Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Дьахтар кыламмыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Дьахтар кыламмыта
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.04.2019 20:00
Биһиги, оскуола оҕолоро, төрдүө буолан Дэллэй Үөт диэн сиргэ ньирэй көрөн сайылаабыппыт. Ити кыстык пиэрмэ этэ. Сайылыга Сэттэ Тумул, биир халыҥ сис тыаны быһа түстэххэ, кэлэрэ. Сиһинэн быһа барбакка, күөлү эргийэ, быдан ырааҕынан төгүрүйэн тиийэр суол эмиэ баара. Мин хас киэһэ ахсын, үлэм кэнниттэн, сайылыкка баран саҥаспар хонор этим. Атырдьах ыйын ортотугар, биир киэһэ, ньирэйдэрбитин хойут баҕайы аһатан бүппүппүт. Халлаан борук-сорук буолбут этэ. Хайдах эрэ, барыахпын оччо баҕарбатарбын даҕаны, саҥаһым күүтэ олороро буолуо дии санааммын, сайылыкка барбытым. Кыргыттарым ыытымаары гыммыттарын истибэтэҕим. Сыыр үрдүгэр тахсыбытым, сүөһүлэр мэччийэ сылдьаллара. Тыа иһигэр киирбиппэр өссө хараҥа буолла, дьиксинэ санаатарбын да, түргэнник хааман баран истим. Сис ортотугар тиийдим дии санаатым, ол икки ардыгар хаҥас өттүбэр хатан баҕайытык дьахтар кыланна. Мин ынах маҥыраата дуу дии санаатым. Санаатым буолуо дуо? Санаабын аралдьыттым. Иэним кэдэҥнээтэ. Онтон, доҕоор, от-мас тыаһа өрө барчалана түстэ. Мин хаһыытыы түһээт, ханна да барбыппын өйдөөбөппүн. Арай биирдэ өйдөнөн кэлбитим, тыа саҕатыгар ынах ыыр титииккэ киирэн турар эбиппин. Ыанньыксыттар ынахтарын ыан бүтэн, бары дьиэҕэ киирбиттэр. Мин уҥуохтарым халыр босхо барбыттар, холкутуу сатаан син балайда турдум уонна дьэ, оргууй хааман ыалга киирдим. Тыаны хайдах туораабыппын, титииккэ хайдах киирбиппин өйдөөбөппүн. Көр, оннук өйбүттэн тахсыахпар диэри куттаммыппын. Саҥаһым сирэйбиттэн-харахпыттан куттаммыппын биллэ. Онно Аана диэн дьукаахтара сомуор ынахтаах этэ. Кини ынаҕа уҥуор мэччийэ сылдьар, ыана илик эбит. Аана: “Таарыччы ынахпын үүрэн да аҕалбаккын ээ”, — диэбитэ. Ол икки ардыгар кини ынаҕын аҕала барбыт. Биһиги утуйаары аҕай сыттахпытына, арай, Аанабыт үөһэ саҥата үөһэ, аллараа саҥата аллараа буолан тиийэн кэллэ. Эмиэ оруобуна мин куттаммыт сирбэр тиийэн, бастаан дьахтар хаһыытын, онтон от-мас тостор тыаһын истибит. Ол түүн Аана улаханнык ыалдьан хонно. Сарсыарда дэриэбинэҕэ балыыһаҕа киллэрдилэр. Оттон мин сарсыарда күөлү эргийэ бардым, сайылыкка аны кэлбэт буоллум. Ол күнтэн бу күҥҥэ диэри ол тыанан сылдьа иликпин. Оччотооҕу суол билигин сүтэ осто да ини. Кэлин дьон кэпсээниттэн иһиттэххэ, былыр ити сайылыкка баай киһи биир эдэр кыыһы күүһүнэн кэргэн ылан, сүгүннэрэн аҕалбыт. Кыыс таптаабат киһитин кытта кыайан олоруо суох буолан, ити тыаҕа тахсан моҥнон өлбүтэ үһү. Ол биһигини, эдэрдээх кырдьаҕаһы, куттаабыт буолуон сөп эбит. Марфа Петрова. «Эдэр саас» хаһыат, 2004 сыл.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан