Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылаах балыыһа

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылаах балыыһа

K
edersaas.ru Категорията суох
16.06.2019 20:20
Биһиги нэһилиэкпитигэр эргэ балыыһа самналлан турар. Көтүрбэттэр да, өрөмүөннээбэтэр да. Ол балыыһа таһынан билигин да хараҥаҕа ааһаргын куттанаҕын. Кыра сырыттахпытына эбээбит ити кэпсиир балыыһабытыгар киирэн биир-икки хоноот, төттөрү тахсар этэ, күүһүнэн. Быраастар сытыара сатыылларын адьас буолуммат этэ. Балаататыгар дьон баар эрэ буоллаҕына, бэрт эрэйинэн, уһуннук толкуйдаан баран сөбүлэһэрэ. Кыра балыыһаҕа сытар да миэстэтэ аҕыйах быһыылааҕа. Араас тыас-уус барыта иһиллэр диирэ. Биирдэ балыыһаҕа киирэн баран, сайын этэ, киэһэ хойутуу таҥаһын-сабын кыбыммытынан тиийэн кэлбитэ: «Балаатабыт аана ким эрэ соруйан аһарын-сабарын курдук. Аанабынаан (онно биир балаатаҕа сыталлара) бастаан хорсуммутун киллэрэн улаханнык саҥаран көрдүбүт. «Тохтоо эрэ, бу. Тоҕо сүрэй. Тоҕо биһиэхэ кыыһырдыҥ. Куттаама» эҥин дэһэн баран, икки атахпытынан куоттубут диэн кэпсии олороро. Ааната куукунаҕа хаалларбыт ньуоската ааннарын айаҕар аҕалан тыастаахтык быраҕыллыбыт. Сырдык буолан көрүдүөрү өҥөйөн көрдөхтөрүнэ, адьас туох да суох үһү. Эбиитин кэнники саппыкылаах атах тыаһа силлиргэччи сүүрэн кэлэн баран сүтэн хаалла диэн адьас, чахчы, куттаммыт быһыылааҕа. Онтон биирдэ, олох кэнники этэ, аҕам кыһыҥҥы киэһэ ол балыыһа таһынан ааһан истэҕинэ, ыйдаҥаҕа көрбүтэ, ыллыгар уун утары хап-хара дьахтар турар үһү. Аҕам: «Атаҕым ыараан хаалла. Нукаай курдукпун. Аны кыайан тохтообоппун даҕаны. Дьолго, кэннибиттэн оскуола оҕолоро тиийэн кэлэннэр абыраатылар. Кинилэри куттаамаары тугу да саҥарбатым. Уолаттар да дьаахханаллар быһыылаах. Адьас саҥарбат буолан хааллыллар уонна хаамалларын түргэтэттилэр», — диэбитэ. Ол балыыһа таһынан кэлин ким да сылдьыбат, ааспат, кэлбэт-барбат буолбута. Ким да кэпсээбэтэҕин да иһин, тоҕо эрэ, киһи барыта ырааҕынан суолланар буолан хаалбыта. Ол ыраатыннарыллыбыт суолунан биирдэ дьүөгэбинээн оскуолаҕа бырааһынньык кэнниттэн иккиэйэҕин хойутуу дьиэлээн иһэн, балыыһа уота-күөһэ сандааран олорорун көрбүттээхпит. Дьиҥэр, оччолорго быраҕыллан, түннүгэ-үөлэһэ хаптаһынынан сааллан турара эбээт. Наһаа куттаммыппыт. Сиэттиһэн баран дьиэбит диэки сүүрэ турбуппут. Кэлин истибиппит, дьон оннук уоттаах-күөстээх турарын биирдэ эмит көрөллөр эбит. Балыыһа түннүгүнэн киһи көрөн турарын, киһи киирэ-тахса сылдьарын көрбүт сурахтара сири-буору аннынан эмиэ иһиллэрэ. Быйыл нэһилиэкпэр тиийэ сылдьан ону сураспыппын, дьонум төрүт саҥардыбатахтара даҕаны. Кырдьаҕас саҥаһым кэлин сипсийэн кэпсээбитинэн, балыыһа тиэргэнин иһинэн да ким да ааспат буолбут. Билигин даҕаны кыһыннары-сайыннары киһи барыта ырааҕынан сылдьар эбит. Түннүгэ-үөлэһэ хаптаһынынан бүөлэнэн турара. Светлана К.
edersaas.ru сайтан