ көмөлөһүөхтээх. Икки оҕолоох. Онто туох буолуой. Сотору оҕолоро улаатан туспа барыахтара. Кылаабынайа, куоракка дьиэлээх-уоттаах, үчүгэй үлэлээх. Сотору буолаат, ыһыах буолар сиригэр тиийэн кэллилэр. Хабырыыс Мааппа ыйбыт сирин диэки массыынатын астаран кэбистэ. Ол икки ардыгар биир кып-кыһыл баттахтаах дьахтар эһиэлэнэн кэллэ. Быыстала суох сахалыы-нууччалыы тугу эрэ кутар. Илиитэ биир кэм даллаҥнаан олорор, хайа эрэ диэки ыйар. Биһиги наҕыл Мааппабытыгар холоотоххо, сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Арааһа, били, кэпсээбит балта быһыылаах. Умайар уот кыһыл баттаҕын аахсыбатахха, чахчы, кырасаабысса эбит. Хас хаамтаҕын аайы көппөҥнөс эмиийдэрэ субу халыйан тахсыахтыы
мөлбөрүҥнэһэллэр. Кута-мата биилин ыга курданан кэбиспитэ, бөгүүрэлээх кыыс курдук быһыыта-таһаата илэ чахчы ойууланан кэлбит. Дьэ, киһи астынар дьахтара эбит да “куорат түөтэтэ диэх айылаах, кыыс кыскыйдааҥҥа дылы эһиэлэнэн түһэн, тоҕо да сүрүкэтэй” диэн Хабырыыс иһигэр саныы олордо. Эмискэ аан аһылла биэрээтин кытта, били “кыһыл баттах” туох эрэ диэн нууччалыы кутан-симэн кэбистэ. Уоһа биир кэм чорбойон олорор. Хабырыыс дьахтар ыйбыт сиригэр икки уллуҥаҕа элэйиэр, иҥиир тараһата тэстиэр диэри тиэһиннэ. Кэннилэриттэн Мааппа барахсан сүүрэкэлээтэ. Ол сылдьан эрэ балтыгар былаанын кэпсии истэ. Биирдэһэ хантайан туран Хабырыыһы сыаналыырдыы аллараттан үөһээҥҥэ диэри өрө көрөн таһаарда. Куорат мааны эр дьонун көрө үөрэммит дьахтар тыа уола эрэйдээҕи көрүө дуо. Ыраахтан “үөрэҕэ суох… баара-суоҕа суоппар… хара…” эҥин диэн тыллар иһиллэллэр. Ситэри истэ сатаабата, усулуобуйатын быһыытынан Мааппатыттан барда. * * * Хабырыыс хаста да массыынатыгар тиийэн утуйаары гынан баран, “бачча кэлбиччэ, саатар, күн тахсыытын көрүөххэ” диэн, дьон үмүөрүспүт сиригэр турда. Сахалыы таҥастаах кыргыттар, уолаттар тахсан үҥкүүлээтилэр, алгысчыт алҕаата эҥин быһыылаах. Ыһыахха мээнэ сылдьыбат бэйэтэ бу сырыыга бэркэ диэн кэрэхсээн көрдө-иһиттэ. Күн тахсарыгар дьону үтүктэн илиитин иннин диэки өрө уунан турда. Аттыгар турар дьону одуулаһа туран, хараҕа ойоҕоһунан турар биир кыыска хатанна. Сахалыы былаачыйалаах кыыс илиитин өрө уунан турар эбит. Хабырыыс эр киһи элээмэтэ буолан, били кыыһы кистии-саба одуулаһа турда. Кыыс хойуу уһун суһуоҕун кэннигэр илгибит. Санаатыгар, били олоҥхоҕо ойууланар, кэпсэлгэ сылдьар кэрэ куолара илэ бэйэтинэн турарга дылы. Хабырыыс сылайбытым бэрдэ эбитэ дуу, ыһыах дьалыҥар киирэн хааллым дуу диэбиттии баһын быһа илгиһиннэ. Күнү көрсүү бүтэн, кыыс кэннин хайыһа түспүтүгэр, Хабырыыс соһуйан, сууллан түһэ сыста. Олоҥхоҕо кэпсэнэр кэрэ кыыһы көрүөм диэбитэ… сүүрбэччэ сыллааҕыта Дьокуускайга үөрэх туттарса сылдьан доҕордоспут кыыһа буолан биэрдэ. — Тыый, Аайта, эн эбиккин дуу?! — Уой, Ганя?!! Бу эн дуо? Тугун сүрэй, олус киппэ буолбуккун дии. Эйигин эрэ көрсүөм дии санаабатаҕым… -Хайатын уон сэттэлээх-аҕыстаах оҕочоостор буола сылдьыахпытый? Саас ылар буоллаҕа эбээт. Арай эн олох уларыйбат, соннук эдэргинэн, кырасыабайгынан сылдьар эбиккин дии. — Баһыыба… Эн эмиэ наһаа тупсубуккун. Билигин ханна бааргыный? Кэргэннэнниҥ дуо? Хас оҕолооххунуй? – диэн Аайта кутан кэбистэ. — Дойдубар олоробун. Массыынабынан таксилыыбын. Оҕом да, ойоҕум да суох. Оттон эн? — Мин эмиэ эрим да, оҕом да суох. Дүпсэ оскуолатыгар учууталлыы сылдьабын. Дьонум эмиэ онно олороллор. — Куруук онно олорбутуҥ дуо? Оччоҕо эйигин урут ханна да тоҕо көрбөтөхпүнүй? — Дьэ, билбэппин, хараххын ханна хатыы сылдьыбыккыный?! Хата, наһаа үчүгэйдик көрүстүбүт дии. — Суорумньуга кытынныҥ дуо? — Эчикийэ, суох… Дьиҥэ, бу ыһыахха алҕаска кэлэн хаалбытым ээ. Биир учуутал кыыс Дьокуускайдаабытын иһин, көрдөспүттэрин быһа гыммаккабын, кини оннугар кийиит кыыс оруолун
толордум, — диэн Аайта быһааран биэрдэ. — Мин эмиэ алҕаска кэлэн хааллым. Биир эргиэмсик дьахтары аҕалбытым. Бу кэннэ баран утуйуом дии санаабытым ээ. Хата, көрсүспүччэ хаамсыахха, кэпсэтиэххэ… – диэт, Хабырыыс Аайтаны илиититтэн ылла. Күһүнүгэр “Маайа эмээхсин уола Кыыс ыһыаҕар сылдьан баран, кийиит сүгүннэрэн аҕалбыт үһү” диэн сонун бөһүөлэги биир гына тилийэ көппүтэ. Чугастааҕы дьахталлар, сымыйанан ону-маны уларыстах аатыран, Маайалаахха кийиит көрө сыбыытаспыттар. Оттон дүпсэлэргэ “Аайта Киһилээх хайатыгар сылдьан баран, дьэ, эрдэнэн эрэр үһү” диэн сурах тарҕаммыт. Ол кэннэ эрэ суох дьахталлар бука бары Киһилээх хайаҕа бараары харчыларын мунньунар аакка барбыттар үһү. Киһилээх хайата дьайбыта эбитэ дуу, Кыыс ыһыаҕа эбитэ дуу… СИККИЭР. «ВКонтакте» ситимтэн туһанылынна. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан